Кэпсээ
Войти Регистрация

Иккистээн тыллыбыт сардаана (Кэпсээн салгыыта)

Главная / Кэпсээн арааһа / Иккистээн тыллыбыт сардаана (Кэпсээн салгыыта)

K
edersaas.ru Категорията суох
25.10.2021 21:24
         Аанчык таксига олорон хараҕын уутун сатаан тохтоппотоҕо…Кини бүгүн Толигы көрүөм эрэ дии санаабатаҕа. Кини бу үрдүк үөрэҕи кэтэхтэн бүтэрэ кэлэ сылдьара. Кэлбитэ номнуо ый курдук буолбута. Бүгүн бу бииргэ үөрэнэр кыыһа Катя дэлби хаайан кулуупка баран билэр дьонун көрсөн, барыта быа-туһах диэбит курдук, барыта киһи үөйбэтэх өттүттэн буоллаҕа…Олус да ахтыбыт эбит ити харахтары… Санаатыгар үйэ аҥара утары көрсөн баран турдулар, бу орто дойдуга баар сүүһүнэн мөлүйүөн харахтартан ити эрэ харахтары  билигин да суохтуурун, ити эрэ көрүүнү күннэтэ көрдүүрүн билэн Аанчык бэйэтэ бэйэтиттэн олус куттанна. Барытын умнубут курдуга дии, эмиэ барыта хат саҕаланар дуо… Суох, мин умнуохтаахпын, мин кинини саныа суохтаахпын, табыллыбат, кэбис… Ибис-инчэҕэй буолбут сыттыгар умса түһэн ытыырын биллэрбэккэ, кыайан утуйбакка сыппыта. Туран уу испитэ, түннүккэ кэлэн таһырдьаны одуулуу туран аан бастаан Толялыын билсибитин санаабыта. Олус да оҕолуу истиҥ доҕордуу этилэр, билигин санаатахха, киһи да күлүөх. Онтон Толяттан сурук туппута, оо, ол онно кини саҕа дьоллоох кыыс бүтүн аан дойду үрдүнэн суоҕа. Хоһун кыргыттара тэҥҥэ үөрэн, туох баар мааны таҥастарыттан уларсан, кырааскалаан, баттаҕын эрийэн сарсыҥҥы күнүгэр киһи билбэт кыыһа буола тупсан, аһары киэргэммититтэн Аанчык бэйэтэ да кыбыста-кыбыста үөрэҕэр тахсыбыта. Санаатыгар Толик кыраһыабай, мааны кыргыттары таптыахтааҕын курдуга. Бу санаатахха, бэйэтин наһаа да түһэринэр, сэнэнэр эбит… Санаатыгар, Толя чугаһаан кэпсэтиэ, ханна эмэ ыҥырыа диэн ээр-сэмээр күүтэрэ да, көрүстэҕинэ тугу да саҥарбата, кыыһырбыттыы алларааттан үөһээ көрөн таһаарара. Эбиитин уопсай кыргыттарын үгүстэрин кытта сылдьарын, кыргыттарын бэрчээккэ курдук уларытарын туһунан үгүс сураҕы истибитэ. Ордук Вика диэн кыыс уҥа-таала кэпсиирэ, кинини суругунан көмөрүн, хоһоон айан ыытарын, ону кини сөбүлээбэтин Аанчык истэрин курдук киэһэ ахсын киирэн, чэй испитэ буола олорон кэпсиирэ. Аанчык итэҕэйиэн баҕарбатаҕа, ол эрээри доҕордоһуу киэһэтигэр атын кыыстыын үҥкүүлүү сылдьарын көрөн олус кэлэйбитэ. Ол киэһэ Толикка суруйбут суруктарын барытын уоттаабыта. Үөрэҕин быыһыгар эдьиийигэр Өктөмҥө оҕо көрсөрө, күтүөтүн быраата иномарка массыынатынан таһара. Оннук үс сыл биллибэккэ ааспыта, үөрэҕин бүтэрэн дойдулаабыта. Үөрэммит оскуолатыгар тута маҥнайгы кылаастары ылбыта, ийэтэ өр ыарытыйан бу орто дойдуттан барбыта, ииппит аҕата иһэр-аһыыр этэ, ону тулуйумуна, учууталлар уопсайдарыгар көспүтэ. Ол сылдьан Толя ыал буолбутун истэн сүрдээҕин хомойбута. Иһигэр куруук эрэнэр этэ, сибэкки дьөрбөлөөх киирэн кэлиэ диэн, ол эрэлэ уостан, бу олоххо кинини үөрдүөх туох да суох курдук буолбута. Хоту дойду сааһа дойду сааһыттан салгынныын атына. Аанчык бу киһини туймаардар салгыны олус ахтыбытын өйдөөбүтэ. Дойдутун  сааһа оҕо сааһыгар эргиппит курдук буолбута. Уруккутун курдук күлэрэ-үөрэрэ элбээбитэ, нэһилиэк араас тэрээһиннэригэр кыттан сэргэхсийбитэ, саҥа ырыалары айан санаата көнньүөрэ сылдьара. Бу кэмҥэ армияттан, оскуолаҕа кинилэртэн алын кылааска үөрэммит  Руслан кэлбитэ. Руслан Аанчыгы
урут да сөбүлүүрэ, билигин улахан киһилии аһаҕастык тапталга билиммитэ, ыал буолуох диэн хаайбыта. Аанчык да сааһым ыраатан хаалыа, оҕолонуом-урууланыам, барыта этэҥҥэ буолуо, испэт-аһаабат, туруу үлэһит уол хаһан да атаҕастыа суоҕа диэн эрэнэн туран өр толкуйдаан баран, сөпсөһөрүн биллэрбитэ. Руслан дьоно тулаайах кийииттэрин төһө да сөбүлээбэтэллэр, кыра соҕус уруу оҕотун тэрийбиттэрэ. Аанчык сирдээҕи олоҕун киэргэтэр, сүрэҕин чопчута кыыс оҕоломмута. Кыыһы Сардаана диэн сахалыы ааттаабыттара. Кэргэнин дьоно көмөлөһөн үлэтигэр да улаханнык киэптэппэтэҕэ, бу үөрэҕин да быспатаҕа. Хомойоро-хоргутара эриттэн эрэ этэ. Куруук күнүүлүүрэ, онтон сылтаан киҥир-хаҥыр кэпсэтэллэрэ элбээбитэ уонна хотуна бу үөрэнэрин, кулуупка сылдьарын, ыллыырын сөбүлээбэтэ. Уолун утары туруоран тэптэрэн биэрэрэ. Чэ, ити хааллын… Толя, тоҕо мин эйигин сатаан умнубаппыный? Тоҕо?…  Хаалла дии ардах анныгар сып-сылааһынан көрбүт харахтардаах… умнуом дуо аны ити харахтары… умнуохтаахпын… саныа суохтаахпын… Аанчык аралдьыйаары кинигэ ылан аахпыта буолбута да, өйө-санаата атыҥҥа этэ. Үөрэнэ сырыттаҕына Толя кэлэн иккитэ-үстэ көрсө сатаабытын Аанчык чугаһаппатаҕа. Дипломун көмүскээн, үрдүк үөрэхтэнэн этэҥҥэ Сахатын сиригэр көппүтэ. Дьокуускайга кэлэн үс күн хаайтаран дьиэтигэр тиийбитэ. Сүрэҕэ тоҕо эрэ бобута тутара, туох  эрэ куһаҕаны биттэнэрэ. Дьиэтин аанын арыйбыта никсик сыта муннугар саба биэрбитэ. Бастаан атын дьиэҕэ киирдим дуу дии санаабыта… Хаһан да арыгы диэни испэтэх эрэ Руслан арыгылаабыта ырааппытын билбитэ. Бү күнтэн ыла Аанчык «арыгыһыт ойоҕо» диэн ааттаах эрэйдээх-буруйдаах олоҕо саҕаламмыта. Арахсаллара, онтон аны хаһан да иһиэ суох буолан төттөрү холбоһоллоро. Кэлин Руслана илиитин көтөҕөр буолбута. Аанчык кырбана сылдьан Толятын саныыра… Ньургун Боотур курдук бу абааһы олоҕуттан кэлэн быыһаан ыллар диэн… Руслан булчут этэ, уһун кэмҥэ бултуу бардаҕына, Аанчык барахсан сынньана түһэрэ. Арахсыан бэркэ баҕарара, ол эрээри арахсан да ханна барыай, үҥсэн да кимиэхэ тиийиэй? Маннык быһыынан олорбуттара, кыыстарын Сардаана кэннэ үс уол оҕоломмуттара. Нэһилиэк дьоно Анна Ивановна  ыарахан олохтооҕун билбэттэрэ, бэйэтэ да ытана сылдьыбата. Биэс сыллааҕыта Руслан ууга былдьаммыта, Аанчык түөрт улаатан эрэр оҕолоох огдообо хаалбыта. Толя Хабаровскайтан эргиллэн кэлэн баран үлэтигэр умса түспүтэ. Кэтэхтэн үөрэнэн үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Сотору кэминэн оскуола дириэктэринэн анаммыта, онтон улуус үөрэҕин салаатын салайааччытынан үлэлээбитэ. Билигин бу куоракка киирэн үөрэх министиэристибэтин тутаах үлэһитэ буолла. Марината куруук аттыгар, уоллара номнуо студент. Кэлин кыайан оҕоломмотохторо. ЯПУ үбүлүөйүгэр «Триумф» дьонунан толору туолбут этэ. Толя баҕар Аанчыгы көрөөйөмүй диэн долгуйан сүгүн олорботоҕо, үгүс дьон быыһыттан Аанчыгын булаары куруук ааһар, кэлэр-барар дьону кыҥастаһара. Бииргэ үөрэммит доҕотторо көрсүһэн үөрүүлэрэ муҥура суоҕа. Киэһэтин биир эмэ рестораҥҥа эрдэттэн үлэһэн, онно олоро түһэргэ быһаарыммыттара. Кэккэлэһэ остуолга биир кэмҥэ начальнай кылаас идэтигэр үөрэммит кыргыттара олороллоро, сүбэлэһэн баран, ФО уолаттара остуолу холбуурга быһаарыммытара. Кэпсээн, ырыа-тойук саҕаламмыта, бу олордохторуна, үс кыыс киирбитэ. Толя доҕорун Киэсик
кэргэнин Галяны тута билбитэ уонна биирэ кимиэхэ эрэ олус майгынныыра,  сүрэҕинэн Аанчык буоларын сэрэйбитэ. Аанчык уруккутун курдук имэ тэтэркэйэ, сыл-хонук киниэхэ өссө тупсууну биэрбит курдуга, арай ол дириҥ далай харахтар эрэ уларыйбатах этилэр….Толяны көрөөр билбэтэҕэ буолан дьүөгэлэрин кытта күлэ-үөрэ сэлэспитэ буолбута. Бытаан үҥкүү тыаһаабытыгар, Толя бэрт ыксалынан, куоттаран кэбиһиэм диэбиттии, Аанчыгы үҥкүүгэ ыҥырбыта. Иккиэн да уон аҕыстаах оҕолуу, долгуйа-долгуйа бу биир бытаан үҥкүүнү үҥкүүлээбиттэрэ. Аанчык Толя кэтит санныгар төбөтүн ууран, бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын уутун кыайан туттумматаҕа. Оргууй сибигинэйэн Толяҕа: «Толя, эн биһиги акаарыларбыт, эн миигин таптыыгын, мин ону билэбин, мин эйигин таптыырбын эн эмиэ билэҕин. Ол эрэн биһиги бииргэ буолбатахпыт, буолуохпут да суоҕа, миигин бука диэн бырастыы гын, мин эйигин бырастыы гыммытым…” — Тоҕо, Аанчык, мин эйигин… -диэн истэҕинэ — Тугу даҕаны саҥарыма…- Аанчык хараҕын уутун дьонтон кистээн сотто-сотто дьүөгэлэригэр төннүбүтэ. Кыратык олоро түһэн баран, Аанчык Галялыын тахсан барбыттара. Толя Галяны билэр буолан мух-мах баран кыайан барсыбатаҕа. Ол киэһэ Аанчык Галялаах Кешаҕа хоммута. Толик Киэсик доҕоро буоларын билэн, иккиэн да соһуйбуттара. Галя дьүөгэтэ кэпсиир Толята, кини Кешатын чугас доҕоро буолуо дии санаабат этэ. Ол түүн Аанчык дьүөгэтигэр олоҕун барытын кэпсээбитэ, ытаһан да, күлэн да ылбыттара. Онтон ол кэпсээни Галя кэлин эригэр Киэсиккэ кэпсээбитин, Киэсик миэхэ кэпсээбитэ. Мин ону эһиэхэ бэрт кыратык уларытан-тэлэритэн тиэртим. Арба, бу киэһэ Толя биһигини кытары тоҕо суоҕун быһаарбатахпын дии… Толя Мариналыын номнуо кийиит көрсөөрү түбүгүрэ сылдьыбыттара. Кэлин Толик миэхэ бэрт дьиктини кэпсээбитэ. Куукунаттан соркуой кутан саалаҕа илдьэн истэҕинэ, уола кыыһынаан киирэн кэлбиттэр. «Аҕаа, билсэн кэбис, Сардаана диэн», — диэбитигэр, Толя хараҕа көрөрүн итэҕэйбэккэ, долгуйан ол соркуойдаах иһитин тоҕо түһэрэн кэбиспит. Көрдөҕүнэ, оруобуна үкчү кини Аанчыгын курдук кыыс киирэн, сардаана сибэкки курдук килбигийэн, имэ тэтэрэ турара… Марина иһит алдьанара дьолго дии-дии, оҕолорун сыллаталаан көрсүбүтэ. Дьэ дьикти буолар эбит, дьылҕа хаан оҥоһуута… Сороҕор ити курдук таптаһар сүрэхтэр кыайан бииргэ буолбакка хаалаллар. Ол кэнэммититтэн, килбикпититтэн эбитэ дуу, эбэтэр сахалыы бэйэбит тоҥуй сыһыаммытыттан эбитэ дуу… Сэрэйбиккит курдук, Толиктаах Аанчык аймахтыы буолан, сотору Аанчык уруу тэрээһинин түбүгэр хотуттан кэлиэхтээх… Захар Никитин, Дьокуускай. Уруһуй: w-dog.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан