Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа кулуупка
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа кулуупка
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.01.2017 17:00
Бэрт өрдөөҕүтэ этэ. Отчуттар биригээдэлэрин салайар Миисэ киэһэ хойутаан дьиэтигэр барардыы тэриммитэ. Таарыйа отчуттарыгар килиэп аҕалар уонна хонтуораҕа таарыйар санаалааҕа. Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru «Бу да киһи, айаннаатаҕыҥ тугуҥ хойутай!» дии хаалбыта түсчүт Бааска. Миисэ саҥата суох матасыыкылыгар олорон баран көтүтэ турбута. Ити икки ардыгар эмискэ баҕайы ардах таммалаан, кутуу суол инчэйэн барбыта. Суол хайдах эрэ ньылбырытыах курдук буолан барбыта. Хайдахтаах да ардах хотуппат бириһиэн сонноох буолан, Миисэ онтон улаханнык уолуйбатаҕа. Арай тыраасса ааттаахха бу киэһэ утары иһэр биир да массыынаны көрсүбэтэҕэ. «Паром кэлбэтэх буоллаҕа дуу?» Итинник арааһы санаан истэҕинэ эмискэ эдэрчи дьахтар суол кытыытыгар турарын көрө биэрбитэ. «Тыый, бэйэбэр диэри бачча хойут ханна баран иһэр буоллаҕай?» дии санаабыта уонна тохтообутун бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалбыта. Матасыыкыл тохтообутугар дьахтар бэрт чэпчэкитик олорунан кэбиспитэ. Ардах түһэрэ күүһүрүөх курдугуттан тутуу былдьаспыт курдук, хойукку айанньыттар түһүнэн кэбиспиттэрэ. Эр да киһи, дьахтар даҕаны хайалара даҕаны кэпсэтэ сатаабатахтара. Син балайда айаннаабыттарын кэннэ утуйан эрэр үөһээ дэриэбинэ уота онон-манан көстүбүтэ. «Хайа, суолга хаалаҕын дуу? — диэбитигэр эрэ аргыһа: «Кулуупка тиийиэм этэ», — диэбитэ бэрт симиктик. Дьиэтигэр чугаһаабыт киһи быһыытынан Миисэ дьахтар ити тылларыгар соччо болҕойботоҕо. Муочатыгар эрэ тиийэ охсор санаата да баһыйара быһыылааҕа. Кулууп таһыгар тохтоон эрэ баран хараҥатыттан соһуйбута. Үҥкүүлээбэт эбиттэр дуу? Дьахтар чэп-чэпчэкитик ойон түспүтэ. Саҥата суох хараҥа кулууп иһигэр мэлис гынан хаалбыта. Итинниги көрүөм диэбэтэх Миисэ сүрэҕэ айаҕынан тахса сыспыта. Биирдэ өйдөөбүтэ дьиэтин таһыгар матасыыкылыгар олороро. Эрин матасыыкыла бирилиир тыаһын истэн Муоча сүүрэн тахсыбыта. Миисэтэ хараҕа былчайыаҕынан былчайбыт. «Кулууп, кулууп», — диирэ эрэ. Муоча эрин күүскэ илгиэлии-илгиэлии хаһытаабыта: «Нохоо, хайдах буоллуҥ!» — диэбитигэр эмискэ өйүгэр түспүтэ. Уонна туохтан эрэ куотардыы дьиэтигэр ыстаммыта. Онтон дьэ уоскуйан, чэйдээн баран туохха түбэспитин кэпсээбитэ. Сарсыныгар отчуттарыгар, киһи эрэ буоллар, эрдэ тиийбитэ. Тойоннорун саппаҕырбыт сирэйин көрөн баран уолаттар туоһулаһа сатаабатахтара. Ити күнтэн ыла Миисэ хойут дьиэлээбэт буолбута. Кэлин дэриэбинэҕэ Миисэ матасыыкылыгар дьахтары олордон аҕалбытын туһунан кэпсээн сири аннынан иһиллибитэ. Билигин Миисэ ити кулууп таһынан аастаҕына этэ тымныйан ылар… Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан