Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күһүҥҥү добдурҕаҕа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күһүҥҥү добдурҕаҕа
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
28.03.2019 16:36
Мантан тэскилиэххэ Күһүҥҥү добдурҕаҕа дьоҕус сүгэһэрдээх, уҥа илиитигэр мас тайахтаах эдэрчи киһи иннин хоту содьороҥноон истэ. Эргэ тэлигириэйкэтин тирии курунан ыга тардыммыт, сөп буола-буола кэннин хайыһан көрөр, тохтуу түһэн иһиллээмэхтиир уонна эмиэ айанын салгыыр. Куораттыыр тыраассаҕа киирбитэ ыраатта да, биир да массыына сиппэт, бэл, утары өттүттэн даҕаны мэлигир. Чокуур бириискэттэн бэҕэһээ сарсыарда арахпыта, ол тухары иэгэйэр икки атахтааҕы харахтыы илик. Кырдьыга баара, маҥнай утаа «ким да сиппэтэр ханнык» диэн баҕа санаалааҕа. Бириискэ илиэһэйдэрэ тойоннорун ускайдааһынынан тугу баҕарар оҥоруохтарын сөп. Холобура, дьакыйан баран, бу хойуу тыа быыһыгар көмөн кэбистэхтэринэ, ким билиэй?! Төһөлөөх киһи ол курдук суорума суолламмытын сир ийэ эрэ билэн сыттаҕа. Били, тэлэбиисэргэ көрдөрөр «Платина» эҥин киинэ курдук. Чокуур бэйэтэ даҕаны, били, «оһол-төрүөт төрдө Онохочоон-Чоохоон баар үһү» диэн уос номоҕор дылы, эрэйи-муҥу баҕас сонно бэйэтинэн булар быһыылаах. Бу да дойдуну булбутуон! Дьиҥэр, көҥүлгэ тахсан баран, уһаабакка-кэҥээбэккэ дойдулаан хаалбыта буоллар, маннык сордонуо суох этэ. Аргыһа Хабытай Хаанньа «ол дойдуга» сытан «бириискэҕэ тиийэн көмүскэ үлэлиэх, сатаннахха, киһи түргэнник байар баҕайыта» диэн, син өр «аалбыта». Ону быһа гыммакка, уонна «дьол хараҕа суох, баҕар, табылыннахха, этэллэрин курдук, байан-тайан да хаалыахха сөп» дии санаан, баахта дьонун кытта булсан бу туочукаҕа кэлбиттэрэ. Бу – хаартаҕа ханна да бэлиэтэммэтэх, былыр элбэх киһи сору-муҥу көрбүт хаайыы сирэ үһү. Үлэлии диэн ааттаан кэлбит тэрилтэлэрин усулуобуйата, кырдьык, дьэбир этэ: арыгы истиҥ – үүрүллэҕин, туох эмэ бэрээдэги кэстиҥ – эмиэ. Өрөбүл диэн суох, күн аайы сарсыарда 8 чаастан киэһэ аҕыска диэри үлэлээ да үлэлээ. Чокуур тиэхиньикэҕэ арыый сыһыаннаах буолан (урут мэхээнньик идэтигэр үөрэнэ сылдьыбыттаах), силиэсэрдээбитэ. Тойоно туох омугун билбэт: арай нуучча буолбатаҕа чуолкай. Сутуругар сокуоннаах, ытыһыгар ыйаахтаах диэн маннык дьону этэр буолуохтаахтар. Тугу эмэ сөбүлээбэтэ да, ыаҕас саҕа сутуругунан биирдэ саайан кэбиһэр. Ким да өрөлөспөт – куттаналлар. Үөһээҥҥи тойотторо бу киһийдэҕи кигэр буолуохтарын сөп, ол иһин көҥүл киэптиирэ, талбытынан дьарыйталыыра. Ити гынан баран биирдэ эмэ арыгы испитэ диэн суох быһыылаах. Арыгы диэбиккэ дылы, Хабытай Хаанньа хачыгаарка нааратын анныгар 20 лиитирэлээх кэниистирэҕэ быраага туруорбута. «Төрөөбүт күммүн бэлиэтиэхпит» диэн Чокуурга сибис гыммыттаах. Ол эрээри быраага көөнньүбүт сыта-сымара дэлэ дуо – үһүс хонугар сонно булбуттара уонна кимиэнэ буоларын начаас ыккардыгар быһаарбыттара. Манна зона буолбатах: бэрээдэктэрэ кытаанах, этэргэ дылы, эһэ – борокуруор, бөрө – судьуйа. Холуонньаҕа «борокуруорга үҥсүөм» эҥин диэн, төһө баҕарар тылгынан кыырыаххын сөп, оттон манна – атын. Хаанньа сордоох, куолутунан, «быһаарса» сатаабыта буолуо эрээри, тугу гынаахтыай. Улаханнык кырбаммыт киһини массыынаҕа тиэйэн ханна эрэ илпиттэр үһү. Чокуур «бу дойду өлөр өлүү дьуоҕата эбит, түргэнник тэскилээтэххэ сатаныыһы» диэн, хас да бухааҥка килиэби үрүсээгэр хаалаан баран,
биир сарсыарда, халлаан саҥардыы суһуктуйан эрдэҕинэ, тыас хомуммута. Уруккута син кыанар ыччат этэ, онон икки хас күнүнэн Күстэхтээх диэн бөһүөлэккэ тиийиэхтээҕэ. Ол эрээри оонньууската чараас буолан, киирсэбэй саппыкытыгар атаҕын оҕустаран буорайда. Төһө да тайахтаннар, содьороҥ киһи айана биллэ бытаарда. Чэй оргутан иһэргэ солуурчах той ылбатаҕа, көлүччэ кэллэҕинэ, иһэ тымныйыар диэри иһэн киллиргэтэр, килиэбин онно илитэн сиир уонна салгыы айанныыр. «Туочукаттан» тахсыбыт суол омооно тыраассаҕа аҕалбытын кэннэ арыый үөһэ тыыммыта. Чокуур аҕа иитиитэ диэни билбэтэҕэ: төрөппүттэрэ кини балтараалааҕар арахсыбыттар үһү. Ийэтэ эрэйдээх бу син дьоҕурдаах оҕотун төһө кыайарынан иитэ сатаабыта да, уола оскуоланы нэһииччэ бүтэрээт, Дьоллоох Дьокуускайы булбута. Көрүүтэ-истиитэ суох тэтиэнэх ыччат муор-туор олох долгунугар оҕустаран, устунан хаайыы киһитэ буолбута. Ол бэйэтэ бу содьороҥноон истэҕэ. Кини билигин бигэ санаата биир: Дьокуускайга буолбакка, ханна эрэ ыраах – тыаҕа – нус бааччы олорбут киһи диэн. Ол аайы быстахха киирэн биэриэ суоҕа, киһилии олоруо, баҕар, дьиэ-уот да тэриниэ. Кылаабынайа, санааҥ эрэ күүстээх буоллун. Ити курдук санаа кулута буолан үнүөхтээн истэҕинэ, кэннигэр массыына сигинээллээтэ... Күстэхтээххэ УАЗ иһигэр биэс хас киһи баара. Эмп-томп сыта саба биэрбититтэн сабаҕалаатахха, балыыһа массыыната быһыылааҕа. Суоппары кытта сэргэстэһэ олорор дьахтар аҥаардастыы саҥарар-иҥэрэр – быраастара эбит. Борук-сорук буолан, баҕар, ыраахтан айаннаан иһэр дьон сылайдахтара даҕаны, бэйэлэрэ-бэйэлэригэр бүгэн, нэксиэҕэ эрэ өйдөнөн кэлэр курдуктар. Чокуур сылааска киирэн, муннукка миэстэ булан иһийдэ уонна устунан нухарыйан барда. Төһө өр айаннаабыттара буолла – били, быраас дьахтар Чокууру сиэҕиттэн тардыалыы аҕай олорор эбит: – Уһугуо-он-уһугун! Бөһүө-лэккэ кэллибит, ханна түһэҕин? – Кэллибит даа? Бэйи, билигин... – диэн үнүөхтээн тахсан иһэн Чокуур сүһүөҕүн булбакка охтон түстэ. Бүүс-бүтүннүү көһүйэн хаалбыт, били, атаҕын саппыкыга оҕустарбыта адьас хамсаппат. Куока, иһирдьэ киллэриэх эрэ, бадаҕа, ыраахтан сылдьар киһи быһыылаах, ыалдьыбыт дуу, хайдах дуу? – быраас арыый сымнаабыт куолаһынан суоппарын дьаһайда. Балыыһаҕа кэлбиттэр эбит. Киирэн саппыкытын устан көрөн баран, быраас төбөтүн быһа илгиһиннэ уонна: – Чэ, бу түүн манна хонон эр. Сарсын быһаарыахпыт, – диэн баран, дьахтар дьуһуурунай сиэстэрэҕэ «бааһын бэрэбээскэлээр уонна олохтоор» диэн соруйда... Чокууру биир ыарыһаҕы кытта олохтоотулар. Лэгиэн, эрийэ хаппыт, быһата, ыарыы буулаан, уҥуох-тирии киһи эбит. Бу да буоллар кэпсээнэ-ипсээнэ дэлэй, былаана баһаам буолан биэрдэ. Балыыһаны булбута ыйтан орпут, хата, илим баайар, онтун быыһыгар этэрбэс улларар дьарыктаах эбит. Дьокуускай хайа эрэ тыатыттан төрүттээх, манна күтүөт буолан кэлэн баран, олоҕор табыллыбатах: ойоҕо атын киһини батыһан куораттаабыта хас эмэ сыл буолбут. Туох да уруу-аймах суох киһитэ, оҥойор айаҕар уонча тыһыынча биэнсийэ сыыстаах. Ол эрээри санаатын ончу түһэрбэт эбит. Дьылҕа диэн итинник ээ. Чокуур түһээн да баттаппатах дойдутугар кэлэн баран, олоххо сыһыана уларыйа түстэҕиэн! Ама, бу
Лэгиэнтэн туох итэҕэстээх үһүнүй?! Көрдөххө, аҥаар атаҕынан ииҥҥэ киириэхчэ курдук көрүҥнээх да, хата, киһиҥ санаата бөҕөх. Бэйэтэ этэринэн, маҕаһыын таһыгар ыыспалаах үһү. Онон сөбүлэһэр буоллаҕына, Чокууру дьукаах да киллэриэхпин сөп диэн үөртэ. * * * Чокуур Лэгиэҥҥэ дьукаах олорбута ыраатта. Бөһүөлэги олус сөбүлээтэ. Тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буолан, маннааҕылар да сөбүлээтилэр. Сантехник, сыбаарсык идэлээҕэ кими барытын абыраата. Ким да кинини туораппат, «урут хайдах-туох дьарыктаах этигиний?» диэн билэ-көрө, ыаспыйалыы сатаабат. Испэт-аһаабат, туруу үлэһит киһини ким сириэй, бу чааһыгар баҕас Чокуурга тэҥнэһэр аҕыйах буолуохтаах. Ол эрээри бөһүөлэккэ урукку сэбиэскэй саҕанааҕы курдук буолбатах, үлэ-хара кэмчи. Сүүсчэкэ оҕолоох оскуола, отучча иитиллээччилээх дьыссаат, дьоҕус кэлэктииптээх балыыһа, буоста баар. Ол да буоллар олох син биир күөстүү оргуйар. Чокууру тыа хаһаайыстыбатын предприятиетыгар оробуочайынан ыллылар, ол эрээри хамнас диэн дуона суох. Хата, биэдэмэскэ суруйан аһынан-үөлүнэн син хааччыйаллар. Доруобай эрэ буолуохха наада. Чокуур Лэгиэнтэн элбэххэ үөрэннэ: илим баайарга, этэрбэс улларарга. Сороҕор уолаттары кытта илимҥэ сылдьыһар. Ол эрээри маныаха көлөлөөх эрэ буоллаххына сатанар: балыктыыр күөллэрэ аҕыс хас биэрэстэ. Көлөнү таһынан таҥас-сап, тэрил – быһата, бары-барыта наада. Чокуур илими сатаан көрбөт, тарбаҕа тоҥоро бэрт. Маннааҕылар ити чааһыгар баҕас үөрүйэхтэр, тоҥоллоро-хаталлара төрүт биллибэт. Чэ, илимҥэ ылбычча киһи соччо сыстыбат эбит, хата, ол оннугар унтуу уллардаҕына, кимиэхэ эмэ бураан өрөмүөннэстэҕинэ, сыбааркалаатаҕына, балык кэлэ турар. Манна диэн эттэххэ, быраҥааттаны тоҥнуу эрэ сиир, буспуту, ыһаарыламмыты соччо сөбүлээбэт. Хата, собо эбитэ буоллар, бэркэ киирсиэх эбит. Ол эрээри бу дойдуга собо диэн мэлигир. Биирдэ киэһээҥҥи аһылыктарын кэнниттэн тэлэбиисэр көрө олордохторуна, таһырдьаттан урут хаһан да көрбөтөх кыыһа киирэн кэллэ. Унтуу уллартара аҕалбыт. Бу ис киирбэх көрүҥнээх кыыһы ханна эрэ көрбүт курдук саныыр да билиэхчэ-билбэтэ. Онтон дьэ өйдөөн кэллэ. Дьокуускайга көрбүт эбит. Оптуобустан түһэн саҥардыы баран истэҕинэ икки уол элэс гынан ааһааттарын кытта кыыс часкыйа түспүтэ. Били уолаттар кыыс суумкатын былдьаан баран, сүүрэн быыппаста турбуттара. Туох имнэммитэ эбитэ буолла, Чокуур күөйэ ыстаммыта уонна суумка тутуурдаах уолу ситэ баттаан ылаат, хатыйан түһэрбитэ. Иккис уол суола сойбут этэ. Суумканы эһэ охсон ылан, кутталыттан хайыан да билбэккэ турар кыыска илдьэн биэрбитигэр биирдэрэ үөрэн өлө сыспыта. Чокуур, хата, бу кыыһы атаарар дьолломмута. Саргылаана пединститукка үөрэнэр эбит. Өр кэпсэппиттэрэ. Ол эрээри хайдах эрэ сибээстэрэ быстан хаалбыта. Дьэ, бу көрүстэхтэрэ. – Мин эйигин сонно билбитим. Хайдах бу дойдуга баар буолан хааллыҥ? – Саргылаана Чокууру иккистээн көрбүтүттэн чахчы үөрбүт киэбинэн ыйытта. – Дьылҕа диэн баар буоллаҕа дии. Эн бу дойду кыыһа эбиккин дии. Хата, өссө биир үчүгэйдик билэр киһилэнним. Аҕал унтуугун. Учуутал киһи киэнин бэрт түргэнник улларыам буоллаҕа. Дьиэҕэр атаарабын дуо? Таһырдьа ый сырдыгар уоллаах кыыс ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ
аргыый хаамса турбуттара. Үтүө чаас тосхойдо. Дьылҕа диэн дьэ маннык буоллаҕа. Эдэрдэр сибээстэрэ быстыбатын. Саҥа олох саҕаланнын. Санаа хоту буоллаҕына, туох барыта сатаныах тустаах. Оннук эрэ буоллун. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан