Кэпсээ
Войти Регистрация

Сойуус 15 өрөспүүбүлүкэтэ буолан олорбуппут дьолбут эбит

Главная / Кэпсээн арааһа / Сойуус 15 өрөспүүбүлүкэтэ буолан олорбуппут дьолбут эбит

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
07.10.2022 13:02
Бүгүҥҥү кэпсиир дьоруойбут – Саид – Орто Азия аатырар хайалардаах сириттэн, Душанбе куоратыттан, сылдьар. Омуга узбек. Саид идэтинэн учуутал. Ол эрээри, олоҕун оҥкула уларыйан, билигин – баттах кырыйааччы. Кини оҕо сааһа элбэх араас омук олорор куоратыгар ааспыта. Бу куоракка олорор кэмигэр – Сэбиэскэй сойуус сууллубута, дойдутугар гражданскай сэрии буолбута. Манна олоҕун аргыһын көрсөн ыал буолбута. Ол эрэн, Саид, оҕо сааһа ааспыт тапталлаах куоратын хаалларан, билбэт дойдутугар барарга күһэллибитэ. Ол туһунан дьоруойбут бэйэтин кэпсээнин истиэҕиҥ. Кинини кытта мин Узбекистаҥҥа сылдьан кэпсэппитим.     Уларыта тутуу кэмэ саҕаламмыта      Мин национальнай университет устуоруйаҕа факультетын үөрэнэн бүтэрбитим. Идэбинэн устуоруйа учууталабын. Оҕо сылдьан кырасыабай бэйэлээхтик өрүммүт уһун хара баттахтаах кыргыттары сэҥээрэ көрөрүм. Арыый улаатан баран, кыра балтым баттаҕын өрөрүм, быраатым баттаҕын кырыйарым. Онтон сиэттэрэн таһынааҕы ыалларым оҕолорун баттахтарын кырыйар буолбутум. Кэлин истиһэ-истиһэ, баттах кырый­тарааччы элбээбитэ. Дьэ, онно биирдэ өйдөөбүтүм үлэ­лииргэ уопута суохпун. Ол иһин куоракка баар парикмахерскайдарга сылдьар буолбутум. Сэмээр олорон эрэн, хайдах үлэлииллэрин кыра­ҕы­тык кэтиирим. Бастаан сөбү­лээ­бэккэ үүрэллэрэ. Онтон кэлин кыһаммат буолбуттара.    Бэйэм баттахпын парикмахерскайдарга сылдьан үгүстүк кырыттарарым. Ол сылдьан хайдах, туох үстүрүмүөнү­нэн тутталларын олус интэриэ­һиргээн кыраҕытык кэтиирим. Кэлин парикмахердар миигин бэйэлэрэ үөрэтэн барбыттара, уопуттарын үллэстибиттэрэ.    Үөрэххэ киирэн баран, бииргэ үөрэнэр доҕотторбун босхо кырыйталыыр буолбутум. Оч­чолорго истипиэндьийэ ылар буолан, харчыбар тиийи­нэрим. Баттах кырыйарбыттан улахан дуоһуйууну ылар этим. Ол кэмҥэ бу идэм – миэхэ инникитин килиэппин булунар идэм буолуоҕун санаан да көр­бөт этим.    Горбачев Уларыта тутуутун кэмэ саҕаламмыта. Инникитин устуорук учуутал буолуохтаах эдэр дьон, архыыптан урут кистэлэҥҥэ тутулла сылдьыбыт матырыйааллар, көҥүл ааҕыыга тахсыбыттарынан ту­һа­нан, ханна сымыйа, ханна кырдьык баарын ырытыһан мөк­күһэрбит, дебаттары ыытарбыт. Преподавателлэрбит биһиги мөккүһэрбитин истэ-истэ хайгыыллара.   Айдааннаах кэм      1990 сылга буолбут олунньу ыйдааҕы быһыыны-майгыны мин 5-с кууруска үөрэнэ сылдьан көрсүбүтүм. Оччолорго бастаан өйдөөбөтөхпүт, туох-туох буолан эрэрин. Мин нуучча бөлөҕөр үөрэнэрим, араас омук бары бииргэ үөрэнэрбит. Үөрэхпит кэнниттэн бииргэ үөрэнэр кыргыттарбытын дьиэлэригэр атаарарбыт. Түүнүн олорор дьиэлэрбит олбуорун төрөппүттэрбитин кытта харабыллыырбыт. Онтон куорат иһигэр Сэбиэскэй аармыйа киирбитигэр, дьэ, үөһэ тыыммыппыт. Ийэлэрбит араас минньигэһи астаан саллааттары күндүлүүллэрэ. Олунньу 23 күнүгэр тааҥкалар бары сибэккинэн симэммиттэрэ.    Ол эрэн саамай кутталлаах, долгутуулаах күннэр кэлин саҕаламмыттара. Ол курдук, бастакынан нууччалыы тыллаах олохтоохтор көһүүлэрэ са­ҕаламмыта. Биһиги үйэ тухары бииргэ ыаллаһан олорбут, чугас дьоммут кэриэтэ буолбут нууччаларбыт көһөн барыталаабыттара. Мин саамай чугас доҕорум Володя, үрдүк үөрэҕин ситэри бүтэрбэккэ, тө­рөппүттэрин кытта көһөн бар­быта. Ийэм чугастык ай­мах­таһан хаалбыт дьоно кө­һөн барыталаабыттарыгар на­һаа аймаммыта, ытаабыта. Ол курдук Сэбиэскэй Сойуус ыһыл­лан хаалбыта. Куораппы­тыттан нууччалыы тыллаах олох­тоохтор бары кэриэтэ көс­пүт­тэрэ. Бу биһиэхэ, хаалбыт олохтоох дьоҥҥо, улахан охсуу этэ.    Сайын үөрэхпитин бүтэр­биппит. Бииргэ үөрэммит оҕо­лорум бары кэриэтэ Арассыыйа киэҥ туонатыгар көһөн барбыттара. Тимир суол ыс­таансыйатыттан аэропорка диэ­ри төттөрү-таары сүүрэ сылдьан атаартаабыппыт. Оо, курус да кэмнэр этилэр. Арахсарбытыгар харахпыт уутунан суунарбыт. Дьиэлэрин, малларын-салларын босхону эрэ үрдүнэн атыылаан барыталаабыттара. Ол курдук, нууччалар, дьэбириэйдэр, осетиннар, татаардар, грузиннар. Оннооҕор олохтоох омуктар, таджиктар кытта көһүтэлээбиттэрэ. Бары куоппуттара – сэрииттэн, иэмэ-дьаама биллибэт булкуурдаах кэмтэн. Оттон биһигини ханна да ким да күүппэтэ, ол иһин хаалбыппыт.    Гражданскай сэрии биэс сыл устата барбыта. Душанбе куоратыттан, сэрииттэн куотан, олохтоохтор үксүлэрэ кытыы оройуоннарга көһүтэ­лээ­биттэрэ. Тыаҕа олох кэм чуумпу этэ. Мин идэбинэн ос­куолаҕа учууталлаабытым. Ол эрэн хамнас диэни илии­битигэр ылбат этибит. Ыал улахан оҕото буоларым бы­һыы­тынан, дьиэ кэргэммин – тө­рөппүттэрбин, бииргэ тө­рөөбүт бырааттарбын, балыстарбын көрөр эбээ­һи­нэс­тээҕим. Ол иһин па­рик­махерскайга маастар кө­мө­лө­һөөччүтүнэн үлэлии киирбитим. Сотору бэйэм дьиҥ­нээх маастар буолан, үлэлээн барбытым. Килийиэннэрбит аҕы­йахтара. Үксүн устудьуон кыргыттар сылдьаллара. Эр киһи, дьахтар, оҕо да буоллун – барыларын кырыйарым. Үлэ­биттэн улаханнык дуоһуйа­рым.    Бу кэмҥэ сэрии бүтэн, эйэ­лээх олох саҕаламмыта. Куотан барбыт олохтоохтор төн­нүтэлээбиттэрэ.   Кылгас кэмнээх «сылыйыы»      Үлэбэр килийиэним элбээбитэ. Саҥа дьон, саҥа табаарыстар. Үчүгэйдик үлэлиир буоламмын, төрөппүттэрим олох­­торун хааччыйбытым. Бы­раатым ыал буолбута, балтым кэргэн тахсыбыта. Бэйэм хойутаан, 2000 сыллаахха биирдэ, ыал буолбутум. Мадина миигиттэн төһө эмэ балыс, үрдүк үөрэхтээх, аангылыйа тыла идэлээх этэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы быраабы ара­ҥаччылыыр тэрилтэҕэ тылбаасчытынан үлэлиирэ. Утуу-субуу икки уолламмыппыт. Иккиэн үлэлиирбит, оҕо­лорбут оҕо саадыгар сылдьаллара. Нууччалыы уонна таджиктыы икки тылынан холкутук саҥараллара.    Олохпут чөлүгэр түспүт курдуга. Ол эрээри, сотору буолан баран, 2010 сыллаахха Гармаҕа бандьыыттар баан­­даларын кытта иирсээн эмиэ са­ҕаламмыта. Оттон 2012 сыллаахха Хорог куоракка байыаннай эпэрээссийэлэр буолбуттара. Быраабы кө­­мүс­кээч­чилэри, албакааттары хаайталаан барбыттара. Онон эмиэ дьон көһүүтэ са­ҕа­­ламмыта. Ол эрээри бу сырыыга үксэ олохтоох омуктар – таджиктар барыталаабыттара. Туох баар интел­лектуальнай элиитэ – дойду бас чөмчөкөлөрө – Эмиэрикэ, Европа дойдуларыгар, Арас­сыыйаҕа көспүттэрэ. Онно, дьэ, биирдэ өйдөөбүтүм – оҕо­лорум кэскиллэрин туһугар көһөр наадатын.    Баҕарбатарбыт да көһөргө күһэллибиппит. Бастаан бэйэм барарга быһаарыммытым. Ыал­лыы олорбут оҕо сааһым до­ҕотторун уонна устудьуоннуу сылдьыбыт табаарыстарбын кытта мэлдьи сибээстэһэрим. Интэриниэт суох буолан, суругунан сибээстэһэрбит. Сэрии кэмэ буолан, кинилэртэн кэлэр сурук сороҕор кыайан кэлбэт буолара. Кэлин Интэриниэт баар буолбутугар социальнай ситим нөҥүө мэлдьи билсэ, сибээстэһэ турарбыт. Табаарыстарым бары бэйэлэригэр ыҥыраллара. Мин Ка­релияҕа олорор, оҕо сааһым арахсыспат доҕоро, Володяҕа барарга быһаарыммытым. Ону кэргэним «ол дойдуга тымныы уонна ыраах» диэн утарбытын, истэ барбатаҕым. Билбэт дойдубар айан суолун туппутум.   Саҥа сиргэ – саҥа олох      Петрозаводскай куорат аэро­пордугар Володям көрсү­бүтэ уонна дьиэтигэр илдьэ барбыта. Чугас дьоно бары мустубут этилэр – ийэтэ, аҕа­та, балта Инна уонна бы­раата Витя. Остуол тула олорон олорбут куораттарын – Ду­шанбены ыйыталаспыттара, дойдуларын санаан ытамньыйбыттара. Дойдуларын ахталлара өтө көстөрө.    Олорор сир булунуохпар диэри Володяҕа олорбутум. Ыалдьытымсах сиэрдэрин манна көһөн кэлэн баран да ум­нубатахтар этэ. Куорат кытыы өттүгэр чэпчэки сыаналаах икки хостоох кыбартыыраны булан, Володябыныын өрөмүөннээбиппит. Миэхэ көмөлөһөөрү, үлэтиттэн кылгас кэмнээх уоппуска ылбыта. Ол кэннэ иккиэн тэҥҥэ сылдьан, үлэ көрдөөбүппүт. Табаарыс күндүтүн онно билбитим. Парикмахер идэбинэн олус үчүгэй сиргэ үлэҕэ ылбыттара. Сыыйа куораты кэрийэн, билсэн киирэн барбытым, сөбүлээбитим. Кыра, былыргы куорат эбит этэ.    Икки нэдиэлэ буолан баран, дьонум көһөн кэлбиттэрэ. Володя балта Инга куорат быраабатыгар үлэлиир буолан, улахан эрэйэ суох докумуоннарбытын толорсубуппут. Оҕолорбутун оскуолаҕа үөрэттэрэ биэрбиппит. Уолаттарым Самат уонна Шухрат, төһө да улаатар, булкуллар саастарыгар сырытталлар, бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта түргэнник уопсай тылы булбуттара.    Мин төбөм оройунан үлэҕэ түспүтүм. Кэргэним идэтинэн үлэ булбакка, кафеҕа официанынан үлэлии киирбитэ. Идэтинэн үлэ булбатаҕыттан наһаа хомойбута. Мин кинини уоскутарым. Кэргэним уонна уолаттарым тустары­гар олус долгуйарым. Тоҕо диэтэххэ, дойдубар сылдьан Арас­сыыйаҕа таджиктарга соччо бэрдэ суох сыһыаннаһал­ларын истэрим. Хата, оннук буолбатаҕа, дьон-сэргэ олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Онон сотору кэминэн уоскуйбутум.    Ол эрэн дойдубутун, дьоммутун ахтарбыт, суохтуурбут. Төрөппүттэрбитин кытта күн аайы кэриэтэ кэпсэтэрбит. Душанбеҕа саас эрдэ кэлэн, сибэкки көҕөрбүтүн ымсыыра истэрбит. Бу кэмҥэ Карелияҕа өссө да тымныы турара. Кэргэммин кытта иккиэн дойдубутун ахтарбытын бэйэ-бэйэбититтэн кистэһэрбит. Ол иһин уоскутунаары, аралдьыйаары харса суох бириэмэни аахсыбакка туран үлэлиирим. Үлэм чааһа бүтүүтэ көхсүм дэлби ыалдьара, атаҕым салыбырас буола сылайарым. Ол эрэн килийиэннэрим мин солуоммуттан тупсан, кырасыабай буолан тахсалларын көрө-көрө, олус үөрэрим, манньыйарым. Ол миэхэ күүспэр күүс биэрэрэ. Хамнаспын да­ҕаны үгүө­рүтүк аахсарым. Бэйэм дьиэ кэргэммиттэн ор­до­рунан, тө­рөппүттэрбэр кытта харчы ыытарым. Саас кэлэн, Володялыын иккиэн дьиэнэн куорат таһыгар астына сынньанан, аһаан-сиэн, шаш­лыктаан киирэрбит.    Манна олорорум тухары хаһан даҕаны бэйэбин миг­рам­мын диэн санаммаппын. Оттон Таджикистаҥҥа «миг­рант» диэн тыл наһаа сэнэ­бил­­лээхтик туттуллар. Билигин Петрозаводскай куоракка олорбуппут 4 сыл буолла. Душанбеҕа баар 3 хостоох кыбартыырабытын атыылаан, манна – куорат киинигэр дьиэ атыылаһан олохсуйдубут. Кэргэним сөбүлүүр идэтинэн – тутуу хампаанньатыгар тылбаасчытынан үлэлии сылдьар.   Арассыыйаҕа олорор, үлэлиир тоҕо ыараханый?      Дойдубар 4 сыл устата биирдэ, аҕам ыалдьыбытыгар, бара сырыттым. Сөмөлүөккэ аттыбар наһаа сылайбыт, эрэ­йи-муҥу көрбүт биир дой­дулааҕым олороро. Кэпсэттибит. Аата Расул, сааһа эмиэ мин курдук 44-дэ эбит. Ол эрэн бэйэтин сааһынааҕар лаппа саастаах курдук көстөр. Дойдутугар үлэ суоҕун, ол иһин Арассыыйаҕа үлэлии кэлбитин сулана кэпсиир. «Билигин Арассыыйаҕа да кэлэн киһи харчы өлөрбөт буолбут. Дьиэбэр олох аҕыйах харчыны 1,5 тыһ. сомону ($190) ыытабын. Дойдубар физика учууталынан үлэлээбитим. Хамнас олох кыра этэ, баара-суоҕа 500 сомон ($62) ыларым. Бу харчыга улахан дьиэ кэргэни хайдах да кыайан ииппэккин. Ол иһин бу үлэлии кэлбитим даҕаны, кураанах төннөн иһэбин. Нэһиилэ билиэппэр эрэ харчым тиийдэ. Оттон дьиэбэр дьонум, оҕолорум кэтэһэллэр. Оннооҕор кырачаан оҕолорбор бэлэх атыыласпатым», – диэн муҥатыйда.    Кэпсиирин саҥата суох истэн олордум. Расул: «Арас­сыы­йаҕа үлэлэтэр дьоммут би­һигини албынныыллара элбэх. Үлэлээн муҥнаммып­пыт кэннэ хамнаспытын төлөөбөт­төр. Биһиги сатаан аахсыбап­пыт, кырдьык син биир кинилэр өттүлэригэр буолар. Сыл анараа өттүгэр Москуба аттыгар баар биир куоракка баан­ньык туппуппут. 4 этибит. Үлэлии кэлээппитин пааспарбытын, докумуоммутун барытын тутан ылбыттара. Ха­һаа­йыммыт Галим диэн татаар киһитэ этэ. 3 ый устата сауналаах, бассыайыннаах улахан да улахан баанньыгы туппуппут. Сиэмэннээбит сирбитин хас кв.м кэлэн, сыныйан туран бэрэбиэркэлиирэ. Үлэлээбит хамнаспытын барытын бүтэрдэхпитинэ төлөһүөх буолан эрэннэрбитэ. Аһылыгынан уонна олорор сиринэн хааччыйбыттара.    Үлэбитин түмүктүүр бүтэ­һик күммүтүгэр хаһаайын биир доруобай баҕайы киһини кытта кэлбитэ. Массыынаҕа олордон, билбэт сирбитигэр аҕалан, пааспарбытын си­рэйбитигэр быраҕан биэрбитэ уонна массыынаттан үүрэн таһаарбыта. Эбиитин «Үҥ­сүөххүт да сэрэниҥ!» – диэн сааммыта. Хайыахпытый, харчыта, хонор сирэ суох сир-халлаан икки ардыгар хааллахпыт дии. Кимиэхэ үҥсэн көмө көрдүөхпүт баарай?» – Расул курус кэпсээнин түмүктээбитэ.    Онно, дьэ, өйдөөтүм, мин эмиэ билэр чугас, нуучча табаарыстарым, биир дойдулаахтарым суохтара буоллар, итинник дьылҕаланыахпын. Ол кэннэ: «Биир дойдулаахтарым атын дойдуга тоҕо итинник эрэйи-муҥу көрсөллөрүй? Тоҕо төрөөбүт төрүт сирбитигэр-уоппутугар дьоллоохтук, кыһалҕата суох олорор кыахпыт суоҕуй?» – диэн тоҕус төгүл тоҕо боппуруос миигин үүйэ-хаайа тутта...   Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан