Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыаллыылар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыаллыылар
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
24.04.2019 19:05
Лидия Васильевна Дьокуускай куорат кытыытыгар турар икки этээстээх самнархай дьиэ биир хостоох кыбартыыратын хотун хаан хаһаайката буолбута быданнаата. Кини бу дьиэҕэ олорбут уонча сылын тухары ким-ким бу дьиэҕэ олоро сылдьыбата? Бэйэтэ да баара эрэ 12 кыбартыыралаах дьиэҕэ ким тугунан тыынара-тыыммата барыта чуолкай биллэ турар. Ол быыһыгар бааллара – баардара-суохтара букатын биллибэт чуумпу олохтоох ыал. Түүн үлэтэ-хамнаһа киирэр үгэстээх Натааһа. Сотору сотору аһаан кэбиһэн баран, ойоҕор туох баар күүһүн-күдэҕин тэбээн, куоттарар идэлээх Битээлий Сэмэнэбистээх. Сайыннары-кыһыннары өрүү абитура, устудьуон бөҕөтө тоҕо анньан кэлэр – Силиппиэннээх. Икки оҕолооҕун аатыгар саатар биир эҕэрдэ тылы ылан дуоһуйаахтаабат Малаанньа эмээхсин. Ол барахсан тиһэх суолугар да ол тойооскулар көстөн-биллэн ааспатахтара. Оттон тэлэһийэр да сирдэрэ, ыырдара ыраах эбитэ буолуо. Малаанньа Саха сиригэр букатын эдэркээн кыыс оҕо сылдьан кэлбит эбит. Манна кэлэн баран эмиэ кэлии, Волгоград уобалаһын киһитигэр кэргэн тахсыбыт. Оҕоломмуттар. Онтон ол киһи сүрэҕинэн охтон, суох буолаахтаабыт. Уолаттара улаатан, үөрэхтэнэн, ийэлэрэ кэпсээбитинэн, соҕуруу хааннара тардан буоллаҕа, ол диэки олохсуйбуттар. Ол да буоллар Малаанньа Саха сирин иккис төрөөбүт сир оҥостон, ханна да бараахтаабакка олорбута. Анараалар да ыҥырбаттар быһыылааҕа. Муҥнаах: «Моя Родина – тут. Там-то меня наверняка, никто уже и не помнит. Муж любимый к тому же тут покоится», — диир буолаахтыыра. Хата, социальнай харалта дьоно көрөн-истэн, Малаанньаны син тиһэх суолугар бэркэ диэн атаарбыттара. Лидия да кыаҕа тиийэринэн, бэрийсибитэ. Төһө да уһуннук ыалласпатахтарын иһин, «эн-мин» дэһэн, син олус бэркэ тапсан олордохторо дии. Эмээхсин барахсан өрүү киирэ тураахтыыра. Оҕурсу, помидор тууһаатаҕына, булгуччу өлүүлээн бэрсэр буолара. Биирбит да дьахтар күнүгэр, эбэтэр Саҥа дьыл бырааһынньыгын чугаһыгар хайаан да кырдьаҕаска анал кэһиилээх буолара. Оо, ону туттардаҕына, эмээхсин сирэйэ сырдыырыан! Туох эрэ улахан сыаналааҕы туппуттуу, үөрэн күлүм аллайара. Ас тардар мучумааннанара. Лидия онон эмээхсин суох буолбутугар олус суохтаабыта. Куорат дьаһалтата эмээхсин дьиэтигэр үс оҕолоох дьахтары олохтообута. Сыл буолбатаҕа, дьахтар арендаҕа биэрэр дьиэ оҥостубута. Дьэ, онтон саҕаламмыта, араас сирэй-харах дьон ыаллаһан ааһыыта. Бэл, кытайдар кытта олоро сылдьыбыттара. Сатаналар үрүт-үрдүлэригэр утуйаллар дуу диэх айылаах, элбэх киһи сыбыытыыра. Аны, Лидия көрдөҕүнэ, сирэйдэрэ да үүт-үкчү, саҥалара-айдааннара диибин диэн. Хата, билигин саха кыыһа олохсуйан бэрт. Биллэ чуумпурда. Анараа подъезка олохтоох игирэ оҕолордоох Мэхээлийэптэри кытта Лидия ыкса билсиһэр. Куоракка, дьиэ таһыгар көрүстэхтэринэ кэпсэппэккэ эрэ ааспаттар. Натааһалыын – биир оннук. Бу дьиэҕэ букатын кэлбиттии, куруук олорор ыал – эмээхсини аахпатахха, кини, Лэгиэнтэйэптэр, Тетя Маша кыыһа аах Иркалаах уонна бу Лидия. Уоннааҕылар үтүктүспүт курдук уһаабыта 3-түү-түөртүү сыл буола-буола, көһөн иһэллэр. Ким – дьиэлэнэр. Ким ыал буолан, көһөр. Сорох куорат киинигэр дьиэ куортамнаһан куотар. Сорох арендаҕа олорбут буолан, уларыйар. Арай дьиэ барахсан, сыыйа-баайа иҥнэччи
барарын аахпатахха, уонунан сыллар тухары кур бэйэтэ кубулуйбакка турар. Хаһааҥҥыта эрэ кырааскаламмыт түннүк холуодалара сыл-хонук аастаҕын аайы эбии кубарыйа туртайаллар. Лидия санаата батарбакка, син кырдьык-хордьук бэйэтин кыбартыыратын түннүгүн үс сылга биирдэ кырааскалаан кылбатар. Оччотугар, санаатыгар, дьиэ тупсубут курдук буолар. Лидия бу сиргэ кэлбит аатыгар ийэ буолар дьолу билбэтэ. Тапталлара да диэн тугун да ончу билбэтэ диэтэххэ, омун буолуо суоҕа. Ол кылгас кэмнээх үлүһүйүүлэри туох диэн суолтаҕа ылыаҥый. Арай, били, Мэҥэ киһитэ Николай Саввичка тахсыбыта буоллар, баҕар, хоп курдук олоруохтара эбитэ буолуо. Ону баара оҕоломмоппун диэн, иэмин-дьаамын биэрбэккэ сылдьыбыта. Пахай, уол оҕото өр күүтэ барбатаҕа, анараа отделга үлэлиир огдообо дьахтары ойох ылбыта эрэ баар буолбута. Ол сыл тута эр киһи дойдутугар көспүттэрэ. Кэллиэгэлэрэ этэллэринэн, ол Нина Саввичтан сол да оҕоломмотох үһү. Ол да буоллар кимнээҕэр дьоллоох ыал буолан, олорор сурахтарын хас да сыллааҕыта истэн турар. Ардыгар сөбүлэҥ биэрбэтэҕиттэн хомойо саныыр да, сүрэх сөбүлээбэтэҕин хайыа эбитэй. Сааһыран оҕоломмоппун диэн куотуммут санаата, бэйэни алы гыныы эрэ буоллаҕа, дьиҥинэн эттэххэ. Оҕо ииттэ ылыан сөп этэ да, бу маннык усулуобуйаҕа санаата барбатаҕа. Хайа, уонна онтулара уһун уочарат, элбэх сүүрүүнү-көтүүнү эрэйэр дииллэр. Үс сыллааҕыта утары кыбартыыраҕа 2 оҕолоох эдэрчи ыал Бүлүү эҥээртэн көһөн кэлбиттэрэ. Дьахтар элбэх саҥалаах-иҥэлээх курдук этэ да, соччо Лидиялыын эйэргэһэ барбатаҕа. Дьиҥинэн, субу утары олорор ыал уу тэстибэт дьүөгэлии да буолбаталлар, син чугастыы буолуохтарын сөбө. Аҕалара кэргэниттэн арыый аҕа быһыылаах. Сүтэ-сүтэ көстүмэхтиириттэн сылыктаатахха, соччо бэрдэ суохтук олороллор. Эмиэ да баахтабай үлэһит диэн эрэллэрэ. Киһи сиэринэн, бырааһынньыктарга аһыыр быһыылаах да, айдаара-куйдаара сылдьара иһиллибэт. Арай холуочугар дорообото-дыраастыйа улаатар, элбиир идэлээх. Аматыгар иһин түгэҕэр аргыый аҕай буугунаан кэбистэҕинэ, баһыыба. Өссө үнүр тэлэбиисэр атыыласпытын таксинан аҕалтаран турдаҕына, биир-биэс көрдөһүүтэ суох, бэйэтинэн тылланан (онно испит сибиэнэ суох этэ) таһааран биэрэн абыраабыта. «Көмө наада буоллаҕына, ыҥырыаҥ буо», — диэн соһуппута. Оҕолоро котокулар аҕалара өр буолан баран кэллэҕинэ, үөрүү-көтүү бөҕө буолаллар. Улаханнара оскуола киһитэ. Арааһа, иккис кылааска таҕыста. Кыралара түөрдэ-хаһа буоллаҕа. Манна саҥа көһөн кэлэллэригэр саҥа хаампыт курдуга, «мыс» курдук этиргэн оҕо этэ. Быһата, киһи эрэ таптыах, ымманыйыах барахсана. Чоҕулуччу көрөн, минньигэс киһичээн. Ийэбит ардыгар онтун кытта мөҥөн күлүмнэтэрэ иһиллэр. Сотору соҕуһунан иллэһэ охсон, сыллаһа-сыллаһа таһырдьа тахсан иһэр буолаллар. Дьахтар, бадаҕа, ньээҥкэлиир. Кыыстара онон, хата, дьыссааттаммыт курдук. Чэ, ити курдук ыал ыалы барытын эридьиэстээтэххэ, бүппэт уһун сэһэн буоларыгар тиийэр. * * * Лидия хамнас кэлбиччэ, ботуччу бородуукталаан баран, дьиэтигэр кэллэ. Таһырдьа, били, утары дьахтар, арба, аата Соня этэ, киирэр аан чугаһыгар үүннэрбит сибэккилээх дьааһыгар төҥкөйбүт аҕай. Дьэрэкээн сибэкки эминньэхтэрин биир-биир ылан имэрийэр дуу, өссө? Лидия: «Дорообо, Софья! Хайа, сибэккилэрбит өлөөрү
гыммыттарын одууластыҥ дуу?», — дьиибэргээн ыйытааччы буолла. Киһи эрэ кэлэн саҥарарын күүппэтэх дьахтар соһуйан өрө көрө түстэ. Туох эрэ куһаҕаны оҥоро олорон тутуллубуттуу, долгуйда: «Ээ, суох. Суо-ах, кэбис... өлбөтүннэр. Ити бэйэм...көннөрү», — диэт, ойон турда. Тугу эрэ этиэх курдук гынан иһэн, дириҥник өрө тыынаат туалет диэки хаама турда. Мэктиэтигэр хараҕа ууламмыкка дылы. Лидия муодарҕаабытын омунугар, саннын ыгдах гынан баран дьиэтигэр киирэн хаалла. Аата, хаһан көрбөтөх сибэккилэрэ буоллаҕай. Сайын аайы олордор ээ... Киэһэ аан звонога тыаһаата. Аспыта – ыала Соня турар. Субу икки сыл олорбуттарын тухары аан бастаан үктэммит ыалдьытын саалаҕа ыҥырда. Дьахтар саҥата суох, киирэн дьыбааҥҥа олорунна уонна: – Лидия Васильевна... туох диэн саҕалыам эбитэ буолла. Миигин истэ түһэр бириэмэлээххин дуу? Баһаалыста... – Биллэн турар, мантан киэһэ тугу гынаары. Наһаа да отчестволаабатар (күллэ) Лида диэриий. Истэбин. Чэ, хата, муоруста кутуум, кэл, куухунаҕа. Дьахтар улгум баҕайытык ойон турда, арааһа, туох диэн саҕалыаҕын билбэккэ: – Лидия В., ой, Лида, дьиэҕин наһаа үчүгэйдик оҥостубуккун дии. Киһи эрэ кута-сүрэ тохтуох. Сибэкки арааһа диэн манна эбит! Мин быйыл өрөмүөннэниэм диэбитим да... Чэ, бээ... Мин кыргыттарбын Хаҥаласка дьүөгэбэр таһаартаатым ээ. Тыа салгыныгар сынньана түһүөхтэрэ этэ. Уонна... — Ээ, оннук бөҕө буолумуна. Оттон эбээ-эһээ диэн суох дуу? Эһиги Бүлүү эҥээргит дии? Бырайыаһа да үрдүгэ бэрт буолуо? — Соҕотох аҕа ииппит кыыһабын. Ийэм эрдэ өлөөхтөөбүтэ. Соҕотохпун. Аҕам хойутуу саҥа ойохтоммута да, оҕоломмотохторо. Бырайыаһы син булуллуо этэ. Хата, ити бииргэ үөрэммит кыыһым чугас олохсуйан, абыранным. Бэйэбит да тахсан сынньанааччбыт. Бэйэлэрэ эмиэ оҕолордоохтор. Айылҕа анаан оҥорбутун курдук кэрэ сиргэ олороллор. Сөбүлүүбүн аҕай. Киһим төрүкү да тулаайах. Онон эҥин-дьүһүн буоллахха, чугас да аймах суох курдук. Бааллара буолуо да, тоҕо эрэ саатар чугаһыспатахпыт. Киһим, үгэһинэн, Анабаарыгар барбыта. – Бачча эдэр аата «эҥин-дьүһүн буоллахпытына» эҥин диэмэриий. Аньыы даҕаны. Соня үөһэ тыынна: – Мин эмиэ итинник саныырым: Куруук чөл, доруобай буолуом, оҕолорбун атахтарыгар туруортуом, саҥа дьиэлэниэхпит-уоттаныахпыт. Өссө мунньунан испиппит, – хараҕын уута эмиэ хачылыйан тахсыбытын биллэримээри штора ламбреконун одуустаҕа буолла. Лидия соччото суох сонун арыллан эрэрин сэрэйэн: – Мэ, хата, бу муоруста ис. Саҥа оҥорбутум. – Баһыыба... Лидия, мин... миэхэ сүбэ наада. Олох буккуллан хааллым... Дьүөгэм, бар да сабаас, эмтэн диир... Киһим билбэт. Этиэхпин баҕарбаппын. Барбыт болдьоҕор үлэлиэн наада. – Дьүөгэҥ мээнэҕэ эмтэн диэбэтэ буолуо дии. Оҕолоргун ыыппычча көрдөрүн. Эдэргин дии, эмтэниэҥ, наһаа айманымарыый. – Хойутаабыккын дииллэр. Олох биллибэт этэ ээ. Бэлиэр иккис стадия буола охсубут. Эпэрээссийэни тулуйуо суоҕа диэн, куттанабын. Эбиитин бүөрүм соччото суох. Оо, дьэ, оҕолорум барахсаттар хайдах киһи-хара буолаллар? Киһим санаарҕаан иһэн-аһаан турдаҕына, көҥүл. Этэрим, ыҥырарым ордуга буолуо? - Оо, дьэ,
кыһалҕа эбит. Ол эрээри эрдэттэн бэринимэ. Сорохтор олох туран сүүрэн хааллаллар үһү дии. Мин ити эйгэҕэ син билэр-көрөр киһилээхпин. Сүбэлэтиэхпит. Ыала дьахтар хайдах эрэ куччаан-хатан хаалбыт курдук дьүһүннээҕин дьэ өйдөөн көрбүтүттэн Лидия Васильевна бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйдэ. Хайдах эрэ гынан бу эдэркээн ийэҕэ көмөлөспүт киһи диэн баҕата, ыалыныын төһөнөн кэпсэтэн иһэр да, күүһүрдэр күүһүрэн истэ. Ии, оҕолор барахсаттар! Аны бу муҥнааҕыҥ барытын бэйэтин иһигэр тута сылдьыбыт, биллэрээхтээбэт эбит. * * * Бэйэтэ да бүтүннүү үрүҥ балаата иһигэр уҥа ороҥҥо сытан, кыра-куйа буола кыччаан, кубарыйан хаалбыт Соня барахсан саҥата суох түннүгү одуулаһар. Эпэрээссийэни син этэҥҥэ туораабыта да... Тэнийэн бүппүт баҕайы, аны атыныгар көһө охсубут. Абалаах да баҕайы!!! Субу соторутааҕыта Лида эрийэ сырытта, оптуобуһунан кэлэн иһэр үһү. Киһи кыбыстыах, Соня хаһан эрэ кинини олох да аҕа саастаах, КБК дьахтартан атыннык ылыммат этэ. Таһыттан көрөн, улахан улаатымсык дьахтарга холуура. Онон кэпсэппитэ да ахсааннааҕа. Онто баара бэйэтиттэн баара эрэ уонча сыл аҕа буолан соһуппута. Бу кэнники ыйдарга Лидия саҕа чугас киһи суох буолла. Арааһа, эдьий, истиҥ дьүөгэ диэн итинник эбит буоллаҕа. Оҕолорун бэйэтэ тылланан туран улуустан киллэттэрэн, кинини кытта көрсүһүннэрэн турар. Эбиитин Настюшалааҕы бэйэтэ таһыттан көрө-истэ сылдьар, биэбэйдиир. Чыычаахтар төлөпүөнүнэн бэрэски, пицца сиэтибит диэн үөрэ-көтө чуопчаараллар. Таҥнары кэргэнэ Вася кэлэн да, улаханы оҥорбото. Эбиитин сэрэйбит сэрэх, оҕолорун бэйэлэрин эрэ хаалларан баран, хаста да сыттаах кэлбит. Бэл, манна көрсө кэлэригэр сыта аҥылыйан сүрдээҕэ. «Тоҕо эрдэ көрдөрбөтөххүнүй?! Ити баар. Билигин дьэ хайдах буолабыт?!» — диэбитэ баар –кыһыыта, бастаан истэригэр. Соһуйбута, хомойбута оччотуттан саҥа таһаарда диэҕи, саҥарар тэтимэ бэйэмсэх киһи тылларын кэрэһилиирэ...Улахан кыыс (оҕом сыыһа баара эрэ аҕыһа, улахан дэнээхтиир) син өйдүүр быһыылаах. Онто куолаһыттан арыт-ардыгар биллэн ылар. Кырачаан таайан да көрөөхтөөбөт. Хаһан балыыһаттан тахса охсорун туоһулаһар... Хантан билээхтиэй, хас биирдии күн ийэтигэр олус ыараханнык бэриллэрин. Арай, арай, туох эрэ дьикти күүс көмөлөстөҕүнэ. Ло¤уура.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан