Кэпсээ
Войти
Регистрация
АТААРЫЫ (Кэпсээн, салгыыта-2)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ АТААРЫЫ (Кэпсээн, салгыыта-2)
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.10.2021 19:00
ААЙА, салгыыта * * * Сайын отчуттар киирдэхтэринэ, кыһын сылгыһыттар сырыттахтарына, саас кусчуттар таарыйдахтарына эрэ сэргэхсийэн ылар Хаастаах арыы киһи-сүөһү саҥатынан туола түспүтэ. Куура хаппыт, аһыҥа ойуоккалыыр, буор бурҕаҥныыр алааһа диэн баара дуо, манна үөт сэбирдэҕэ төрүт саһара илигэ, биригээдэ оттоон барбыт ходуһата күөх кэнчээринэн өрө анньан турара. Уулаах буолан дуу биитэр кылгас диэн дуу охсуллубакка хаалларыллыбыт элгээннэр кытыылара сиккиэр тыалга хойуу отунан намылдьыйа долгуйара! Бу биир көс кэриҥэ усталаах, хас да биэрэстэ кэтиттээх, саас халаан уута ылан, угуттаан ааһар арыыта этэ. Хойуу бөлкөй талахтарынан быыһанан утум-ситим салҕанар сыһыылардааҕа, намыһах сирдэринэн элгээннэрдээҕэ. Үөскэ, уу ылбат сиригэр, сэнэх соҕус балаҕаннаах хотон, дьоҕус ампаар, олор аттыларыгар били былыргы холкуостан хаалбыт хотоннор, балаҕаннар сэмнэхтэрэ бааллара. Дьону уонна малы тиэммит бастакы тыраахтар тиийэригэр балаҕан оһоҕуттан бур-бур буруо унаарыйа көрсүбүтэ. – Тустаах үлэлээх дьону аралдьытымаҥ, тастан киһи наймыластаххына, босхо хамсаныахтара суоҕа. Хата, таах олорор дьон, биһиги, салгын сии таарыйа дайбаҥнаһарбыт ордук буолуо, – диэн Сэргэй Уоһукабыс уолугар, «Кылыс» салайааччытыгар, мэлдьи этэр үгэһиттэн бу да сырыыга туораабатах этэ. Үөлээннээхтэрин, түөрт кырдьаҕаһы, хомуйан тахсан, манна үрдүттэн хоно сытан балаҕаны өрөмүөннээбиттэр, түннүктэрин таастаабыттар уонна оһоҕун абырахтаан баран сииги тартын, сылыттын диэн тигинэччи оттон тоһуйбуттар. Билигин халаан охторон ааспыт сылбаҕыттан мас таһан далы сэлбийэ, хотону сөргүтэ сылдьаллара. Аны Миитэрэй Сергеевичтээх тыаттан мас кэрдэн киллэрдэхтэринэ, хотону кэҥэтэ тутуохтаах эбиттэр. Мал-сал оннун булан, таҥас-сап сааһыланан, эргэ балаҕан дьиэ дьиэнэн буола түспүтэ. Хотон балаҕан утары, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ турара, хаайыллан турар сүөһүнү түннүгүнэн көрөн олорорго анаан бэтэрээ өттүнэн оҥоһуллубут даллааҕа. Бу былыргылыы тутуу этэ: ортотунан оту уурар долборук барара, сүөһү ол икки өттүнэн баайыллар буолан сопхуос типовой хотонугар тэҥнээтэххэ, быдан синньигэс уонна намыһах этэ. – Холкуос хотонун уһатан биэрбиттэр, – диэбитэ Огдооччуйа. – Бу өттүн маһа быдан эргэ, салҕааһынын киэнэ кэм саҥатык. Хата, муосталаах эбит. – Ыанньыксыт хоһо диэн суох буолар эбит дии. – Оччолорго хотон сүөһү тыынынан эрэ сылытыллар буолан, ол-бу хос, көрүдүөр диэн суох уонна быдан намыһах. Мин маннык «дыбарыаска» үлэбин саҕалаабытым. Көрүҥ эрэ, бу хотон ойоҕоһунан, биир-икки эрэ киһи батар сиринэн, сылдьан үлэлиигин, оккун киллэрэн долборукка симэҕин, муостаҕын күрдьэн аҕалан, түннүгүнэн эһэҕин, ону тахсан балабахтаан баран, сарсыныгар хоҥнорон, ыраах тиэйэҕин. Хорууда да быдан хойут, эбии аһылык оҥоһуллар буолтун эрэ кэннэ, үөдүйбүтэ, онуоха диэри сүөһүгүн ойбоҥҥо үүрэн уулатаҕын. – Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит дьэ маннык хотоҥҥо хороҕор муостааҕы көрөн-истэн кэллэхтэрэ. Оо, бу кыараҕас, сииктээх, хараҥа хотоннор төһөлөөх дьахтар доруобуйатын кэбирэппиттэрэ буолуой? – Эһиги да оҕо сылдьан ийэлэргитин батыһан, маннык хотоннорго сырыттаххыт ахан
ини. – Сылдьан бөҕөө! Ол эрээри, оччолорго ону-маны ырыҥалыыр кэлиэ дуо, мин биир бэйэм ийэм хотонун наһаа үчүгэй курдук саныырым, арай, саас аайы муостата ууга устан хаалан, ону баһарбын өйдүүбүн. Оскуоланы бүтэрэн, 1968 сыллаахха, ортотунан киэҥ көрүдүөрдээх улахан хотоҥҥо үлэлии кэлбитим, – диэтэ Маарыйа. – Кыргыттар, манна ынахтарбыт батыахтара, – Огдооччуйа эрэллээхтик эппитэ. – Урут да 150 иһинэн-таһынан субан кыстаабыт хотоно буоллаҕа. Салҕааһын субаттарга буоллун уонна муосталамматын. – Оннук-оннук, бачча ыксалга тугун муостатай? Тымныйдаҕына, түүнүн эрэ хонноруохпут турдаҕа. — Уоппутун ханан киллэртэрэбитий? Бары таһырдьа батысыһан тахсыбыттара. Электроуот ситимин балаҕантан таһааран, хотон ортотугар киллэрэн, икки өттүнэн ыытар табыгастаах буолсу дэспиттэрэ. Салгыы ампаары көрөн баран, астыыр дьиэни манна оҥорорго сүбэлэспиттэрэ. Онон тыраахтарынан куоҕастаахтар маллара, астыыр сыах тэрилэ уонна диисэл кэлэллэригэр, туох ханна буолуохтааҕын барытын быһааран тоһуйбуттара. Саҥаны атыылаһа охсор кыаллыбатын быһыытынан, сылгыһыттар кыһын туттар диисэллэрин аҕалбыт этилэр. Сайылыкка бостууктаабыт Бөтүкээстээх Боруонньа оскуолаҕа үөрэхтэрэ саҕаламмытынан, субан сүөһү маныыһыта Андрей Тимофеев ыанньыкка эмиэ бостууктуур уонна диисэли ынах ыанар уонна үүт астанар эрэ кэмигэр холбуур буолбута. Арыйаан ол киэһэ диисэли оннун булларан, ампаарга уонна балаҕаҥҥа уоту киллэрбитэ, хотону сырдатыы сарсыҥҥыга көһөрүллүбүтэ. Онон ыанньыксыттар ынахтарын бары саба түһэн, Ульяналаах Туйаара эмиэ көмөлөһөн, илиилэринэн ыабыттара. Үүттэрин аҕалан туттаралларыгар, Асчыт Маайака ампаары кылбаччы сууйан-сотон, суоруллубут маһынан муннукка долбуур оҥорторон, сэппэрээтэрин онно олордон, биир бааҕын иһирдьэ, биирин таһырдьа туруоран, сырдыгынан сандааран, сыах сыаҕынан буолан, уруйдуу-айхаллыы тоһуйбута. Үүтүн сүүрдүбүтүнэн барбыта. Киэһэ аһылыгы аһыылларыгар Ульяна бытыылкалаах кыһыл арыгыны Огдооччуйаҕа туттаран кэбиспитэ. – Бу оҕобутун көр! – бары күө-дьаа буола түспүттэрэ. – Кырдьаҕас дойдуну айах тутар наада. Эдьиэй, дьэ-эрэ, хайдах этибитий?! – Чэ, хотуйдаар, оччотугар үөһэ-аллара туруҥ! – Огдооччуйа дьон ортотуттан туран, оһоҕу булкуйан, уоттаах чоҕун бэттэх тардан арыылаах килиэбин уурда. – Аал уотум иччитэ, күл тэллэх, көмөр сыттык, көбүөрүнньүк суорҕан, саалыр чанчык, бырдьа бытык, кыырык төбө, кырдьаҕас эһэбит Хатан Тэмиэрийэ, аһаа-сиэ, күлүм аллай, бэттэх көрөн мичий! Дойду сиргэ курааннаан, отордооторбут ханнык диэммит бу ытык дойду дьогдойор саалыгар үктэнэн турабыт. Арыы-сыа алаастаах, үүт-сүөгэй көлүйэлээх Ынахсыт хотун, бүтэй туйахтааххын бүдүрүттэримэ, аһаҕас туйахтааххын атарахсыттарыма диэн үҥэн-сүктэн көрдөһөбүт. Субаттаргын субурут, ыанар ынаҕыҥ үрүҥ тунаҕынан ибиирэ турдун! Төрөөбүт ийэ дойдум, Хаастаах арыым аналлаах төрүт иччитэ Аан Алахчын хотун эбэм, өҥ буордаах кырдалыҥ дыргыл сыттаах, сымнаҕас отунан сүөһүлэрбит барахсаттары сыта-тура аһата, тоторон-ханнаран торолута тур дуу! – диэн этэн субурутаат, куруускалаах аһыттан ыспытыгар оһоҕо күөх төлөнүнэн саба биэрдэ. – Ноо, ситэри алгыс буолла диэбэккиэт! – Эдьиий диэн Эдьиий! Үлэлиэх диэтэххэ, үлэ элбэҕэ, күн-дьыл да былдьаһык этэ. Ыам быыһыгар Огдооччуйа этии киллэриитинэн, сэбирдэх саһара илигин өрүсүһэн, былах быспыттара. Өрүс
талаҕын ньирээйитин талан быһан, түүтэхтии-түүтэхтии сигэнэн баайан дьоҕус далга чөмөхтөөн испиттэрэ. Кэлин оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ күнүнэн сылдьаннар, уонча хонукка көмөлөспүттэрэ. Үөрэх аһыллыыта, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, хас да сиринэн мунньуллубут былаҕы «Бөлөрүүс» тыраахтар үстэ кырынан кыстык хотон кыбыытыгар таспыта. Ити кэмҥэ хотон тутуута бүтэн, ыанньыксыттар аны сыбахха туруммуттара, икки сүүсчэкэ сүөһүнү батарар хотону сатаатар биир хос сыбаҕынан эргийдэхтэринэ табыллара. Мэччирэҥ дэлэй буолан, сүөһүлэр бастакы күннэргэ дьиэ таһыттан ырааппатахтара, сыыйа дойдутуйан, тэйэр буолан испиттэрэ. Аҕыйах хонугунан килэччи уойбуттара. Үүт ыама биллэрдик үрдээбитэ, Ульяна бөһүөлэк икки арыы икки ардыгар биэрэс тэппитэ, бөһүөлэктэн дьонун сакаастарынан, сылаас таҥас уонна килиэп киллэрэрэ (пиэрмэ үлэһиттэрэ, сылгыһыттар, отчуттар килиэпкэ кыайан тииһиммэт, тииһиннэхтэринэ даҕаны, атыыһыттар иэс биэрбэт кыһалҕаларыттан хаһаайыстыба бэйэтэ бэкээринэ арыммыта), төннөрүгэр Асчыт Маайака сүүрдүбүт сүөгэйин таһаарара. Кэлэн иһэр кэлэн иһэрэ өтөн, халлаан улам тымныйан иһэрэ, түүн аайы сир кырсын туртата кырыардан хаһыҥ түһэрэ. Аалыы алтан көмүһүнэн бүрүллүбүт үөттэр хонон турдах ахсын, күкээрэн, өһөн киирэн барбыттара. Элгээннэр килэччи тоҥоннор, арыы олохтоохторо сүөһүнү ойбон тэһэн манаан уулатар итиэннэ барыларын хотоҥҥо киллэрэн хоннорор буолбуттара. Хата, ону көрсө сыбахтарын бүтэрбиттэрэ. Эбэҕэ кыдьымах киириитэ ыанньыксыттар бэйэлэрэ эрэ хаалбыттара, хойукку төрүөх ынахтары сиэмэлээн бүппүт осеменатор Туйаара бөһүөлэккэ киирбитэ. Оҥочо суола сабыллан, сүөгэйи таһыы тохтообута, Асчыт Маайака арыы таптайар үлэлэммитэ. «Кылыс» салалтата арыыга киирбит ыанньыксыттар дьиэлэрин-уоттарын, оҕолоро хайдах олороллорун, үөрэнэллэрин хонтуруолга ылбыта. Оттук мастарын киллэрэн биэрбитэ. Атыттар дьиэлэрин-уоттарын көрөр кырдьаҕастардаах буоллахтарына, бэйэлэрэ эрэ олорор Маарыйа, Дьуунна уонна Татыйаана оҕолорун Ульяналаах солбуһа сылдьан көрбүттэрэ-истибиттэрэ. * * * Алтынньы бүтүүтүгэр кыстык хаар ньимси түспүтэ. Сэтинньи саҕаланыаҕыттан кырдьаҕастар күн аайы өрүскэ киирэн, онон-манан тэһэн көрө-көрө: – Эрдээ эрдэ! – диэн иһэллэрэ. Сэтинньи ортотун эргин үөс диэки киирэн, эмиэ хас да сиринэн мууһу тэһэн көрөн баран: – Үс тутум буолбут, уолдьаспыт! – дэспиттэрэ. Бэрэбиэркэлии таарыйа бастаан сатыы туораабыттара, онтон сыарҕалаах аты ыыппыттара. Кыдьымах мууһа тоҥон күөрэлэммит сиринэн элбэх сүөһүнү туоратар сэрэхтээх буолсу, сүөһү үтүрүһэн муус үөрбэлэргэ дэҥнэниэ диэннэр, кыдьымах арыый аҕыйах сиринэн суол тэлбиттэрэ. Остуол ньуурун курдук килэҥ мууһунан көрөн сытар сирдэргэ сүөһү халтырыйыа диэннэр, тимир анньыынан сууралаан, туора кэрдиистэри оҥортолообуттара. Көһүүгэ болдьоммут күн иннинэ Ульяна сыарҕалаах атынан Хаастаахха хоно тахсыбыта. – Дьэ, хата биһиги манна бэркэ олоробут, — дэспиттэрэ дьахталлар. – Оҕону-урууну, дьиэни-уоту умнаммыт, эдьиийдэрбитигэр оҕо буолан атаахтыыбыт. Сыаны арыыга буһаран баран, сүөгэйгэ сойутан сиибит, Маайака арыы уутунан быырпахтаан холуочуйуохпутугар диэри иһэрдэр. Онон манна кыстыыры да бөрүкү сириэ суох эбиппит. – Эбэбит барахсан сылаас хараҕынан көрөн, сымнаҕас ытыһыгар илдьэ сырытта, – диэбитэ Огдооччуйа. – Сүөһүлэри хонуктарыгар эрэ кыратык хаптарабыт, күнү быһа кырдалга ыытабыт. Хата, өй
булан манна отордооммут, ынахтарбыт кыстыкка киириигэ кэм куҥнаннылар. Дьэ, аны эн, киин сир сонунун тоҕо тардан кэбис. Бу киирдэхпитинэ, аспыт-үөлбүт хайдах буолуой, тугу былааннаан олороҕутуй? – Ыанньыгы уонна субаттары манна киллэрэн, икки ыйга сиир оппутун кэмчилээтибит, ол суотугар били, тиийбэт оппут аҥаарын эрэ сайаапкалаатыбыт. Сылгыһыттар анараа арыылары кэрийэн көрөн бараннар, хаһыы син баар буолсу диэтилэр. Сайаапкаламмыт оттон төһөтө уонна хаһан кэлэрэ, аны кэллэҕинэ даҕаны, хайдах хаачыстыбалаах буолара биллибэт. – Ол баар ээ. Баҕар, төрүт бурҕаҥнас от кэлиэҕэ. – Инньэ гынан, эбии аһылыгы күүһүрдэргэ былаанныыбыт. – Көөнньөрбөлөөн диэ? Дьэ, ол саамай сөптөөх быһаарыы! – Били эһиги былаххытыгар эбэн, бэтэрээн оҕонньоттор дулҕа быспыттара, аны мантан кыһын ходуу ходуйар, былыык хостуур уонна мутукча быһар санаалаахтар. – Оо, барахсаттары! – Кэм абырыы сырыттахтара. – Бэйи-эрэ, хочуолбут онно эппиэттиир дуо? Биһиги хотоммут киэнэ сопхуос ыһыллыаҕыттан таах күлтэллэн турда, хайа, ис тэриэбэтэ да суйданна ини? – Кыра хотон хочуола үчүгэй, борооскуларга көөнньөрбөлөөн эрэбит. Оттон эһиги хотоҥҥут хочуолун мэхээнньиктэр боруобалаан бараннар, давлениета тахсыбат эбит диэннэр, ону хасыһа сылдьаллар. – Урукку иһит-хомуос, уһаат эҥин ханна-ханна тэбиллибиттэрэ буолла? – Дьэ, ону бэйэҕит киирэн быһаараҕыт… – Оо… – Мин бэйэм уһааппын дьиэбэр илдьибитиэм, – Өктөбүрүүнэ көөчүктүүрдүү эҥээриттэ. – Ардах уутун сүүрдэбин. Эһиэхэ да баар ини? Биир уһаат бэтэринээр Моруусаҕа турарын чуолкай билэбин. – Дьэ миэхэ суох, – диэтэ Маарыйа. – Хаһан өйдөнөн, илдьиэх курдук санаммытым да, онно эрэ оҥойбут этэ. Урукку пиэрмэ уһааттара бары даҕаны бөһүөлэк иһигэр бааллар ини. – Сопхуос эстиэн аҕай иннинэ этэ дуу, сүүрбэттэн тахса сабыс-саҥа дубуобай уһааттары аҕалан, ыанньыксыт аайы түҥэппиттэрин өйдүүр инигит? Олор бары ыалларынан ыһыллыбыт буолуохтаахтар. Дьиҥинэн, уһааттар паайга бэриллибэтэхтэрэ, онон эйэнэн аҕалбатахтарына, былдьаан да ылыахха сөп. – Эс, былдьаабатар да, киһилии быһаардахха, биэрэллэр ини. – Оттон хомбукуорум дьыалата хайдаҕый? Ол аһа суох кыайан көөнньөрбөлөммөт этэ дии. – Министиэристибэ лимиит быһыытынан бэрсиэх буолан турар, ол хаһан иннэ-кэннэ быһаарыллыар диэри сиири бэйэбит булуна сатыахпыт. Билигин Миитэрэй Сергеевич биир чааһынай тэрилтэттэн 50 туонна комбикуоруму уонна оччо эбиэһи атыылаһар туһунан кэпсэтэ сылдьар. Төлөбүрэ этинэн буоллар ханнык дэһэбит. – «Эт» диэбиккэ дылы төһө субаны, төһө убаһаны «туттар» үһүбүтүй? — Кэтэх сүөһүбүтүн пиэрмэҕэ холбуу көрөрбүтүн быйыл да көҥүллүүр инигит? Ити курдук күннээҕи үлэттэн-хамнастан, дьиэ иһинээҕиттэн саҕалаан, уруккуга-хойуккуга диэри бэрт үгүһү кэпсэппиттэрэ. – Бу арыыттан биһиги хойут киирбиппит, – диэбитэ Огдооччуйа. – Онуоха диэри туспа холкуос буолан, манна үрдүттэн сүөһү көрөн, оттоон-мастаан ньидьирээн олорбуппут. Аҕам Уйбаан 1943 сыллаахха сэриигэ барарыгар, мин икки саастаах оҕо хаалбыппын. Ийэбит балаҕаммыт аанын таһыттан баттатан бардаҕына, убайым Дьөгүөркэ, оччолорго биэстээх оҕо, ытаатарбын эрэ, айахпар лэппиэскэ
тоорумаһын уоптаран кэбистэҕинэ, ону эмэммин тохтуур үһүбүн. Улахан убайым бөһүөлэккэ эдьиийбит аахха дьиэлэнэн, оскуолаҕа үөрэнэр эбит. Оо, оччотооҕу холкуос үлэтин ким ааҕан ситиэ баарай? Пиэрмэ ыанньыксыттара уонтан тахсалыы ынаҕы ньирэйдэрин кытары холбуу көрөллөрө, ыабыт үүттэрин бэйэлэрэ астаан арыылыыллара. Туспа ньирэй көрөөччү уонна асчыт диэн хойут, мин үлэһит буоларым саҕана эрэ, көрүллэр буолбуттара. Аны ыам быыһыгар кыһын бааһынаҕа балбаах таһаллар, саас бааһынаны хорутан бурдук ыһаллар, сайын оттууллар, күһүн бурдук быһаллар. Хата, бурдугу ханна эрэ тиэйэн барар буоланнар, биир түбүктэн босхолууллара. Ээ ити эрээри, сиир бурдукпутун бэйэбит дьаһайар быһыылаах этибит, элгээн тоҥноҕуна киллэрэннэр мууска молочонон сынньалларын өйдүүбүн. Хараҥаттан хараҥаны ыпсаран үлэлиир дьоммутугар оҕолор көмөлөһөрбүт. Уон үстээх-уон түөртээх оҕолор бэйэлэрэ бүтүн үлэһити солбуйаллара, оттон кыра бэдиктэр да тустаах үлэбит үгүһэ. Дьиэ харбааһына, түннүк кырыатааһына, хаары уулааһын, уокка оттор маһы кыстааһын… Мин алтабыттан хотоҥҥо тахсыһан, ынах этэрэр буолбутум. Сэрии да кэннинээҕи сылларга оҕолор мэлдьи тугу эрэ сиэбит, тото аһаабыт киһи диэн санаалаах сылдьарбыт, ынах этэрэрбэр мин айахпар үүт ыанар этим. Ким өй укпута буолла? Биирдэ тардыыга айаҕым иһэ сып-сылаас үүтүнэн туолар, ону ыйыстан кэбиһэн баран уоспун-тииспин соттобун. Сороҕор дьабадьым бүтүннүү үүт буолан, ийэбин күллэрэбин. Сэттэбиттэн сымнаҕас, дьэллэркэй эмиийдээх, иэтигэн ынахтары ыырга үөрэммитим. Һэ-һэ, киһи да күлэр, тууйаһым айаҕын сыыһа тэптэрэн, дэлби тобукпар ыабытым илийэн баран хаппыта хах курдук буолар. Ону ийэм имитэ-имитэ тэбээн кэбиһэр, санаатах аайы уларыттар таҥас суох буоллаҕа. Аны бурдугу суорунаҕа тардыы диэн баар ээ! Хааһы уонна лэппиэскэ бурдугар суорунаҕын бөтөрөҥнөтө соҕус тардан, начаас бүтэрэҕин, оттон алаадьы бурдугар тааскын аа-дьуо, сыыллары эргитэҕин, оччоҕуна наһаа үчүгэйдик мэлиллибит бурдук түһэр. Ийэм ол киэһэ алаадьылаан, саха тэҥэ суох дьон буолабыт. Холкуос хотонун кутуйаҕа оскуолаҕа аҕыспын ааһан баран, 1949 сыллаахха, киирбитим, хас оҕону ыалга дьиэлиэхпиний диэн, ийэм ол күһүн бууннаан туран, күүһүнэн бөһүөлэккэ көһөн киирбитэ. Аны санаатахха, туһугар хорсун дьахтар эбит. Эмиэ да сөп ээ, сэрииттэн этэҥҥэ эргиллибит бырантабыыктар бөһүөлэккэ дьиэ-уот бөҕөтүн туттубуттара, арай, биһиги эрэ, арыы түгэҕэр саах сыбахтаах эргэ балаҕаҥҥа хаалан хааллахпыт. Сыыйа атын ыаллар эмиэ көһүтэлээннэр, арыыбыт барахсан иччитэхсийбитэ. – Эдьиэй, атын ыаллар диэн кимнээх этилэрий? – Оо дьэ, араас бэйэлээх үтүө-мааны дьон олорон ааспыттара. Ини-бии Саабыннар диэн холкуос туруу үлэһиттэрэ бааллара. Кыра быраат Түмэппий биһиги таспытыгар олороро, аҕам доҕоро үһү. Биэс оҕолооҕо биһигини кытары иэл-тиэл буоланнар, бииргэ оонньоон улааппыппыт. Кыра мааны кыыһа Өрүүскэ, ити Ирина Тимофеевна, билигин оскуолаҕыт учуутала. Түмэппий биир дьикти дьарыктааҕа — атыыр оҕустары харсыһыннарар идэлээҕэ. Бэйэбит холкуоспут оҕуһугар утары туруоран, Кылыстан оҕус киллэрэрэ. Эрдэттэн кэпсэтии ыытан, үлэһэн-болдьоһон, ол аайы төттөрү-таары тыынан кэлэн-баран, бөһүөлэктэн биитэр нөҥүө алаастан атын холкуос атыыр
оҕуһун уларсан аҕалыах, өссө боротуоханы туоратыах диэтэххэ, дьэ, сыра-хара диэбэккиэн? Кыдьык диэн хор, оннук! Билигин да бу баардыы өйдүүбүн: силтэллибит атыыр оҕустар айаатыыр саҥалара ыраахтан аҥааттан иһиллэр, онтон мөҕүрүү-мөҕүрүү кырдалга киирэн, бэйэ-бэйэлэригэр суоһурҕансан, муостарынан сири тоҕо силэйэллэр, атахтарынан буору хаһыйаллар итиэннэ «Чэй!» дэспиттии, хапса түһээт, харсан киирэн бараллар, сири тоҕута тэпсэн, илдьи кэһэллэр. Дьэ, чахчы даҕаны киһи эрэ барыта умсугуйа көрөр хартыыната этэ! Дьэпсиэйэптэр диэннэр бааллара. Эһэлэрэ Сэмэн оҕонньор сайын өрүһүнэн, тыанан сылдьан сордоҥҥо, дьорооскуга, күстэххэ, собоҕо, күөнэххэ туулуур, күһүн муҥхалыыр, кыһын ыйы ыйынан ыраах тыаҕа бултуу барар. Бу санаатахха, кырдьаҕаһынан холкуоска үлэлээбэт быһыылаах эбит. Бултуур-алтыыр киһитэ суохтар кини илиитин-атаҕын дьэ, кэргэттэринээҕэр ордук кэтэһэбит-манаһабыт, барахсан бэйэтэ даҕаны биһигини уонна Сэргиэйэптэри, ити билигин дьассаакка үлэлиир Саргылаана Платоновна аҕата ааҕы, «аармыйа тулаайахтара» диэн бэркэ хатаҕалыыра. Ат сыарҕатын муҥунан таба этэ, куобах уонна мас көтөрө бөҕөтүн тиэйэн аҕалар ээ! Үөрүү-көтүү, этэн көрө-көрө күлүү, хардарыта күндүлэһии! Сибиэһэй булт этинэн дэлэйэ түһэбит! Ону уонна муҥха балыгын идэһэ тыһаҕаспыт этигэр эбэн, саас ынах төрүөр, үүт ас дэлэйиэр диэри син тиийэбит. Сэмэн сиэннэрэ үксүлэрэ ким эргэ тахсан, ким үөрэҕи батыһан киин сиргэ барбыттара, Кылыска уолун оҕолоро Виссарион уонна Сэмэнчик бааллар. — Ээ, Висса уолаттара ол иһин саас аайы манна киирэн хаастыыллар эбит дии. – Эдьиэй, хата, били былыргы Сээн Сиэҥкэҕин сэһэргээриий. – Абааһытын баран! – Кэпсээ-кэпсээ, эдэрдэр былыргыны билэллэрэ наада. Ульяна, манна кыһын дьахтар эмэһэтин үлүтэр эр бэрдэ баара үһү! – Туох даа? Ону тоҕо хостоон биэрбиттэрий? – Дьэ, хостообуттар. Хостоппуттар! – Кэпсээ-кэпсээ, эдьиий, биһиги да истиэ этибит. – Оо, алыс да хаайдыгыт. Чэ, кэпсиим. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин быдан иннинэ Сээн Сиэҥкэ диэн тыллаах-өстөөх, сытыы-хотуу киһи баар эбит. Биир дьээбэ кэмэлдьилээҕэ үһү. Ол тугуй диэтэргит – дьэ, туох да олус дьахтарымсах, уһун суһуохтаахха барытыгар «сээн» дэтэр эбит. Оннук киһини «дьахтар киһитэ» диэччилэр. Биир кыһын үөлээннээҕэ үөс нэһилиэктэн чороччу улаатан эрэр оҕолоох дьахтары ойох ылан, сүгүннэрэн киллэрбит. Дьоҕус чалбараҥ оҥорбуттар. Биһиги киһибит онтон матыа дуо, тиийэн аһаан-сиэн, саҥаран-иҥэрэн күлүбүрэтэн, дьону күллэрэн-үөрдэн, остуолу киэргэппит. Кийиит Мааппа бааһынайдыы көрүҥнээх дьахтар эбит (кэлин Мааны Мааппа диэн ааттаммыта), Сээн олус баҕара санаабыт, анарааҥҥыбыт да кинини бэркэ абылаппыт хараҕынан көрбүт. Хас да хонук ааспыт. Эдэр киһи имэҥин туох бобуой? Ахсынньы анысхан тымныытыгар үөмэн тиийэн, баҕалааҕын кыбыылаах окко кэтээбит. Төһө өр сыппыта биллибэт, төһө тоҥмута-хаппыта кэпсэммэт. Оту симэр талах салааскатын соспутунан дьахтара тиийэн кэлбит. Соһуйбут-өмүрбүт, ол эрээри, таптаһар сүрэхтэри туох тохтотуой, от кэтэҕэр сытан тутуспуттар! Ол кэнниттэн Мааппа барахсан кэннин көп этин үлүтэн кэбиһэн, бэркэ диэн эрэйдэммитэ үһү. – Һэ-һэ! Аанньа буолуо дуо, бытарҕан тымныыга
тоҥ окко сыппыта? Оннооҕор таһырдьаттан түүрэн киллэриэх икки ардыгар киһи илиитин хаарыйар дии! – Төһө да сир аайы көрсүүлээх, дьахтар аайы оҕолоох аатырдар, Сиэҥкэ оҕонньор кэлин кырдьан олорон: «Мааны Мааппаттан ордук дьахтары тутуспатаҕым», – диирэ үһү. Кини сыдьааннара бөһүөлэккэ бааллар эрээри, кимнээхтэрэ этиллибэт, аны, бостуой хаадьы оҥосто сылдьыаххыт. – Эдьиэй, оттон били «хоруобун хас да төгүл оҥостубут» диир киһилэрэ, Поротов оҕонньор, эмиэ манна олорбута үһү буолбат дуо? – Тыый, ол мин эһэм дии, ийэм аҕата! Бэрт сытыары-сымнаҕас майгылаах кырдьаҕас үһү. Эдэригэр манна Баай Бөрөскүөп сүөһүтүн көрө киирэн баран, эмиэ бэйэтин курдук сүөсүһүт ыал кыыһын ойох ылан, олохсуйбут. Оччолорго кырдьаҕастар эрдэттэн тэринэн, анараа дойдуга кэтэн барар таҥастарын уура сылдьар үгэстээхтэрэ. Мин эһэм киһи бэрдэ Кириисэ Поротов ону аһары түһэн, биир уус киһиэхэ алтан сылабаарынан кириэс оҕустарбыт уонна күтүөтүгэр, мин аҕабар, бэс маһынан хоруоп оҥорторбут. Ол хоруоп хас да сыл ампаар үөһэ ууруллан сыппыт, дьон бастаан эрэ сүрүргээн бараннар, кэлин үөрэнэн хаалан, дьөрү кыһаммат буолбуттар. Арай, биир сайын холкуос бурдуга тиэрэ үүммүт! Мин дьонум, икки туруу үлэһит эдэр дьон, элбэх үлэ күннээх буоланнар, дохуот бөҕөтүн аахсыбыттар, ылбыт бурдуктарын ханна да батарар сирдэрэ суох буолбут. Ээ ону аҕам ылбыт да, кынна оҕонньор хоруобугар томточчу кутан кэбиспит. Эһэм кэлин ол хоруобун уматан баран саҥаны оҥорторбут. Сэрии иккис сылыгар өлбүтүн, аҕам уҥуох туппут. Бэрт түүллээх эбитэ үһү. Биир сарсыарда дьоммор көтөн түһэн, маннык кэпсээбит: «Тукаларыам, бөөлүүн дьэ иччилээх түүлү түһээтим. Бу арыым хордоҕойугар турар эбиппин, тулабын көрүммүтүм, арай, кыстыкпыт кубус-кураанах! Дьиэ-уот да суох, эгэ, киһи-сүөһү кэлиэ дуу? «Тыый, дойдум, дьонум-сэргэм бараммыттар!» — диэн хомойуу бөҕөтүн хомойдум. Ол тураммын өйдөөн көрбүтүм, арай ити бааһына кырдалын үрдүнэн буруо субуллан тахсар! Наһаа синньигэс буолбатах. Инньэ гынан: «Кэбис, эстибэтэхпит, дьон баар эбит!» – диэн үөрүү бөҕөтүн үөрэн уһугуннум», – диэбит. Оччолорго аҕам баара үһү, мин биһиктээх оҕо эбитим дуу, ийэ иһигэр сылдьарым эбитэ дуу, биллибэт. Ийэм итини хойут, мин эргэ тахсыбытым кэннэ, кэпсээбитэ, көр, онно чуолкайдаан ыйытан хаалар өй мэлигир буоллаҕа. Онон, доҕоттор, Кылыс нэһилиэгэ баарын, сүөһүнү-сылгыны ииттэрбит тухары бу дойду төрүт иччитэхсийиэ суоҕа. Эбэбит барахсан уйгутун-быйаҥын ууна туруоҕа! * * *
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан