Кэпсээ
Войти
Регистрация
Соҕотох кыталык
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Соҕотох кыталык
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
19.04.2019 14:17
Оҕонньор отуутугар кэлэн, мааҕыын бэлэмнээн уурбут мас чохчотугар уот аста. Бэйэтэ киирэн дьиэҕэ сөрүүкүү олордо. Соторунан таһырдьа тахсан, чэйэ оргуйбутун таһааран сойута уурда, бэлэм собо миинин сылытан, дьэ чэйдиэх курдук буолан иһэн, ытын санаан тула көрдө да, онто мэлигир. Туран ыҥыра сатаата да кэлбэтэ. «Дьэ, мэник ыт, доҕор, ханна эрэ тыаҕа моҕотойдуу сүүрдэҕэ». Ытыгар тимир миискэҕэ соботун мииниттэн кутта. Былатыан миинин бэрт минньигэстик сыпсырыйан иһэн баран, аны иккис аһын, хамсатын, тарда олордо. Арай көрдөҕүнэ, от быыһыгар харалаах маҥан элэҥниир. Ыт хаһаайыныгар булумньутун көрдөрө охсоору бэрт тиэтэллик сүүрэ сатыыр да, онто ыарахана, улахана бэрт. Оҕонньор: «Бу ыкка Байанай барахсан тугу биэрдэҕэй?» – диэн чарапчыланан көрдө да быһаарбата. Кэмниэ кэнэҕэс Моойто кэллэ, оҕонньор иннигэр булдун аҕалан элиттэ, хайҕал ыла охсоору кутуругун хамната-хамната иннигэр сүүрэкэлээтэ. – Оо, бу алдьархайы! Туох бэйэлээх хара күннэр тосхойоорулар, бу акаары, мэник ыкка, бу бэйэлээх айылҕа мааны көтөрө киирэн биэрдэҕэй?! Ыл бар, киэр буол! Бу тугу тутан аҕалбыккын билэҕин дуо?!» – диэн, оҕонньор ытын мөҕөн, талаҕынан таһыйан, үүрэн ыытта. Хайҕаныам диэн астына сылдьыбыт Моойто ыйылыы-ыйылыы ойуур диэки сүүрэ турда. Оҕонньор кыталыгы илиитигэр ылыан дьиксинэн олорбута. Инньэ диэн көрөн олорбот буоллаҕа, буруйдаах курдук туттан өлүгү илиитигэр ылбыта, тыыннааҕар көрүлээбит күөлүн таһыгар илдьэн харайарга санаммыта. Аҥаар илиитигэр күрдьэх ылаат, күөл диэки хайысханы тутуспута. Ол баран иһэн илиитигэр хаан сүүрэрин билээт, тохтоон, өлүгү сыныйан туппахтаан көрбүтэ, хайдах да ыт тииһин суолугар маарыннаабат. Моойто да оннук көтөрү сырсыакалаһа оонньооччута суох, бэл, куһу ууттан таһаарбакка ыйылыы турааччы. Уонна бу бөлүүн дуу, бу сарсыарда дуу өлбүт көтөр эрдэ көтөрө көстүө этэ дии. Доҕоро да сүтүктээн айманара биллиэ эбитэ буолуо. – Бай, ытан өлөрбүттэр буолбат дуо?! Оо, хайа сордоох аньыыны оҥороохтообутай?! Олоҕун суолугар иэдээни биттэнэн кэбилэннэҕэ, мин сайылыгым күөлүгэр буолбатах ээ, ханна эрэ чугас... Былатыан соһуйан олоро түстэ. «Бээ, кырдьык, ол уҥуор көстөн ордук тэйиччи баар күөл диэки саа эстэр быһыылааҕа. Оҕонньор олорбохтуу түһээт, иһигэр тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, көтөрүн хара буор анныгар кистээтэ. Былатыан көтөртөн кинини суох оҥорбут киһини «бырастыы» гынарыгар көрдөспүт буолуохтаах булгуччу. * * * Былатыан бачча сааһыгар диэри «аньыы» диэн аҥаардас тылыттан эрэ да саллар курдук. Туох барыта сэттээх-сэлээннээх буоларын билэр, киһи эрэ буоллар, айылҕа суруллубатах сокуонун кэспэккэ гына сатыыр. Иччилэргэ, айыыларга сүгүрүйэр, чиэстиир, убаастыыр. Былатыан улаатан кэргэн ылбыта. Үс оҕоломмуттара, син дьон тэҥинэн олорбуттара. Кэргэниттэн, оҕолоруттан күнэ-ыйа тахсара. Кинилэринэн эрэ тыынар курдуга. Ону баара, ынырыктаах ыар сэрии дьоллорун сиргэ тэпсибитэ. Былатыан бэбиэскэ тутан сэриигэ аттаммыта. «Хайаан да кыайыы кынаттаах эргиллиэм, кэллэхпинэ, бэһиэн дьоллоохтук да олоруохпут! Кытаатан кэтэһиҥ!» – диэн барбыта. Тыылга
хаалбыт дьоҥҥо ыарахан кэмнэр буолбуттара, ас суох, аччык кэм саҕаламмыта. Дьон хоргуйан өлүтэлээбиттэрэ. Ол оннук ыар сүтүк Былатыаннааҕы да тумнубатаҕа. Ийэлэрэ оҕолорун көтөхпүтүнэн ыалы кэрийэн аһыы сатаабыттара да, икки кэнникитэ, олус кыралара бэрт буолан, дьоҥҥо туһалаабат буоллахтара. Ийэ барахсан хайыай, сэттэлээх уолун бэйэтин эрэ мэнээк ыыппыта, ыалга үлэлээн айаҕын булунаарай диэн. Бэйэтэ икки кыратыгар ас булан аһаталыы сатаан баран, хоргуйбута бэрдиттэн, оҕолору көтөҕө сылдьар кыах да суоҕуттан ынырыктаахай быһаарыыны ылыммыта. Ытыы-ытыы оҕолорун иччитэх турар балаҕаҥҥа аҕалан, таһыттан баттатан баран бэйэтэ мэнээк сүүрэ турбута. Сарсыныгар аттынан ааһар дьон балаҕаҥҥа оҕолор ытаһалларын истэллэрэ да, киирэн көрбөттөрө. Бастаан утаа биирин саҥата сүппүтэ, онтон ол түүн иккиһэ... Кыһын Былатыан кэргэнин ийэттэн төрөөбүтүнэн сыгынньах сарылыы-сарылыы сүүрэрин көрөллөрө. Ойбоҥҥо да киирэн умсара, ыаллар хотонноруттан сарылыы-сарылыы тахсан дьону куттуура, эмиэ да күлэр мээрик буолара, ытаан да ылара, ол быыһыгар: «Тукаларыам, ханнаҕытый?» – диир саҥатын дьон истэллэрэ. Кэнникинэн кини сүппүтэ. Дьахтары сүтүктүүр да киһи суоҕа. Икки сылынан Былатыан бааһыран дойдутугар төннүбүтэ. Кэлэн дьонун ыйыталаспыта да, ким да билбэт аатырбыта. Оннук ыалга олордоҕуна, дьон син кырдьыгы этэргэ күһэллибиттэрэ. Былатыан кэргэнэ аттынааҕы ыалларыгар мэлдьи кыах баарынан көмөлөһөрө, арай кини наадалаах кэмэ кэлбитигэр, кини диэки хайыһан да көрбөтөхтөрө. Былатыан сордоох ол харааран турар балаҕан аанын аһан киирбитигэр ыар хартыына көстүбүтэ. Дьонун уҥуохтара, баттахтара эрэ хаалан сыталлара, оҕолор уҥуохтара – сиргэ, оттон кэргэнэ сордоох, наара ороҥҥо оҕолорун төбөлөрүн икки илиитигэр тута сытан барбыт быһыылааҕа, кэргэнин дьардьамата уонна оҕолорун төбөлөрүн уҥуохтара ороҥҥо сыталларын ытыы-ытыы, киһини көмүү сиэринэн кистэтэлээбитэ. «Оҕолорун өлөр өлүүнү кытары бэйэлэрин эрэ быраҕыталаан барбыт аньыытыгар, бу буолан сытаахтаатаҕа», – диэн Былатыан кэргэнин уҥуоҕар олорон эрэ ытыыра. Сэрии бүппүтүн кэннэ Былатыан улахан уолун көрдүү сатаабыта да булбатаҕа, эмиэ анараа дойдуга аттаннаҕа дии санаабыта. Күн-дьыл ааһан испитэ, кэнникинэн олох тупсан, Былатыан Маарыйа диэн дьахтары кэргэн ылбыта. Ыал буолбут маҥнайгы сылыгар түүлүгэр кэргэнэ, оҕолоро киирэн сорун сордообуттара. Соторунан Маарыйа хат буолбутун биллэрбитэ. Ону истэн баран Былатыан куруук куттана сылдьар буолбута «урукку кэргэним оҥорбут аньыыта, миэхэ эмиэ баара буолуо, аны төрүү да илик оҕом суох буолан хаалыа, оччоҕо аны Маарыйам иэдэйиэ, кини тугун буруйугар эрэйи көрүөхтээҕий?» – диэн санааҕа ылларбыта. Оҕо тоҕус ый кэннэ күн сирин көрбүтэ. Былатыан дьолугар, доруобай оҕо төрөөбүтэ, ол эрэн Маарыйата ыараханнык төрөөн өр ыалдьа сыппыта. Бастаан оҕотун бэйэтэ харайан, син улаатыннарбыта. Маарыйа кыыстара балтараатын туолуута, дьэ киһи буолбута. Онтон бэттэх эдэр ыал күҥҥэ көрбүт соҕотохторун бүөбэйдээн биэс сааһын бэлиэтээри сырыттахтарына, ийэлэрэ ас астыы туран өйө суох охтон балыыһаҕа киирбитэ да, ол оннук дьиэтигэр таҥнары тиэллэн кэлбитэ. Былатыан сордоох «кэргэнигэр өлүүлээх
киһи» диэн мин буоллаҕа, олоҕум тухары биир оту тосту үктээбэтэх киһи, туох аньыым-харам иһин маннык дьылҕаланнаҕым буоллаҕай? Баҕар, дьоммун быраҕыталаан, уоттаах сэриигэ барбытым «аньыы» буолуо дуо? Олоҕум тухары олохпор табыллыбат киһи буоллум быһыылаах, дьонтон тэйииһибин... Олоҕор сыал туруоруммута. Мантан инньэ төрөөбүт алааһыгар сайылык туттан, онно олохсуйан олороругар, дууһатыгар төһө да ыарахан буоллар, көмүс чыычааҕын оҕо дьиэтигэр «иитэр кыаҕым суох» диэн илдьэн туттарбыта. Сайылыгар сир астыы кэлэр-барар дьонтон кыыһын дьылҕатын истэн, билэн санаата көнньүөрбүтэ. Кыыһа номнуо улаатан, үөрэхтээх дьахтар буолан, улуус киинигэр туох эрэ үрдүк дуоһунастаах хотун буолбутун, кэргэннэнэн, үс кыыс оҕолоох олорорун үөрэ истэрэ. Эбиитин бөһүөлэккэ кэлэн барбытын, аҕалааҕын, кини ыар дьылҕатын билэрин, тоҕо киниттэн аккаастаммытын өйдүүрүн, көрүөн, билсиэн баҕарарын, Былатыаны көрдүү кэлэ сылдьыбытын истибитэ гынан баран, хайдах эрэ санаата буолбатаҕа... Ханна барыай төрөппүт оҕотугар таптала? Дьон «кыыскын кытары билис, били иэстэбиллээх аньыы кыыскын туора тумунна, сөбүн ыллаҕа дии» диэн оҕонньорго этэн көрөллөрө да, «көрүстэхпинэ, билистэхпинэ булан ылыаҕа, тэйиппит буоламмын миэхэ эрэ муна сылдьар буоллаҕа” диэн, кыыһын дьоллоох олоҕун уйгуурдубат туһуттан дьоҥҥо кистээриҥ, этээйэҕит диэн көрдөһөрө. Арай биирдэ сайылыгар мас хайыта сырыттаҕына, хайа эрэ массыына кини дьиэтин таһыгар тохтообута. Массыыналаахтар бөһүөлэктэн оҕо муммутун, ону көрдүү сылдьалларын кэпсээбиттэрэ. Кинилэри кытары көрбүөччү дьахтар баара. Былатыан бэйэтэ сүтүктээх киһи быһыытынан дьону өйдөөн, бу ойууру биэс тарбах курдук билэр киһи, оҕону көрдүү барсыбыта. Туох да түмүгэ суох киэһэнэн төннүбүттэрэ. Оҕо дьоно сылайан дьиэҕэ киирэн сыппыттара. Экстрасенс дьахтар Былатыаны кытары түүнү быһа кэпсэтэ хоммуттара. Оҕонньор, сөҕүөн иһин, кини олорбут олоҕун, ыар сүтүгүн барытын көрө сылдьыбыт курдук кэпсээн биэрбитэ. Ол эрэн ойоҕо оҥорбут аньыытыгар тоҕо кини эппиэттиирин кыайан быһааран биэрбэтэҕэ. «Бэйэҥ билэ сылдьаҕын», – диэбитэ, аны итиэннэ кинини туох да куһаҕан күүппэтин, кыыһын кытары билсэрин, уола тыыннааҕын, сиэннэринэн баай оҕонньорун туһунан кэпсээн оҕонньор барахсан хараҕыттан уу таммалыар диэри үөрдүбүтэ. Аньыытыгар толору эппиэттээтэҕэ, аны билигин кинини күүтэр, кырдьыбытын да кэннэ буоллун, сэрии саҕаланыаҕыттан билбэтэх дьоло. Ити кэннэ Былатыан сирэйдиин сырдаан бөһүөлэккэ лааппыга кэлэн турарын олохтоохтор көрөн соһуйбуттара. Оҕонньор дьон сылдьар сиригэр сылдьыбатаҕа ыраатта да этэ. Ол курдук кыыһын кытары булсубута, бэйэтин сорҕотун булбут курдук санаммыта. Иннигэр убайдааҕын туһунан кэпсээбитэ, көрдүүрүгэр көрдөспүтэ. Кыыһын аахха олороруттан кыккыраччы аккаастаммыта «баҕар эмиэ саҕаланыа...” диэнтэн буолбатах, төрөөбүт алааһыгар, сайылыгар тапталыттан. * * * К үн тахсыбыт. Былатыан уһуктан кэллэ. Оҕонньор санаатыгар, доҕорун Моойтотун ыҥыра сатаата да кэлбэтэ. Чэйдээн баран көрдүү барарга сананна, чэйин өрөөрү күөлгэ уу баһа киирдэ. Ол туран үрдүгэр туох эрэ маҥан көтөрүн өйдөөн үөһэ хайыспытыгар, атыыр кыталык барахсан доҕорун көрдөөн күөл тула, тапталлааҕын ыҥыран сэниэтэ суохтык лыҥкыныы көтө сылдьаахтыыр
эбит. «Оо, кэрэ көтөр кыталык! Эн биһикки маарыннаһар да эбиппит! Туох аньыыҥ-хараҥ иһин эн эмиэ доҕоргун сүтэрэн көрдөөн аймана сылдьаахтыырыҥ буолуой? Көтөрдөр да олохторугар биһиэхэ курдук хаһан эмэ күүтүүлээх кэрэ күннэр үүнэллэрэ буолуо, куруук соҕотох сылдьымаар, доҕоруҥ субу манна кистэнэ сытар! Кэрэ бэйэлээх бэйэҥ сир дьонугар туох да хом санаата, кырыыһа суох Орто дойду, айылҕа кэрэ көстүүтэ буолан көҥүлгэ көт!» – диэн Былатыан көтөрү кытары кэпсэтэн, доҕорун көмүс уҥуоҕун ыйда. Биирэ оҕонньор саҥатын өйдөөбүттүү, аны хаһан да көрбөт тапталлааҕа көмүллэ сытар буоругар, кэлэн умса туттан олордо. Былатыан ыраахтан көрөн көтөрү аһына санаата. Ол икки ардыгар отууга ыт үрдэ. «Оо, барахсаным оҕото кэлээхтээтэ, баран бырастыы гыннарар буоллаҕым», – диэн оҕонньор отуутугар хаамта. Тиийбитэ, Моойтото буруйдаах курдук туттан, чугаһаабыт киһи дуу, суох дуу диэбиттии, тэйиччи олорор. Оо, доҕорум барахсан, Моойтом, кэл доҕор, чугаһаа, бырастыы, буруйа суоххун эн! Ханна эрэ хаама сырыттаҕа дьиҥнээх буруйдаах киһи, тугу оҥорбутун билбэккэ, – диэтин кытары ыта сүүрэн тиийэн оҕонньорун үрдүгэр ыстанна да, бокуойа суох салаа да салаа буолла. Иккиэн кэккэлэһэ олорон чэйдээн бүттүлэр, илимнэрин көрө киирээри тыыларын үрдэрэ турдахтарына, массыына элээрдэн кэллэ. Былатыан кыыһа буоларын тута сэрэйдэ, үөрүүтүттэн утары хаамта. – Дорообо аҕаа! Хайа хайдаххын? – диэбитинэн кыыһа массыынаттан түһээт, сыллыы тоһуйда. – Ээ, өлүөрбүн. Оттон эн тугу гына сылдьаҕын? Кимниин кэллиҥ ол? – диэн оҕонньор массыына иһигэр биир доруобай киһи күлүгэ көстөрүн көрөн ыйытта. Онуоха биирэ мичээрдээт: – Аҕаа, үөр-көт, – диэн баран массыынаны ыйда. Оҕонньор өйдөөбөтөхтүү көрөн турда. Арай массыынаттан икки уол ыстанан түстүлэр, иннинээҕи ааны арыйан, биир доруобай, тайахтаах, сэлээппэлээх эр киһини өйөөн түһэрдилэр. Уолаттар тэйээттэрин кытары, арааһа, алта уончалаах эр киһи хараҕын кытары Былатыан хараҕа уун-утары көрсө түстүлэр. Оннук саҥата суох өр утарыта көрсөн турдулар. – Хайа, аҕаа, биллиҥ дуо? – диэн кыыһа ытамньыйан ыла-ыла ыйытта. – ... Билиминэ... Оо, оҕом котоку! Баар эбиккин буолбаат! Бу үөрүүнү даа! – диэн, кыра оҕолуу саҥа таһааран ытыы-ытыы, уолун диэки сүүрэн титирэстээтэ. Тиһэҕэр да буоллар, Былатыан оҕонньор олоҕор сырдык, дьэ, сыдьаайда. Кырдьар сааһыгар сүтүгүн булбутуттан дьоллоох оҕонньорунан ааҕынан, үөрэн хараҕын уутун кистээн таммалата олордо. Аттыгар, массыына кэнники олбоҕор уоллаах кыыһа «аны хаһан да ыытыахпыт суоҕа» диэбиттии, илиититтэн тутан олороллор. Кэннигэр Моойтото чороллон олорор. Быыл бурҕайар, оҕонньор сайылыга ырааттар ыраатта. Бу манна Былатыан кыталыкка махтанар: «Миигин өйдөөн, дьолун миэхэ кутан бардаҕа», – дии саныыр. Надежда ИВАНОВА, Сунтаар, Аллыҥа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан