Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иккистээн тыллыбыт сардаана (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иккистээн тыллыбыт сардаана (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.10.2021 21:47
Киэсиктиин көрсүбэтэхпит ырааппыт, ахтыспыт дьон быһыытынан сонуммутун ыһа-тоҕо кэпсэттибит. Ыһа-тоҕо да буолаахтаан, батсаап, инстаграм баар буолан, кэм сонуммутун, олохпутун-дьаһахпытын билсэ-көрсө, билэ-көрө олордохпут… Киэсик маннык көрдөххө уларыйбыт да эбит… Сүүрбэ сыллааҕыта күлэн-үөрэн, кэпсээн-ипсээн, киирэн-тахсан уол да уол этэ. Билигин «тос» курдук тойон. Уойан, оттомуран хаалбытын атыҥырыы соҕус ылынным. «Көр, Захар, бу гитара ылынным», -киһим сабыс-саҥа кып-кыһыл гитаратын хостоон имэрийэн ылла уонна уруккутун курдук, муус маҥан тиистэрэ кэчигирэһэ түстүлэр. «Чэ, Захар, «Мунчаарыыбытын» ыллыахха», — гитаратын кылын тарда-тарда уһуннук көннөрдө. Бу мин даачабар, үгэспинэн, кэлэ-бара плов буһара сылдьабын. Киэсик хатыҥ анныгар олороро киирэн эрэр күн бүтэһик сардаҥаларыгар оччотооҕу тоҕус уонус сыллар бүтүүлэригэр Чочур Мырааҥҥа олорорбутун санатар… Сыыйа тардан «Эйиэхэ маарынныыр кыысчааны көрөн дуу, эбэтэр мунчаарыы бутуйар муҥуттан, эбэтэр дойдубун ахтыбыт санааттан…» диэн Егоровтар ырыаларын ыллыыр. Киэсик ырыатын кытары эдэр саас кэрэ кэмнэрэ кутулла түстүлэр… Ыллаһа-ыллаһа, киирэн эрэр күн сарыалыгар эдэр сааспыт эмньик кэрэ кэмнэрин барытын харахпар ойуулаан көрдүм. Пааркаҕа буолар дискотекалар, Сэргэлээх 14-с уопсайа, Ленин болуоссатыгар көрсүһүүлэрбит, төрөөбүт күннэр, мырааҥҥа похуоттар… Санаабытыгар, куруук маннык эдэр сылдьыахпыт курдуга… Куруук доҕордуу, күлэ-үөрэ… Киэсик, Толик, мин… Үһүөн атын-атын үөрэхтэргэ үөрэнэрбит, ол да буоллар, суксуруһан аҕай биэрэр этибит. Уолаттар үөрэхтэрин бүтэрэн куоракка хаалар баҕалаахтара, оттон мин бүтэрэ охсон дойдулуур эрэ баҕа санаалааҕым… «Оттон эн, оттон эн, мин ырыам чыычааҕа куруутун эдэркээн кыысчааҥҥа маарынныаҥ…» Санаабар, гитара кыла быстыах курдук… Ырыа кэнниттэн иккиэн саҥата суох, ону-маны гыммыта буола сырыттыбыт, хайабыт да эргийбэт эдэр сааспыт күөгэйэр күннэрин санаан ыллахпыт буолуо… — Оо, Толик манна баара буоллар… Захар, биһиги сахалар тапталбыт тоҕо олус килбигий? Тоҕо кэмигэр этиллиэхтээх тыллары эппэппитий? Тоҕо? Саха тапталын туоһута Толиктаах Аанчык дии… Арай онно Толик килбигийбэккэ, сытыы-хотуу буолбут буоллун… Баҕар, билигин олох атын олохтоох киһи буолуох этэ. Эйиэхэ кэпсээбитим дуу? Толик…Аанчык… туһунан… -Кэпсээбитиҥ, дьэ, кырдьык кыһыы… Толик оскуоланы бүтэрээт, баҕалаах үөрэҕэр физкультура учууталын идэтигэр ЯПУ-га киирбитэ. Куоракка аймахтара суох буолан, ырааҕынан эдьиийигэр Жатайга олорбута. Киин улуустан сылдьар буолан уопсай биэрэргэ ыксаабаттара. 109 нүөмэрдээх автобуһунан күннэтэ айанныыра. Сороҕор маннык сылдьарыттан үөрэрэ, уопсайга олорор бииргэ үөрэнэр оҕолоро иһэн-аһаан номнуо үгүстэрэ мөҕүллэн, бүтэһик сэрэтии ылан, сорохторо үүрүллүбүттэрэ даҕаны. Куорат дьалхааннаах олоҕо тыйыһа, көмүс күһүн сыгынньахтанан, кыһын тыына биллэн эрэрин курдук кытаанаҕа. Куорат таһыгар барар буолан, автобус чопчу бириэмэтигэр кэлэр. Толик арай училищетыттан биир кэмҥэ хайа эрэ кыыстыын тахсар буолла. Кыыс Мархаҕа кэлэн түһэр. Хаһыс эрэ күннэриттэн бэйэ-бэйэлэригэр мичээрдэһэр, приветтэһэр буоллулар, кэлин олох даҕаны уруккаттан билсэр дьон курдук кэпсээннэрэ-ипсээннэрэ элбээтэ. Кыыс Аанчык диэн ааттаах, хоту дойдуттан сылдьар, «ыллаан» саҥарар. Сап-саһархайынан көрбүт, муус маҥан, оччотооҕу кыргыттардыы «просто Мария» курдук чуолкалаах, икки гына
өрүммүт баттахтаах. Начаалынай кылаас учууталын идэтигэр үөрэнэр, эмиэ бастакы куурус. Толик, кыргыттарга уруккуттан тоҥуй киһи, Аанчыктыын хайдах маннык доҕордуу буолбутуттан бэйэтэ да дьиктиргиир. Тугу-тугу кэпсэтэллэрэ эбитэ буолла, күл да күл буолаллара… Аанчык Мархаҕа түһэрэ уонна Толик көстүбэт буолуор диэри далбаатыыра. Биирдэ иккиэн автобустарыгар хойутаан хаалбыт этилэр, тура сатаан баран автовокзалга диэри сатыы барбыттара. Күһүҥҥү ардахха баттатан маҕаһыынтан маҕаһыыҥҥа киирэн саһа-саһа автовокзалга тиийбиттэрэ. Ол быыһыгар Толик мороженай ылан биэрбитэ, оччолорго ааһан иһэр куорат дьоно суол кытыытыгар уоллаах кыыс ардах анныгар биир мороженайы сии туралларын көрөн, бука, дьоллоох, таптаһар сүрэхтэр дии санаатахтара буолуо… Ол эрээри ол кэмҥэ Аанчык да, Толик да, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара доҕордуу эрэ этэ, убайдыы-балыстыы курдуктара. Урукку «сарай» диэн ааттанар автобуска анал миэстэлээхтэрэ, кэннигэр туран эрэ айанныыллара. Онно туран эрэ «крестики-нолики» оонньууллара, ырыа бүтэһик буукубатыттан салгыы ырыа таһааран куоталаһаллара. Биир тылынан, оҕолор этилэр, оҕолор… Толик бүгүн үһүс күнүн Аанчыга суох айанныыр. Санаатыгар, «Оржанкаҕа» туран өр да күүттэ. Аанчык суоҕун курдук суох. Күнүс үөрэҕин быыһыгар коридорга көрөөйөмүй диэн одуулаһар даҕаны, ханна да суох. Саатар куурсун, ханнык аудиторияҕа үөрэнэрин чопчу ыйыппатах эбит. Толик бу күннэргэ утуйар уута уу буолбата. Кинини уопсайга киир диэбиттэрэ да, Аанчыгын эрэ көрсөр баҕаттан киирбэккэ уһата сылдьыбыта. Сороҕор автобуһа кэллэҕинэ, баҕар аныгыскыга кэлиэ диэн соруйан куоттарара. Сороҕор үһүс, төрдүс рейскэ биирдэ олорсоро. Биир киэһэ Аанчыгын суохтаан муҥатыйбыта. Онно биирдэ өйдөөбүтэ, кинини таптаабытын. Таптал маннык эрэйдээх уонна тута өйдөммөт быһыытын кини билиниэн баҕарбатаҕа. Оҕо эрдэҕиттэн спортсмен буолан, туох барыта дьэҥкэ уонна өйдөнүмтүө буоларын ирдиирэ. Тохсус кылаастан тренерэ тугу эппитин барытын толорор күннүгүн ылбыта уонна бэйэтэ да билбэтинэн хоһоон суруйан киирэн барбыта. Хайдах хоһоон эбитэ буолла, табыллыбыта дуу, суоҕа дуу, ким да билигин ону сыана быһан этэр кыаҕа суох. Таптал туһунан ырыалары истэр буолбута. Аанчыгын сотору көрсөн хайдах курдук иккиэн күүстээх тапталга куустарыахтарын өйүгэр оҥорон көрөрө, барыта ураты буолуо диэн эрэнэрэ. Толик спортсмен диэтэххэ, мөдөөт көрүҥнээх, дараҕар сарыннаах, олус холку, күлэн эрэ кэбиһэр, улахан саҥата-иҥэтэ суох, спорт диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Кыргыттар киниэхэ үһүс, төрдүс кылаастан тапталга билинэн суруйаллара, уол ону олох аахайбата, буолуохтааҕын курдук ылынара. Бэл диэтэр, кыргыттар кини туһуттан охсуспут түгэннэрэ баара, ону кини күлэн эрэ кэбиһэрэ. Ол курдук оскуоланы биир да кыыстыын сиэттиспэккэ даҕаны бүтэрбитэ. Аанчык… Аанчык… саатар араспаанньатын да ыйыппатах… Чэ, училище оннук улахана суох, булар инибин диэн эрэллээх уотун умулларда. Эдьиийэ анатомияҕа бэртээхэй кинигэ булан биэрбитин умсугуйан ааҕар, кырдьык спортсмен киһи эти-сиини, уҥуоҕу-иҥиэҕи үчүгэйдик билиэхтээх, оттон киһи иэйиитин, таптал туһунан кинигэ баара буолуо дуу… диэн саныы сытан утуйан хаалла. Түһээтэҕинэ, Аанчыктыын Амма өрүскэ сөтүөлүү
сылдьаллар, эмиэ күл да күл буолаллар. Сөтүөлүү сылдьан Толик Аанчыкка сардаана бэлэхтии сатыыр, кыыс ыла сатыыр да, сүүрүк устун бара турар, Толик хара күүһүнүнэн быыһыы сатыыр да, кыайан быыһаабат, өрүсүһэ-өрүсүһэ харбыыр да биир сиргэ турар… Өр да өр маннык баттатта, онтон уһуутаабытынан олоро биэрдэ. Толик Аммаҕа сайын лааҕырга сылдьан биир кыыс тимирэн эрэрин быыһаабыта, онно олус куттаммыта, сүүрүк күүһүгэр оҕустаран иккиэн былдьана сыспыттара. Кыыс төрөппүттэрэ махтанан күһүөрү плеер ылан ыыппыттар этэ. Сангаар кыыһа эрэ диэн өйдөөн хаалбыта. Ол онон хаалбыта, арай Толя ууттан куттанар буолбута. Ол да иһин түһээтэҕим буолуо диэн саныы-саныы, бу түүн хараҕын симэн да көрбөтөҕө. Сарсыныгар коридорунан хааман истэҕинэ олус билэр уонна суохтаабыт, күүппүт куолаһа: «Толик-столик, привет» диэбитэ. Толик «Аанча-баанча три цыганка» диэн эппиэттиэхтээҕэ, оннук эҕэрдэлэһэ көрсөллөрө. Ону саҥарыахтааҕар буолуох Толик тыына хаайтара сыспыта… Аанчык баттаҕын ыспыт, эриммит, хараҕын кырааскаламмыт, тобус-толору буспут дьэдьэн уостара мичээрдээбиттэр. «Хайа, Толя-оля-голя, Толик-столик, туох буоллуҥ? Мин эн буруйгунан тымныыга тымныы мороженай сиэн ыалдьан хаалан Өктөмҥө эдьиийбэр тахсан эмтэнэн кэллим. Арба уонна уопсайга киирдим, оттон эн хаһан киирэҕин?». Толя оонньуурун былдьаппыт оҕо курдук сүүһүн аннынан Аанчыгын өр тобулу көрөн турда. Кырааскаламмытын, киэргэммитин олох сөбүлээбэтэ. Кимиэхэ киэргэннэҕэй диэн тута күнүүлүүр дуу, хайыыр дуу, урут билбэт иэйиитэ өйүн-санаатын сүүйбүтэ. Аат эрэ харата: «Билбэтим, суох буолуо», — диэт, ааһа бара турбута. Аанчык: «Киэһэ Мархалыыбын, аргыстаспаппыт дуо?»- диэтэ. Толик кыыһырбыт киһи курдук: «Суох, мин бүгүн куоракка хонобун,»-диэт, зал диэки былдьаспыта. Залга киирээт, тугу да умнан туран сүүрбүтэ, боксер уолаттар дьарыктана сылдьалларын көрөн, бэрчээккэ уларсан груша саайталаабыта. Аанчыгын кытта итинник кэпсэппититтэн кыйахаммыта, олох сатаан өйдөөбөтөҕө, бэйэтэ-бэйэтиттэн сүрдээҕин кэлэйбитэ. Аҕыйах хоноот, Хабаровскайга сборга барбыта. Кэллэхпинэ көрсөн кэпсэтиэм диэн эр санаалаах көппүтэ. Бу ыраатан баран ордук өйдөөбүтэ, хайдах курдук күүскэ таптаабытын. Өйө-санаата, кини тула эргийэрэ, олоҕо барыта биир Аанчык тула буолбутун билиммитэ. Сардаана сибэкки арылыннаҕына киэркэйэр, бар дьоҥҥо кэрэтинэн сөхтөрөр. Оттон Толя Сардааната-Аанчыга арыллыан олох баҕарбата, бүөмнээн киниэхэ эрэ үүнүөн баҕарара. Тоҕо кырааскаланна, тоҕо баттаҕын ыста, тоҕо уоһун кытарта, уолламмыта буолуо, Өктөмҥө эрэ сырытта, ханна эрэ сырытта… Араас санаалар кинини үүйэ-хаайа тутан, ис-иһиттэн ньиэрбинэйдээн кэлэрэ. Дьарыга да дьарык буолбата, уруккутун курдук улаханнык үлүһүйбэт буолбута. Саха сириттэн Нерюнгри уолаттара бааллара, кини соҕотох саха этэ. Онон кими да кытта улаханнык билсибэт, дьарык, дьарык өссө төгүл дьарык эрэ… Түүн үчүгэйдик утуйбат буолан сэниэтэ туохха да тиийбэт. Бүгүн киэһэ тренериттэн, базатыттан күрээн Амур өрүс устун күүлэйдээн хааман кэллэ. Өрүс салгынынан тыынан көхсө арыый да кэҥээтэ. Өйүн- санаатын сааһылаан, Аанчыгар сурук суруйарга сананна. «…Аанчык, дорообо. Бу суругу Хабаровскайга олорон суруйабын. Миигин бырастыы гын…Мин эйигин олус күүскэ
таптыыбын. Куруук эйигин кытта бииргэ буолуохпун баҕарабын. Алтынньыга үүммүт мин күһүҥҥү сардаанам…» Кытыл устун хаама сылдьан үгүһү суруйуон баҕарбыта, бэл, хоһоон айбыта. Ол эрээри элбэхтэн туттуммута, кыбыстыбыта. Икки нэдиэлэ курдугунан Дьокуускайга эргиллибитэ. Бииргэ үөрэнэр доҕорунан Спартагынан Аанчыкка суругу ыыппыта. Спартак күлэ-күлэ: «Оо, мощнай кыыс ди, бэйэм таптаан кэбиһэ сыстым,» — дии-дии суругу илиитигэр туттарбытын эппитэ. (Салгыыта бэчээттэниэ) Захар Никитин, Дьокуускай Уруһуйдар: ru.freepik.com,ru.dreamstime.com, ru.clipart.me
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан