Кэпсээ
Войти Регистрация

Тибиилээх күн

Главная / Кэпсээн арааһа / Тибиилээх күн

K
22.07.2022 12:26
   Үөрэх улуустааҕы управлениетын начаалынньыга Андрей Валентинович, хоту улуустар дириэктэрдэрин сүбэ мунньаҕа ситиһиилээхтик тү­мүктэммитинэн, санаата улаханнык көммүт этэ. Онон да буолуо, ыраахтан кэлбит ыалдьыттары атаартаан баран, Киргиэлэй Кэрэмээһэп дойдулууругар УАЗигын кө­ҥүллээбитэ.        Киргиэлэй Киирикэбис бу улуус түгэх нэһилиэгэр дириэктэрдээбитэ хаһыс да сыла. Үлэтигэр сирдэрбэт, кэлэктиибэ да биир оннук санаалаах. Дьэ, онон бэрт түргэнник оскуолатыгар тиийэн, бу ааспыт сүбэ мунньах туһунан киэҥник тэнийэн кэпсиир былааннаах. Кырдьык, хоту дойду оскуолалара бары даҕаны атылыы кыһалҕалаах, түбүктээх эбиттэр. Дьиҥэр, ол уруккуттан биллэрэ эрээри, бу сүбэ мунньахха кэлбит бэрэстэбиитэллэри кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттэххэ, өссө ордук ырылыччы көстөн кэлэр. Кылаабынайа, иитэр-үөрэтэр үлэ киин улуустартан адьас атын хайысхалаах буолуохтаах: олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһиэхтээх. Хоту дойду үөрэнээччитэ – айылҕа оҕото. Дьокуускай эргиннээҕи оҕолортон итинтинэн уратылаах. Кырдьык, күһүнүн – балык булда, кыстыкка бэлэмнэнии, кыһынын – халыҥ хаары, амырыын тымныыны кытта илин былдьаһыы, сааһын – оттук мас кэрдиитэ, балык, онтон кус ытыыта, сайын – от күргүөмнээх үлэтэ. Ити курдук эргийэ турар. Киргиэлэй, маннааҕылар этэллэринии, «дайды киһитэ» буолан, сиргэ-уокка соччо-бачча сыстаҕаһа суох. Онуоха холоотоххо, үөрэнээччилэрэ, бэл, алын кылаас оҕолоро, үөрүйэхтэрэ сүрдээх. Киһини өйдүүр буолуохтарыттан төрөппүттэрин кытта булка-балыкка сылдьыһар буолан, сири-дойдуну тэһиппэккэ билэллэр, «мунуохтара» эҥин диэн тылластаххына, дьон күлүүтүгэр бардаҕыҥ ол.    Управление начаалынньыгын массыыната сыыйылыннаран түһэн сүрдээх. Суоп­пара Мөрүөн, эмиэ Киргиэлэйгэ дылы, Дьокуускай эргиннээҕи ыччат, арамаантыканы сырсан бу дойдуну булбут. Киһиҥ өссө улуус киинигэр эрэ сылдьарыттан хал буолбут, сири-дойдуну көрүөх баҕата тулуппакка, наар ыраата айанныан баҕарталыыр кэпсээннээх. Тылын тамаҕыттан сылыктаатахха, куоракка суоппар идэтигэр үрдүнэн-аннынан эрэ үөрэммит. «Кылаабынайа, харчыны окураатынайдык төлүөххэ эрэ наада, оччоҕо массыына ыытар быраабы сиэпкэ уктубут курдук сананаҕын» дии-дии, күлэн сыһыгыратар.    Улуус кииниттэн саҥардыы хоҥнон эрдэхтэринэ, эргиэн хонтуоратын таһыттан мааны таҥастаах биир эдэр дьахтар «куоластаан» тохтоппута. Кыталыктаахха (Киргиэлэй олорор нэһилиэгэ) айанныыр эбит эрээри, Кэрэмээһэп төрүт харахтаабатах дьахтара буолан биэрдэ. Ол эрээри начаас ыккардыгар айахтара аһыллан күө-дьаа кэпсэттилэр. Саргылаана Дьокуускай куоракка биир улахан тэрилтэҕэ буҕаалтырдыыр, билигин уоппуската буолан, эргэ Саҥа дьылы ыла дьүөгэтигэр айаннаан иһэр эбит. Көр, өссө киһиҥ Киргиэлэйи ол дьүөгэтиттэн истэн, балачча билэр буолан соһутта. Онон начаас ыккардыгар миннэрин билсэ оҕустулар. Дьэ, ити курдук үһүөйэҕин айан­наан, биир кэм сыыйылыннаран истилэр. Халлааннара маҥнай сылаас баҕайы буолан, үөрүү-көтүү оһуобай этэ, онтон кыра-кыралаан хаар кыыдайан, өссө биллэр гына тибиилэнэн барбыта. Элбэх кэпсээннээх Мөрүөн суоппар саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, болҕомтото сүүс бырыһыан биир кэм тунаарыйар суолга хатаммыта. Муҥар, сотору-сотору суоллара арахсар. Биир оннук түгэҥҥэ уҥа диэки баран иһэн батыллан хааллылар: мас тиэйэр суоллара эбит. Хата, ырааппатах буолан, күрдьэҕинэн тиритэ-хорута үлэлээн, хаартан быыһаннылар. Бу тиргиллэ сылдьан көрбүттэрэ – үөһэттэн көмнөх хаар үллүктүүр да үллүктүүр.    «Аны мунан хааларбыт дуу?» диэн, эдэр суоппар оонньуу-хаадьы аҥаардаах этитэлээн, айанньыттары ыксатта. Киргиэлэй, дьэ, манна санаата: үөрэнээччилэрэ ымыр да гыммакка хайысхаларын сүтэрбэккэ айанныах этилэр диэн. Саатар, суоппары кытта кэккэлэһэ олорон ыйан биэрэллэрэ чахчы этэ.    Маҥнай батыллыахтарыттан бытаан соҕустук айаннаатылар эрээри, хаста да суолтан туораан батылыннылар. Эмиэ күрдьэхтэнии буолла. Киһи кыһыйыах, ааһар массыына суох буолан биэрдэ. Аны кыһыҥҥы халлаан обургу хараҥаран киирэн барда. Мөрүөн «төннүбэппит дуо?» диэн ыйытан көрбүтүн төрүт истибэтилэр. Ол төннөн даҕаны бачча хараҥаҕа суолу булар саарбах, саатар, тибиилэрэ күүһүрдэ. Дьиҥэр, улуус кииниттэн Кыталыктаахха туох да эрэйи көрбөккө айаннаатахха, 5 чааһынан син тиийиллэр этэ. Айаннаабыттара икки хас чаас буолла да, ханна-ханна тиийэн эрэллэрин ким да билбэт. Өр сыннаран иһэн, биир ырааһыйаҕа эмиэ батыллан хааллылар. Киэҥ соҕус ырааһыйаны аҥаардас күрдьэх көмөтүнэн туораатылар. Аны туран, суоппар «бэнсииммит бүтэн эрэр» диэн сүрэхтэрин хайыта сыста.    Уот оттуоҕу бары табахсыта суох буолан, испиискэ диэн мэлиһээй. Аны аргыстара Саргылаана таҥаһа чараас баҕайы эбит. Хоту дойдуга кэлэр эрээри хайдах ити курдук таҥныахха сөбүй? Бэрт киһи, хата, хоппуруона эрэ кылбаҥнаабат, оттон ол рейтузата диэхтээн туох сылааһын тутуох таҥаһый?!    Бу туран өйдөөтөхтөрүнэ, от тиэйэр суолунан туораан хаалбыттар, айан суола букатын атын эбит. Төһө өр бу курдук мучумааннана туруохтара эбитэ буолла, хата, утары сыарҕалаах аттаах киһи сиэллэрэн кэллэ. Бу үөрүүнү!    – Хайдах манныкка айанныыгыт? Халлаан «ардыырыгар» (хотулар хаар түһэрин итинник дииллэр) кыһаммакка ыт буола сыспыккыт. Мантан биэрэстэ холобурдаах сиргэ сылгыһыттар балаҕаннара баар, онно илдьиим, – диэн баран, атын эргилиннэрдэ. * * *    Балаҕан иһэ бып-бырылас этэ. Бадаҕа, хаһаайка илэ бэйэтинэн быһыылаах: Киргиэлэй бараллаата дьахтар «бу туох дьоно кутулла түстүлэр?» диэбиттии көрүтэлээтэ. Онтон эрэ Куочаанай быһыта-орута кэпсээбитин кэннэ аны ас тардар түбүгэр түстэ. «Сыһыы дьоно туох астаах буолуохпутуй» дии-дии, ыһаарыламмыт быраҥааттатын сылыта охсон балачча обургу тэриэлкэҕэ өрөһөлүү уурбутун суол дьоно бэркэ «тутуспахтаатылар».    Куочаанай мантан үс көстөөх бөһүөлэккэ улахан наадаҕа айаннаан иһэн массыыналаах дьоҥҥо түбэһэ кэлбит, дьиҥэр, атын суолунан барыахтаах киһи, Киргиэлэйдээх быыһаныах быаларыгар буолуо, тоҕо эрэ бу суолу тутуспут. Сылгыһыт бөһүөлэккэ сулбуччу тиийэн, тыраахтар дуу, массыына дуу көрдөһөн ыытыах буолан, эмиэ салгыы айанныыр түбүгэр түстэ. Ытыс таһынар ыас хараҥаҕа ахсым ата тыбыырара эрэ иһиллэн хаалла.    Киргиэлэй итии чэйи иһэн боролута олорон хаһаайканы өйдөөн-дьүүллээн көрдөҕүнэ, урут хаһан эрэ көрбүттээх эбит. Аһыырын тохтотон:    – Эн Киристиинэ Силэпсиэбэ диэн этиҥ дии, оннук дуо?    – Тыый, ону хантан биллиҥ? Кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньам, кырдьык, оннук этэ. Ол – өрдөөҕүтэ буоллаҕа дии. Оттон эн ким диэҥҥиний, эйигин чокоойу (төрүт) билбэппин ээ, – диэн баран, дьахтар утары олорон Киргиэлэйи тонолуппакка одуулаата.    Киргиэлэй аатын, тугу үлэ­лиирин эппитигэр дьахтар «ээ, Кыталыктаахха саҥа дириэктэр үлэлиир диэн истэбин эрээри, миигин хантан билэргин дьиктиргиибин аҕай» диэн хардарда. * * *    Кирииһэ тохсус кылааһы бүтэрбит сайыныгар туристар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөттэригэр бараары бэлэмнэнии кытаанах этэ. Оскуола бастыҥ спортсменнара диэн, физкультура учуутала Агей Егорович Дьокуускайга тиийэн күрэхтэһиэхтээх хамаанданы эрдэттэн бэлэмнээбитэ. Дьиктитэ диэн, онно аҥаардас успуорт эрэ буолбакка, «Үлэ – чиэс, албан аат!» диэн хайысхаҕа бойобуой листок, эркин ха­һыата, быһата, үлэ-хамнас туһунан эрэпэртээс эҥин суруйан таһаарыллыахтааҕа. Саха тылын уруогар ол-бу дьээ­бэни-хообону айарынан Кирииһэҕэ тэҥнээх суох этэ, биирин үксүн ол да иһин физрук кинини хамаандаҕа киллэрбит быһыылааҕа.    Биир күн бэлисипиэтинэн Ыарҕалаах диэн сайылыкка тэптэрбиттэрэ: онно хомсомуол путёвкатынан инньэ хас эмэ тыһыынчанан килэмиэтирдээх хоту оройуонтан ыанньыксыт кыыс кэлэн үлэлээн эрэр үһү. Дьэ, ол бастыҥ ыанньыксыттан интервью ылар соруктаах тигинэтэн тиийбиттэрэ. Ыанньыксыттар киэһээҥҥи ыамнарын ыан, бу сайбалдьыһан тахсыбыттарыгар Кирииһэ ыйаастыгас хап-хара харахтаах, ыас хара баттаҕын кэтэҕэр чөмөхтүү өрүммүт, курбалдьыгас таһаалаах ньыламан маҥан кыыһы көрөөт, сүрэҕэ сонно тиҥиргэччи тэбиэлээн барбытын билбитэ. Кыыс суунан-тараанан, таҥаһын уларыттан «Кыһыл муннукка» киирбитигэр уол, били, дьээбэни-хообону сонно ытыйан таһаарар бэйэккэтэ мах бэрдэрбитэ, икки иэдэһэ итийбэхтээбитэ. Чап-чараас былаачыйата түннүк таһыгар кэллэҕинэ, эт-этэ бүтүннүү курдары көстө сыһара. Тэрэгэр түөһүн, куба маҥан моонньун, мөлбөөркөй бүлгүнүн, кылбаҥнас буутун, ама, хайа киһи ымсыыра көрүө суоҕай?! Ол – Киристиинэ Силэпсиэбэни кытта аан маҥнай билсиитэ этэ. Хомойуох быатыгар, бастыҥ ыанньыксыты арыаллыыр биир эдэр киһи баара. Ол хоодуот чахчы кыанар, бүтүннүү быччыҥ-иҥиир быһыылааҕа. Ыанньыксыттар 40 киилэлээх лобууннарын иккилиинэн тааҕы-таах көтөхпөлүүрэ. Сайылыкка бостуук үһү. Киристиинэни кытта кэргэннии курдук сыһыаннаахтара эрээри, «холбоһо иликтэр үһү» диэн, табаарыһа Буоба обургу быыс булан сибис гына охсубута. Киэһэрдэр даҕаны турист буолан аарыгыран кэлбит оҕолор кэнсиэрдээбиттэрэ, өссө радиолаҕа быластыыҥканы ууран үҥкүүлээн да ылбыттара. «Кэрэспэдьиэн» дуоһунастаах додо курдук тойон буолан, онтун туһанан Кирииһэ ким-хайа иннинэ бастыҥ ыанньыксыты кытта танголаабыта. Дьэ, уутугар-хаарыгар киирэн кэпсэтиэхчэ буолан эрдэҕинэ, өлүү болдьохтоох, муусукалара тохтоон хаалбыта: элэктэриичэстибэни араарбыт этилэр. Табаарыһа Буоба этэринэн, мотуору, били, «хотугу күтүөт» араарбыт үһү.    Кирииһэлээх Буоба туруорбах балаҕаҥҥа утуйар буолбуттара. Киһи долгуйара диэн, быыс нөҥүө Киристиинэлээх сыталлара. Уолаттар мас ороҥҥо атахтаһан сыппыттара эрээри, утуйан быстыбакка мөхсөн тахсыбыттара. Онтон, киһи эрэ буоллар, Буоба утуйан бырылатан хаалбыта. Орон кыараҕаһыттан, итиитэ да бэрдиттэн Кирииһэ өр утуйбакка сыппыта. Ол сытан иһиттэҕинэ быыс нөҥүө орон куруһунатын тыаһа кыычырҕаабытынан барбыта, ону кытта дьахтар өрүтэ тыыммахтыыра иһиллибитэ. Эдэр дьон тугу гыналларын ол сахтааҕы үөрэнээччи билбэтэ кэлиэ дуо! Балачча сүпсүгүрэн, тыаһы-ууһу таһааран баран, кэмниэ кэнэҕэс чуумпурбуттара, устунан эмиэ утуйар аатыгар барбыттара.   Оо, Кирииһэ онно хомойбутун ньии. Хаарыаны, ол кү­түөт Киристиинэни батыһан кэлбэтэҕэ буоллар, ким билиэй, баҕар, хоту дойду кыыһа киниэнэ буолуо этэ. «Кыһыл муннукка» интервью биэрэригэр Кирииһэни, чахчы, сөбүлүүр, таптыыр хараҕынан көрбүтэ ээ. Дьэ, билигин бу ип-итии балаҕаҥҥа олорон «өрдөөҕүтэ Ыарҕалаах сайылыкка тапта­һаргытын уоран истэ сыппытым» диэ дуо? Сылгыһыт Куочаанай, били, хотугу күтүөт илэ бэйэтинэн быһыылаах.    Киргиэлэй Кэрэмээһэп салгыы туох диэн билбэккэ умса туттан олорбута.   БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан