Кэпсээ
Войти
Регистрация
Көспүт дьиэбит кистэлэҥэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Көспүт дьиэбит кистэлэҥэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
07.10.2022 13:05
Дьокуускай куоракка улааппытым. Быраас үөрэҕин этэҥҥэ бүтэрэн, куоракка биир сыл үлэлээбитим кэннэ, Новосибирскайга ыҥыран ыллылар. Биир сыл үлэлээн көр диэтилэр. Үчүгэй үлэ, усулуобуйа, үрдүк хамнас көрөннөр, тута сөбүлэстим. Кэргэммин, оҕобун илдьэ бардым. Уопсайга икки хостоох дьиэ биэрбиттэрэ даҕаны, сөбүлэспэтэхпит. Ол иһин куорат киинигэр биир чэпчэки дьиэни куортамнаабыппыт. Олус чэпчэки сыаналаах буолан, үөрэн-көтөн, сууйан-тараан, сырдык, үчүгэй көстүүлэх гынан астыммыппыт. Ол курдук, биир нэдиэлэ олорбуппут. Үлэбин, кэлэктииппин, саҥалыы куораты сөбүлээммин, чэ биир сыл олорон көрүөх дэстибит. Иккис нэдиэлэбитигэр оҕобут сүгүн утуйбат, түүн аайы хаһыытаан уһуктар, ытыыр этэ. Аанньа утуйбакка үлэбэр, аат эрэ харата барарым, үлэм эппиэтинэһэ сүрдээх буолан, кэргэним миигин уһугуннарбакка оҕону уоскута сатаахтыыра даҕаны, табыллыбатаҕа, тугу эрэ көрөр дуу, ким эрэр кымаахтыырын дуу курдук ытыыра. Оҕобутун аһынан хайдах да буолуохпутун билбэккэ, түүннэри балыыһаҕа барарбыт даҕаны, туох да биричиинэ суох буолан ыыталлара. Оҕобут балыыһаҕа тиийээт, уоскуйан хаалара, утуйан барара. Ити курдук, иккис нэдиэлэбит олус ыараханнык ааста. Биир күн үлэбэр тардыллан, докумуоннары бэрийэ олорон, остуолга сытан, утуйан хаалбыппын. Кэргэним хаста да эрийбит эбит. Ыксалынан «туох буолла?» диэн ыйыппыппар маккыраччы ытаабыт, куолаһа титириир «ханна сылдьаҕыный, кэлиий түргэнник, биһиги таһырдьа турабыт, дьиэҕэ киирбэппин» диэтэ. Дьиэбэр хайдах тиийбиппин да өйдөөбөппүн. Кэргэннээх оҕом барахсаттар таһырдьа тураллар. Оҕом холку этэ, онтон кэргэммин маҥнай билбэтэҕим. Ытыы сылдьар, сүгүн саҥарбат. Дьиэҕэ киирээри гыммыппын, төрүт киллэрбэт. Ол иһин үлэбэр бардыбыт, ким да суох буолан хоспор олордубут, чэй кутан кэргэммин уоскуттум. Ас астыы сырыттаҕына, оҕото эмиэ ким эрэ кымаахтыырын курдук улаханнык, эмискэ иэрийэ-иэрийэ ытаабыт. Хоһугар киирбитэ – күлүк курдук, сип-синньигэс киһи барыйан турар, уоттаах хараҕынан оҕону көрөр үһү. Онтон кэргэним хаһыытаабытыгар сылыпыс гынан хаалбыт. Кэргэним барахсан нэһиилэ кэпсээбитэ, хаһан да итинниги көрбөтөх киһи тута өлүөх этим, оҕом баар буолан, кинини быыһаары туттунан, аллара хайдах түспүппүн бэйэм да билбэккэ хаалбытым диир. Ити күн тута атын дьиэҕэ көһөн, тахсан барбыппыт. Хаһаайынтан туоһулаһа сатаабыппытын, эппэтэҕэ, «ону-маны толкуйдаамаҥ» диэбитэ. Федор К. Таҥха киэһэтэ Оскуолаҕа үөрэнэр кэммиттэн сэрэбиэйи олус сэҥээрэр этим. Таҥха күннэрэ саҕаланнылар даҕаны, куруук миигин ыҥырааччылар. Ол курдук, «чертенок», иннэнэн инникини билии, күлүгүнэн тымтыктанан көрүү уонна, биллэн турар, бүлүүһэ сүүрдүүтэ. Таҥха кэмнэрэ саҕаланнылар. Бииргэ үлэлиир кыргыттарым: «Бүлүүһэ сүүрдүөх, эн сүүрдээр, бука диэн», – диэн көрдөстүлэр. Кэлин сылайар буолан, аккаастыыр буолбутум. Онтон «чэ, биирдэ» дии санаат, сөбүлэстим. Дьүөгэм дьиэтигэр муһуннубут. Дьэ, кыргыттарым сүүрэн-көтөн малларын бэлэмнии охсубуттар, сирэйдэрэ-харахтара турбут. Кэпсэттибит, уруккуну-хойуккуну санастыбыт, былырыын эмиэ сүүрдэ сатаабыттарын кэлбэтэхпин санаатыбыт. Ол саҕана бүлүүһэлэрэ сүүрбэккэ тарҕаспыттар, быйыл хайаан да табыллыахтаах дэстилэр. Дьүөгэм «мин эбэбин ыҥырыах, былырыын бараахтаабыта» диэтэ. Маҥнай утаа былырыын суох буолбут киһини ыҥыра сатаабыттарын испэр киллэрбэтэҕим, кинигэлиэх диэн көрбүтүм. Кыыһым баһаалысталаан көрдөстө. Чэ, хайыахпытый сүүрдэн киирэн бардыбыт. Соһуйуох иһин, бүлүүһэбит сэргэх баҕайытык сүүрэр. Ыйытыкпытыгар тута эппиэттээн истэ. Кыргыттар сирэйдэрэ-харахтара уларыйан, салгыы туох буоларын кэтээн, ыйытан, хоруйдарыттан астынан олордулар. Онтон кэлин утуктаан, сылайан бүтүөх буоллубут. Дьүөгэм ампаарга тахсан арыы киллэриэх, чэйдиэх диэбитин, «абааһы үүрээччи» буолан тахсыстым. Кыыһым, банаарын уматтаат, хоппо иһигэр баар арыытын хасыһар. Онтон «быһахта аҕалыый, умнан кэбиспиппин» диэбитин дьиэҕэ сүүрэн тиийдим, арай ааммыт аһыллыбат. «Бу икки ардыгар тоҕо хатаннахтарай» диэн тыастаахтык тоҥсуйдум. Кыргыттар аан нөҥүө «аһаҕас ээ, киир» дииллэр. Хаста да тардыалаатым, аан кыратык тардыллыбат даҕаны, ньимиччи хатанан турар курдук. Мин тоҥон, ыксаан кыыһырдым «оонньоон бүтүҥ эрэ, тоҥнубут ээ, Ааныс арыы ылаары ампаарга кэтэһэн турар, арыйыҥ түргэнник!». Кыргыттарым өрө субуутуу түстүлэр, «хатамматахпыт ээ» дии-дии ааны тэбиэлээтилэр, оннук курдук өр соҕус эрэйдэннибит. Мин кинилэри балыйабын, кинилэр миигин балыйаллар. Онтон дьүөгэм тиийэн кэлээт, ааны тардаатын кытары арыллан хаалла. Кыргыттар соһуйбуттар аҕай, кыратык өһүргэммиттэр, мин эмиэ «соруйан гынаҕыт» диэн кыыһырааччы буоллум. Бүтэр уһугар эйэлэстибит уонна ким да дьээбэлэммэтэҕин быһаардыбыт, куттанаммыт, хайабыт да утуйбакка сарсыарда диэкинэн биирдэ утуйдубут. Арай түүлбэр баттаттым аҕай, сүгүн утуйбатым. Түүлбэр маҥан былааттаах эмээхсин кэлэ-кэлэ кыыһырар, «бачча ыраахтан, тоҕо ыҥыраҕытый?!» диир. Ити кэннэ таҥхалаабат, бүлүүһэ сүүрдүбэт буолбутум. Лена. Тугут абааһы Кэпсээммин Өлөксөйгө аныым. 1980-с сыллардаах түбэлтэ. Ол саҕана биһиги хотугу сопхуоспут таба иитиитигэр бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьара. Кырдьаҕас Өлөксөй үйэтин тухары табаҕа үлэлээбитэ. 200-тэн тахса кэтэх табалааҕа, оччолорго сүрдээх баай киһи курдук көрөрбүт. Ыстаадатын кэргэнэ, үс уола, кыргыттара буолан көрөллөрө. Биир күһүн ыстаадаларын кыстыыр сирдэригэр көһөрөн испиттэр. Хас да хайаны, үрэхтэри туораан, хонор сирдэригэр чугаһаабыттар. Борук-сорук буолуута табалара биир сиргэ кэлэн өрө холоруктана түспүттэр, сүүр да сүүр буолбуттар, иннилэрин диэки үүрэ сатаабыттар да барбатахтар. Ити курдук өр да өр мучумааннана сылдьыбыттар. Уолаттар уучахтарыттан түһэн ыстаада ортотугар киирбиттэр. Көрдөхтөрүнэ, ыстаада ортотугар биир халлаан күөхтүҥү толбонноох, соххор харахтаах тугут турар, өссө тугу эрэ саҥарар курдук үһү. Уолаттар тута кырдьаҕас аҕаларыгар кэпсээбиттэрин, «хоммокко айанныахха» диэбит. Ити түбэлтэ кэнниттэн аҕыйах кэм буолаат, кыра уоллара алҕас массыынаҕа киирэн биэрэн, олохтон соһумардык туораабыт. Сыл аҥаара буолан баран, иккис уоллара көмүс сууйааччылартан кырбанан өлөр. Онтон улахан уоллара ыстаадаларын көрөөрү тымныйан, сэбиргэхтэтэн күн сириттэн күрүүр. Оҕонньор кэргэнэ ыалдьар, балыыһаҕа сытан тыына быстар. Табаларын ыстаадата эмиэ ыһыллан-тоҕуллан, сүтэн, ыалдьан, бөрө аймаан бэрт аҕыйах ахсааннаах хаалан, сопхуос салалтата атын дьоҥҥо туттарар. Өлөксөй эрэйдээх кэмсинэн олорон, уйадыйа-уйадыйа кэпсиирэ бу баарга дылы: «Ол тугуту тута өлөрбөккөбүт. Дьоммун, оҕолорбун, кэргэммин, ыстаадабын сии кэлбит соххор харахтаах абааһы эбит этэ. Бостуой...» * * * Бу түбэлтэ иккистээн хатыламмытын доҕорум Ньукулай кэпсээбитэ. «Ыарытыйар буолбут, көрсөрүҥ буоллар, араас буолуон сөп» диэбиттэрин иһин, таһынааҕы дэриэбинэҕэ айаннаатым. Доҕорум миигин көрөн үөрдэ, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэн өр да олорбуппут. Онтон утуйарбыт саҕана «чэ, тугу кистиэмий, кэнним уһаабыт, инним кылгаабыт киһи көҥүлүм» диэтэ эмискэ. Били, Өлөксөй оҕонньор ыстаадата киниэхэ барар. Кыһын хараал кэмигэр сүтүк табаларын көрдүү биирдии-биирдии хас да сиринэн бараллар. Ньукулай икки бостуук ыттарын доҕор гынан илдьэ барар. Ити сылдьан ыстаадатыгар хойутаан хаалан, борук-сорук буолуута, аара суолга таба базатыгар хонорго быһаарынар. Тиийбитэ им-балай хараҥа, ким да сылдьыбатаҕа быданнаабыт дьиэтэ турар үһү. Дьиэҕэ киирээри гыммытыгар, арай ыттара утуу-субуу, тугу эрэ көрөр курдук үр да үр буолбуттар. Ньукулай тохтото сатаан көрбүт да – истибэтэхтэр. Дьиэҕэ киирээри гынан иһэн, сэрэхэдийэн киирбэккэ турбут. Им-балай киэһэ, ахсынньы тымныытыгар ханна бараахтыай? Сымыһаҕын быһа ытыраат, иһирдьэ киирбит. Дьиэ иччитэхсийбитэ ырааппыт, хата, иһирдьэ киирэн куттаммыта ааспыт. Тута чүмэчитин уматан, оһох аттыгар чыыппаан кыһа (мас тырыыҥкалыы) олорбут. Арай кэннигэр ким эрэ баар курдук үһү, хаста да төхтүрүйэн кэннин хайыһан көрбүт да ким да суох. Онтон чочумча буолаат, ким эрэ сүр улаханнык сөтөллүбүт, эмискэ куттанан кэннин хайыспыта били, Өлөксөй суох буолбут уолаттара олороллор эбит. Маҥан ырбаахылаахтар, көстүүмнээхтэр үһү. Ньукулай куттанан хайдах буолуон билбэтэх. «Табаххыттан бэрис уонна оһоххун оттон ис, тоҥнубут аҕай» дэспиттэр. Ньукулай куттаммытын биллэрбэт буола сатаабыт, «муус ыла бардым» диэт тахсан барбыт. Ыттара тохтообокко үрэллэр үһү, доҕорум сыарҕатыгар олороот ыстаадатыгар ыстаннарбыт. Ыттара хаалан хаалбыттар. Күнүһүн ыстаадатыгар тиийээт, дьонугар кэпсээбит. Икки күн кэннэ били базаҕа тиийбиттэрэ ыттара сойбуттара ырааппыт, онтон дьиэҕэ киһи сылдьыбыт сибикитэ суох үһү. Арай били биэрбит табаҕын хаата сытар уонна уматан хаалларбыт чүмэчитэ ситэ бүппэккэ эрэ умуллубут. Ити кэпсээни истэ олорон биир эбээн эмээхсинэ: «Эн бэйэҥ оннугар ыттаргын, табаларгын илдьэ барбыттар, онон наһаа санаарҕаама», – диэбит. Доҕорум барахсан итини кэпсээт, ыалдьан олохтон туораабыта. Барыан иннинэ: «Ити быһылааҥҥа түбэһэн маннык буоллум», – диэхтээбитэ. Хотуттан М.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан