Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хоту сир хоһууна
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хоту сир хоһууна
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
08.09.2022 15:15
Холобур буолар ойох Лидочка санаатыгар, киһини өйдүүр буолуоҕуттан холобурга сылдьар, бастыҥ ойох буолуон баҕарара. Төрөппүттэрэ уу нуурал олохтон ыраах дьон этилэр. Наар кинилэр тыл-тылларыгар киирбэт айдааннара буолааччы. Ол тухары Лидочка хайаан да аҕатын диэки буолара, ийэтин буруйдуура. Аҕата тас да көстүүтүнэн быдан кырасыабай, оҕомсох уонна амарах санаалааҕа. Онно холоотоххо, ийэтэ сиэри таһынан дуоспуруннааҕа, ирдэбилэ да биэс уон буолан, аҕатыныын тапсыбат курдуктара. Кыысчаан улаатан истэҕин аайы ийэтин алҕаһын хатылаабат баҕата күүһүрдэр күүһүрэн иһэрэ. Валерка кэргэн тахсарга ыҥырбытыгар Лида үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Оччолорго баара эрэ 18-һын туолбут кыысчаан этэ. Оттон киһитэ аармыйаттан кэлбит, балай эмэ уопуттаах, кыыс аймах хараҕа хатанар уолана буоллаҕа. Дьүөгэлэрэ ымсыырбыт көрүүлэрин өйдөөн хаалбыт. Дьиктитэ, ким да «киһигин таптыыгын дуо?» диэн ыйыта барбатаҕа. Бэл, кэргэн ылааччы да сэҥээрбэтэҕэ. Өскөтүн ким эмэ итинник быһаччы ыйытыгы биэрдэр, Лидочка, бэйэтэ да сөҕүөн иһин, туох диэн хардарыан билиэ суох этэ. Ол таптал диэн иэйии туһунан санаан да көрбөтө. Кини дьиэтигэр ити тыл хаһан да туттуллубат быһыылааҕа. Онон этэр, ыллыыр-туойар тапталлара дьиэ кэргэн олоҕор суолталаах буолуоҕун туһунан санаабат этэ. Туохха наада үһү! Таҥаһы, дьиэни сууйарга, хомуйарга, аһы бэлэмнииргэ кини өссө оҕо сылдьан үөрэммитэ. Ийэтэ дьиэ үлэтиттэн ыраах этэ. Оттон Лидочка аҕатын курдук бэрээдэги уонна минньигэстик аһыырын сөбүлүүрэ. Хайа уонна, саамай сүрүнэ, Лидочка саныырынан, дьахтар бэйэтин сатаан көрүнүөхтээҕэ, таска, туора эрэ дьоҥҥо буолбакка, дьиэ иһигэр, эрин аттыгар өссө тупсар, киэргэнэр туһунан саныахтааҕа, кыһаллыахтааҕа. Ол быраабылатын олоччу туһанан, Валератын иннигэр мааны былаачыйалаах, барбах аҕай хобулуктаах түүппүлэнэн дугунар кэрэ дьахтар буоларга ис-иһиттэн кыһаллара. Утуйар хоско уран, дьэрэкээн куруһубалаах пеньюары кэтэрэ. Бэл, түүҥҥү таҥаһа кытта киһи устуон да баҕарбатын курдук мааны, ураты, кэрэ көстүүлээх буолара. Онтун устара туһунан абылаҥнаах буоларын курдук кыһанара. Арай итэҕэһэ диэн, киниэхэ икки өйдөбүл хайдах да бэйэ-бэйэлэригэр сыһыана суох курдуктара. Ол – имэҥ-дьалыҥ уонна таптал. Имэҥ-дьалыҥ оонньуута, дьарыга кинини улаханнык астыннарар, өйдөнөр эбит буоллаҕына, таптал чааһыгар тиийэн... кураанах салгыҥҥа кубулуйара. Таптал туһунан толкуйдаары гыннаҕына, хайдах эрэ букатын билбэт иэйиитэ буолара. Онон эмиэ сапсыйан кэбиһэрэ. Куруубай буолбатах эбит! Өр-өтөр буолбакка, уол оҕоломмуттара. Лидочка кэргэнигэр махталын биллэрэн, Валерий диэн сүрэхтээбитэ. Барыта кини былаанын курдук баран испитэ да, күүтүллүбэтэх түгэн эмискэ күөрэс гыммыта. Биир үтүө күн улахан Валера сүппүтэ. Үлэтигэр барбыта уонна... төннүбэтэҕэ. Төлөпүөннээтэҕинэ, «абонент находится вне зоны доступа сети» диэнтэн атын иһиллибэт этэ. Ыксаабыт Лидочка милииссийэҕэ, ДПСка, балыыһаҕа, бэл, муорга тиийэ эрийтэлээбитэ. Үөрүөн дуу, долгуйуон дуу быатыгар, ол аайы кини киһитигэр майгынныыр суох буолан испитэ. Сарсыарда тураат да, киһитин үлэлиир сиригэр тэбиммитэ. Пахай... олох да нэдиэлэ уһуннаах уоппуска ылбыта диэн соһуппуттара. Эрэ, кырдьык, биир нэдиэлэнэн кэлбитэ. Ол эрээри ыраас халлааҥҥа эмискэ этиҥ эппитинии, маннык саҥалаах буолбута: – Мин эйигин таптаабаппын, эн да таптаабаккын, тугу кистээн. Оттон кинини мин таптыыбын!! Олус, күүскэ! Дьиҥнээхтии. Арахсар сайабылыанньаны бэйэм биэриэм. Лидочка харда тылы сатаан булан эппэккэ, айаҕын аппытынан турбута. Холобур буолар олох уобараһын ылынан, иһитинэн-хомуоһунан да тамнааттамматаҕа. Ыһыы-хаһыы да буолбатаҕа. Тыый, ыаллара туох диэхтэрэй, бу сааты-сууту! Онон айдаана-куйдаана суох, этэллэрин курдук, бу ыал цивилизованнайдык арахсыбыта. Икки хостоох кыбартыыратын уоллаах ойоҕор мөккүөрэ суох хаалларан баран, эрэ таптаабыт дьахтарыгар көспүтэ. Лидочка махталы кытта, салгыы олорор буоллаҕым диэн, аймана барбатаҕа. Кыһаллыбатаҕа. Ону баара, кыһалҕата суох олох өр күүттэрбэтэҕэ. Уолчаана Валерка астмалааҕа биллибитэ. Уолун харайаары төлөбүрэ суох уоппуска ыларга күһэллибитэ. Хата, үлэлиир балыыһата онуоха сөбүлэспитэ. Ити гынан баран аны биир моһол эбиллибитэ. Ол эбэтэр быыкаа элимиэн сыыһыгар оҕотун уонна бэйэтин хайдах ииттиниэй?! Хата, биир дьүөгэтэ өй укпута: – Кыбартыыраҥ икки хостоох дии. Бииригэр киһитэ олохтоо. Кэргэним үлэтигэр хотуттан биир киһи хомондьуруопкаҕа кэлбит. Түһэр сир көстүүтэ биһиэхэ хайдаҕын билэҕин. Нэдиэлэ, чэ, баҕар, икки нэдиэлэ олоруо. Кини эйиэхэ олох үчүгэйдик төлөһүө. Саарбахтаама даҕаны. Соҕотох ийэҕэ сирэр-талар түгэн буолбатах этэ. Уолун оронун бэйэтин хоһугар көһөрөөт, анараа хоһун ыалдьыт олороругар сөптөөх гына бэрийбитэ. Утуйар оронун бэлэмнээбитэ, вазаҕа сибэкки уган уурбута. Киэһээҥҥи аһыыр аһын бэлэмнээн тоһуйбута. Ыалдьыт киппэ уҥуохтааҕа, эр киһиэхэ ирдэнэр быһыы-таһаа барыта баара. Арай омос көрүүгэ, хараҕын көрүүтэ хайдах эрэ тыйыс, куруубай курдуга. Дьахтар ону: «Ээ, оттон хоту буоллаҕа», – диэн, бэйэтэ-бэйэтигэр быһаарыы булуна охсон, ыалдьытымсах хаһаайка сиэринэн күлэ-үөрэ билсэн барбыта. Хоноһо Уйбаан Лидочканы тута иһигэр киллэрбитэ. Дьиэтэ-уота да уурбут-туппут курдук бэрээдэктээҕэ, ырааһа, хаһаайка элэккэйэ киһи эрэ үөрүүнэн олоруох курдуга. Лидочка да эр киһи тыына дьиэтигэр илгийбититтэн санаата көтөҕүллэ быһыытыйбыта. Иккис күннэригэр киэһэлик кырачаан Валерик иһиэхтээх эмин иһэн, бэрт холкутук утуйан буккураан хаалбыта. Улахаттар ону эрэ күүппүт курдук, иккиэйэх хаалан куукунаҕа кыһыл арыгыны сыпсырыйбахтыы, балачча өр олорон, ирэ-хоро сэлэспиттэрэ. Эр киһи дойдутун туһунан кэпсиирэ. Дьахтар бүтүннүү кулгаах-харах буолан олорон сэҥээрэ истэрэ. Бу биир куораттан ыраата тэлэһийбэтэх барахсаҥҥа, кырдьыга да, барыта сонун, дьикти этэ. Төһөнөн ыалдьытын истэр да, оччонон бастааҥҥы куруубай диэбит сыанабыла сайыҥҥы сиик кэриэтэ уостан испитэ. Кэпсээччитин дьүһүйүүтэ барыта остуоруйа дойдута, хатыламмат көстүү буолан, хараҕар ойууланан көстөрө. Эр киһи киппэ санна, сөҥ хойуу куолаһа онно эбиллэн, чугас сыһыаҥҥа киирбэтэҕэ ырааппыт дьахтары бэйэтигэр тартар тардан испитэ. Иһин түгэҕэр кэрэ лыахтар көтөр дьиктилээх түгэннэрэ субу халыйан кэлбитэ. Эр киһи, ону сэрэйбиттии, хоһугар ыҥырбытын утарса барбатаҕа. Эмискэ буулаабыт, бу иннинэ баара эрэ биир күн билсибит киһитигэр үөскээбит дьикти туругар бэринэн, таптаһыы, имэҥирии алыптаах будулҕаныгар умсубута... Быһата, бу икки дьоҥҥо өтөрүнэн умнуллубат, итии-буһуу түүн ааспыта. Бу тулуурун, бу кыаҕын! Дьахтар абылаппыта. Сарсыныгар дьахтар ыалдьытын аһатаары, куруһубалаах пеньюарын кэппитэ. Уу, оччолооҕу көрөн баран, киһитэ эмиэ этэ-хаана итийэн, хоройуохтааҕа хоройон барбыта. Ону баара, Лидочка уолум уһуктара чугаһаата диэн, аккаастаабыта. Бу да күн түүн буолуоҕун туһунан таайтара турбута. Ол эрэннэриитин, кырдьык да, толорбута. Дьүөгэҕэ бэлэх Уон хонон баран, Уйбаан баран эрэрин биллэрбитэ. Кумааһынньыгын ороон туран, төһөнү биэриэхтээҕин ыйыппыта. Лидочка төлөбүр кээмэйин быһаарсыбатах буолан, хас да диэн билбэккэ турбута. Ону көрөн, киһитэ балай эмэ халыҥ күпүүрэни ороон, үрүҥ ыскаатардаах остуолга уурбута. Ол кэнниттэн: – Оттон бу эйиэхэ сылаас сыһыаныҥ иһин, – диэт, дьахтар бу иннинэ хаһан да харахтаабатах, олус кэрэ уонна күндү биһилэҕин ылан, Лидочка аата суох намчы тарбаҕар иилбитэ. Онуоха Лидочка иэдэстиин тэтэрбитэ: – Кэбиис, наадата суох. Мин... мин харчы.. харчы иһин эйигинниин сыппатаҕым эбээт. – Билэбин. Ол эрээри хайдах бэлэҕэ суох буолуомуй. Ыл. Бэйэм эбэтэр биһиэннэриттэн ким эмэ кэллэҕинэ, түһэриэҥ дуу? – дии-дии, арахсарыгар сылаастык кууһан ылаат, тахсан барбыта. Аан сабыллаатын кытта уон күннээх остуоруйатын саныахча буолан иһэн, бэлэх биһилэҕи одууласпыта. Төлөбүр харчыны ааҕан көрбүтэ, ороскуотун саппытын да кэннэ хас да ый хааччынар харчылара баар буолбут. Иһигэр: «Бу аата мин, тугуй, боростутуукка буоллум дуо?» – диэн сананыахча буолан иһэн, ол сатамньыта суоҕун өйдөөн, санаатын атыҥҥа иэхпитэ. Икки көҥүл сүрэхтэр көрсөн, таҕылларын ханнараллара, ама, баа, аньыы үһүө? Үтүө өйдөбүл буоллун диэн биһилэх да биэрбитэ туох омнуолаах үһү. Дьиҥнээх эр киһи быһаарыыта буоллаҕа. Хас эрэ ый буолан баран, анаабыт курдук, харчыта бүтэрэ чугаһаабытыгар Уйбаан кэллиэгэтэбин диэн, биир киһи көстүүнэй оҥостубута. Дьахтар эмиэ олус бэркэ көрсүбүтэ. Уйбааҥҥа тиийбэт этэ да, эр киһи аата эр киһи. Барарыгар эмиэ үгүөрү үбү уонна көмүс киэргэли хаалларбыта. Уолчааны ийэтэ наадалаах эминэн хааччыйан, үчүгэйдик көрөн-харайан, Валерик аматыйан барбыта. Булуммут харчытынан соҕуруу куоракка тиийэн көрдөрөн, эбии эмтэппитэ. Эмиэ эмчит сүбэтинэн, куруорка кытта илдьэр кыахтаммыта. Куорат кытыытыгар баар сонотуоруйга сытыарбыта өссө туһалаабыта. Хотуттан кэлэр ыалдьыттар сылга үстэ-түөртэ кэлэн бараллара. Бары да тэллэххэ уоттара эгэл-тэгил да буолбатар, төлөһөр харчылара, бэлэхтиир күндү киэргэллэрин кээмэйэ баҕас ончу итээбэт, бэйэ-бэйэлэригэр куоталаспыт курдук, төттөрүтүн, үрдээн иһэрэ. Лидочка көмүс киэргэл хаһаанар шкатулка ылыммыта. Арай кэтиэҕин тардынара. Хантан харчыланан бачча сыаналааҕы кэтэр диэн, дьон тылыгар-өһүгэр киирэн биэриэн баҕарбат этэ. Арай үһүс сылыгар аан субонуога өрө тилигирии түспүтүгэр тиийэн аспыта – боруокка, били, Уйбаана турар эбит, тута киирээт да: – Эйигин ыла кэллим. Хомун! – диир. Лидочка иэмин-дьаамын булунарыгар бокуой биэрбэккэ, кута-симэ турда: – Барытын билэбин. Бэйэм ыыталыырым. Ол кэнниттэн төһөлөөх санаа-оноо буоларбыный! Эйигин сатаан умнубатым. Эн курдук дьахтары ханна да көрбөтөҕүм, билбэтэҕим. Эн холобур буолар дьахтаргын... Утарса, мэлдьэһэ барыма. Таптал туһунан эппэппин – кураанах тыл эрэ. Оттон мин хаалбыт олоҕум тухары эйигин кытта эрэ олоруохпун баҕарабын. Биһиги айылҕабыт туох да ааттаах. Сөбүлүөххүт. Валеркаҥ сөбүлүөҕэ. Хайа? Ахтылҕаннаах Уйбаана улаханнык долгуйбут омунугар кутар-симэр тылларын ураты муусука тэҥэ ылынан туран, Лидочка бу үс сыл тухары бу кинини эрэ ыра санаа, толкуй оҥостубутун, кинини санаабатах күнэ ахсааннааҕын, дьэ, өйдөөбүтэ, билиммитэ. Лидочка, үөрүөн иһин, уола Валерка аҕаламмытыттан олус диэн дьолломмута. Хоту көһөллөрүгэр Лидочка көмүстээх шкатулканы олоччу дьүөгэтигэр, били, хоһун уларсарга сүбэлээбит дьахтарга бэлэхтээбитэ. Бэйэтигэр арай Уйбаанын бэлэҕин күндүркэтэн хаалларбыта. Алина Рощина.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан