Кэпсээ
Войти Регистрация

Олох кэрэтин ама өйүнэн билиэххэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Олох кэрэтин ама өйүнэн билиэххэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
16.05.2019 17:24
Биһиги, билигин алта уон сааспытын өҥөйбүт уонна саҥа ааһан эрэр дьон, ааспыт үйэ алта уонус, сэттэ уонус сылларыгар, аан бастаан арыгы иһэрбитигэр болгаар «минньигэс» арыгыларын иһэрбит. Биллэн турар, кытаанах санаалаах өттүбүт арыгыны батыспатаҕа, олоххо бэйэтин суолун булуммута. Оттон атыттар, ол «сымнаҕас» итирдэр утахтан саҕалаан, арыгы кытаанаҕын, хатанын, уохтааҕын амсайар буолбуппут, күн бүгүн да онтон кыайан арахсыбаппыт. Мин маны тоҕо суруйабын? Хайа да оҕо-ыччат этэ-сиинэ кытаанах арыгыны тута кыайан ылыммат, ол иһин ону иһэ сатаабат. Оттон сымнаҕас арыгыны — сампааны, сухуойу, кыһыллары — уонна пиибэ арааһын, бэл, кыргыттар амсайаллар, сорохтор көннөрү утах курдук санаан иһэллэр. Пиибэ олус дэлэйдэ, «пиибэ арыгы буолбатах» диэн өйдөбүлү соҥнооһун бара турар. Ол эрээри, пиибэни элбэҕи испит киһи итирэрин уонна онно убанарын бары билэбит. Бэл, бу биһиги, сааһырбыт дьон, ити «аһы» аһаатахпытына аһара барабыт. Онон ити «ас» биһигини — кыра норуоту — эһэр, симэлитэр буолла! Ыччат дьон, пиибэни илиигитигэр төрүт ылымаҥ уонна бу дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт кэпсээммин болҕойон ааҕыҥ. Ааҕыҥ, сыаналааҥ, тула өттүгүтүн көрүнүҥ, баҕар, бу кэпсээним бииргитин эмэ куһаҕан дьаллыктан быыһыаҕа. «Оҕо этим, отон этим...» Иван Мигалкин Сүөдэр уһуктан кэллэ. Сүрэҕэ сүр күүскэ тэбэр, айаҕын иһэ кууран хаалбыт, төбөтө онон-манан хайыта барыах курдук дырдыргыыр. — Оо, эмиэ!.. Сордоох, мөлтөх да киһибин, эмиэ кыайан туттумматым... Ама, арыгыга ыллараары гыммытым буолуо дуо?.. Суох, суох, хайаан, билиҥҥиттэн арыгыһыт аатырдахпыный?.. Ол эрээри, ити «аһы» көрдөрбүн эрэ үөрэрбин бэйэм да билбэккэ хаалар буоллум ээ. Бэҕэһээ эмиэ үс үрүүмкэ кэнниттэн тохтуом диэн төһө эмэ эрдэттэн санаан, оҥостон барбытым... Ханна баарый?.. Төһөҕө кэлбитим буолла?.. Аҕалбыттара дуу?.. Төрүт өйдөөбөппүн... Бээ-бээ, оттон Варям!.. Оҕолорум!.. Сүөдэр төбөтүн ыарыытыттан нэһиилэ өндөйдөр да, аргыый саллаҥнаан тиийэн, утуйар хоһу өҥөйөн көрдө. Уоллаах кыыһа ийэлэрин икки өттүгэр утуйан буккураһа сытаахтыыллар. Сүөдэр сүр дириҥник үөһэ тыынан баран, төбөтө төһө да ыаҕастаах уулуу дьалкыйдар, куукунаҕа тиийэн, баахха баар муустаах ууттан куопсугунан сомсон, харса суох иһэн киллиргэттэ. Хараҕа арыый сырдаабыкка дылы буолан, төттөрү саллаҥнаан тиийэн, дьыбааҥҥа суорҕанын тууна бүрүнэн сытта. Төбөтүгэр бэҕэһээҥҥи да, урукку да арыгылаах-астаах сырыылара элэҥ-сэлэҥ илим хотоҕоһунуу субустулар... Сүөдэр оскуоланы бүтэрэригэр бииргэ үөрэммиттэр уон ахсыа этилэр. Олох улахан суолугар үктэммиттэрэ уон сылын бэҕэһээ бэлиэтээтилэр. Кыырпах былыта суох халлаанныы дьоллоох оҕо саас элэс гынан ааспыта түргэнин?! Хайыы үйэ сүүрбэ аҕыс саас буола охсубутун мэлдьэһэр кыах суох. Аны икки сылынан орулуур отут саастара буолар. Ама, ол саастарын кэтэһэн «өйдөммөккө» сылдьарбыт буолуо дуо? Оттон сорохпут... Сорохпут хайыы үйэ бу орто дойду олоҕуттан арахсаахтаабыта дии!.. Уолаттар бэҕэһээ ордук ону санаһа-санаһа аһара аһаатыбыт быһыылаах... «Сиэнньэ суох буолбута сэттэ сыл буола охсубут. Доҕорбут барахсан олус да
аламаҕай, элэккэй киһи этэ... Оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар банкет тэрээһинигэр бары кини ыйыытынан-кэрдиитинэн сылдьыбыппыт. Аныгылыы эттэххэ, оҕо эрдэҕиттэн, чахчы, төрүкү «лидер» этэ. Оскуоланы бүтэрбит бэлиэ күммүтүн олус да көрдөөхтүк, үөрүүлээхтик атаарбыппыт... Сиргэ баран, түүнү быһа оонньоон, сарсыардааҥҥы саҥа күнү көрсөн... Оччолорго олох киэҥ аартыгар атахпыт тумсун саҥардыы уган эрэр дьон, биир да улахан охсууну ылбатах буолан, «олох өрүү маннык кэрэ буолуо!» эрэ диэн саныырбыт. Ону баара... Сиэнньэни, Сиэнньэбитин, Дьокуускайга үөрэнэ сырыттаҕына, күлүгээттэр өлөрбүттэрэ. Дьиҥэр, онно эмиэ арыгы буруйдаах. Сиэнньэ бииргэ үөрэнэр уолун кытта пиибэлээн баран, чэпчээбиччэ, өрөбүл күн «Кулаковскайга» буолар дискотекаҕа сылдьан, оптуобус сырыыта тохтоон, ыкса түүн сатыы уопсайдарыгар төннүбүттэр. Ол истэхтэринэ холуочук биэс уол утары көрсөн, сылтаҕыран, табах көрдөөбүтэ буолан баран кырбаабыттар. Биэс киһи икки киһини тулутуохтара дуо? Ол да буоллар, мүччү туттаран куотан эрдэхтэринэ, эккирэтээччилэртэн биирдэстэрэ уулуссаҕа сытар сутурук саҕа өрүс тааһын хаба тардан ылаат быраҕан кууһуннаран, сүүрэн иһэр Сиэнньэни кэтэххэ таппыт. Доҕорбут эрэйдээх онно тута охтон түһэн баран, балыыһаҕа киирэн өйүгэр киирбэккэ тыына быстаахтаабыт этэ... Аны Туолалаах Куола... Иккиэн кыра кылаастартан олус доҕордуулар этэ. Уолаттар оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэх аанын төрүкү да «тоҥсуйа» сатаабатахтара. Иннэлээх сап курдук тутуспутунан СПТУга киирэн, суоппар идэтигэр үөрэммиттэрэ. Суоппар буолбут дьон, сопхуостарыгар кэлэн, эргэ да буоллар, биирдии массыынаны ылан үлэлээн истэхтэринэ, тыа хаһаайыстыбатыгар реформа баран, сопхуос ыһыллан хаалбыта. Уолаттар массыыналарын үлэһиттэр паайга үллэстибиттэрэ. Үлэтэ суох хаалбыт эдэр дьону олохтоох дьаһалта бэйэтин «МТЗ-82» тыраахтарыгар олордубута. Уолаттар үлэлэрэ үксүгэр кырдьаҕастарга от, мас, муус тиэйиитэ этэ. Бастаан утаа наар дьаһалта ыйыытынан сылдьыбыттара, кэлин, уора-көстө, дьаһала да суох «хаҥас» үлэлиир буолбуттара. Ол курдук, дьоннор уолаттары үлэ чааһын кэнниттэн көрдөһөн, кыра төлөбүргэ мас, муус тиэйтэрэллэрэ уонна уолаттары арыгынан «күндүлүүллэрэ». Урут арыгыны улаханнык амсайбатах уолаттар бастаан утаа аккаастанар этилэр. Кэлин «сылаа таһаарар» аатыран, «сымнаҕас» арыгыттан кыралаан иһэр буолбуттара. Иккис-үһүс сылларыгар Туолалаах Куола аны «үчүгэй соркуойа суох, үрүҥ арыгыта суох» ыалга сүгүн от-мас тиэйбэт буолбуттара. Оннук «үлэлээн» күннүү сылдьан, арыгы иһэн «топпотох» уолаттар күһүн бастакы хаар түспүтүн кэннэ киэһэ хойутуу «үчүгэй соркуойдаах» ыалга оттук мас тиэйэ барбыттар. Мастарын тыраахтардарын сэтиитигэр тобус-толору өрөһөлүү тиэнэн иһэн, бөһүөлэккэ тахсар туруору баҕайы куула аартыгы кыайан дабайбакка, тыраахтардара кэннинэн баран, сэтиилэрэ туора тардан, тыраахтардара сууллан баран төкүнүйэн, онно эбии таһаҕастаах сэтии баттыы түһэн, уолаттар иккиэн суорума суолламмыттара. Дьиҥэр, кинилэр бөһүөлэк турар кырдалын эргийэн кэлэн, намыһах халдьаайы аартыгынан тахсыахтаахтар этэ. Ону баара... Ону баара, арыгы иһэн, харса суохтарыгар киирэн, «үчүгэй соркуой сии» охсоору «быһалыыбыт» диэн былдьанаахтаабыттара... Аны кыргыттарбыт... Үгүстэр ыал буолбуттара эрээри, сорохторбут олохторугар эмиэ табыллыбатылар. Настя кэргэнэ, кэлии киһи, эмиэ арыгыттан сылтаан өлбүтэ, икки оҕотун
тулаайах хаалларбыта. Наһаа арыгылаан бэйэтигэр тиийиммит киһини, ханалытан, «суицид — ыарыы» дэспиттэрэ. Оттон өлүөхсүт ыйы- ыйдаан тохтообокко арыгылыырын бары бэркэ билэр этибит ээ... Биир да буойсар-хаайсар киһи көстүбэтэҕэ. «Атын дьон олоҕор кыттыһыахпыт дуо?..» — диэн санаа баһыйбыта. Настя эрэйдээх соҕотоҕун муҥнанара... Аны кэлэн, туох диэҥ баарай? Буолуох буолбутун кэннэ?.. Оля, Катя, Мила иһээччи кэргэннэриттэн араҕыстылар. Иккилэрэ бэйэбит бөһүөлэкпит уолаттара. Билигин «олохторо алдьаммыт, очурга оҕустарбыт, тэхтиргэ тэптэрбит» аатыран өссө күүскэ иһэ-күөллүү сылдьаллар. Кыргыттарбыт иккилии-үстүү оҕолоох «аҥаардас ийэлэр» аатырдылар... Оо, арыгы алдьархайа бу биһиги эдэркээн олохпутугар хайыы-сах элбэх да иэдээни аҕалбыт эбит! Ону ол диэбэккэ иһэн дэлбэрийэ сырыттахпыт... Варям барахсан ол да иһин бопсо-хаайса сатаахтыыра буолуо да, биһиги диэтэх дьон истиэх бэйэлээхтэр буолуохпут дуо? Икки, үс үрүүмкэни истим да тохтообокко салгыы барар буолбуппун. Ама, арыгыга ылларан эрэрим буолуо дуо? Ити, биирдэ эмэ да буоллар, күүскэ иһэрбин бииргэ үлэлиир дьонум көрөн-билэн эрдэхтэрэ. Туох эрэ дииллэрэ буолла? Бука, хайҕаабатахтара чахчы... Хайдах гынан тохтуубун?.. Арай эмтэттэххэ... Эмиэ саат-суут, бөһүөлэк иһэ туолар буоллаҕа дии. Суох, суох!!! Бэйэ туттунуохтаах буоллаҕа дии!.. Туох аатай, күрүөтэ суох алаас отугар киирбит сүөһүгэ дылы буоллахпытый?.. Ким даҕаны миэхэ, тиэрэ баттаан сытан, арыгыны айахпар күүһүнэн куппат ээ... Бэйэм иһэбин, атын ким да буолбатах. Кэбис, бу бүтэһик «аһааһыным» буоллун!.. «Култуурнайдык иһии» диэн сымыйа, биһиэхэ, сахаларга, кыаллыбат эбит. Оннооҕор, бу биһиги, үөрэхтээх дьон, кыайан туттуммаппыт. Биир да үрүүмкэни испэтэхпинэ эрэ ама өйбүнэн сылдьыыһыкпын. Оҕолорум барахсаттары дьон оҥортуохха... Хайа, уонна Варям: «Арыгы испэтиҥ буоллар, өссө да оҕолонуом этэ», — диэхтиир ээ. Оо, барахсаным... Кэбис-кэбис, олох кэрэтин дьиҥ чахчы илэ өйдөөх сылдьан билиэххэ!.. Арыгыттан арахсыахха, аккаастаныахха!..» Сүөдэр ити санаатыттан хараҕа сырдаан, бэл, төбөтүн ыарыыта ааһа быһыытыйан, дьыбааныттан ойон турда, дьиэтин-уотун хомуйбутунан барда. Хоско оҕолоро уһуктан күлэн быычыгырастылар, ийэлэрэ сэмээр нарыннык саҥарара иһилиннэ. Сайыҥҥы күн сылаас сардаҥаларын дьиэ илин түннүгүнэн кутан, олох кэрэтин кэрэһилээн, дьиэ малын-салын сырдатан күлүмүрдэтэ оонньоото... Уйбаан БАХСЫЛЫЫРАП.
kyym.ru сайтан