Кэпсээ
Войти Регистрация

Лааҕырга

Главная / Кэпсээн арааһа / Лааҕырга

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
05.04.2019 16:45
Үһүс кылааһы бүтэрэн, төрдүс кылааска тахсыбыт сайыммар Эбэҕэ Эмээхсин өтөҕөр үгэспитинэн сайылыкпытыгар көспүппүт. Онно балаҕан дьиэлээх этибит. Биирдэ, дьиэм таһыгар оонньуу сырыттахпына, Кириллин Дьөгүөр (Тотос), оччолорго биригэдьиир, маҥан аттаах тиийэн кэллэ. Ийэм дьиэ таһыгар тугу эрэ үлэлээн түбүгүрэ сылдьара. Дьөгүөр ийэбэр туһаайан: — Маайа, Хордоҕойго пионер лааҕыра аһыллыбыт, онно орто уолгун, Балыарыйы, түргэнник тэрийэн ыыта охсор үһүгүн, — диэтэ. Лааҕырга былырыын сайын эмиэ сылдьыбыт буоламмын, ийэм түргэнник сөбүлэстэ. Ол түүн, лааҕырга барарбын санаан, аанньа да утуйбатым быһыылааҕа. Сарсыныгар ийэм бэйэтэ тэрийэн илдьэр буолла. Аҕабыт суоҕа, ыраах хоно сылдьан үлэлии барбыт кэмэ этэ. Сарсыарда бэрт эрдэ туран суунан-тараанан, таҥаспын арыый сэнэх таҥаска уларыттым. Ис таҥаспын, сотторбун мөһөөччүк сыыһыгар уктан, ийэбинээн сатыы биир көстөөх сиргэ Хордоҕойдоотубут. Эмээхсин Өтөҕүнээҕи сүрдьүгэс күрүөнү эргийэ көтөн барбахтыы түһэн баран, Көрдүгэҥҥэ киирдибит. Көрдүгэни ааһааппытын кытта Эбэ күөлэ ыраахтан мэндээрэн көһүннэ. Эбэ кытыыта отунан үүнэн ахан турара. Күөрэгэй салгыҥҥа ыйанан туран ыллыыр, киэҥ нэлэмэн күөл ортотугар кустар уста сылдьаллар — үчүгэйэ сүрдээх. Сииктээх уонна от охсулла илик буолан, кумаардаах аҕай. Ардыгар киһи кыайан тыыммат буолуор диэри кумаарданар. Аара суолтан талах тоһутан дэйбиирдэнэн абыранабыт. Кумаарга дэлби сиэтэн, икки чаас айаннаан, Хордоҕойбутун син буллубут. Спорт былаһаакка илин өттүгэр уһун субурхай интэринээт дьиэтэ баара. Пионер лааҕырын оҕолоро онно олороллор эбит. Баһаатайдарынан Н.П. Контогоров, К.В. Морозова үлэлииллэр. Ыраах Сүлдьүкээртэн тиийэ оҕолор кэлбиттэр этэ. Таһыттан киирээти кытта утары хоско түбэстим. Бу лааҕырга иккис сылдьыым, онон соччо-бачча муҥкугуран муннугу кэйэ сылдьыбатым, сылдьа үөрүйэх киһи быһыытынан, лааҕыр олоҕор түргэнник үөрэнэн бардым. Сарсыарда сэттэ чааска горн тыаһынан ойутан туруораллар, былаһааккаҕа тахсан, кэчигирээн турабыт. Аймаҕым Морозов Костя — киминэн да солбуллубат бэртээхэй горнист. Онтун үтүөтүгэр, кэлин пионер сааһыттан тахсан да баран, горнистыы сылдьыбыта. Араас хамсаныылары оҥорон эппитин-хааммытын уһугуннарабыт. Күҥҥэ түөртэ аһыыбыт, эбиэттээн баран утуйабыт. Ардыгар горн тыаһынан, знамябытын өрө туппутунан, ырыанан эҕэҕэ сөтүөлүү барабыт. Күнүскү утуйуу саҕана, дьэ, сүгүнүнэн утуйбат эрэстииттэр бааллара. Улахан уолаттар салгын саатыгар кумааҕыны мөчөкөлүү ыстаан-ыстаан баран угаллар. Оннук иитиилээх саанан ытыалаан, сүгүн утуппат буолаллара. Оо, онно кыһыйан-абаран биэрэр этибит. Утары бочооттоһон туруоҕу күүс-уох кырата, хачаайыбыт да бэрдэ, эбиитин сааспытынан сабырыйтарар буоламмыт, кинилэр дьээбэлэрин-хооболорун тулуйа эрэ сатыырга тиийэрбит. Баһаатай киирэн кэллэҕинэ, утуйбута буолан кубулуналлар. Арыт, бэрт былдьаһан, бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуһан тиниктэһэн турдахтарына даҕаны көҥүллэрэ этэ. Биирдэ Сүлдьүкээр уолун (ааттарын уларыттым) Алексеев Айдаары кытта биһиги уолбут Иванов Айаал охсуһан туран кэллилэр. Билиҥҥи курдук буолуо дуо, ол эт илиинэн дайбаһыы оччолорго улахан алдьархайдаах охсуһуунан ааҕыллара. Уолаттар, хайа-хайалара тэҥ баайыылаах буолан, сабырыйар гына кыайсыбакка, охсуһуу муннукка туруунан түмүктэннэ. Кыратык сыҥсыйан ытаһыы да баар быһыылааҕа. Биһиги эрэйдээхтэр куттанан,
суорҕаммыт иһигэр кирийиэхпитинэн кирийэн утуйбута буолан сыттыбыт. Туран буойса-хаайса сылдьыыһыгын дуо, кыах суоҕа бэрт буоллаҕа. Сарсыарда, үгэспитинэн, эрчиллэ-мускулла таҕыстыбыт. Уубун кыайан хаммакка утуктуу-утуктуу, кэккэһэ туран, уҥа диэки көрбүтүм, арай маҥан туруусуктаах икки билбэт уолум баар буолан хаалбыттар. Арааһата, түүн, биһиги утуйа сыттахпытына, кэлбиттэр быһыылаах. Бу иннинэ хаһан даҕаны маҥан туруусуктаах уолаттары көрбөтөх буоламмын дьиктиргии санааммын саҥа таһааран күллүм. Кэлин билсибиппит: Павлов Никита, Егоров Алёша Үөһээ Мэйиктэн кэлбиттэр. Алёшабыт наһаа сайаҕас, кэпсээннээх-ипсээннээх оҕо этэ. Бука, кинигэни элбэхтик ааҕар оҕо буолуо. Араас айанньыттар тустарынан кэпсиирэ. Кэпсиир геройдара эҥин-эҥин хайалар хапчааннарын туораталыыллара, онтон да атын быһылааҥҥа түбэһэллэрин айахпытын атан олорон истэрбит. Сорох улахан уолаттар: — Кэпсээммит эмиэ хапчааҥҥа тиийдэ дуу, бу хаһан бүтэр хапчааный? — дэһэ-дэһэ күлсэллэр. Алёша ол аайы кыһаммат, кэпсээбитин курдук кэпсии олорор буолара. Арай биирдэ, киһи соччо сөтүөлүүр күнэ буолбатах быһыылааҕа, тымныы соҕус тыаллаах сөрүүн күн турбута. Ол үрдүнэн оҕолор пионер баһаатайтан көҥүллэтэн-көҥүллэтэн, били анал сөтүөлүүр эҕэбитигэр барбакка, олорор сирбит аннынан быһа, туох да тэрилэ суох сөтүөлүү киирэр буоллубут. Баһаатайбыт солото суох буолан барсыбата. Сэрэтии бөҕөтүн сэрэтэн ыыппыта. Сөтүөлүү киирэн иһэн көрдөхпүнэ, өрүс үрдүгэр турар интэринээт иккис эргэ дьиэтин икки түннүгэ аһаҕас тураллара. Онно биир аһаҕас түннүк холуодатыгар Егоров Коля уонна Потапов Алексей диэн үрдүкү кылаас уолаттара өйөнөн олорон кэпсэтэ хаалбыттара. Биһиги сөтүөлүү киирэн иһэрбитин сэрэйэн олордохторо. Үрдүк сыыры таҥнары сүүрэн тэлэмээттэннибит. Эҕэ тахсан сытара. Өрүс бэтэрээ өттүнэн инньэ Ханаҕа үрэҕиттэн кырылас чай таастаах арыы тумус орто оскуола анныгар диэри анньан тахсара, ол Бүлүү өрүс уута балачча түстэҕинэ буолара. Ону олохтоохтор эҕэ диэн ааттыыллара. Өрүс уута түспүт, эҕэ тахсыбыт дэнэрэ. Аэропорт суох эрдэҕинэ, онно почта таһар кыра сөмөлүөт түһэрэ: «ПО-2», кэлин «АН-12». Биһиги сөтүөлүү киирбит сирбит кытыытыттан дириҥээн барар уулааҕа. Уруккуттан баччааҥҥа диэри сатаан харбаабат оҕочоос, тобукпунан ууга киирэммин чомполоннум. Уута сөрүүн, кытыыга таҕыстахпына титирии сылдьабын. Ол иһин, таҥнан баран, сөтүөлүүр оҕолору көрө олордум. Мин көрдөхпүнэ оҕолор үксүлэрэ сатаан харбыыр курдуктар. Син балачча сөтүөлээн иһэннэр, Айааллаах Алёша мөккүһэн туран кэллилэр. Ким түргэнник уонна ыраахха харбыыр эбит дэһии буолла. Ким үөс өттүнэн, ким кытыынан харбаан барарын быһаарыстылар. Быһаарсыы түмүгэр Алёша үөс өттүнэн харбыыр буолла. Уолаттар оннуларын булаат: — Чэ-эй! — дэһээт, ууга түһүнэн кэбистилэр. Син балачча сири харбаан булумахтастылар, онтон эмискэ Алёша ууга чачайда быһыылаах: — Ууга түстүм! — диэн хаһыытаат, тимирбитинэн барда. Биһиги тааска кэчигирэһэн олорор оҕолор ыксыы түстүбүт. Айаал, уолун өрүһүйээри, үөс диэки харбаан киирдэ. Алёшата уу анныгар сылдьан, Айаалы атаҕыттан харбаан ылбыт. Айаал ууга чачайан, нэһиилэ мүччү тэбинэн, кытыыны булла. Алёшабыт эрэйдээх бастакы тимирээһинин кэннэ дагдайан таҕыста, төбөтө
эрэ көһүннэ. Ол көстөөтүн кытары халлаан оройугар киһи хараҕар көстөр сырдык сурааһыннаах төп-төгүрүк ии тахсан кэллэ. Оҕолор бары дьиибэргии көрдүбүт. Ити кэмҥэ өрүс уҥуоргу өттүн диэки уу мээрэйдээччи дуу, балыктыы дуу сылдьар нууччалар бааллара. Улахан уолаттар, кыргыттар көмөҕө ыҥыран хаһыытаспыттара даҕаны, ол дьон кумаар дыыгыныырыгар да холооботохторо. Истибэтэхтэрэ дуу, суолта биэрбэтэхтэрэ дуу. Чугаһынан биир даҕаны улахан киһи суоҕа. Ыксаллаах кэмҥэ итинник буолар эбит этэ. Кэлин санаатахха, били түннүккэ олорон хаалбыт улахан уолаттарга тыллыы сүүрүөххэ баара. Наһаа уолуйан хаалан, тааска хам хараҕаланан хаалбыт курдукпут, биир да оҕо төбөтүгэр оннук өй охсуллан ааспатах. Аны ааспытын да иһин абалаах дьыала. Оҕобут иккиһин күөрэйэн таҕыста. Коля диэн уол табаар дьааһыгын хаптаһынын үрдүгэр сытан киирэн быыһыы сатаабыта даҕаны кыайтарбатаҕа, хаптаһына түөрэ баран хаалбыта, инньэ гынан, кытыыны былдьаһарыгар эрэ тиийбитэ. Ол кэмҥэ халлааммыт оройугар били тахсыбыт төгүрүк иибит ортотунан туора биир сурааһын таҕыста. Алёшабыт илиитэ бэгэччэгиттэн үөһээ өттө көстөн ылара. Онтон үсүһүн төбөтө харааран көһүннэ, сонно тута кэриэтэ тимирэн хаалбыта. Ону кытары халлааҥҥа тахсан турбут иибитигэр кириэстии биир сурааһын тахсыбыта. Чочумча тура түһэн баран, сүтэн, симэлийэн киирэн барбыта. Кытылга уу чуумпу сатыылаабыта. Бу ыарахан, улахан хомолтолоох түгэн, оҕолору барыбытын, ыар тыынынан саба баттаабыта. Оҕотук уйан дууһабыт төһөлөөх аймаммыта буолуой? Ити мунчааран сөҥүөрэн олордохпутуна улахан аартыгынан Киинэ Уйбаана уу баһа киирэн иһэрэ көһүннэ. Лааҕыр оҕолоро, Уйбааны үчүгэйдик билэбит. Биһиэхэ кэмиттэн кэмигэр саҥа киинэ кэллэҕинэ көрдөрөөччү. Кулууппут ол багдаллан көстөр, эргэ таҥара дьиэтин кулууп гынан олорорбут. Улахан оскуоланы кытары кэккэлэһэ турара. Хас да оҕо Уйбааҥҥа утары сүүрэн тиийэннэр, оҕо ууга түспүтүн кэпсээтилэр. Уйбааммыт ыксаабыт көрүҥнээх сүүрэн кэллэ уонна ханан түспүтүн ыйдаран баран, ууга киирэн, умсан хаалла. Биһиги кэтэспит санаабытыгар өр баҕайы буолла. Чочумча буолаат, бэйэтэ эрэ тахсан кэллэ. Өссө тыын ылаат, иккиһин умуста. Өр-өтөр буолбата, Алёшабытын көтөҕөн таһаарда. Уолбут өрүс дьааматын бурууругар эрийтэрэн, ууга былдьанаахтаабыт эбит. Төһө эрэ тахса сатаан эрэйдэннэ. Уйбаан, Алёшабытын тобугар быардыы быраҕан, уутун хачайдаан таһаарда. Испит уута айаҕынан кэлэ турара. Онтон тыын киллэрэ сатаабыттара даҕаны, хойутааһын буолбут этэ. Ити кэмҥэ улахан дьон мустан бардылар. Хомнуо хойут оҕолор тыллыы сүүрбүттэр бадахтаах. Ону отой өйдөөбөт эбиппин. Алёшаны улахан эргэ оскуолаҕа таһаарбыттара. Оттон биһиги интэринээппит дьиэтигэр сукуҥнаспыппыт. Хоспутугар киирэн, саҥардыы оннубутун булан эрдэхпитинэ, ааны өҥөйөн туран: — Оскуолаҕа Алёша таҥна сылдьыбыт таҥаһын илдьэн биэрэр үһүгүт, — диэтилэр. Аны туран, ол таҥаһы ким да илдьэн биэриэн баҕарбата. Куттаммыттара бэрт буолуо. Улахан уолаттар өр толкуйдуу барбатылар: — Эн илдьэн биэр! — диэн дьаһайан баран, Алёша таҥаһын миэхэ көтөхтөрөн кэбистилэр. Ойдуом дуу, быстыам дуу, илдьэрбэр тиийдэҕим дии. Мин эмиэ куттаммытым,
долгуйбутум адьас ааһа илик. Барбах сыкырдаан, улахан оскуолаҕа тиийдим. Сөрүүн баҕайы оскуолаҕа киирэн кэллим. Таҥаспын хайа да диэки илдьиэхпин билбэккэ тэпсэҥнии турдум. Өлүөхсүтү уҥа диэки ортоку улахан кылааска киллэрбиттэр. Улахан дьон мэһэйдээннэр кыайан көрбөтүм. Ити кэмҥэ хаптаһынын аҕалан бэлэмнээн эрэллэрэ. Сайыҥҥы кэм буолан, ыксал буоллаҕа буолуо. Ханаҕа Баһылай оҕонньор хоруобун оҥороору сылдьара. Мин Алёша таҥаһын биэрээт, тахсар ааны былдьаспытым. Хайдах даҕаны тулуйар кыах суоҕа. Таһырдьа тахсаммын арыый кэҥииргэ дылы гыммытым. Кэлин ийэбиттэн истибитим, хаан уруу аймаҕым оҕо буолан биэрбитэ. Ол иһин буолуо, баҕар, Алёша былаҕайга былдьаммытын алыс чугастык ылыммытым. Билиҥҥэ диэри өйбүттэн-сүрэхпиттэн сүппэккэ сырыттаҕа. Сарсыныгар холкуос баарсалаах катерынан Үөһээ Мэйиккэ өрө тиэйэн илдьибиттэрэ. Хоруобун баарса ортотугар уурбуттара, ыраахха диэри маҥхайан бара турбута олус даҕаны хараастыылааҕа. Күн бэҕэһээ бииргэ күлэ-үөрэ оонньуу сылдьыбыт оҕоҥ итинник суорума суолланан хаалара абалаах дьыала буоллаҕа... Алёша былаҕайга былдьатыыта айылҕаны кытта ситимнээх курдук көстүбүтэ. Халлаан оройугар, дьэ, туох төгүрүк сырдык иитэ таҕыста? Ол иибит иһигэр кириэстии сурааһыннар тахсыбыттара эмиэ дьикти. Оннук көстүүнү туох диэн быһаарыахха сөбүй диэн ыйытыахпын баҕарабын... Валерий ЭРКИН.
kyym.ru сайтан