Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таптала суох – олох суох
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таптала суох – олох суох
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
15.03.2019 16:48
Кырдьыга баара, итини ким утарыай – барыта оннук буоллаҕа эбээт! Таптал баар буолан, аан дойду дьону-сэргэни сэргэхситэн, эрэл кыымын саҕан бачча турдаҕа. Ол иһин даҕаны үҥэр таҥара оҥоһуннахтара. Таптал туһунан суруйбатах биир эмэ суруйааччы баара биллибэт. Этэргэ дылы, инньэ «бүөт бөтүрүөп» саҕаттан тиэмэ оҥостон кэллилэр эрээри, ким да салгыбыт чинчитэ суох, хата, кэрэхсэбиллээҕэ, туох эрэ уратылааҕа, дьиктитэ арыллан тахса турар. Аламай күммүт барахсан илин саҕахтан тахсан, арҕаа кэриигэ киирэн «күннээҕи үлэтин бүтэрэр» эрээри, ким да онтон «ээ, барыта наар биир көстүү, салҕан да бардым» диэбитэ эмиэ иһиллибэт. Күммүт даҕаны онтон элэйэн-эмтэрийэн, мөлтөөн-ахсаан барбыта көстүбэт, оттон биһиги, иэгэйэр икки атахтаах бииһин ууһа, омуннаатахха, эҕирийэн баран чыпчылыйыах да иннинэ кырдьан-бохтон ньүдьүрүүбүт быһыылаах. Дьиҥнээх таптал диэни билбэккэ да өбүгэтин дойдутугар төннөр киһи хара баһаам буолуохтаах. Ити гынан баран хайдахтаах да ыар санаа халыйан кэлбитин иһин, киһи барахсан син үчүгэй кэмнээх, ахта-саныыр түгэннээх буолар. Ол – таптал сөҕүрүйбэт уота баарыттан. Онон тапталы сатаан харыстыахха, сыаналыахха. Хомойуох иһин, маны барытын сааһыран, этэргэ дылы, кэнниҥ уһаан, инниҥ кылгаан эрэ баран өйдүүр курдуккун. Оттон билигин, күн-дьыл элэҥнэс буолбут үйэтигэр, эдэр дьон маныаха төбөлөрүн ончу сынньыбаттар быһыылаах дии саныыбын. Эдэрдэр Сиэн балтым Мааһыҥка Өндүүһүн кытта устудьуон сылдьан үс хас сыллааҕыта уол дьонугар тыаҕа тахсан ньиргиччи сыбаайбалаабыттара. Куоракка биир түөлбэҕэ ыаллыы кэриэтэ олорбуппут. Маладьыастарыҥ оптуобус тохтобулугар сарсыарда эрдэ-ии баҕайы иилиҥкэйдэһэн баран эрэр буолаллар. Ким баҕарар «барахсаттар дьоллоох да пааралар» диэн эйэргии көрүөн сөбө. Кырдьык, оннук: Өндүүс табах тарпат, арыгы испэт, олус кыанар, спордунан утумнаахтык дьарыктанар устудьуон; иллэҥсийдэ да тугу эмэ үлэлээн харчы өлөрбүтэ эрэ баар. Мааһыҥка эмиэ бастыҥ устудьуон, үөрэнэрин быыһыгар алмаас кырыылыыр тэрилтэҕэ үлэлиир, бэйи, сороҕор сүүрбэччэ тыһыынчаны аахсар үһү. Үнүбэрсиэккэ киириэн иннинэ аҥаардас ийэлэрин быыкаа хамнаһыгар оскуолаҕа үөрэнэр балта Ньургууну кытта үһүө буолан мөхсөөхтүүллэрэ. Аҕалара букатын быыкааларыгар араҕан барбыта, онон кыргыттар «аҕабыт маннык сирэйдээх-харахтаах этэ» диэн өйдөөбөттөр уонна «хаарыан киһибит барбыта абаккатын» диэбэттэр. Арай хам-түм тугу эмэ маҕаһыынтан ылынар кыһалҕа тирээтэҕинэ, «харчынан да көмөлөспөт» диэн абатыйан ылаллара. Эдэр ыаллар Мааһыҥкалаах син бур-бур буруо таһааран олоруохтар этэ, ону баара, Өндүүһү аармыйаҕа илпиттэрэ. Хата, аны сулууспалара – биир эрэ сыл. Ол диэхтээн. Былыр Мааһыҥкалаах таайдара Бэтэрээн Ньукулай Сахалиҥҥа сэттэ аҥаар сыл сулууспалаабыт. Чааһыгар биир да саха суох буолан, бэл, төрөөбүт тылын умнубут киһи тиийэн кэлбитэ үһү. Аныгы аармыйалара дьыссаакка маарынныыр диэн кэпсииллэр. Астара – иһиҥ төһөнү ыларынан, өссө күнүс хайаан да утуйар үһүгүн. Ырай олоҕо буолбаат! Мааһыҥка Өндүүһүгэр кыралаан харчы оҕото, баһыылка ыытара, суотабайдарынан тириилэрэ тэнийиэр диэри кэпсэтэллэрэ. Дьоллоох киһиэхэ сыл – хонук. Өндүүс, түөһэ бүтүннүү араас значок күлүмүрдээбит
киһитэ, диэмбэл буолан курбалдьыйан кэлбитэ. Уларыйбыт. Арыгы амсайар буолбут, тыла-өһө онтон ордубатах. Кини этэринэн, хамандыыр бирикээһин улгумнук толоруу – акаары быһыы, үлэттэн куотунуу – сатабыл бэлиэтэ. Сыала-соруга – чэпчэкитик харчыны сомсон ылыы. Ыйга сүүрбэ тыһыынча хамнас диэхтээн – кулут үлэлээтин. Билигин Маа-һыҥкалаах Өндүүс, туохтан сылтаан эбитэ буолла, атырдьах салаатыныы арахсан олороллор, холбоһор санаа диэн суох быһыылаах. Тус-туспа барбыттарыттан хомойбут сибиэн хайа-хайаларыгар көстүбэт. Дьикти дии. Эдэр эрдэххэ Кынат Чээнэтин кытта олус да тапсаллара. Киинэҕэ сылдьан, кыыһын аахха күнүн-дьылын ыытан баран, уол бүтэһик оптуобуһунан өрүс пуордун таһыгар баар уопсай дьиэтигэр айанныыра. Чээнэтэ хараҕа ууланан сайыһа хаалаахтыыра. Эрэйдээхтэр ол саҕана саныыр санаалара, баҕарар баҕалара «хайдах эмэ гынан дьиэ дуу, хос дуу булуммут киһи» диэн этэ. Оннук түгэн көстүбүтэ. Уопсайынан даҕаны, олус күүскэ баҕардахха, онно дьулустахха, туох барыта сатанар дииллэрэ кырдьык. Куорат биир саамай кырыы сиригэр 28 кыбадыраат иэннээх, мантан инньэ бэйэлэрэ бас билэр балаҕаннарыгар Кынат – биир дьоҕус чымадааннаах, икки сүгэһэр кинигэлээх, оттон Чээнэ икки тирии суумка маллаах көһөн тигинээн тиийбиттэрэ. Кынат Киргиэлэйэбис ону күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри долгуйа ахтар, бэл, сүрэҕэ ытырбахтыыр. Оччолорго кини – сүүрбэ түөрдүн, Чээнэтэ сүүрбэ биирин туолаары сылдьаллара. Сыбаайба той тэриммэтэхтэрэ, балтараа мөһөөхтөөхтөрүн сыа-сым курдук тутан, барбах иһит-хомуос, дьиэни сөхсүтэ түһэргэ чэпчэки сыаналаах обуой атыыласпыттара. Сүрэх-бэлэс дэлэ дуо?! «Түүннэри обуойдуурга!» диэн оргуйан турбуттара. Сатааталлар-сатаабаталлар, сороҕор киҥир-хаҥыр саҥарса сысталлар даҕаны дьаныардаахтык үлэлээбиттэрэ. Оһоххо маһы харыстаабатахтара. Кэнникинэн улам тиритэн, таҥаһы көҕүрэттии буолбута, ол үрдүнэн үлэлэрэ тоҕо эрэ үөтэлээбэтэҕэ. Онтон ол туохтан эбитин сонно сэрэйбиттэрэ: сирэй-сирэйдэрин көрсөөт, ньылбы туттан кэбиспиттэрэ уонна уохтаах тапталга төбөлөрүн оройунан түспүттэрэ. Ол эрээри эппит тыл этириэс – тыыннарын таһааран баран, үлэлэрин салҕаабыттара. Холбоһо иликтэринэ сырдыкка кус сыгынньах сылдьыбыттара диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Дьэ, ол түүн лаампа сырдыгар баҕас хайа-хайалара харахтарын минньиппиттэрэ. Оонньоһуу, таарыйсыы-туппахалаһыы, уураһыы-сыллаһыы үрдэ суоҕа. Иккиэйэх эрэ этилэр эбээт ол түүн! Хаста эмэтэ таптаһан, сарсыарданан үлэлэрин бүтэрбиттэрэ уонна, били, саҥа баалынайдарыгар киирэн, симиттэн ыла-ыла хардарыта сууйсубуттара... Арахсыы Дьиҥэр, кинилэр саҕа таптаһар кэргэнниилэр бу аан дойдуга бааллара эбитэ дуу – кылгас кэмҥэ да тэйсэ түстэхтэринэ, суохтаһан, күлүктэрэ эрэ барыҥныыр курдуга. Оттон көрүстүлэр да туга кэлиэй – сааскы чырып курдук тырыбыныы көтөллөрө, кинилэртэн дьоллоох, ама, бу күн сиригэр баар үһүө?! Букатын быыкаа оҕо курдук сырсыакалаһаллара, күнүстэри тугу да умнан туран өйө-төйө суох таптаһаллара. Сэниэлэрэ эстэ-иин-эстэн баран, хам куустуһа сытан, утуйан буккуратан хаалаллара. Кынаттаах Чээнэ утуу-субуу икки уол оҕоломмуттара, өрөгөй-талаан өссө үрдээбитэ. Ол эрээри туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх: үөрүү-көтүү үлүскэнэ аҕырымныы быһыытыйбыта, күннээҕи кыһалҕа онон-манан кыпчыйбытынан барбыта. Маны этэн эрдэхтэрэ «олох олоруу сибэккилээх кырдалы дьиэрэҥкэйдээн туорааһын буолбатах» диэн. Урукку курдук
чыычаах кэриэтэ көҥүл тырыбыныыр кэм аҕыйаабыта, күн сиригэр кэлбит саҥа дьону иитэр уустук сорук турбута. Оттон эдэр ыалларга «сылдьыбыппыт сыччах, олорбуппут оччо, хаарыан кэмнэр аастахтара» диэн мунаар-тэнээр санаа хаатыйаламмыта. Устунан киҥир-хаҥыр саҥарсыы, ким сөбүн-сыыһатын дакаастаһыы, тоҕоос эрэ көһүннэр, сирэй-харах анньыһыы саҕаламмыта. Түмүгэ – арахсыы. Былыргыны былыт саппат Наҕыл, үүт тураан олохтоох ыал, бука, ханна эрэ син баара буолуо. Оттон Кынат Киргиэлэйэбис билигин, сааһыран олорон, түгэн эрэ көһүннэр, итини санаа ымыыта оҥостон тахсар. Хаарыаны, оннук олорбута буоллар ньии, төһөлөөх дьоллонуо этэй?! Манна диэн эттэххэ, кини олоҕо наар түбүк, мэлдьи тугу эрэ сырсыы, күн былдьаһыга эбит. Үлэтиттэн ыкса киэһэ эстэ-быста сыһан уораҕайын булар. Кэргэнэ кутугунайан арааһы бары үрүм-арым да туттар, били, Чээнэтин кытта бэрт кыраттан даҕаны үөрэн, күннээҕи түбүгү умналларын курдук буолбатах, туох эрэ тиийбэт, чугас эргин ол суох. Дьиҥэр, харчы диэтэххэ харчы, дьиэ диэтэххэ дьиэ – барыта баар эбээт! Чээнэтэ туспа ыал буолан тыаҕа олорор. Сааһырдаҕа. Маҥнай утаа ыал буолалларын саҕана «эйигинэ суох – олох суох» дэһэллэрэ. «Хайабыт эмэ таҥнаран, атын киһини таптаатаҕына, ол – өстөөх» диэн андаҕайсаллара, аны биэс сылынан арахсыахпыт диэн түһээн да баттаппат этилэр. Биирдэ, арахсыбыттара уонча сыл ааспытын кэннэ, улуус киинигэр соһуччу баҕайытык көрсө түспүттэрэ. Мантан иккиэн да олус үөрбүттэрэ, бэл, куустуһа түспүттэрэ. Саҥаларыттан матан, чочумча турбахтаабыттара. Чээнэтэ син биир уруккутун курдуга: арылыччы көрөн, сэгэлдьийэн кэбиспитигэр Кынат эрэйдээх ууллан хаалбыта. Чээнэ гостиницаҕа соҕотох этэ. Били, андаҕайсыы эрэ, туох эрэ – барыта умнуллубута. Маҥнай холбостохторун утаа хайдах этилэрий да, сол курдук уохтаахтык, омуннаахтык таптаспыттара. Арай Чээнэтэ урукку хатыҥыра ханна да суоҕа, чахчы сиппит дьахтар киэбинэн түөс да түөс, самыы да самыы – киһи эрэ ымсыырыах курдуга. Эмиэ да ытамньыйан, эмиэ да күлэн ыларын быыһыгар: – Оо, Кынат, уруккуҥ курдук «хам аччык» быһыылааххын, чэ мэ, ыл хайдах баҕараргынан, бу түүн бүүс-бүтүннүү эйиэнэбин, – диэмэхтиирэ. Күүс-күдэх хантан кэлэрэ эбитэ буолла?! Кынат хаһан да тохтуох быһыыта суоҕа. Көр, билиҥҥи кэргэнэ, бэйэтиттэн төһө да ыраах балыһын, көстөр дьүһүнүнэн кырасыабайын иһин, Чээнэ курдук тугу барытын умуннарар гына үрдүккэ көтүппэт, таптал уотун сириэдиппэт эбит! Чээнэ котоку бу үчүгэйиэн! Бу нарыныан! Барыта ис сүрэҕиттэн күөдьүйэн, күлүбүрээн тахсарыан! Тугуй бу? Түүл дуу, илэ дуу? Кинилэр сарсыарданан биирдэ уоскуйбуттара, арыый тыын ылан, дьэ кэпсэппиттэрэ. Чээнэ саҥа эриттэн эмиэ уол оҕоломмут. Тэрэпиинэ сүрдээх боростуой, этэргэ дылы, ыал аайы баар киһи үһү. Үчүгэйэ диэн, арыгы испэт, табах тарпат, санаатын уурдаҕына, тарбахтаах бастыҥа, ууһа-урана (ити өттүгэр баҕас Кынат ырааҕынан хаалара эрэбил: кини обургу уһанан мүлүктэһэн бардаҕына, хара тыа маһа ытыыра чахчы, оттон үрүүмкэни дэлэҕэ киэр анньан бэрт) диэн кини эбит.
Сарсыарда арахсалларыгар Чээнэ, эмиэ эдэр эрдэҕинээҕитин курдук хараҕыттан уу-хаар баспыта, илийбит иэдэһинэн Кынат иэдэһигэр сыстыбыта уонна сүр күүскэ тэйэ түһээт, хааман сырбалдьыйа турбута. «Баҕар, хайыһаарай, тугу эмэ этээрэй?» диэн, Кынат санаатыгар кэтэһэн көрбүтэ да, Чээнэтэ сол курдук эргиллибэтэҕэ. Санньыар санаа сатыылаабыта, сүрэҕэ ытырбахтаан ылбыта. Аны көрсүөхтэрэ дуо хаһан эмэ?! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан