Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһылаах ампаар

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһылаах ампаар

K
08.09.2022 15:15
   Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар биһиги, сүүрбэбитин саҥа ааһан эрэр уолаттар, биирдэ Мэҥэ Хаҥалас Огдороон диэн арыый аллара турар сиригэр дьоммутугар таҕыстыбыт. Кинилэр бэйэлэрэ бары саха кыра балаҕаныгар симиллэн олороллор, онно утуйаллар. Ба­лаҕан аттыгар Сергей ампаара баара (ол оҕонньор өл­бүтэ ырааппыт, ампаар ку­раанах турар, ким да онно утуйбат). Эдэригэр дьиэ гы­нан олорбут (нууччалыы дьиэ).        Биһиги куттаммакка, онно ампаарга тахсан, түннүк аттыгар биир синньигэс ороҥҥо атахтаһан сыттыбыт. Утуктаан, саҥардыы нухарыйан эрдэхпитинэ, доҕоор, ол Сергей оҕонньор хоһун диэкиттэн, муннуктан, арай торуоскалаах киһи биһиги диэки хааман иһэрэ иһилиннэ. Туох эрэ диэн саҥарбыппытыгар тыас иһиллибэт буолан хаалла. Оннук үстэ хатыланна. Дьэ, куттанныбыт Мотооску саха быһаҕын балаҕаныттан киллэринэн сыттыгын анныгар угунна. Тыаспыт – торуоскалаах атах тыаһа – эмиэ хатыланна. Мотооску быһаҕын ол хараҥа муннук диэки бырахта. Туох эрэ саҥалаах. Ити гынан, арааһа, бу дьиэ иччитэ утутуо суох диэммит, саха балаҕаныгар тахсан утуйдубут. Онно аны атын тыас иһилиннэ – ат туйаҕын тыаһа курдук, хаамара үүт-үкчү иһиллэргэ дылы.    Хас да сыл ааспытын кэннэ ол Мотооску (Власий), Өлүөхүмэҕэ үлэлии сылдьан, кэлээскэлээх «Юпитер» матасыыкылынан өрүс кытыытынан баран испит. Суол токуруйуутугар эмискэ кыра оҕолор сүүрэн тахсыбыттар. Власий матасыыкылын хаҥас салайбыт да аллара, хаспахха көтө турбут. Аны онно, өлүү быалаах, алдьаммыт катер турбут. Ол ойоҕоһугар хаҥас атаҕынан сааллыбыт. Хаҥас атаҕын тобугун тоһуппут. Ону кэлин хаста да эпэрээссийэ­лээн, атаҕын олох үөһэ өттү­нэн быспыттара.    Ити оһол 1965 сыллаахха тахсыбыта. Быратыас атах кэтэ сылдьыбыта. Улуус сү­рүннүүр ветбырааһынан, сельхоз управлениетын сала­йааччытынан, райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Арай атаҕын өлөрбөтөҕө, тоһуппатаҕа буоллар, өссө үүнүөх эбит. Архипов Власий Дмитриевич 2005 сыллаахха 70 сааһыгар олохтон барбыта. Били, дьиэ­ҕэ мучумаан манна туох эрэ сыһыаннаах дуу диэх курдук.   Суруйда Иван Алексеев-БӨТӨС УОЛА.   Иччилээх түүл      Сааскы кус кэмэ. Үлэлээх киһи бэркэ табыллан, кө­ҥүллэтэн да сылдьыбытын иһин, олох ырааппат эбит. Чэҥ­кээйилээх сылгы курдук да сананнар, биир түүнү кө­ҥүллэппит үөрүүтэ уһуннук куу­һар. Куорат таһыгар өссө хаһан да кустаан көрө илик киһи буоллаҕым. Дьокуускай эргин саа тыаһа дойдубунааҕар хойуу. Дойдубар түүн иһигэр ыраах ханна эрэ аптамаат «сөтөлүннэҕинэ», дьэ, ол дьон бэркэ табыллан ыттылар быһыылаах диэн, көрбүт­тээҕэр сэрэйбит ордук буолара. Оттон манна олох ытыс таһынар курдук, тыас-уус буолар сирэ эбит. Көрдөххө, эмиэ да үөрдээх кус көппөккө, хаас халыйбакка да гыннар, уолаттар элбэрээктэрэ өһүргэс соҕус быһыылаах дуу дии саныыбын.      Массыына уйарынан тиэллэ сылдьан, бэркэ да ытыалаан куһуйаллар. Эккэ ытар эбиттэрэ буоллар, ити дьон номнуо хомунан төннөллөрө чугаһаабыт буолуох эбит. Ону баара, хомойуох иһин, бартарын кэннэ маннааҕы иэгэйэр икки атахтаахтар суолларын хайан көрбүппэр, баара-суоҕа түҥнэри көппүт уһун моойдоохторун хайыта ытыалаабыт дьон буолаллар. Ыппыт да гиилсэлэрэ толору. Дьэ, итигирдик «кыайан-хотон» төннөн эрдэхтэрэ. Сорох төннөн иһэн ырыынактан өлөрбөтөх ку­һун, былырыыҥҥы тоҥу атыыла­һан төннөрүн кэпсээн үл­лэҥ­нэтээччи да баар.    Чэ, ити хааллын. Биһиги иккиэ буолан хаһан да олорон көрбөтөх буолан, уу көр­дөнөбүт. Лиссиэнсийэбит ханнык сиргэ көҥүллүүрүнэн уу була сатыыбыт. Били, куорат сиригэр куһунааҕар булчута элбэх дииллэрэ чахчы эбит. Көрдөх аайы уу барыта дьонноох буолан, бэрт өр эрэйдэннибит. Онтон биир күөл атаҕар алҕаһатан, дьон суох буолан биэрдэ. Сирэр-талар сир суох. Олорунан кэбистибит. Кэһэн киирэн мончуукпутун үттүбүт, сэһээккэбитин туруордубут. Бу дойду күөлүн ото, хомуһа кытаанах буолан, сэһээккэҕэ бэрт да баҕайы эбит. Бүтүн массыынаны да саһыаран кэбиһиэх айылаах үрдүк, кытаанах, туруору от үүнэр дойдута.    Дьэ, ити курдук оҥостон олорон, уоскуйан тыын ыллыбыт. Бу тухары кус көҥүл­лэнэн турар буолан, күнүстэри тиҥиргэтии кытаанаҕа. Аттыбытыгар улахан күөл баарыгар үс массыына кэбиһиилээх от курдук дурдаларын аттыгар лөглөһөн тураллар. Кус тэһииргээтин диэх курдук тураллар, уолаттар ону улахаҥҥа уурбаттар быһыылаах. Кинилэр диэки тумустаах барда да, тыаһаабакка ыыппаттар. Хата, кинилэртэн сүрэх ыарыһах буолбут кус муҥнаах кэлбит сиринэн сыр гынан аастаҕына, уолаттар эмиэ салгыны үүт­тээбиттэрин сэрэйэбит. Бүлү­мүөт тыаһа диэн сымыйа.    Дьэ, бэрт. Көҕүс тириирдээх гына оҥостоммут, хата, сылаас чэй иһэн сылаарҕаан, нуктуох курдук буоллах аайы ыалларбыт ытыалаан, кулгаах-харах иччитэ буолабыт. Сирбитин-уоппутун хайдах билэрбитинэн, тугу сатыырбытынан, туохтаахпытынан барытыттан эмти тутаттаан, арыылаах алаадьылаан уурталаатыбыт. Сарсыныгар үлэлиир дьон аһыы утахпыт суох. Уруккубут буоллар «арыйыыта», «сабыыта» диэх эбиппит. Оннук суох.    Күнүскү түбүктэн сылайан, бу олорон, киһим утуйан кэллим диэбитин иһин, кус көтүөн иннинэ барбах нухарыйан ыллахпына табылларын сэрэйэн, этэн баран, олорбутунан утуйан бардым. Сылаа таайан уһаппата, бэрт сотору ханна барбыппын билиминэ хааллым. Арай ол олорон бэрт дьиктини көрдүм. Утуйан эрэрбин сэрэйэр курдукпун да, олох күнүскү курдук. Тыылаах киһи бу олорор уубутугар илимнии олорор эбит. Илимин быата халыҥыын диэх курдук, өссө сөҕөбүн. Тыытын өйдөөн көрбүтүм, били, дойдубар аҕалааным халымалыы диэн тикпит тыытыгар майгынныыр курдук. Ол эрээри хайдах эрэ уһун уонна дүлүҥ тыы курдук көстөр. Таҥаһа-саба да хайдах эрэ бу кэминээҕи курдук буолбатахха дылы диэн муодаргыыбын. Ыраас халлааҥҥа ибир курдук уу ньуура салгыннаабытыгар тэйитэн, собо ылан быраҕаттыыра көстөр курдук. Онтон аны биһиги диэки устан кэлэн, уубут уҥуоругар тахсан, тыытын тардан сосуһан баран, дэйбиирдэнэ-дэйбиирдэнэ, тус илин киирэн түһэ тур­бута. Дьикти киһи сылдьар эбит. Собо күөрэйдэҕэ дии, аныгыскы сырыыга илим ылан кэлиллииһи диэн, илим ылыахха баар эбит диэбитинэн уһукта биэрдим. Киһим сирэйбин-харахпын одуула­һар. Түһээн кимниин эрэ кэпсэ­тэҕин ээ, диэн туоһулаһа то­һуйда. Түүлбүн бу баардыы кэпсээн биэрдим. Дьэ, туохха биллибиттэрэ буолла, диэн кэтэ­ҕин тарбанар.    Ити курдук аны мин ээбиллэ үөрүн хороҕорун курдук хоройор уочаратым буолла. Киһим да, үлэ бөҕө киһи, эмиэ утуйан ылыам диэн буолла. Кус, дойдубунан суоттаатахпына, көтүүтэ аны чаас кэриҥинэн биллиэхтээх диэтим. Киһим эмиэ бэрт сотору мунна тыаһаан барда.    Син балай эмэ олоро түс­пүтүм кэннэ, киһим хамсаан, эргичиҥнээн баран, уһуктан хорос гына түстэ. Атаҕа то­ҥон, үчүгэйдик утуйбатах. Тахсан хаамыталаата. Примустаах дьон кус көтүүтүгэр аһаан, сэниэ киллэринээри аспытын хоорута түһэн ылан, испитин буллардыбыт. Дьэ, кус, кэл. Кэтэс.    Бу кэмҥэ ыалларбыт сө­лүүт­тээн тиҥинэттилэр. Ол ыккардыгар икки чыркымай кинилэртэн үргэн кэлэн би­һиэхэ иһэллэрин иккиэн тэҥ­ҥэ көрдүбүт. «Бэйэҥ өттү­гүн!» дэһээт, саабытын бэлэм тут. Кэллилэр. Ыт. Суулун. Эр-биир иккиэн биир саа курдук тэҥҥэ тардааппытын – ууга үтүлүгү бырахпыт курдук баран түстүлэр! Дьэ, бэрт да бэрт! Байанайбыт барахсан куораттаах да сиргэ батыһа сылдьарыттан үөрдүбүт. Эбии алаадьы уурдубут. Бу дьылга бастакы хааннаахпыт буол­лаҕа.    Эмиэ кэтэс. Аны мородулар айманан, оруттаабытынан кэлэн аастылар. Түһэрэн сиэри, аһаран кэбистибит. Төн­нүбэтилэр. «Оо, абаккалаах, ытан көрбөккө» дэһэ олордохпутуна, ол үөрбүт эмиэ иһэр эбит. Бу сырыыга да түһүөхтэрэ суоҕа, чугаһаатылар да ытыалыырга диэн буолла. Кэллилэр, ытыалаатыбыт. Бастаан чугаһыылларыгар урутаан иһээччини умсары ытааппытын үөр булкуллан, бытааран мучумааннанар кэмигэр дьэ туттумахтаһан хааллыбыт. Өрө тахсыыларыгар таммалата оонньоотубут. Сэттэттэн биэ­һин ылан хааллыбыт. Табыллан, били, тоҥуох, утуктуох курдук гыммыппыт, сыта да суох буолла. Эр дьон тиллэр, өрөйөр-чөрөйөр күнэ дьэ бу түгэҥҥэ буоларын, арааһа, билбэт аҕыйах ини. Холондоорбуту салҕаталаатыбыт. Хомуннубут.    Эмиэ олор, кэтэс. Ити ык­кардыгар халлаан биллэ сырдаан барда. Онно-манна саа­лар тыастара үтүктүспүт курдук, тула тиҥиргэһэллэр. Би­һиги диэки ыыппат дьон буоллаҕа дуу дэһэбит. Онтон көрбүппүт, үс чыркымай иһэллэр. Хаптай. Кэлэн, мончууктарбытын ааһа көтөн иһэн түстүлэр. Холбоору кэтэс. Олох холбоспоттор, ыттарбыттара бэрт дуу, хороһон баран олоруу. «Ытыалыах» диэт, ытыалаатыбыт. Үһүөннэрин хааллардыбыт да, биир чыркымай холондоорон, уйдаран, уҥуор тахсан хаалла. Тыыта суох буолан, кэһэн тиийбэт буоллахпыт. «Чэ, барда» диэтибит. Бу олордохпутуна икки чыркымай кэллэ. Ыттыбыт. Күөл атаҕын уҥуор түстэ. Биирэ бара турда. Икки куһу уҥуордатан баран, көрөн олоруохпут дуо, күөлү эргийэ баран көрдөөн көрүөххэ диэн, мин бардым. Таҥаспын сыбыдахтанан баран түстүм.    Бу көстөн турар, кылгас атах дии санаабытым баара, оһоҕос курдук салҕанан бара турар уһун уу эбит. Лаппа хааман, тиритэн, сэргэхсийэн тиийдим. Күөрэтиллибит ханна түспүтүн ыйдаран хаама түһэн тэпсэҥнээн иһэн, арай хайдах эрэ этим тардан ылла. Били, түүлбэр көрбүт балыксытым тыыта бу тахсан сытар эбит! Олох түүлбэр көрбүтүм-көрбүтүнэн! Дүлүҥ тыы эбит. Уһун синньигэс биир маһы хаһан оҥоһуллубут. Биир эрэ киһини уйуох кыра тыы. От быыһыгар кус көрдүү сылдьар киһи оту тардыалыы сылдьан булан ылбыппыттан дьиксинним. Били, тиритэн кэлбит бэйэм көхсүм тымныйталаан ылла. Кус куһунан хааллын диэх курдук, төннөөрү гынан истэхпинэ, били чыркымайым тыы тумсун диэки түһэн, өлөн сууланан сытар эбит. Мин олох да буорайдым. Куспун эмиэ да ылан барыаҕы, били, түүлбэр киирбит балыксыт өлүүлэстэҕэ диэн, ол тыы тумсугар ылан хайдах сууламмытынан ууран кэбистим. Арааһа, бу дойду дьиҥнээх олохтоохторо өлүүлэстэхтэрэ, биһиэхэ үчүгэйи баҕаран, бачча кустаттахтара дии санаан хайдах эрэ урукку турукпар түстүм. Уоскуйдум. Тоҕо эбитэ буолла, тахсаары туран хоонньубар уктубут алаадьыбын барытын тыы тумсугар куһу кытта кэккэлэтэн кэбистим. Инньэ гынаат, дьэ чэпчээтим. Били, сатыылаабыт чыркымайбын бу сылдьан олох да умнан кэбиспиппин. Төннүөх курдук үөһэ тахсан истэхпинэ, бэйэтэ баарын биллэрэн, хомуска киирбит ыллыкпар тахсан биэрбитин тутан ыллым. Ити аата бу дойду, арааһа, биһигини кырыы хараҕынан көрбөтөх диэн, наһаа үөрэн, иччилэргэ махтанан төнүннүм.    Ити курдук сир-сир аайы сырыттахха, син биирдэ эмэ иччилээх түүллэри түһээн, сороҕор үөрэн, сороҕор хомойон сырыттахпыт эбээт. Биһиги бу дойдуга бастакы да, бүтэһик да буолбатахпыт чахчы. Ол эрээри биир уларыйыа суохтаах – сиэр-туом, сиргэ-уокка дойдубутугар ытыктабыл.   Буркун.
kyym.ru сайтан