Кэпсээ
Войти
Регистрация
Көҥүлгэ дьулуһуу
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Көҥүлгэ дьулуһуу
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
11.04.2019 17:45
Уһун Баһылай уонна хараҕа суох Суоппуйа 8 оҕолорун кытта Бүлүү өрүс хаҥас кытылыгар – Бүтэй диэн ааттыын бүтэй, түҥкэтэх сиргэ – сыккыраан олорбуттара. Дьадаҥы дьон эрэйдээхтэр, Эбэлэрэ төһөнү «дук» гыммытынан, айахтарын булунан үөһэ тыыналлара. Улахан уоллара, аҕыйах саҥалаах Өндөрөй, булка-алка сыстаҕас буолан, хара тыаттан дөрүн-дөрүн бултуйан киирэн үөрдэрэ. Иккис уоллара Баһылай да убайыттан хаалсыа суоҕа эбитэ буолуо. Ону баара, дьоно уол уончалааҕар Балаадыйар Байбаллаахха үс солкуобайга атыылаан кэбиспиттэрэ. Оҕонньордоох эмээхсин ити ыалга кур иэскэ киирэн, онуоха эбии Байбал иэһин көрдөөн сулуйара бэрдиттэн, сытыы-хотуу уолларын биэрэргэ күһэллибиттэрэ. Баһылайы кыра диэн тараҥнаппакка, хара бастакыттан сорук-боллур, илии-атах гынан туһаммытынан барбыттара. Ити курдук мөҕүллэн-этиллэн, сороҕор күүскэ дьарыллан, уол борбуйун көтөҕөн барбыта. Улаханнык атаҕастаммыт кэмигэр «тугунан эмэ ситиспит киһи!» диэн хараҕын уутунан сууна сытан саныыра. Оннук түгэн биирдэ көстүбүтэ: Балаадыйардаах бириистэҥҥэ дьаарбаҥкаҕа киирбит күннэригэр Дыраанай Сэргэй диэн хаартыһыт киһиэхэ маллаах-саллаах ампаардарын ыйан биэрбитэ. Онтун манньатыгар киһитэ харчылаах саппыйа сыыһын өлүүлээбитэ. Хаһан да итиччэ харчыны харахтаабатах уол, сонно дьаарбаҥкаҕа тэбинэн тиийэн, тугу ымсыыра саныырын барытын атыыласпыта уонна... сарсыныгар тутуллан хаайыллыбыта. ... Суут бырааба мунньахтыыр саалатыгар буолбута. Уол ампаары алдьаппыт киһи аатын эппэтэҕэ, ол эрээри саппыйа киниттэн көстүбүтүнэн сылтаан, Баһылайы буруйдааҕынан аахпыттара уонна оҕо холуонньатыгар икки сылга бириигэбэрдээбиттэрэ. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону холуонньаҕа ыытыы улууска бу бастакы түбэлтэ этэ. ... Борохуот хоту диэки хайыһан, тыаһа-ууһа киллигирээн, күүһүрэн барбыта, биэрэк элэгэлдьигэс буолбута. Бүлүү куоратын кумах биэрэгэ уонна ол үрдүнэн көстөр дьиэлэр сарайдара, түрмэ вышкалара, таҥара дьиэтин күлүмүрдэс кириэһэ улам ыраатан испиттэрэ. Быраһаай, төрөөбүт дойдум! Буруйдаах аатыран, биир оҕоҥ түбэһэн, сириттэн-дойдутуттан, дьонуттан-сэргэтиттэн араҕан, бу – холуонньаҕа айаннаан эрдэҕэ. Холуонньаҕа Иркутскайга тиэрдэн баран, хаайыылаахтары тэлиэгэлээх үс атынан уулуссанан сахсылыннардылар. Бааска урут хаһан даҕаны куорат диэни харахтаабатах буолан, үрүҥ кырааскалаах, хастыы эмэ мэндиэмэннээх таас дьиэлэри, лааппылары көрө истэ. Хара көстүүмнээх, үрүҥ саҕалаах, сэлээппэлээх дьон дыралдьыһаллар, сиргэ тиийэр, суугунаабыт солко былаачыйалаах мааны дьахталлар аргыый аҕай усталлар. Аҥаара өстүөкүлэ халҕаннаах улахан таас маҕаһыын аанын чанчыгар баттаҕын кырыйтарбатаҕа ырааппыт, хойуу бытыктаах киһи тайахха тэптэрэн туран: «Киристиэс туһугар», – дии-дии, хортууһун тоһуйар. Аттыгар кыра тэлиэскэҕэ олорон баран, икки илиитинэн эрийэн сыҕарыйар киһи көһүннэ. Бааска өйдөөн көрбүтэ – икки атаҕа уллуктарын ортотунан суох. Аргыстара эппиттэриттэн билбитэ – бу Дьоппуон сэриитигэр сылдьыбыт саллааттар эбит. Баасканы кытта кэлбит дьону түрмэҕэ аҕалан хаайталаатылар, оттон кинини биир надзиратель кыараҕас уулуссанан илдьэн эргэ мас дьиэҕэ киллэрдэ. Уолу тимир эрэһээҥки ааннаах олбуор иһигэр турар «уопсай хаамыра» диэн ааттанар улахан дьиэҕэ киллэрдилэр. Бу – сокуоннай саастарын ситэ туола илик кыра буруйдаахтар холуонньалара этэ. Бааска киирээтин кытта көрөн-истэн чөрбөҥнөһүү бөҕө буоллулар. Уһун көрүдүөр
икки өттүнээҕи ааннарынан эмиэ быгыаластылар, сулбурута ойон таҕыстылар. Бары даҕаны атылыы таҥастаахтар: кубаҕай хомулуок бүрүүкэлээхтэр, бачыыҥкалаахтар. Сорохторун киэнэ наһаа улахан, өрө хантайан тахсыбыт, ол иһин нэһиилэ соһон лоһурҕатан хаамаллар. Үксүлэрин булууһата, бүрүүкэтэ тобугунан элбэх абырахтаах. Сотору хантан эрэ куормалаах, бэстилиэттээх киһи баар буола оҕуста. Бу киһини оҕолор «дядька» диэн ааттыыллар. Бу киһи курдук хас да «дядька» киирэн таҥаһын уһултара-уһултара дэлби дьэҥдьийдилэр, нууччалыы тугу эрэ саҥараллар да, Бааска хантан өйдүө баарай. Куормалаах дьон тахсааттарын кытта оҕолор, тула көтө сылдьан, ыйыталаһыы бөҕө буоллулар. Уол син кыратык өйдүүр, үксүгэр мичээрдээн эрэ кэбиһэр. Хайа омуккунуй? Сахабын... саха... саха... – онтон өйдөнөн, – дьокуут, дьокуут... – диэтэ. Оҕолор үтүктэ-үтүктэ күллүлэр, бэйэ-бэйэлэрит-тэн «бүрээт дуо?» диэн ыйыталаһаллар. Онтон сиэтэн илдьэн ороҥҥо олортулар, кэпсэтэ сатаатылар. Бу олордоҕуна кэнниттэн кэлэн кулгааҕын, кэтэҕин тыгыалаатылар. Онтон биирдэ ыарыылаах баҕайытык оройго чаҕылыттылар. Бааска эргиллэ охсон көрбүтэ, биир сыгаан уола оҕо кэннигэр саста. Ойон туран, сутуругун «нууччалыы туттан» баран, уолу ойоҕоско саайда. Уола айакалаата, ытаан ылла уонна охсуһаары кэлэн истэҕинэ оҕолор тутан ыллылар, буойан сутуруктарын көрдөрдүлэр. Тыгыалааһын уурайда. Дьэ, хайдах сатанарынан билсэн бардылар. Киэһээҥҥи аһылыкка остуолга оҕо ахсаанынан биирдии быһыы килиэби уурталаатылар. Оҕолору олордуталаатылар. Мэлииппэҕэ туруҥ! – туора бытыктаах Мирон дядька ордоотуур. Оҕолор бары атахтарыгар тураат, ыллыы-ыллыы, таҥараҕа үҥэн бардылар. Бааска эмиэ, санаатыгар, «ыллаһан доргутуһан» эрдэҕинэ, дядька кэлэн, кулгааҕыттан өрө ыйаан, тохтотон кэбистэ уонна мэлииппэ бүтээтин кытта, тарахачытан илдьэн, муннукка туруорда. Оҕолор аһаан бардылар. Бүгүн айаҕар ончу тугу да ылбатах уолчаан өссө даҕаны аһаабакка туран хаалла. Баттаммытын үөһэ баттанан иһэриттэн, ытаан, хараҕын уута субуруйбутунан барда. Холуонньа олоҕо итинник саҕаланна. Саҥа табаарыс Киниэхэ от истээх сиэрэй холуста матарааһы, эргэ суппуун суорҕаны, от сыттыгы, хомулуок ыстааны, бамыһыай булууһаны, ыарахан бачыыҥканы биэрдилэр. Хаамыраҕа уон алтыс киһинэн киллэрдилэр. Бааска холуонньа оҕолорун кытта атылыы таҥастанна-саптанна, онон тэҥ бырааптаах биир дьиэ кэргэн курдук сананна. Холуонньаҕа элбэх оҕо баар, хас да дьиэҕэ тус-туспа бөлөҕүнэн олороллор. Дядькалар диэн син биир түрмэ надзирателлэрэ хаайыылаахтары көрөллөрүн курдук, көрөр-истэр, үлэлэтэр дьон эбиттэр. Манна түрмэттэн атына – таһыттан хатаабаттар. Биирдэ Мирон дядька, оҕолору таһырдьа таһаартаан, хаппыыста тууһатта. Сорохтор хаппыыста сытыйбытын ыраастыыллар, сорохтор сүрэҕин арааран ылаллар, ити курдук бары тус-туспа сорудахтаахтар, ол быыһыгар хара сэбирдэҕин туспа уһаакка туустууллар. Бу куһаҕанын биһиэхэ сиэтэллэр, үчүгэйин көрдөрбөттөр даҕаны, дядькалар бэйэлэрэ сиэхтэрэ, – диэн оҕолор сибигинэһэллэр. Кэпсэтимэҥ!.. Үлэлээҥ!.. Баскын хампы охсуом!.. Ваня Беспалов диэн Бааска саастыыта уол кырбаммыт хаппыыстаны кутаары, быһаҕаһыгар диэри өҥөйөн туран, уһааты сууйа турдаҕына, Мирон дядька көбдьүөрдэ: Бар, Беспалов, дьиэттэн баһар иһиттэ таһаар! Ваня ону уһааты сууйар тыаһыгар истибэтэ. Онуоха дядька, хааман ырҕардаталаан кэлэн, саҕатыттан харбаан ылан,
илгиэлээн баран, умса анньан түһэрдэ. Туох диэтим мин эйиэхэ! – бардьыгынаата. Уһаат тыаһыгар истибэтим эбээт, тоҕо сынньаҕын? Ээ, өссө куруубайдыыгын! – диэн баран Мирон уолу түҥнэри охсон түһэрдэ уонна биир сууккаҕа карцерга олорто. Карцерга олорор оҕоҕо күҥҥэ иккитэ эрэ өлүү аҥаардыыта килиэби кытта биирдии курууска ууну биэрэллэр. Бааска киэһэ өлүү килиэбиттэн уонна хортуоппуйуттан ордорон сиэбигэр угунна уонна хараҥа көрүдүөрүнэн тиийэн, карцер аанын аннынан уунна: «Ваня, мэ!» – диэн сибигинэйдэ. Арай эмискэ кинини ким эрэ саҕатыттан харбаата. Бу дядька буоллаҕа дии санаан, куттанан, тура эккирээн көрбүтэ – аһылыкка кинини кытта бииргэ олорор Пашка диэн ааттыыр уоллара эбит. Киэр бар, стукач! – диэн баран, Бааска уолу түөскэ аста. Пашка кинитээҕэр улахан, күүстээх – тулуйда. Бэйи, тохтоо... Оонньоон, оонньоон... Дьэ, маладьыас, ити үчүгэй, – диэтэ кини, мичээрдии-мичээрдии. – Мин эмиэ биэрээри кэллим... Ити биһиги эбээһинэспит, – диэн баран, Пашка арыыйда уҕарыйбыт уол илиитин ыытта. Итинэн иирсээн бүттэ. Мантан ыла кинилэр, биир кыһалҕалаах, уопсай кистэлэҥнээх дьон быһыытынан, доҕордостулар. Күрүөххэ! Кыһын устатыгар Пашка Крыслов уонна Ваня Беспалов саха табаарыстарын ааҕарга, суруйарга үөрэттилэр. Бааска, баҕата бэрт буолан, үөрэҕи дөбөҥнүк ылынна. Сааһыары суругу ааҕар, өссө суруйар кыахтанна. Буруйдаахтар олохторо биир кэм ааһан истэ. Дядькалар оҕолорго муус тиэйтэрэллэр, сылгы далын ыраастаталлар, оҕуруокка ноһуом куттараллар, буор тастараллар, араас үүнээйини олортороллор, онно уу куттараллар, мас мастаталлар. Сааскынан ичигэс, ылааҥы буолбутугар, Бааска курдук дьонуттан арахсан, тэһийбэккэ муҥу көрөр оҕо өйүгэр-санаатыгар күрүүр санаа утуппат да, олордубат да буолбута. Бааска Верхоленскай уонна Жигалово эргин дьонноох биир сыгаан уолун кытта күрэһэргэ сорунна. Кини маҥнай утаа ол табаарыһын кытта барсан баран, борохуот сырыттаҕына, дойдулуурга сананна. Кинилэргэ ханна эрэ Иркутскай – Качуг икки ардын диэки дойдулаах бүрээт уола холбосто. Ванялаах Пашка, ол диэки ханна да барар сирдэрэ суох буолан, кинилэргэ холбоспотулар. Куомуннаспыт уолаттар биир киэһэ күрүүргэ оҥоһуннулар. Оо, күүттэххэ, күн уһунуон! Киэһэ буоларын кэтэһэн кээки буоллулар. Төрөөбүт дойдуларыгар баралларын саныы-саныы, сүрэхтэрэ битигирээтэ: эмиэ да үөрэллэр, эмиэ да дьиксинэллэр. «Оо, хайдах эрэ буолабыт? Баҕар, тутан ылыахтара!» дии саныыллар. Ол эрээри күрээтэллэр эрэ дойдуларыгар, хайдах эрэ, күнүнэн да тиийиэх курдук өйдүүллэр. Мэктиэтигэр, Бааска ийэлээх аҕата, убайа Өндөрөй, бырааттара Тэрэпииннээх Кынаачай кинини үөрэ көрсөллөрө субу көстөргө дылы. Оо, кырдьык, тиийэрэ буоллар, хайдах курдук үчүгэй буолуох этэй?! Төрөөбүт дойду, иитиллибит биһик тардыыта күүстээх да эбит! Күүттэрэн-күүттэрэн күн дьэ киэһэрдэ, борук-сорук буолла. уолаттар киэһээҥҥи өлүүлэрин биирдии быһыы килиэби ылан сиэптэригэр угуннулар уонна уку-суку тахсан бардылар. Халлаан лаппа хараҥарбыт. Оҕолор маҥнай убуорунайга барбыта буоллулар, онтон ким да суоҕун көрөн, олбуору кыйа хаамтылар; уулусса туһунааҕы хараҥа муннукка тиийэн, саһан туран, соппулуот быыһынан уулуссаҕа
чугаһынан киһи суох буолуор диэри кэтээтилэр. Ол кэм уһунуон! – Чэйиҥ, оҕолор, – диир сыгаан уола, – ким да суох. Уолаттар, тыаһа-ууһа суох, аргыый аҕай хатаастан тахсан, олбуор үрдүнэн хаптайыахтарынан хаптайан, мэктиэтигэр, тыыммакка, соппулуот нөҥүө түстүлэр... (Иркутскай уобаласка Сэбиэскэй былааһы саа-саадах тутан туругурдуспут, кыһыл бартыһаан буолан эргиллибит абаҕам Василий Васильевич Иванов-Мас Атах кэриэһигэр. Д.П. Токооһоп «Кыра буруйдаах» диэн кинигэтиттэн.) БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан