Кэпсээ
Войти
Регистрация
Илиигитин өрө уунуҥ!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Илиигитин өрө уунуҥ!
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
30.09.2021 19:48
Бу түбэлтэни урут Хаандыгаҕа олоро сылдьыбыт Василий Войтенко диэн киһи кэпсээбитэ. Кини кыра сааһыттан элбэх ыарахан, мүччүргэннээх быһылааны көрбүт киһи этэ. “Дальстрой” сабыллыбытын кэннэ Хаандыгаҕа хаалан үлэлээбит, үтүө үлэтин иһин Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыт. Ааттаах булчут этэ. Киэһэ уот таһыгар олорон урукку хаайыы сулууспатын саҕанааҕыны элбэҕи кэпсиирэ. Ол кэпсээннэрин суруйбут киһи, бэйэтэ кинигэ буолан тахсыа этэ. Сорох кэпсээннэрин киһи да итэҕэйиэ суоҕун курдуга. Киһи этэ тардар олус ынырык быһылааннарын кэпсиирэ. — Урут Магадан трассатыгар Прижим диэн бөһүөлэк баара. Ол тобоҕо билигин да көстөр. Онно биһиги солбуһа сылдьан, 7-10 киһи буолан пуоска турбуппут. Сорудах, омос көрөргө, боростуой курдуга эрээри, олус эппиэттээҕэ. Магадан диэкиттэн кэлэн ааһар айан массыыналарын, айан дьонун барытын бэрэбиэркэлиирбит. Күрүөйэхтэр ордук сайыҥҥы кэмҥэ элбииллэрэ. Тэллэй, отон, балык уо.д.а. көстөр буолан, бу дьон тымныы түһүөр диэри туттарбакка сылдьаллара. Кинилэр Дьокуускай диэки бара сатыыллара, ол табылыннаҕына, соҕуруу түһэргэ дьулуһаллара. Магадантан күрээн иһэр дьон Саха сиринэн эрэ барар кыахтаахтара, атын күрүүр сир суоҕа. Ол саҕана Прижимҥэ Хаандыганы кытта төлөпүөнүнэн сибээс баара. Ол тобохторо, боробулуохалара билиҥҥэ диэри көстөллөр. Күрүөйэхтэри туттахпытына, Теплай Ключка эбэтэр Хаандыгаҕа комендатураҕа биллэрэрбит. Оччоҕуна 6-9 чааһынан массыына кэлэн тутуллубут дьону тиэйэн барара. 1954 с. күһүнүгэр биһиги пуоспутугар ыйыы кэллэ. Онно этиллэринэн, Сусуман бөһүөлэгин лааҕырыттан уһун болдьоххо хаайыллыбыт үс киһи, олортон биирдэстэрэ ордук кутталлаах, уголовник күрээбиттэр. Ол эрээри, Саҥа дьылга диэри биһиги пуоспутунан биир да уорбаланар киһи ааспата. Арай, Саҥа дьыл кэнниттэн, тохсунньу 2 күнүгэр “полуторка” массыына тиийэн кэллэ. Кузовка үөһэ 10-12 киһи айаннаан иһэллэр. Дэлби тоҥмуттар-хаппыттар, кырыа бөҕө буолбуттар. Харабыл саллааттар айан дьонун дьиэҕэ киллэрдилэр, итиннэрдилэр. Ол саҕана кыһын халлаан олус тымныйара. Ахсынньы-тохсунньу ыйдарга мэлдьи -50-60 С0 буолара. Онон, айан дьонун чаас аҥаара итиннэрэн эрэ баран докумуоннарын бэрэбиэркэлиирбит. Кэлбит дьоҥҥо икки дьахтар, икки техник, ханнык эрэ бириискэттэн хайа инженерэ, сулууспата бүтэн иһэр мотуруос, Дьокуускайга балыыһаҕа баран иһэр икки Өймөкөөн дьоно, лааҕыртан босхоломмут хас да киһи бааллара. Барыларын докумуона сөп курдук, киһи уорбалыыра суох. Мин бу дьону сынньаналларын көҥүллээн баран, таһырдьа табахтыы таҕыстым. Хайыы-үйэ түүн буолбут. Дьиэттэн кыратык тэйэн эрдэхпинэ, ким эрэ тахсыбыт тыаһа иһилиннэ. Хабыс-хараҥа, туох да көстүбэт. Ол тахсыбыт киһи табахтаата ол кэннэ: — Бу тиһэх пуос. Маны аастыбыт да бэрэбиэркэлээбэттэр, мүччү көтөр буоллубут, оргууй, — диирэ иһилиннэ. Ол кэннэ иккиэн дьиэҕэ киирдилэр. Кимнээхтэрин көрбөккө хааллым. Мин сэрэхэдийдим. Өссө төгүл эр дьону бэрэбиэркэлииргэ, докумуоннарын сирийэн көрөргө быһаарынным. Хомойуох иһин, икки чаастаах хос бэрэбиэркэ тугу да туһалаабата. Ол эрээри, хайа инженерин малыгар бэрт кичэллээхтик кистэммит револьверы булан ыллым.
Бастакы бэрэбиэркэҕэ ону тоҕо эппэтэҕин ыйыппыппар, “умнан кэбиспиппин, көҥүлэ бу баар” диэн докумуонун көрдөрдө. Көрдөхпүнэ инженер ньиэрбинэйдиир, кинини кытта аргыстаһан иһэр икки техник эмиэ туохтан эрэ дьаарханарга дылылар. Мин уорбалаатым. Күрүөйэхтэр бу сылдьаллар быһыылаах дии санаатым. Ол эрээри, туох да диэн баайсарым суох, көҥүллээн ыытарбар эрэ тиийэбин. Туох эрэ төрүөт булан тохтото түһүөхпүн баҕардым. Бу кэмҥэ атыттар, ордук дьахталлар, сөбүлээбэт саҥалара иһиллэн барда: “Хайыы-үйэ хараҥарда. Теплай Ключка диэри өссө 4 чаас айанныыбыт. Эн биһигини тардан олороҕун, түргэнник ыыта оҕус”. Ити кэмҥэ, мин дьолбор, “полуторка” суоппара киирэн кэллэ уонна: “Прижимҥэ баран көрдүм, үөһэттэн хаар сууллан суолу бүөлээбит, суолу оҥорооччулар кэлэн ыраастыылларын күүтэргэ тиийэбит”. Айан дьоно айманнылар, айдаардылар эрээри, хайыахтарай, ким хайдах сатанарынан утуйаары оҥостон бардылар. Бу сонунтан хайа инженерин сирэйэ уларыйа түспүтүн, икки техник эмиэ улаханнык хомойбуттарын бэлиэтии көрдүм. Муостаҕа кэккэлэһэ сытан тугу эрэ сибигинэһэн мөккүһэллэр. Харабылга икки саллааты туруоран, бу үс киһини кыраҕытык кэтииллэригэр соруйан баран, атын дьиэҕэ утуйа таҕыстым. Нөҥүө күнүгэр суол оҥорооччулар кэлэн суолу ыраастыыр кэмнэригэр, айан дьонун кытта ыаһахтаһа олордум. Били үс киһибин кэтээн көрөбүн. Өр кэмҥэ маннык сулууспаҕа сылдьыбыт буолан, киһини аҕыйах мүнүүтэ көрөөт да кимин-тугун быһаара охсор үөрүйэхтээхпин: хаайыыга олорбут дуу, суох дуу, уголовник дуу, бэлитиичэскэй ыстатыйалаах дуу... Бу дьон элбэҕи кэпсэппэттэр, ыйыттахха эрэ быһыта-орута хардараллар. Хайа инженерэ олус үчүгэйдик, кинигэ тылынан-өһүнэн саҥарар. Институту бүтэрбит киһи буолан оннук саҥаран эрдэҕэ. Киэһэ 7 чаас саҕана хабыс-хараҥаҕа тыраахтар лүһүгүрээн кэллэ. Аан аһылларын кытта, тырахтарыыс суол ыраастаммытын, барыахха сөбүн эттэ. Хаһыы иһиллэрин кытта хайа инженерэ олоппоһуттан ойон турда, мин диэки көрөн туран: “Фараон, бэйэҥ блатхаатаҕын сап, биһигини көҥүлгэ таһаар”, — диэн баран кытаанах маатыра тылын эбэн биэрдэ. Быһата, ньиэрбэтэ тулуйбата, тугу саныы олорбутун төлө ыһыгынна. Мин ити кэнниттэн сөкүүндэ да устата саараҥнаабатым: “Илиигитин өрө уунуҥ!” – диэн хаһыытаатым. Ону кытта “техниктэр” аан диэки ыстаҥаластылар. Икки саллаат кинилэр үрдүлэригэр түһэн, балачча мучумааннанан баран, муостаҕа хам баттаатылар. Мин хайа инженерин тутан ыллым. Атын айанньыттар куттанан хаһыы-ыһыы бөҕө буоллулар, ордук дьахталлар наһаалаатылар. Ону көрөн, кинилэр түргэнник бара охсоллоругар дьаһал биэрдим. Тутуллубут үс киһи илиилэрин кэлгийэн кэбистибит. “Хайа инженерэ” миигин бэрт өһүөннээҕинэн өтөрү көрүтэлиир, “сир киэҥ, хайаан да булан көрсүөхпүт” дэтэлиир. Сотору Хаандыгаттан массыына кэлэн ол дьону илдьэ барбыта. Кэлин истибитим, “хайа инженерэ” олус кутталлаах, хас да киһи тыыныгар турбут, хаста да күрээн сылдьыбыт уголовник эбит этэ. Икки аргыс да сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт, киниттэн итэҕэһэ суох “үтүөлээх” дьон эбиттэр. Бу кутталлаах күрүөйэхтэри туппутум иһин, бойобуой мэтээлинэн наҕараадалаабыттара. Оттон ол дьону Магадаҥҥа сууттаан баран, саамай үрдүкү миэрэҕэ бириигэбэрдээбиттэр
этэ. Роман Тарабукин-Силипчээн, Хаандыга.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан