Кэпсээ
Войти Регистрация

Отутус сыллардааҕы андыһыттар

Главная / Кэпсээн арааһа / Отутус сыллардааҕы андыһыттар

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
22.07.2022 12:30
   Биһиги аҕабыт Семен Петрович Колосов (1912-2008) оҕо сааһын туһунан (1921-1931) икки чаастаах ахтыы суруйан хаалларбыта.      1929-1931 сс. Бүтэйдээх оскуолатыгар үөрэммитэ, оччолорго биллэр-көстөр элбэх дьону көрбүтэ, ол кэмнээҕи (ардыгар кырыктаах) сабыытыйалар тыыннаах туоһулара буолбута.    Ол курдук, 1930 сыл саа­һыары чэкиистэр Боссоойко эрэйдээҕи дьиэ кэргэннэрин, доҕордорун-атастарын кытта эһэллэрин көрбүтэ. Оч­чо­тооҕу саха ыаллара хайдах олороллорун, оскуолаҕа оҕо­лору хайдах үөрэтэллэрин бу көстөн турар курдук ойуулаабыта. Ахтыытын иккис чааһыгар 1931 сыл сааһыгар Табаҕа эбэ күөлүгэр оччотооҕу дьон анды булдун хайдах тэрийэн ыыталларын, туох бэрээдэги тутуһалларын киллэрбитэ. Бү­гүн онтон кылгастык быһа тардан ааҕааччыларга били­һин­нэриэхпин баҕарабын.   Ылдьаа Куолаһап, Майа, Мэҥэ Хаҥалас.   Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар андылааһын бэрээдэгэ хайдах этэй?      <...> ШКМы (Школа крестьянской молодежи) үчүгэй­дик бүтэрдим. Бүтэй­дээхпэр тохтоон, сынньана түһэн дьиэлээтим. Анды киирэ илик. Онон Табаҕаҕа Халыгырас аймахтарга андыга биир эмэ хонон ааһыам. Табаҕа эбэ халдьаайытынан баран иһэн бэйэм нэһилиэгим – урукку Суола Мө­ҥүрүөнүн киһитэ – Борокуоппай Илбиккэйи көрүстүм.    – Эбэ мууһа сулан бүттэ. Ортотугар баарын тыал, долгун үлтү сынньан аны түүн бү­тэриэҕэ. Сарсын андыга сытааччылар бары дурдаларбытын болуокка оҥорон, иһирдьэ анньан киллэрэн, мончуук ан­ньыытын бүтэрэр үһүбүт. Киэһэ өттүгэр оо-ол турар Ытык Ту­муһах Бэһин анныгар, хал­дьаайы сыыр үрдүгэр, бастакы улахан малааһын буолар үһү. Ону Суосун Уйбаан Дьөгүөрэбис-Токоо Суосун диэн, бастыҥ дурдалааҕынан биллэр, ааттаах-суоллаах ки­һи тэрийэр үһү, – Борокуоппай сэ­һэргээтэ. – Токоо Суосуну истэр этиҥ дуо?    – Ээ, истэн бөҕө, – диэтим.    – Биһиэхэ тахсыах! Сааҥ үчүгэйэ бэрт эбит! Биһиги да хоноһону биир-икки күн хоннорор дьоммут! – диэн андыга ыҥырда.    Сарсыҥҥы күн. Эбэ мууһа бүппүт. Күөл арҕаа өттүттэн илин Хоруу Төрдүгэр диэри адаа­рыҥнас, сүүһүнэн киһи, көлө. Бары сыарҕаҕа тыы, хо­руол, утуйар таҥас, араас таһаҕас тиэйбиттэр. Мин ки­һим доҕотторо үс-түөрт киһи эмиэ икки тыылаахтар, аттаах оҕустаахтар. Өссө тыаттан бэрт элбэх, сыалай дурда буолар көҕөрбүт титирик киллэрдилэр. Болуот үрдүгэр дурда оҥороллоругар көмөлөстүм.    Күн ортото ааста. Дьон дур­даларын күрдьүк курдук анньан, долгун үрдүнэн иһир­дьэ киллэртээтилэр. Хоруол атаҕын анньан туруортаатылар. Мин дьонум отучча хоруолу астылар. Ааһа элбэх хоруолу Токоо уонна Кэттэччи биирдии бэйэлэригэр сүүс биэс уончалыы устууканы астылар.  Барыта сүүрбэччэ дурда киирдэ. Онон эбэ кытыыта өр­төммүт дулҕа курдук.   * * *    Түөртүүр ынах ыамын са­ҕана бүтэн, халдьаайыга – Ытык Тумуһахха тиийдибит. Эр­гиччи нэһилиэктэртэн дьон бөҕө кэлбит. Холуочуктар да бааллар. Чааһынай дьон сүөһү өлөртөөн, атыы-тутуу элбээбит. Кэнники соҕус Токоо Суосун быраата Тиит Суосуннуун кэллилэр. Тойонуттан кулутугар тиийэ үллэҥнэс киһи.    Кутаа бөҕө оттуллан, эт бу­һарыыта-үөлүүтэ буолла. Аал уотун киһи барыта аһатар. Арыылаах лэппиэскэни, алаадьыны, сыалаах эти, үрүҥ сүү­мэх сиэли бэрсэллэр. Сорохтор өссө арыгы куталлар.    Улахан Бэс төрдүн чугаһы­гар кураанах маһы туоһунан саһаҕалаан, Токоо уонна Тиит Суосуннар кутаа уот отуннулар. Ол кутаа чугаһыгар икки киһи обургу остуолу тарта. Онно оргуйа сылдьар олус улахан алтан сылабаары икки ки­һи аҕалан остуолга уурда.    Дьону барытын бэс хаҥас өттүгэр олордуталаатылар. I Моорук сэбиэтин аатыттан бул­чуттар мунньахтарын аһан баран, тылы Иван Егорович Со­сиҥҥа биэрдилэр. Ол кэмҥэ биир кырдьаҕас оҕон­ньор дьон уһугуттан кэлэн, түү өттүн таһыгар гына тигиллибит хара торбос тириитэ суумканы остуолга ууран, быа тимэҕин сүөрэн, иһит­тэн хасыһан, арыылаах то­һутуу лэппиэскэни, обургу со­ҕус ма­ҥан сылгы сиэлин сүүмэ­ҕин ылан, Токоо иннигэр остуолга уурда уонна эмиэ суумка иһиттэн улахан дьэҥкир, оҕус муоһунан оҥоһуллубут буорахтаах нотуруусканы кытта тү­нэнэн удьурҕай ааннаах былыргы сааһыт доруобунньук кутар илбээнин суумка аттыгар уурда.    – Былыр-былыргыттан саха киһитэ барахсан эриирдээх-кыһалҕалаах биһиги дойдубутугар кыстаан тахсан, кустаах-хаастаах сааскы идэһэҕэ тиийэн үөрэрэ-көтөрө. Туохха да атастаһыллыбат көтөр хоргуннаах, минньигэс миинигэр тиийэрэ. Аһаан абыранара, ыалларга бэрсэн абырыыра. Бүгүн ыам ыйын 25 күнэ. Саамай эмис, бөдөҥ, бастыҥ «суор анды» кэллэҕэ. Эбэҕэ бү­гүн үөр анды көстүбүт.    Төрүттэрбит иллээх саха оҕонньотторун үгэһинэн, эбэбит иччитин аал уотунан арчылаан аһатан көрүөҕүҥ! – диэн баран, Уйбаан Дьөгүөрэбис, били, оҕонньор уурбут тэҥ гына халыҥнык арыынан сыбаммыт тоһутуу лэппиэскэни кутааҕа илдьэн кэбистэ уонна сиэли биэрэн сирдьигинэттэ. – Эбэ холумтана атылланна! Быйыл хайдах бэрээдэгинэн бултуубутуй? Быһаччы эттэххэ, күөрэтэбит дуо? Санааҕытын этиҥ!    Хас да киһи эҥин араастаан эттилэр.    Куоластааһыҥҥа бултуур эрэ дьону кытыннардылар. Куолас ааҕааччыларынан түөрт киһини анаатылар.    – «Күөрэтиини боборго» диэччилэр! – Иван Сосин куо­лас­тааһыны саҕалаата. Бэрт элбэх киһи илиитэ үөһэ диэки адаарыс гынна – 70 киһи. – Оттон «күөрэтиини боппокко» диэччилэр!    Боппокко диэччилэр – 68 киһи. Икки куолаһынан «күөрэ­тиини боборго» диэччилэр кыайдылар.    – Оттон уурааҕы кэһэн, дур­далаах киһи күөрэтэн кэбис­тэҕинэ, туох миэрэни туттабытый? – Уйбаан Дьөгүөрэбис аны миэрэ туһунан ыйытта. Онуоха ким эрэ «урукку дьыллар курдук хамыыһыйа кы­тыыга таһаардын!» диэтэ.    Итини сөбүлээччи киһи барыта буолла. Бэрээдэги кө­рөөччү тоҕус киһилээх хамыы­һыйаны быыбардаатылар. Мунньах бүттэ.    Аһааһын. Мин дьонум кыт­тыһан, эт атыылаһан буһар­быт­тарын сиэтибит. Арыгы атыы­лаһан истилэр.   * * *    Киэһэ буолла. Дурдаҕа кии­рэн сыттыбыт. Түүн анды киирбэтэ. Биир атыыр анды түс­пүтүн Илбиккэй Чөкөттө диэн киһи саллааскай доруобунан өлөрдө.    Сарсыада күн тахсыыта 70-ча үөрдээх суор анды киирэн, өр эргийэн баран, биир аҕыйах хоруоллаах дурдаҕа баран кутуллубуттарын 4-5-һи ыллылар. Ол да буоллар андылара барбакка, ыһыллан хааллылар. Дурда маппакка ытта. Биһиги Илбиккэйдиин олор­дубут. Икки киһибит баара утуйа сыталлар. Биһиэхэ 4 анды түспүтүн холботон баран киһибиниин ыттыбыт.    Киһим саата, били, уулаах олорон хайгыыр Чөкөттө киэнэ – эстибэтэ. Үс андыны хаптаттым. Биир көтөөрү ла­һыйан эрдэҕинэ, хаҥас уоспунан хаптаттым. Киһим «баар!» диэн саҥа аллайаат, тыы үрдүгэр түһэн, хомуйан таҕыс­та. Үөрдүбүт аҕай!    Күн ойдо. 10-ча анды кэлэн дурдалары кэрий да, кэрий буолла. Ол сылдьан Хоруу Төрдүгэр тиийбиттэрин олорор киһи күөрэтэн саайда – олох сыыста!    Онтон ыппыт киһи ойон туран тыытыгар киирдэ да, кы­тыыга тахсан, тыытын балачча ыраах соһон, отуутугар илдьэн буорун-сыыһын сотто, тэбээтэ уонна иҥнэри ууран баран, хоту диэки хааман суксуйа турда. Мин дьонум: «Ити Мандаас диэн нассэбиэт чилиэнэ алҕаһы оҥорон, буруйданан бардаҕа. Биир да түспэтэҕиттэн абардаҕа», – дэстилэр.    Ити кэннэ көрөн олордохпутуна 9 тыылаах киһи Мандаас дурдатыгар тиийэ охсон, хоруоллары, атахтары суй­даан, тыыларыгар симэн та­һааран, аал дурда иһигэр там­нааттаан, аалы сүөрэн, кытыыга үтэн таһааран, баҕана маска баайан кэбистилэр. Бүт­тэҕэ ити. Анды өссө кэлбэтэ. Мин дьиэбин дэлби аҕын­ным. Илбиккэй утуйа сытарын уһугуннардым. Киһим «анды дьэ кэлиэ, 3-4 хонукка тохтоо» дии сатаата. Буолумматым. Он­тон атыырдаах тыһы андыны миэхэ биэрэн, өлүүлээн ыытта.    Дьиэбэр киэһэ кэллим. Ийэм барахсан үөрүү бөҕө. Манан оҕо эрдэҕинээҕи кэпсээним иккис чааһа бүттэ.   Семен Перович Колосов. 28.03.1988 сыл.   Аҕам саһылы хайдах бултаабыта      Мин билигин бэйэм аҕыс уон үс сааспын туоларым чу­гаһаабыт оҕонньорбун. Урут эдэрбэр ийэлээх, аҕалаах, эдьиийдээх, балыстаах, бырааттаах ыал оҕото этим. Биһиги төрдүөн аҕабыт Арамаан Настаа диэн иккис кэргэниттэн баар буолбуппут. Аҕам сүр­дээх үлэһит киһи эрээри, булдунан олох дьарыктамматах. Ол иһин биһиги ампаарбытыгар, дьиэбитигэр айа, саа, ту­һах, хапкаан эҥин курдук булт тэриллэрэ көстүбэт этилэр.      Аҕам эдэриттэн сүөһү, сылгы иитэрэ үһү. Биирдэ эдэригэр Алдан өрүс Хаҥха арыы­тыттан оҕуһунан отун тиэйэ сылдьан, бэҕэһээ саһыл элбэх­тик сылдьыбыт суолун көрбүт. Киэһэ аттынааҕы ыалтан айа уларсыбыт уонна тэйиччи олорор Хабырылла Лыглыев диэн сааһыран эрэр булчут киһиттэн сарсын арыыга киирэн айаны тардарга үөрэ­тэргэ көрдөспүт.    Сарсыарда убайын оҕуһун уларсан, икки оҕуһу миинэн, арыыга тиийэн, саһыл орохтообут суолугар айаларын иитэн бүтэн эрдэхтэринэ, хаары өссө дэхсилии сылдьан, аҕам алҕас кылыыны таарыйбытыгар, айа эстэн бурҕас гыммыт...    Хабырылла кыыһыран бабыгырыы түспүт уонна «баҕайы, хайаа даҕаны» диэн баран, дьиэтин диэки бара турбут.    Аҕам булчуту үтүктэн айатын бэйэтэ иккиһин ииппит. Киэһэ икки оҕуһугар отун тиэнэн, им сүтүүтэ дьиэтигэр кэлбит. Сарсыҥҥы күнүгэр убайа Охонооһой эмиэ Хаҥха арыытыттан бэйэтин отун тиэйэ сылдьан, аҕам айатыгар түөһүгэр күннээх кыһыл саһыл бэрийэр бэрдэ өлөн сытарын ылан, аҕабар аҕалан биэрбит.    Аҕам ити кэнниттэн биирдэ да айаны туттубатах. Кини арай аттыбытынааҕы Алдан элбэх талахтаах бөлөҕөһүгэр биэс-алта былах мэҥиэлээх сохсолооҕуттан, куобах дэлэйигэр, кыһын устата аҕыйах куо­баҕы ылара.   Пантелеймон Дарбасов.
kyym.ru сайтан