Кэпсээ
Войти
Регистрация
АТААРЫЫ (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ АТААРЫЫ (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.10.2021 19:00
ААЙА – Бу дьиэҕэ кыыс диэн эн эрэ бааргын быһыылаах, эмээхситтэр биһигини «ити дьахталлар» диэнтэн атыннык ааттаабаттар, – дэһэн хонтуоралар күлсэллэр. Кырдьык, урут пиэрмэҕэ үлэлээбит кырдьаҕастар манна, «Кылыс» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин хонтуоратыгар, кэллэллэр эрэ, аан бастаан сураһар киһилэрэ кини, Ульяна. Боруогу атыллаат, ааннара да сабылла илигинэ: «Биригэдьиир кыыс баар дуо?» – дэһэллэр. Дьиҥинэн хонтуораҕа да балачча дьахтар олорор ээ, бухгалтертар, экэнэмиистэр уонна туох эмит докумуон толорор, отчуот оҥорор кэмнэрэ буоллаҕына, зоотехниктар баар буолаллар. Олортон чорботон кырдьаҕастар хайаан да Ульянаны көрсөн, киниттэн ыйытан, киниэхэ быһаартаран эрэ баран тахсаллар. Инньэ гымматахтарына, барахсаттарыҥ астымматтар… Оо дьэ, сопхуос саҕаттан саҕалаан, дьалхааннаах 1990-с сыллардааҕы, иннэ-кэннэ биллибэт, куйукталаах ырыган тыһаҕас тириитин илитэ-илитэ тардыалаан, хас быыһы-хайаҕаһы барытын бүөлүү сатаабыт курдук, туох да тиийбэт-түгэммэт кэмигэр үлэлээн-хамсаан сыраласпыттара сыттаҕа! Остуолга ууруллубут суотабай төлөпүөн чыпчыммахтаан баран, намылхай сахалыы ырыаны тыаһаппытыгар, кылаабынай бухгалтер Христина ылан, экранын суурайбахтаат, кулгааҕар таҕайда: – Истэбин, Василий Павлович. Оо… Сөп этиэм, арба да, Степановна бэйэтэ манна баар ээ. Мэ-рэ, Ульяна,… тойон, тойон… – диэт төлөпүөнүн уунна. – Дорообо, – Василий Павлович тыынара бу баардыы иһилиннэ. – Куһаҕан сонуннаахпын… кырдьаҕаспыт, Евдокия Ивановна «быстыбыт». Мин бу Иван Кирилловтаахха баарбын, сүбэлэһэн бараммыт, тас үлэтин, буорун дьаһайыахпыт. Эн итиннэ Христиналаахха этэҥҥин, дьуһуурустубата олохтоо… уонна үрүҥ аста, эттэ аҕаларыҥ дуу, манна дьиэ иһигэр көмөлөһөр киһи эмиэ наада буолсу. Чэ, итигирдик. Эчи, эмискэччитин, эчи, соһуччутун! Эдьиий Огдооччуйа ааспыт нэдиэлэҕэ эрэ куораттан тахсыбыта, манна таарыйан ааспыта, бэҕэһээ эрэ төлөпүөннэһэ сылдьыбыта, сотору сайылыкпар тахсыам диэбитэ баара. Атын «сайылыгы» эппит буоллаҕа… Ульяна чочумча саҥата суох турбахтаан баран, кини тугу этэрин кэтэһэн олорор дьахталларга эттэ: – Эдьиий Огдооччуйа «бараахтаабыт», Павлович бу онтон эрийдэ, киэһэ биэстэн сарсыарда аҕыска диэри дьуһуурустубалааҥ диир. Онон, манна баар дьону испииһэктээҥҥит, бэтэрээннэри эмиэ кытыннараҥҥыт, кыраапыкта оҥорон, барыларыгар этиҥ. Сайылыктарга эмиэ биллэриҥ, бырастыылаһа киирэллэрэ буолуо, баҕар, массыына көрдүөхтэрэ. Ас-үөл наада диэтэ, чэ, мин сыаҕынан уонна бэкээринэнэн бардым. – Үбү-харчыны кэмчилиэххэ диигит да, ол куораттан тахсан өлбүт баабыскаҕа дэлэмсийии бөҕөтө! Эбэтэр олус курутуой оҕолордоох дуу? – баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут экэнэмиис Аанчык Маркова остуолга утары олорор Христина имнэнэн буойа сатыырын истибэккэ тэһэ барда. – Саҥам диэн саҥардаххын, ол баабыскаҥ баар буолан, бу хаһаайыстыба баар, ону өйдөөн кэбис! – Ульяна уордайбыт уоҕар үөгүлээн ылла. Таһырдьа тахсан баран: «биһиги кырдьаҕастарбытын билбэт, атын сиртэн кэлии кыыска тоҕо киһилии быһаарбакка ити хаһыытаан кэбистэмий?» – диэн кэмсинэ санаата. * * * Бу нэһилиэккэ «Томтордоох» сопхуос 700 ынах сүөһүлээх, биир оччо сылгылаах Кылыстааҕы отделениета тигинээн-таҕынаан олорбута. Олохтоохтор улахан аҥаардара
онно үлэлииллэрэ. Ким субан сүөһүнү көрөрө, ким ыанньыксыттыыра, эр дьон пиэрмэ ис-тас үлэтигэр, оту-маһы тиэйиигэ, пилорамаҕа үлэлииллэрэ, сорохтор сылгыһыттыыллара. Ульяна аҕата Ыстапаан сылгыһыт этэ, ийэтэ Харытыана эдэригэр ыанньыксыттаабыта, онтон кэргэн тахсан, оҕолонон баран, биэнсийэҕэ тахсыар диэри ыччат сүөһүнү көрүүгэ идэтийэн үлэлээбитэ. Онон ийэтигэр көмөлөһөн, Ульяна пиэрмэ үлэтин-хамнаһын кыра эрдэҕиттэн билбитэ. Оскуоланы бүтэрэригэр, кыыс пиэрмэҕэ үлэлии хааларга быһаарыммыта. Төрөппүттэрэ да ону утарбатахтара, оччолорго эдьиийэ Аага университекка саҥа киирэн үөрэнэ сылдьара, бырааттара кыра этилэр. Оскуоланы бүтэрии баалын кэнниттэн ыһыахтаан баран, бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Сибиэтэни кытары отделение хонтуоратыгар тиийбиттэригэр, управляющай Алексей Григорьевич бэркэ үөрэ-көтө, айхаллыы көрсүбүтэ: – Уля, эйигин, ньирэй көрүүтүн баһылаабыт бэлэм маастары дьэ, кэтэһэн ахан олоробун, хойукку төрүөх ньирэйдэри тутаҥҥын, ийэҕинээн сүүс ньирэйдээх дьиэ кэргэн биригээдэтэ буолуҥ, – диэбитэ. Кыыс онтон кыккыраччы батыммыта, оҕо эрдэхпиттэн ньирэйи сөбүн көрдүм диэбитэ, аны онно үлэлиэм кэриэтэ оҕуруотчут дуу, киинэ мэхээнньигин дуу куурсугар барыам диэн куттаабыта. Управляющай соһуйан хаалан, туох да диэҕин билбэккэ олордоҕуна, хата, хайдах эрэ соруйан анаабыт-болдьообут курдук, икки сыл ыанньыксыттаабыт Иванова Паша уонна Никитина Вера үөрэххэ бараары үлэлэриттэн уурайалларын туһунан сайабылыанньаларын тутан киирбиттэрэ. Алексей Григорьевич үһүс сылга хаалар туһунан этэн көрөн баран, этириэс аккааһы истэн, харыһыйдар да хайыай, дуогабардаах болдьохторун толорбут кыргыттары тутар бырааба суоҕа, хааһын түрдэһиннэрэн баран, илии баттаан эрилиппитэ. Инньэ гынан, кинилэр оннуларыгар Уля Сибиэтэлиин «Көҕүөр» диэн хомсомуол ыччат пиэрмэтигэр ыанньыксыттыыр буолбуттара. – Субу киэһэ сайылыкка тиийэҥҥит, ынахтаргытын тутуҥ! – дии хаалбыта дьиэ кэргэн биригээдэтин тэрийэр бэртээхэй былаана алдьаммыт управляющай. Улялаах оскуоланы былырыын бүтэрэн, иккис сылларын үлэлии сылдьар үс кыыһы кытары сүүс ынаҕы ыан, Оҕустаахха сайылаабыттара. Кинилэргэ уордьаннаах ыанньыксыт, төһө түөрт уончатын эрэ саҥа ааһан эрэр буоллар, пиэрмэҕэ Эдьиий Огдооччуйаттан атыннык ааттаммат Евдокия Ивановна Кириллова настаабынньыгынан сыһыарыллыбыта. Дьэ ити кэмтэн ыла этэ дии Ульяна Эдьиий Огдооччуйаны кытары алтыһан үлэлээһинэ. Ол сайын «быйылгыттан былыргылыы үлэлээн уурайабыт, бэйэбит хаһаайын буолар үһүбүт» диэн сурах тарҕаммыта. Томтордоохтон сопхуос киин аппараатын исписэлиистэрэ кэлэн, пиэрмэ үлэһиттэрин «Кыһыл муннукка» мунньан олороннор, хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа киириини, “дохуот” уонна “ороскуот” диэн тугун быһаарбыттара, төһөнү үлэлээтэххэ, төһө харчыны аахсыахха сөбүн суоттаан көрдөрбүттэрэ. Ол түмүгэр, атырдьах ыйын 1 күнүттэн холмогуор боруода ынахтардаах «Көҕүөр» хомсомул ыччат пиэрмэтин кэлэктиибэ отделение салалтатын кытары аренданан бэдэрээт дуогабарын түһэрсибитэ. Хамнаһы ый аайы ким хайдах үлэлээбитинэн, тус-туһунан буолбакка, кэлэктиибинэн бииргэ үлэлээн бары тэҥҥэ үллэстэр буолбуттара. Дьэ туһугар кытаанах суот-учуот саҕаламмата дуо! Маша Нестерова, оччоттон ахсааҥҥа дьоҕурдаах кыыс, этиитинэн зоотех үүтү ыаһыҥҥа ыйынан уонна дэкээдэнэн аттаран биэрбит былааннарын хонугунан үллэрэн, күн аайы хайаан да 100-200 граммынан аһары толорор соруктаммыттара. Ороскуоту аччатаары араас быстах наадаҕа тырааныспары мээнэ көрдөөбөт, бэл, «бодобуоһу»
ыҥырбат, туттар ууларын күөлтэн бэйэлэрэ бастар буолбуттара. Настаабынньыктара Огдооччуйа ынах синньин сууйтаран, массаастатан эрэ баран ыатара. Хайаан да үчүгэй хатыылаах соттордоох, таҥас сууйар мыылалаах буолары ирдиирэ. Дэлби сууйар, массаастыыр буолан, бэйэтин ынахтарын синньилэрэ төрүт түүтэ суох уонна улахан баҕайы буолара, үүттэрэ да ол тэҥинэн этэ. Ынах синньин ыам аайы массаастаат, түргэнник ыы охсор үчүгэй диирэ. Аны оччолорго саҥа үөдүйэн ыанньыксыт аймаҕы сынньатан үөрдүбүт ыыр аппарааты ынах эмиийин наһаа күүскэ тардан кытаатыннаран кэбиһэр диэн сирэн, илиитинэн ыыра. Аппарааттаннаҕына даҕаны, үүттэрэ кыратык аҕыйаата да араара охсон баран, илиитинэн сыппайара. Ынах эмиийэ кытарыар-көҕөрүөр диэри оботторооччута суох. Эдьиий Огдооччуйа барахсан оччолорго үөрэппитэ-такайбыта барыта Ылдьаанаҕа кэлин тирэх буолбута. Кыһын «КВ» хочуол итии паарынан үрдэриллэн оҥоһуллубут көөнньөрбөнү солуурунан таһаллара. Эдьиий Огдооччуйа сүөһү аһара аһаатаҕына буорту буолар, итии көөнньөрбөлөөх комбикуорумҥа ынах ханна сарыыланан хаалар диэн, ол аһылыгы ынах ахсыгар иккилии солуурунан эрэ сиэтэрэ. Оо, кыргыттар барахсаттар бары даҕаны пиэрмэ үлэһиттэрин оҕолоро, кыра саастарыттан сүөһү көрүүтүгэр миккиллибит ыччаттар, кини тылыттан тахсыахтара дуо, сүрдээҕин да кыһаллан-мүһэллэн үлэлээбиттэрэ! Кыайаллара-хотоллоро, көхтөрө! Икки сыл пиэрмэ үрдүнэн ынах ахсыттан үстүү тыһыынча киилэ үүтү холкутук ыабыттара. Хайҕанан чоҕулуччу көрбүттэрэ, бириэмийэлэнэн үөрбүттэрэ, аны хаһыакка тахсан саха тэҥэ суох санаммыттара. Хамнаһы даҕаны үчүгэйдик аахсыбыттара, сопхуос салалтата куукуна миэбэлин пуондатын анаабытын, кыргыттар үөрдэ-көтүтэ Огдооччуйа Уйбаанабынаҕа туттарбыттара. Икки сыл үлэлээн баран, Ульяна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун зооинженернэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Биэс сылынан үөрэҕин бүтэрэн, Орто Халыма оройуонун биир сопхуоһугар зоотехнигынан ананан тиийбитэ. Иккис сылыгар электрик идэлээх Арыйаан Винокуровка кэргэн тахсыбыта, эһиилигэр оҕоломмута. Эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, хоһуун үлэһит дьонноох хоту дойдуну кыыс сөбүлээбитэ. Онно тиийэн, сөхпүтэ да элбэҕэ, сөхтөрбүтэ да баара. Бастаан тиийээт, олохтоохтор сымнаҕастык баҕайытык эҥээритэн саҥаралларын дьиктиргээбитэ. Кинини бэйэтин: «Дойду кыыһа араадьыйа дьонун курдук саҥарар эбит», – дэспиттэрэ иһиллибитэ. Улуу күөллэр кутаҥныы турар кытыыларыгар уонна киһини курданарынан дулҕалаах от үрэхтэргэ оттуулларын көрөн саллыбыта. Барыта хары күүһүнэн үлэ эбит этэ: кыайар-хотор эр дьон ууну, дулҕаны кэһэ сылдьан токур хотуурунан охсубуттарын, оҕолор-дьахталлар кураанах сиргэ таһааран куурдаллар, мунньаллар, бугуллууллар. Ол бугулларын эт санныларынан таһан, отторун кэбиһэллэр. «Чороох» диэни онно билбитэ. Тыа саҕатыгар кэчигирэспит бугулларга барыларыгар синньигэс мас анньыллыбытын көрөн: «Ити бугуллары тоҕо үөрбэлээбиттэрий?» – диэн ыйытан баран, ып-ырааһынан көрөн, оччолорго саҥа билсэн эрэр Арыйаанын күллэрэн турардаах. Аны кумаара! Киһи кыайан тыыммат үлүгэрэ! Оо, онуоха тэҥнээтэххэ, кини Кылыһа Айыы дойдута эбит! Өрүс кытыла буолан, остуол ньуурунуу көнө сыһыыларга тыраахтарынан уонна көлөнөн эрэ оттууллар. Ити эрээри, кыыс оттуур диэн хайдаҕын дьиҥинэн билбэт этэ, оҕо эрдэҕинэ да, пиэрмэҕэ да үлэлии сылдьан, ходуһаҕа киирсэн, хотуурдаах кыраабылы туппут аньыыта суоҕа. Пиэрмэ кыбыытыгар киллэриллэн кыстаммыт түрбэлээх оттору
эрэ көрөрө, аҕыйах кэтэх сүөһүтүн уонна сылгытын кыстатар отун аҕата бэйэтэ биригээдэни кытары оттоон хааччыйара. Оҕото биирин ааспытын кэннэ, аҕата оһолго өлөн, ийэтэ ыарытыйар буолан, Ульяна оҕотун, кэргэнин илдьэ дойдутугар көһөн кэлбитэ. Ити 1993 сыллаахха, кыһын этэ. Халыма ыраах түбэтин чөкө олохтоох нэһилиэгэр дойдуга тахсар уларыйыылар оччо-бачча биллэ илик буоллахтарына, манна хартыына атына. Сопхуос эстибит, отделение сүөһүтүн уонна сылгытын хайа тыырбыт аҥаара паайга үллэһиллибит этэ. Хаалбыт баайы түмэн, нэһилиэк аатынан «Кылыс» диэн ааттаах кэлэктииибинэй тэрилтэ тэриллибитин сылгыга биригэдьиирдээбит Миитэрэй Никонов салайара. Ульяналаах кэлбиттэрин истэн, Миитэрэй Сергеевич анаан-минээн көрсөн, ынах сүөһүнү иитии төрүт билбэт дьыалам, онон көмөлөһүҥ, бииргэ үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырбыта. Инньэ гынан, кэлэктииибинэй тэрилтэҕэ Ульяна зоотехнигынан, Арыйаан электригинэн үлэлиир буолбуттара. Балтараа саастаах Коленька эбээ Харытыана көрүүтүгэр киирбитэ. Пиэрмэҕэ Ульяна урут бииргэ ыанньыксыттаабыт дьахталлара, 40-чалаах уонна биэнсийэҕэ тахсар саастара чугаһаабыт биитэр саҥа тахсыбыт ыал ийэлэрэ үлэлии сылдьаллара. Огдооччуйа Уйбаанабына биэнсийэҕэ тахсыбыта икки сыл буолбут уонна бэйэтэ этэринэн, таах быар куустан олоруохтааҕар, уон биэс ынаҕы илдьэ сылдьарын таһынан үгэһинэн настаабынньыктыыр эбит. Кэргэнэ былырыын өлбүт, оҕолоро иккиэн үөрэхтээх үлэһит дьон буолан, кыыһа куоракка, уола улуус киинигэр олохсуйбуттар. Племенной үлэ ыытыллыбыт уонтан тахса сылын устата ууһатыллан, сүүмэрдэнэн түмүллүбүт холмогуор боруода ынахтар аҥаардара паайга үллэһиллэн, сүөһү уопсай тутула кэһиллибит этэ. Кыралыын-улаханныын барыта 300-чэкэ сүөһү баара, ол иһигэр ыанньыксыттар үүттээх диэннэр, туйахтарын туура тэбиэхтэригэр диэри илдьэ сылдьар кырдьаҕас ынахтара балачча элбэхтэрэ. Хата, хотон эргэ да буоллар, көрүүтэ-истиитэ үчүгэйиттэн хоп курдуга, кыстыгы тахсар от син баара. Сопхуос саҕанааҕы диэн баара дуо? Харыыта суох көмө көрүллэрэ тохтообут, хаһаайыстыба быыһы-хайаҕаһы бэйэтэ тобулуннаҕына эрэ буруо таһаарынар буолбут. Инньэ гынан, арыы сыаҕар үлэлээн биэнсийэҕэ тахсан олорор Маайа Старостинаны, ааттыын Асчыт Маайаканы көрдөһөннөр, урут бэйэтэ үлэлээбит электрическэй сэппэрэтээрин туттараннар, дьоҕус астыыр сыаҕы тэриммиттэр. Бөһүөлэк сүөһүтэ суох ыаллара үүтү, сүөгэйи хамаҕатык атыылаһар буоланнар, харчыны син кыралаан киллэринэр эбиттэр. Ол дьыл ынах сүөһүгэ да, сылгыга да төрүөх этэҥҥэ буолбута. Өрүс эстиэн иннинэ, сылгылары арыылартан таһааран мыраан кэтэҕинээҕи алаастарга баар баазаларга илдьибиттэрэ, сүөһүнү икки сайылыгынан көһөрбүттэрэ. Астыыр сыаҕы эмиэ сайылыкка таһаарбыттара. Ыанньыксыт Дуунньа ахсыс кылааһы бүтэрбит уола Сашканы, кыһын хотонтон саах таһаарар ат оҕуһу туттаран, үүт таһааччы оҥорбуттара. Былырыыҥҥа диэри сүүрбүт эргэ «молохобуоһу» мэхээнньик Уйбаан Уйбаанабыс уурайарыгар паай быһыытынан ылан, чурумчулаах оҕуска төттөрү көһүү буолбута. Ыһыах саҕана хас да абараахтаммыт ынаҕы өлөрөн, нэһилиэккэ уонна улуус киинигэр киллэрэн атыылаабыттара былдьаһыгынан барбыта. «Кылыстар» онтон санаалара күүһүрэн, бородууксуйаларын улуус киинигэр эмиэ батарар буолбуттара. Бухгалтерия үлэһиттэрэ төлөпүөнүнэн сайаапка хомуйан, маршрут оҥорон, сүөгэй уонна сүөһү өлөрдөхтөрүнэ, эт тиэйиилээх массыынаны ыыталлара. Кыра массыына хантан кэлиэй, урут управляющай илдьэ сылдьыбыт «УАЗ»-ига эмиэ
паайга бэриллэн, улуус киинигэр сүүрэ сылдьара. Инньэ гынан, Ульяна аҕатын «Жигулитын» сүүрдэллэрэ, онно сороҕор Арыйаан, сороҕор быраат Степка суоппардыыллара, атыылааһыҥҥа бухгалтер Айтаана ийэтэ Аграфена Молукова, уруккута маҕаһыыҥҥа үлэлээбит, эмиэ ааттыын Атыыһыт Агааса, сылдьара. – Дьэ, ылбаты да ылларан тэйэр, эчи, билэр-көрөр да киһитэ элбэҕэ! — диэн уолаттар сөҕөллөрө. Ити курдук, хаһаайыстыба оҥорон таһаарар бородууксуйатын атыылаан үлэһиттэрин хамнастыыра, ону таһынан хамнас суотугар этинэн-арыынан, оттук маһынан хааччыйара. Ханна да уу харчы суох буолан, араас кэпсэтиилэргэ убаһа этэ абырыыра. «Бартер», «бартердаһыы» диэн саҥа кэм саҥа өйдөбүлэ үөскээбитэ. Тыраахтардар уматыктарын, саппаас чаастарын булуу, күһүн-саас үлтү хаһыллыбыт суолу оҥорторуу курдук уонна онтон араас күөрэйэ турар кыһалҕалары барытын эт быһаарара… Аайа Салгыыта бэчээттэниэ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан