Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эбэм кистэлэҥэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эбэм кистэлэҥэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
16.08.2022 15:59
– Эбээ, тоҕо да бу Муус оҕонньор Муустаах муоратыгар сүгүн олорбокко, биһиги Кириэстээхпитигэр кэлэ турара буолуой? – диэн, кыыдааннаах кыһыммыт кыстыырдыы кэлбитин биллэрэн, түннүкпүтүн тымныы тыынынан хаарыйан, муус оһуордары уруһуйдаан ааспытын көрөн, мантан инньэ таһырдьа оонньуу тахсарым саарбах буоларын сабаҕалаан, сонньуйабын. – Хайдах тоҕо? Оттон оҕуһун көлүйдэ да, кэлэ турдаҕа дии. Оҕонньор ыыра ыраах: биһиги эрэ Кириэстээхпитигэр кэлбэт, Саха сирин барытын тэлэһийэ көтөр, – диэн хардараат, эбэм хотонугар тахсар. Аан аһыллан, дьиэ иһэ тымныы туманынан бүрүллэр. Эбэм көхсө үрүҥ туман быыһыгар симэлийээтин кытары, хоһугар биирдэ баар буола түһэбин. Оронун анныгар турар былыргы мас чымадаанын иһигэр төгүрүк, таһа оруосабай, иһэ араҕас эмин тас минньигэһэ бүтүөр диэри, хаһы да айахпар уобан эмэбин уонна иһэ, аһыыта, кэллэҕинэ муоста быыһыгар симэттиибин. Эбэлээх буоламмын эбитэ дуу, дьыссаакка оскуолаҕа киирэрим диэки биирдэ барбытым. Дьиэлээхтэрбит ким үлэлиир, ким үөрэнэр, эбиэттэригэр уонна хонуктарыгар эрэ кэлэллэр. Онон, эбэбинээн устар күнү быһа иккиэйэхпит. Аралдьыйарым диэн – икки тылынан саҥарар араадьыйа. Иһиттэхпинэ, нууччалыы ырыалар, артыыстар оруолларынан арахсан оҕолорго анаан ааҕар кэпсээннэрэ, остуоруйалара сахалыытааҕар ордук бэһиэлэй, көр-нар курдуктар. Кинигэлэрим эмиэ биир оннуктар – өйө хойдо илик оҕолору төрөөбүт төрүт тылларыттан тэйитэ сатаабыт курдук нууччалыы остуоруйа ойуута эчи дьэрэкээнин... Сэбиэскэй бырапагаандаҕа бас бэринэн, ийэбэр үлэтиттэн кэллэҕинэ кэпсэттэриэм диэн, кинигэ долбууругар кыстанан турар кинигэлэртэн үксүн нууччалыы остуоруйалары талан уурарым. Ийэм соҕуруу куоракка үөрэммит буолан, “убайдарбыт” тыллара наадатын этинэн-хаанынан билбит киһи быһыытынан, талбыппын хайгыыр эрэ. Оонньуур да арааһа баар. Соҕотоҕун оонньуу сатаан баран, күн ортото салҕан, сүрэҕэлдьээн барабын. Кэлин бырааттаммытым да кэннэ, кини хаһан киһи-хара буолан тэҥҥэ оонньоһуор диэри, соҕотохсуйар эрэйин көрбүт мин баарбын. Саамай баҕа санаам – элбэх бииргэ төрөөбүт оҕолор. “Улааттахпына, уон оҕону субурутуом” диэн бэйэбэр мэктиэ тыл бэринэрим. Күнү быһа эбэм аттыттан арахпаппын. Ол сылдьан баллырҕаһарбыт элбэх, быыһыгар такайан да ылар. – Улааттаххына, үөрэхтээх киһи буолаар, ол эрээри олус үрдүккэ талаһаайаххын, – диир. – Тоҕо, эбээ? – бэл, кыра киһи санаатыгар үөһэ дабайар аллара сыылла сылдьардааҕар ордук курдугун санаан токкоолоһобун. – Үөһэттэн аллара сууллар айаката бэрт буолуо, орто киһи олоҕун талан сылдьыахха наада. Орто киһи элбэх, олор быыстарыттан эйигин ким да тутан сиэ суоҕа. Дьон хараҕын аалар куһаҕан, – диэн сүбэлиир. Эбэм саҥатын оччолорго биир кулгаахпынан истэн, иккиспинэн таһааран кэбиһэр курдук этим эрээри, бу санаатахха, ханна да үөрэммитим, үлэлээбитим иһин, хаартыга куоһуру харыстаан оонньуурга үөрэппитигэр дылы, дьиҥ кыахпын толору арыйа сатаабакка, олохпун оруобуна эбэм эппитин курдук оҥостубут эбиппин. Эбэм дуоһунастаах, пуормалаах дьону хайаларын да араара барбакка барыларын «хамыһаардар» диэн уопсай ааттыыра уонна отой аанньа ахтыбата. Бөһүөлэкпитигэр туох эбит түбэлтэ тахсан, Сунтаартан милииссийэлэр киирбиттэрин иһиттэҕинэ, сэрэхэдийэн, били мас чымадааныгар икки имиллибит киис тириитин хаһыакка суулаан сытыарарын, куукуна ыскаабын аллараа пуолкатыгар турар улахан көстүрүүлэ түгэҕэр угара уонна үрдүнэн дэлби ириис куруупаны кутан кэбиһэрэ. «Кимиэхэ да этээйэҕин», – диэн ыйар тарбаҕын уоһугар бигээн миигин сэрэтэр. Эбэм тоҕо оннук гынарын отой өйүм хоппот да буоллар, кырдьык даҕаны, бу суруйуохпар диэри кимиэхэ да быктарбатах эбиппин. Эриэккэс дьоро киэһэлэргэ, бары мустан чэйдии олордохпутуна, урукку олоҕуттан быһа тардан быктаран кэпсиирэ. Хотун Бүлүү анараа биэрэгэр, Ыстаан диэн өтөххө, билиҥҥитэ ханан эрэ Мииринэй куорат диэки, эбэлээх эһэтигэр иитиллибит. Эбэм эһэтэ, биһиги өбүгэбит, Туман оҕонньор кинээс, кулуба да буолан турбатар, тар курдук табаны, үлүгэр үөр сылгыны, хороҕор муостааҕы, бэл диэтэр, кырымахтаах кыһыл саһылы иитэн, тула эргин тэҥнээҕэ суох эбит. Эбэм ийэтэ, Туманнар кийииттэрэ, эдэр сааһыгар өлөн, аҕата олоҕун иккиһин оҥосторго сананар. Тойбохой диэн сиртэн кыахтаах ыал кыыһын сүктэрэн аҕалар. Иккис ойох оҥостон саҥардыы буруо таһааран иһэн, эдэрдэригэр тэптэрэн аныгы олох агытаатардарын алыптаах тылыгар бас бэринэн, “холкуоска киирэбит” диэн булкуллан тураллар. Кырдьаҕас төрөппүттэрин тылларыттан тахсан, улаханнык “ар-бур” дэһэн айдаарсан, Кириэстээххэ көһөн киирэн, өлүү энньэлэрин холкуоска холбууллар. Кырдьаҕастар ийэтэ суох хаалбыт сиэннэрин (эбэбин): “Оҕону хоргутан өлөрүөххүт”, – диэн, бэйэлэригэр илдьэ хаалбыттар. Онон, эбэм төрөөбүт өтөҕөр хаалан, улаханнык албадыйан, хоргуйар диэни билбэккэ, тот, нус-хас олоххо улааппыт. Кырдьаҕастар төһө да хамначчыттаммыттарын иһин, сиэннэрин кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэппиттэр. Сүүрбэччэ ыанар ынахтан чычаас, сымнаҕас эмиийдээх Маҥаачык диэн киниэхэ анаммыт ынаҕын, ыанньыксыт кыргыттардыын хотоҥҥо тэҥҥэ тахсыһан, бэйэтэ ыыр эбит. Баай ыал кыыһа буолан 21 сааһын томточчу туолан баран, эргэ тахсыбытынан киэн туттара. Былыр дьадаҥы саха ыала халыым ылаары дуу эбэтэр аһыыр айаҕы аччата сатаан дуу, кыргыттара эттэрин туттулар эрэ, эрдэ кэргэн тахсарга күһэйэллэр эбит. Былаас букатыннаахтык уларыйарын диэки, Туман оҕонньор сүөһүтүн үксүн эһэн, үлэһиттэриттэн икки тулаайах муҥнаахтары: тыла суох кыыһы уонна биир улгум соҕус уолу хаалларынан, оҕонньордоох эмээхсин баалларын тухары бэйэлэрин бэйэлэрэ бас бэринэн бэркэ бырылаан олорбуттар. Ирэ-хоро сэлэһиибит бүтэһигэр: «Дьоҥҥо мээнэ саҥара сылдьаайаххыт», – диэн сэрэтиинэн түмүктэнэр. Мин саамай кыра, ол эбэтэр эрэбилэ суох киһи быһыытынан, ийэм балыстарыттан: “Чап гыннарбыта эрэ баар буолуо”, – диэн уорбаланан, толору мөҕүллэн, хараҕым уутунан суунан утуйарым. Икки кыра эдьиийдэрим Натааһалаах Наадьа, оскуола орто сүһүөҕүн үөрэнээччилэрэ, чорбоҥноһон дьиктилэр, остуолтан кынчарыйбакка эрэ турбаттар. Уйбаан эрдэтинэ суос биэринэн, чанчыкпыттан ыйаан дуу, кэтэхпиттэн имитэн дуу аастаҕына табыллар. Хата Ээдьиктээх ¤иинэ, улахан, дуоспуруннаах дьон быһыытынан, туох да диэн холуннарбакка хосторун диэки хонтороҥноһоллор. Ийэм барытын көрөн олорон: «Оҕобуун», – диэн көмүскэһэр куолаһын иһиттим эрэ, мэрбэйдэр-мэрбэйэн марылаччы ытаабытынан барарым. Чэр буолбут ытыстаах, хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри түбүгүрэн, букунайан тахсар эбэм хаһан эрэ мааны кыыс Маайыс диэн аатыран саһыл саҥыйахха суулана сылдьыбытын билигин да өйбөр кыайан ойуулаан көрбөппүн. Ол гынан баран эбэм котоку үлэһит буолбут кыргыттарын таҥастарын бэрийтэлии сатаан, күөгэйэр күннэригэр кэппит саһыл саҥыйаҕа уоттуйан нэк буолан хаалбытын бырахпакка, кэриэстээн уура сылдьан, үчүгэйкээн икки бэргэһэ таһаарбытын бэркэ диэн өйдүүбүн. Дьабакатын мин ийэм кэппитэ, оттон кэтэҕэ уонна икки сыҥааҕын кэннэ саһархай өҥнөөх торҕонон аттаран тигиллибит уһааҥка ¤иинэҕэ анаммыта. Эбэбэр дьон аһара сылдьара. Хас киирбит киһини, саха сиэринэн, чэйдэппэккэ таһаарбата. Ыаллыы олорор эмээхситтэрэ күҥҥэ хаста да сыбыытыыллара. Оттон ыраах олорор, эдэр сылдьан эҥээрдэспит «кыргыттара» анаан-минээн ыалдьыттыы кэлэллэрэ. Кэпсэтиилэрэ эрэ үксэ былыргыларыгар иэҕиллэ турара. Ол олорон, хам-түм сут дьыллары ахтыы буоллаҕына: «Баайдар кыыстара биһиги курдук хоргуйар диэни билбэтэҕиҥ,” – диэн сирэй-харах анньан турааччы да баар буолара. Сорох абарбыт уоҕар миигин хаарыйан ылара: «Билэҕин да, эн эбэҥ уруккута баайдар кыыстара буоларын?». Оччоҕо эбэм хомойон хоргутарын дуу, өһүргэнэн өстөһөн турарын дуу эрэйэн, сирэйин тонолуппакка одуулуурум. Онтум баара, киһим биир да мырчыстаҕаһа ымыр гыммат, оҕо сааһын доҕотторун ыар олохторун билэрэ бэрт буолан, тыыннарын таһааралларыгар быраап биэрэн, саҥарбакка хаалааччы. Саас кэлэн, күөх истээх сахсырҕа уһуктан, тот иһэ күн сардаҥатыгар күлүмүрдээн, эчи, кырасыабайын! Сэҥээрэн, илиибинэн тута сатыырбын, эбэм: «Пахай да, тыытыма», – диэн баран, хаһыаты эрийэ тутан сахсырҕабын ньахчаччы биэрэн түһэрэр. Күлүмүрдэс күөх истэн түннүк өстүөкүлэтигэр маҥан салахай эрэ сыбанан хаалар, ону көрөн уҥуоҕум кыйан, дьэ кырдьык пахай эбит диэн эбэбиниин сөбүлэһэбин. Биирдэ түннүкпүн манаан олордохпуна таһырдьа, саҥардыы харааран эрэр хаар быыһыгар туох эрэ сандаарар. «Эбээ, олбуорбутугар алмаас сытар, ол, көр!» – диэн айманабын. Кириэстээхпитигэр Саха сирин маҥнайгы алмааһа көстүбүтүн истиэхпиттэн ыла, ханна эрэ биир эмит күндү таас умнуллан хаалбыт буолуохтаах диэн бигэ эрэл баара. Тыынар-тыыммат ыккардынан, таҥнан сүүрэн тахсыбытым, кэнсиэрбэ бааҥката буолан, кэлэйии бөҕөтүн кэлэйэн киирбиппэр, эбэм: «Саас ол иһин албын саас дэнэрэ буолуо», – диэн күлбүтэ. Күн уһаан, халлаан сылыйан эбэбиниин ыал кэрийэр ыарыыга ылларарбыт. Ыал аһа минньигэһэ, эбиитин дьон дьиэтин сыныйан көрөрбүн аһара астынарым. Туох кэлээхтиэй, оччолорго бары да биир халыып олохтоох буоллахпыт: тимир орон, орон анныгар чымадаан, аһыыр сиргэ бэйэ оҥоһуга мас остуол, ыскаап, олоппостор биитэр ыскамыайка. Мас кыстыыр муннук, уулаах буочука киирэр аантан ырааппаттар, үөһээ көхөҕө тас таҥас ыйанар. Хаһан эрэ Кириэстээхпитигэр тыла суох худуоһунньук таарыйан, дьиэ аайы бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар, аккырыыкканы үтүктэн уруһуйдаммыт хартыыналар киэргэл буолан бочуоттаах миэстэҕэ, аһыыр сиргэ ыйанан тураллара. Дьэ, оннук барыта ини-бии дьиэлэртэн уратыны булан ылбытым. Ыал аайы хойуу баттахтаах, бытыктаах, үтүө сэбэрэлээх киһи мэтириэтэ баара. Өссө сорох дьоҥҥо бу киһибит куудара баттаҕар баанчык бааммыт үчүгэй баҕайы кыыһы көтөҕөн олороро. Ол кыыстаах хартыынаҕа олус да ымсыырарым! Ол эрээри “Тоҕо бу маннык биһиэхэ суоҕуй?” – диэн, ыйыппат этим. Инньэ гынан, били бытыктаах дьээдьэм Ыстаалын буоларын төрдүс кылааска тахсан баран, биирдэ билбитим. Устуоруйа уруогар учууталбыт Ыстаалын Сэбиэскэй Сойууска үтүөтүн-өҥөтүн иэйэн-куойан туран кэпсээтэ. Оскуолабыттан кэлэн эбэбиттэн ыйытааччы буоллум: – Эбээ, биһиэхэ Ыстаалын мэтириэтэ тоҕо суоҕуй, дьоҥҥо барытыгар баар дии? – Тоҕо ол кини мэтириэтэ биһиэхэ баар буолуохтааҕый? – эбэм арай өһүргэнэн өлө сыста. Убаастыыр учууталым таҥараҕа тэҥнээн, сүгүрүйэн кэпсээбит улуу киһитин эбэм атыннык этэн-тыынан турбута кэлэйиилээх этэ. Бу мунчаарбыт боппуруоспун иккис сылын кыһыл хаалтыс баана сылдьар пионер кыбыстыыта бэрт буолан кимиэхэ да кэпсээбэтэҕим. Оскуоланы бүтэрэрим саҕана, Ыстаалыны ыыстааһын кыралаан саҕаланан барбыта. Эбэм ону араадьыйаттан, тэлэбиисэртэн истэ-билэ олорбута, ол эрээри бэйэтин тус санаатын кимиэхэ да быктарбатах эбит. Уопсайынан, эбэм сыта-олоро аһара элбэҕи толкуйдуура, санаатыгар ханна эрэ ыраах баран хаалан, ардыгар киһи саҥатын истибэккэ хаалара. Билигин кэлэн ырытан көрдөххө, урукку дьонтон ураты толкуйдаах буолан, санаатын кимниин да үллэстибэт, элбэҕи саҥарбат эбит. Кини олоҕо икки тэҥэ суох кэрчиктэртэн турара: бастакыта – төрөөбүт өтөҕөр баай-дуол олох, иккиһэ – бөһүөлэккэ киирэн кыанар-кыаммат, быстар-быстыбат ыккардыгар өлбөөрбүт кыраасканан суруллубут хартыынаҕа дылы, соччо улахан үөрүүтэ-көтүүтэ суох олох. Бу икки кэрчиктэр икки ардыларыгар туох буолбутун отой кэпсээбэтэ. Кэлин өйбүн-төйбүн тутан баран: «Хайдах кулаактаммакка хаалбыккытый?» – диэн, хаста да ыйыталаһан турардаахпын. Ону таах, мээнэ хаалларан кэбиспиттэрин курдук хоруйдуура. Итэҕэйбэккэ аһара токкоолоһон киирэн бардахпына, кыыһыран куотунара. Биирдэ кырдьаҕас тастыҥ эдьиийим, эбэм истибэтигэр: “Туман оҕонньор бассабыыктарга бэрик биэрэн быыһаммыта”, – диэн саҥата элбэҕэр алҕас быктаран турардааҕа. Били бэйэтэ да иккиэйэх киис тириитин төттөрү-таары кистиирэ мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо диэн, билигин кэлэн, эбэбин аһына саныыбын. Эбэм барахсан биһигини төрөөбүт-үөскээбит былаастарыгар өһөөбөккө, эйэ дэмнээхтик олордуннар диэн, тугу эрэ алҕаска этиллиэ суохтааҕы саҥаран кэбиһиэм диэбиттии, үйэтин тухары үксүн саҥарбакка чуумпутук сылдьан, лаппа кырдьарын диэки сыҥааҕа ытыстан, саҥата букатын да тахсыбат буолбута, Орто дойду олоҕуттан төннүбэттии бараахтаабыта. Эбэм барахсан олоҕун саҕаҕар Дьылҕа хаан хаттаан ситэн кэлэн, төрөөбүт дойдутун устуоруйатын үһүс бүк уларыппытын кэннэ, бу Айыы дуу, Аньыы дуу сириттэн букатыннаахтык, төннүбэттии куотунаахтаабыта. Анжелика Мотосова.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан