Кэпсээ
Войти Регистрация

АТААРЫЫ (Кэпсээн, салгыыта-1)

Главная / Кэпсээн арааһа / АТААРЫЫ (Кэпсээн, салгыыта-1)

K
edersaas.ru Категорията суох
05.10.2021 19:00
ААЙА Салгыыта Эһиилигэр курааннаан от төрүт үүммэтэҕэ, бэйэлэрин сирдэрин, чугастааҕы арыылары оттоон баран, өрүс уҥуор биригээдэ тэрийэн ыыппыттара  дуоннааҕы эппэтэҕэ, сыл тахсар от 60 бырыһыана эрэ хааччыллыбыта. Аны кыһын хаһыы суох буолан, сылгы аһылыкка эрдэ уонна маассабайдык киирэр куттала баара дьиксиниини үөскэтэрэ. Ыксаан, улуус дьаһалтатыгар уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр биллэрбиттэрин, комбикуорманы уонна эбиэһи көмө бэрээдэгинэн биэриэххэ сөп, оттон оту харчытыгар эрэ ылаҕыт, саппаас пуонда диэн суох, ордорунар оттоох хаһаайыстыбалар атыылыыллар, олорго биллэриэҕи төһөнү ыларгытын сайаапкалааҥ диэн буолбута. – Тыый, 400 туонна оту атыыластахпытына, букатын собуор барабыт. – Хороҕор муостааҕы барытын сүүскэ биэрбит көнө, хата, сылгыны кытаатыаҕыҥ! Бырабылыанньа мунньаҕар араас санаа этиллибитэ, ол эрээри, бары биири дьэҥкэтик өйдөөбүттэрэ: хаһаайыстыба салгыы үлэлиир биитэр ыһыллар быһаарыылаах кирбиитэ тирээн кэлбитин. Сылгыга сыһыаннаах өттүлэрэ  ынах сүөһүнү халтай ороскуоттаах эрэ салаа курдук көрөр буоланнар, санаатахтарын аайы аҥардас сылгынан барары туруорсаллара, бу да сырыыга түгэнинэн туһанан, ону санатан эрдэхтэринэ, Ульяна осеменатор Туйааралыын саба саҥарбыттара. Устунан этиһэн киирэн барыах буолбуттарын, Миитэрэй Сергеевич тохтоппута. – Доҕоттор, тохтооҥ, ити тылынан оонньообут от буолуо суоҕа, – диэбитэ кини үгэһинэн көхсүн этиппэхтээн баран. – Тиийбэт окко сайаапка оҥоруохпут, даарым онтон төһөтө кэлэрэ биллибэт. Сылгы эрэ эбии аһылыкка күүскэ киирбэтэр, ынаҕы син сордоһон кыстата сатыахпыт, даарым төһө эрэ бырыһыанын саас күрдьүккэ соһуохпут да буоллар… Дьиҥинэн, кураан быйыл эрэ кэлбит үһү дуо?  Онон үчүгэйдик сүбэлэһэн, тугу эмит тобулуоҕуҥ, бачча өрүскэ олорор дьон талаҕы, дулҕаны да… эбиниэхпитин сөп. Дьиэтигэр кэлэн, аһыы олорон, Ульяна мунньах туһунан кэпсээбитигэр, ийэтэ эппитэ: – Бу өйдөөтөхпүнэ, урут от үүммэтэх дьылларыгар сүөһүнү күһүн Хаастаах арыытыгар киллэрэр этилэр. Даарым, биһиги холкуос Өргөннөөххө буолан, онно биирдэ да киирбэтэхпит, инньэ гынан хайдах тэринэн-оҥостон баралларын билбэппин. Хата, Огдооччуйалаах холкуостара киирэрэ, кини ити дьыаланы үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Ылдьаана Миитэрэй Сергеевичка төлөпүөннээн ол туһунан эппитигэр, киһитэ өрө татакалыы түспүтэ: – Ээ, арба даҕаны, арыыга отордооһун диэн баар этэ дуу? Өссө уонча сыллааҕыта сопхуос субаттарын таһааран кыстаталлара. Бээ-рэ, оччотугар маннык гыныахха, мин аҕам оҕонньору кытары кэпсэтэ сылдьыым, онтон эйиэхэ эрийиэҕим. Кырдьык, уһаппакка-кэҥэппэккэ, тугу эмит тобула оҕустахха табыллар. Киэһэ хойут, утуйаары сыппыттарын кэннэ эрийбитэ. Аҕатыгар, уруккута холкуос, сопхуос биригэдьиирэ Сэргэй Уоһукабыска, тахсан (кинилэр туспа  олороллоро) кэпсэппит, барытын быһаарбыт. Онуоха  кырдьаҕаһа сүөһүнү арыыга таһаарыахха сөп, ол эрээри, билигин былыргы холкуос саҕанааҕы буолбатах диэн, бастаан ыанньыксыттары кытары кэпсэтэргэ, кинилэр сөбүлэҥнэрин ыларга сүбэлээбит. – Онон, Ульяна Степановна, – Миитэрэй Сергеевич быһаарыылаах диэбит кэпсэтиилэригэр кими баҕарар итинник бэличээйдиир идэлээх. – Сарсын сайылыктарынан тахсан, дьоммутун кытары кэпсэтиэххэ. Аккаастаан тиэрэ түстэллэр эрэ, дьэ, бүтэбит… Оҕустаах
сайылыгар ыанньыксыттар сарсыардааҥы ыамнара бүппүтүн кэннэ тиийбиттэрэ. Пиэрмэ ыстаарсайа Маарыйа Петровна дьиэтигэр киирэн, чэйдии олороро. – Хайа бу, тойонноох хотун оҕолорбут туохха субурустугут? — Тыый, туохха диэн оттон үлэни-хамнаһы билсэ кэллэхпит. Хайа, ыам хайдаҕый? – Оо, бу айылаах кураан туох үчүгэйи оҥорбута баарай? Күҥҥэ сыламныыр дьаарбаҥ дьонугар эрэ бэрт ини! Чэ, хата, кэлиҥ, көххө чэйдэ исиһиҥ, – хаһаайка ыалдьыттарыгар чэй кутан биэрдэ. Аһыы олорбут чороччу улааппыт эмдэй-сэмдэй икки кыыс, дьоҥҥо миэстэ биэрэрдии остуолтан туран, хосторугар дьылыс гыннылар. – Үүт төрүт түстээ-түстэ! Мэччирэҥ бүттээ бүттэ, ынахтар хара тыаны кэһэн тахсаллар, ити оҕом Бөтүкээс муҥнаах бостууктаан абыранаары аттыын-бэйэлиин охторо буолла. Манна уһуннук туппакка, кыстыгы буллараргыт дуу хайдах… Оҕолор оскуолалара да аһыллара кэллэ. – Сөпкө этэҕин, – Миитэрэй Сергеевич чэйдээн бүппүтүн биллэрэн,  чааскытын остуолга «тос» гыннара уурда. – Ол иһин, бу сүбэлэһэ кэллибит. – Чэ оччотугар, киһилии мунньахтыаҕыҥ, – диэн Маарыйа кыргыттарын ыҥыран, иһити-хомуоһу хомуттарда, бэйэтэ таһаараа дьиэлэргэ олорор ыанньыксыттары ыҥыран киллэрдэ. Сайылык ыанньыксыттара, биэс дьахтар киирэн, оннуларын-тойдорун булунан олорбуттарын кэннэ, Миитэрэй Сергеевич дэриэбинэ сонунуттан саҕалаан, хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын туругун туһунан кэпсээтэ. Онтон кураан сайын буолбутунан, оттооһун төрүт мөлтөҕүн эттэ, аны урукку курдук үөһэттэн босхо көмө диэн суоҕун, тиийбэт оту уу харчытыгар эрэ биэрэллэрин, оттон оччо оту атыыластаҕына, хаһаайыстыба төрүт көҥдөй көтөрүн туһунан иһитиннэрдэ. Түмүгэр өссө төгүл лаппыйан эттэ: – Кыстыыр оппут 60-ча бырыһыанын эрэ булуннубут! – Оо, – дэһэ түстүлэр ыанньыксыттар. – Манна да мэччирэҥ төрүт эһиннэ, ынахтарбыт бэлиэргиттэн быһа түһэн эрэллэр, киһи үүккэ саантаабат күнэ-дьыла үүннэ. – От суох буоллаҕына, билиҥҥиттэн дэриэбинэҕэ киирэн сүөһүнү кыһыҥҥылыы аһатар хайдах табыллыай? Кыс ортотугар тиийэн, бары соһуллуохтара! – Эмиэ сүүстүүбүт дуо?! – Хаарыан ынахтары! Төһөлөөх сыралаһан илдьэ кэллибит? — Бэйи-эрэ, кыргыттар, уоскуйа түһүҥ, туох ааттааҕын айманнаххытый? – Огдооччуйа дьону уоскутардыы саҥарда. – Оо, наставникпыт Евдокия Ивановна, тугу эрэ доргутаары гынна! –   Миитэрэй Сергеевич сэргэҕэлии түстэ. – Урут маннык кураан дьылларга хайдах дьаһанар этигитий? Дьэ эһиги эрэ ыллыктаах тылгыт-өскүт, сүбэҕит-амаҕыт абырыыр күнэ-дьыла үүннэ, эдьиийдээр! – Тыый, аны олорон эрэн араатар буолаары гынным дуу? – бэйэ-бэйэтиттэн сонньуйан баран, Огдооччуйа аргыый аҕай турда. – Оҕолоор, чэ, бары да миигиттэн балыс дьоҥҥут, онон оҕолорум диирбин баалаабат инигит, биһиги оччоттон баччаҕа диэри эстибэт быабытыгар, Эбэбит барахсан арыылардаах ээ. Урут, араас кураан, сут дьылларга холкуос сүөһүтүн күһүн ити Хаастаахха отордотоллоро. Хаастаах арыы мин төрүт үөскээбит дойдум уонна эдэр  сылдьаммын, хаста да отордоһон турабын. Сайыны супту ыанан, халтаҥ мэччирэҥҥэ быһа түспүт ынахтар арыыга киирэн өрүһүнэн, уойан-тотон тахсаллара. Оттон сопхуос саҕана от чычырбас сылларыгар субан сүөһүнү эмиэ онно кыстаталларын өйдүүр инигит? Билигин да хайдах
эмит гынан, ити арыыбытын эрэ булларбыт, дьэ, үүтү да ыа, сүөһүлэрбитин да кыстыкка арыый сэниэлээх киллэриэ (билигин олох быһа түстүлэр!) уонна кылаабынайа, оппутун кэм кэмчилиэ этибит. Ыанньыксыттар чочумча «ах» баран олордулар. Онуоха Миитэрэй   Сергеевич: – Биһиги, бырабылыанньаҕа сүбэлэһэн баран, ыанар ынахтары эмиэ ити арыыга киллэрэр толкуйга кэлэн олоробут, – диэтэ. – Онно сопхуос субаны кыстаппыт хотоно баар, ону бу күннэргэ көрүөхпүт-истиэхпит, өрөмүөннүөхпүт. Онтон сүөһүнү паромунан көһөрүөхпүт. – Маладьыастарыҥ бэйэҕит да быһааран олорор эбиккит буолбат дуо? – дьон быыһыттан сэҥээрбит саҥа чаҕаарыйда. – Боруомуҥ ааттаах көлө буоллаҕа, киһилэри-сүөһүлэри аҕыйахта кырынан таһыаҕа. Былыр биһиги бэйэбит мас тыынан, сүөһүнү харбатан, сыра-хара бөҕөнөн туоратарбыт. Ону эрэ кэтэһэн олорбут курдук дьахталлар күйгүөрэ түстүлэр: – Онно хаһан киирэн баран, хаһааҥҥа диэри олоробутуй? – Хайа, дьиэбит-уоппут, оҕобут-уруубут? – Чэ, дугуруй да оҕус, мин этиим эрэ, – Огдооччуйа иккистээн  турда. – Биһиги урут арыыга күһүн баччаларга киирэрбит уонна кыһын, Эбэ турдаҕына, муус сүөһүнү уйар буоллаҕына, тахсарбыт. Билигин да оннук дьаһаннахпытына эрэ, ыал буолар туруктаахпыт. Ити бэлиэргиттэн быһа түспүт ынахтар эрэйдээхтэртэн аны саас күөххэ үктэниэххэ диэри төһөтө ордор… – Оо, кыһыммыт да уһуна! – хайалара эрэ чахчы ис сүрэҕиттэн абарбыт куолаһа иһилиннэ. – Бу Оҕустаахха баар «миигинниин биэс хааһах» диэбиккэ дылы, миигинниин биэс ыанньыксыт, анараа Куоҕастаах сайыылыгын икки ыанньыксыта уонна астыыр сыахтар оннук айылаах уу кырбас, кыра, кыаммат оҕобут суох буолбаат? Көрүҥ, Асчыт Маайака биһикки оҕолорбут туспа ыаллар, биһигини сатаатар эрэ араабаласпатыннар дэһэллэрэ чахчы. Оттон бу Маарыйа кыргыттара уонна уола борбуйарын көтөҕөн бэйэлэрэ көмө дьоно, Дьуунна оҕолоруҥ эмиэ… Балбааралаах дэриэбинэҕэ эбэҕит, Өктөлөөх эдьиийгит баар. Ама, икки ыйга баҕас дьаһанан олоруохтара суоҕа үһү дуо? Хайа уонна оттон салалтабыт, бу Миитэрэйдээх Ылдьаана кыыс, хараххытын хатыы, көрө-истэ турар инигит? — Сөпкө этэҕин, Евдокия Ивановна! – дии түстэ Миитэрэй Сергеевич. – Күн аайы мотуордаах оҥочонон киирэ-тахса, билсэ-көрсө, туох наадатынан хааччыйа туруохпут! – Өссө ыанньыгы эрэ буолбакка, субаттары эмиэ отордотуохха. Хайа, эмис идэһэ наада буолаарай? Туома туохпут барыта этинэн эрэ быһаарыллар дии. — Хотун Эдьиийбит барыбытын күөйэ-хаайа этэн кэбистэҕэ ити! – Маарыйа сөхпүттүү саҥа аллайда. – Ити кэнниттэн ама, ким батынан былдьаныай? Оттон бэйэҥ киирсэр инигин? – Ханна? – Хайдах «ханна?». Оттон арыыга! Биитэр бэйэбитин эрэ ыытаары олороҕун дуу? – Тыый, хотуой, ол миигин хааллараары гынныҥ дуо? Хайа, оттон эмиэ  дайаарка дуомаката буолбатахпын дуо? Хаастаахпын өссө даҕаны тилэхпинэн мээрэйдиир санаалаахпын. Онно да сүгүн сылдьыам суоҕа, дьэ, барыгытын кэһэтэлиир буолуохтаахпын, – Огдооччуйа таптаабыт харахтарынан дьахталларын имэрийтэлии көрөн баран, уҥуох-сула сутуругун өрө күөрэтэн кэбистэ. Көхтөөх күлсүү ньиргийэ түстэ, тыҥаан турбут быһыы-майгы холкутуйан хаалла. – Оччоҕуна, арыыга
көһөрдүү оҥостон тэринэ сылдьыахха наада эбит, –  диэбитэ Маарыйа арыыга киирэри ким да утарбатын биллэрэрдии. Куоҕастаах ыанньыксыттара көһөрү холкутук истибиттэрэ: – Хайыахпытый, инньэ диэн сүөһүбүтүттэн илиибитин соттуохпут дуо? – диэбитэ пиэрмэ ыстаарсайа Мотрена Игнатьева. – Онно уот суох сиригэр үүппүтүн хайдах ыан, астыыбытый? – Асчыт Маайака сүрүн кыһалҕата ол этэ. – Дьоҕус диисэл булан туруораргыт дуу? – Мария Николаевна, ону быһаарыахпыт, толкуйдуу сылдьабыт. –  Мин оҕобун быраҕан, арыыга кыайан киирсибэтим буолуо, – үүтү тутааччы эдэр ыал ийэтэ Люда ыйытардыы көрдө. – Ээ Бочуона бухатыыр манна бэркэ сырытта, арыыга да илдьэ киирдэххинэ? – Тыый, туох диэтэҥий, ол дойду салгына чэлгиэннээх, хайа уонна бары биир эргэ балаҕаҥҥа симиллиэхпит, күһүҥҥү ардахха, тымныыга оҕоҥ сыыстаран ыалдьыа-хайыа, хааларыҥ ордук, – Асчыт Маайака быһаарыыта быһаччы буолла. – Оччоҕуна «кураанах» уоппуската ыл. – Оо, хайдах хамнаһа суох олоруохпутуй? Кэргэним үөрэҕэр барар, холтууратын харчытын хаһан биэрэллэрэ биллибэт, онон өссө абаанса көрдөөрү   олоробун дии. – Өстүбэһи Тина Абрамова уоппуска көрдөөбүтүн, солбуйар киһи суох диэн, тута сылдьабыт, хата, эн кини оннугар хонтуораны хомуйаар, – боппуруос кэбэҕэстик быһаарыллыбыта. Балаҕан ыйын саҥатыгар  «Кылыс» кэлэктиибинэй тэрилтэ 130 ыанар ынаҕын уонна сүүсчэкэ субан сүөһүтүн бөһүөлэк утары турар улахан арыыга отордото таһаарбыта. Көһүүгэ болдьоммут күҥҥэ икки сайылык ыанньыксыттара малларын-салларын суулаан, көтөҕөн ыл да тыраахтар бырысыабыгар быраҕардыы оҥорбуттара, онтон ынахтарын ыы охсоот, далга хаайбыттара. Инньэ гынан, бөһүөлэктэн көһүүгэ көмөлөһөөччүлэр сарсыарда икки тыраахтардаах кэлиилэригэр «тиҥ» курдук бэлэм олорбуттара. Кэлбит дьон сорохторо Оҕустаахха хаалбыттара, сорохторо Куоҕастаахха ааспыттара. Баччаларга көһөргө үөрүйэх ынахтар таһаҕастаах тыраахтар кэнниттэн улгумнук батыспыттара. Бөһүөлэккэ киирэн, киин уулуссанан барбахтыы түһээт, пиэрмэ турар кырдалыгар соруйтарыыта суох туораан баран, ыһыллыах  курдук буолан истэхтэринэ, дьоннор аттаахтыын-сатыылыын саба түһэн, инники испит ынахтары быһа анньан ылан, далга киллэрэн хаайбыттара. Атыттарын аллара өрүскэ киирэр аартыкка салайбыттара. Үүрүллэн иһэр ынахтар бачча кэлбит кыстыктарыгар тоҕо киллэрбэтэхтэрин, бу ханна илдьэн иһэллэрин өйдүөхтэрин икки ардыгар өр-өтөр буолбатаҕа, мыраан тыатын ааһааттарын кытары иннилэригэр Эбэ хотун нэлэһийэ түспүтэ. Сүөһүлэр барахсаттар өрүс нүөл салгынын сытырҕалыы-сытырҕалыы, истэриттэн иҥиэттэн маҕыраспыттара, ону үүрээччилэр үөс батааска биэрбэккэ, паромҥа ыга анньан аҕалбыттара. Ынахтар үтүрүһэ-үтүрүһэ, оскуонньаны сытырҕалыы турдахтарына, Маарыйа биир кырдьаҕастарын тутан ылан, муоһуттан быалаан баран, соһо былаастаан сиэтэн киллэрбитэ, ону батыһыннара ыанньыксыттар ый-хай бөҕөнөн хас да ынаҕы үүрэн киллэрбиттэрэ, атыттар ону көрөннөр уонна онуоха эбии кэннилэриттэн «һайдааһын» кытаатан, бары батысыһан киирбиттэрэ. Үтүрүһэн-хабырыһан, парому балачча хамсаппахтаан баран, уоскуйа быһыытыйан, орун оннуларын булан турбуттара. Паром аргыый аҕай икки өттүнэн хайбаҥнаан кытылтан тэйэн, иннин диэки сыылыннарбыта. Сити көстөн турар арыыга чаастан ордук ныһылыннаран тиксибиттэрэ. Киэһээҥҥэ диэри хас да кырыныынан ыанньык пиэрмэтэ көһөрүллүбүтэ. Сарсыныгар субан  сүөһүлэр таһаарыллыбыттара. ААЙА,
салгыыта бэчээттэниэ.
edersaas.ru сайтан