Кэпсээ
Войти
Регистрация
Быһаарыллыбатах мөккүөртэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Быһаарыллыбатах мөккүөртэн
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
24.06.2022 12:54
Олохтоох форумҥа кэпсэтииттэн сэдиптээн, биир девичник кэмигэр «Тута бастакы сибидээнньэҕэ эр киһилиин чугас сыһыаҥҥа киирэри туох диигит?» диэн тиэмэҕэ балачча өр ылахтаһыы, мөккүһүү салҕанна. Сэбиэскэй иитиибитин ханна гыныахпытый, сүрүннээн, сиилээтибит. Аны тиэмэ иһигэр “сааһынан хааччахтаах”, 40-нун ааспыт, эрэ суох кэрэ аҥаардарга ыйытыы туһаайыллар эбит. Эдэрдэри кыбытар, ыраас иэйиилэрин “киртитэр” хайдаҕын да иһин, табыллыбат эбититтэн эбэтэр кэпсэтээччилэр бэйэлэрин эт саастыылаахтарын эрэ таарыйарга санаммыттарыттан эбитэ дуу. Тута этэбин, төһө да аныгы дьон эт-хаан өттүнэн эрдэ сиппиттэрин иһин, кыыһынан кэргэн тахсыы – билигин да саха дьонугар ордук сиэрдээх. Кырыллыбытынан кыыс оҕо урут да, аны да ордук ытыктанар, өрө тутуллар. Бу – саамай сөп. Оттон сааһыра барбыт, олоҕун орто омурҕаныгар чугаһаабыт сулумах дьахтарга бырастыы гыныллар дуу, суох дуу? Ыйытык итинник. Бастаан “Мужчины и женщины” форум олохтоохторун санаатын көрүөҕүҥ. Шалый диэн никтээх хоруйдааччы маннык эппит: – Миэхэ ол бастакы дуу, отутус дуу сырыыттан буолара, суолтата суох. Баара-суоҕа сөбүлүү көрбүт, эбэтэр букатын да туох да иэйии суох эрээри, ыкса сыһыаҥҥа киирии туох үөрүүнү, дьолу аҕалыай. Арай ол дьахтары дьахтар курдук буолбакка, наадыйыыны толуйар эрэһиинэ куукула курдук сыһыаннаһар буоллахха, баҕар, чугасаһыахха сөп. 45 никтээх: – Биири болҕойуҥ: эр киһи сиэкистэн аккаастаммат. Барыта туох да ааттаахтык ааспыт. Бүппүтүн кэннэ, дьэ, кэлэн, саарбахтыыр санаата баһыйан кэлэр. Мээнэ сиэкис быһыытынан эрэ ылыммыт чинчилээх. Оттон, мин саныахпар, итинник ыкса сыһыаҥҥа киирдэххэ эрэ, киһигин лаппа билэҕин, иэйиитин, сыһыанын удумаҕалыыр кыахтааххын. Сиэкис өттүнэн барсарын билиннэр да, эр киһи сыһыаны салгыыртан аккаастанар. Маны хайдах быһаарыаххын сөбүй? (бу, кэпсэтии ааптара). Шалый: – Ол аата, эн кини санаатын иһинэн буолбатах эбиккин, ол эрээри сиэкистэн аккаастанар кыах суоҕуттан эрэ чугаһаабыт буолуон сөп. Невидимка хоруйа быһаччы: – Дьахтар хас саастааҕыттан тутулуга суох сэмэй уонна бэрээдэктээх буолуохтаах! Отважнай: – Итинник хаһан да санаабатаҕым. Өскөтүн сөбүлүү санаабыт киһигин кытта билсээт, таптаһан баран, “куһаҕана суох эбит” диэтэххэ, сыһыан тоҕо салгыы сайдыа суоҕай? )) Kona2011: – Ону баара, Отважнай, эр дьон итиннэ ураты болҕомтолорун уураллар. Бастаан ыкса сыһыаҥҥа киирэллэригэр дуоһуйан баран, буолбутун кэнниттэн сылдьыспыт дьахталларыгар сыһыаннара лаппа уларыйар. Миигинниин маннык тута билсээт, ороҥҥо сөбүлэммит дьахтар, наар да барыларыгар маннык бэлэм буолуоҥ диэн. Бэйэлэригэр «шлагбаум» туруорунан кэбиһэллэр. Ити аата тугуй, комплекстаныы көстүүтэ? Эбэтэр уопсастыбаҕа олоҕурбут “бэрээдэктээх буолуу” өйдөбүлэ кыайа турарыттан дуу? Эр киһи: – Дьахтар утарбат буоллаҕына, ол аата кини баҕарар. Оттон кини баҕарара – таҥара баҕарыыта! )) Мин таҥараны утары хайдах барыахпыный? Beorht18: – Дьахтар эрэ барыта – шалава! Бэл, сэмэйдэр кытта. Өскөтүн дьахтар тута билсиһээт да, эйиэхэ биэрбэтэх буоллаҕына, төрүөтэ – бэйэҕэр. Сallipso: – Beorht18, туох ааттаах дьахталларга өһүрбүт киһигиний? Ол аата, эн кэргэниҥ эмиэ шалава! Ама, ийэҕин, эбэҕин эмиэ ш.. киллэрэҕиэн. Дьаабы ((( Сэмэй: – callipso, ити Beorht бэйэтин уратыта. Кини этиилэрин ыраас мууска ылыммат, «фильтрдаан» өйдүүр куолу. Импо 44: – Организм утарбат буоллаҕына, тоҕо да тута ыкса сыһыаҥҥа киириэ суохха сөбүй? Вегас: – Киһи эрэ барыта бастакы көрсүһүүгэ тута сиэкистээн барбат. Сиэкистиэххэ сөп эрээри, киһи барыта баҕарбат)))))))))) Стешуля: – Хас биирдии киһи хайдах быһаарынара – тус бэйэтин дьыалата. Барыта балаһыанньатыттан тутулуктаах. Өскөтүн дьахтаргын баартан булан ылбыт буоллаххына, кини бастакы сырыыта эрэ буолбатах буолуон сөп. Samurai4eg: – Комплекса суох кыргыттары биһириибин. Хозныйзвездолет: – Хас биирдии киһи бэйэтэ быһаарар: бастакыга дуу, хаһыска дуу чугас сыһыаҥҥа киирэрин, ол кэннэ салгыы көрсүһэрин дуу, көрсүбэтин дуу. Маныаха арай биири – харыстанары – олох умнумуохха, тутуһуохха наада. Простачок: – Тыый, туох диэн эттэҥий?! Чаас аҥаара эрэ билсибит киһиэхэ биэрэҕин дуо? felix89: – Мин рекордум – кэлбитэ, ороммор олорбута, чуҥкук баҕайы киинэ саҕаланыытын көрөн иһэн тута таптаспыппыт. Онон тугу да ночоотурбатаҕым. Баара эрэ киниэхэ 25 мүн. ыыппытым. Кэлин үс нэдиэлэ курдук мессенждеринэн араас кирдээх намектар этиллибиттэрэ. Бүттэ. Тимоха: – Тоҕо диэтэххэ, “45 баба ягодка опять”! Сексуальнай буолуу – чаҕыл чааһа, кэмэ. Эдэрдэрдээҕэр, чэпчэкитик бэринэллэр. Сиэкистээбэппин эҥин диэн чымаадыстыыры сөбүлээбэт дьахталлар да бааллар. Тая: – Дьикти дьоҥҥут. Эр киһи доруобуйатын туһугар сиэкистэһэрэ – нуорма, оттон дьахтар таптастаҕына, тута ш...а. Биир түүннээх көҕүйсүү – салгыы билсэргэ төрүөт буолбатах. Суох, эр дьоҥҥо ол утуйбут дьахтар тута ша... буола түһэр. Баҕар, кини сиэкистээбэтэҕэ өр буолбута, итинник тута чугасаһыыга аан маҥнай киирбитэ буолуо... Быһата, эр дьону киһи өйдөөбөт. Дьахтары туһанан, дуоһуйууну ылаллар, ол кэнниттэн кинилэр диэтэх дьон бэрээдэк бөҕөтө курдук буолан хаалаллар. Кэргэннээхтэрэ бэйэлэрин дьахталларыттан аналы да, оралы да ирдээбэт, ыраас эр буола түһэллэр. Тыый, кэргэннэрэ кинилэр оҕолорун сыллыыр-ууруур буоллаҕа дии! Ол оннугар туора дьахталлардыын, үөҕэр шалаваларыныын холкутук таҥнарыахтара. Эбэтэр холостуой эрэттэр таптаһан, таҕылларын таһааран, туһанан-туһанан баран, «мин эн курдук дьахтары олох ойох ылыа суох этим, эн аналгын биэрэҕин... ол аата төһөлөөх киһиэхэ биэрбитиҥ биллибэт” диэхтэрэ. Оттон ити сыһыан дьахтарга аан бастакы холонуута буолуон сөбүн туһунан толкуйдаан да көрүөхтэрэ суоҕа. Ол кэнниттэн, кинилэргэ тугунан дакаастыаҥый. Уорба санаа киириэ эрэ кэрэх, бүттэ. Такой-сякой: – Эн ол саҥа билсибит киһигэр кэннигинэн биэрэҕин? Дьэ, кэлэттиҥ. Ваналолитик: – Тая, билсиэххэ. ПС жизнь боль ё-моё:– Бастакы көрсүһүүгэ сиэкистииргэ мин туох да куһаҕаны көрбөппүн. Дьахтардаах эр киһи көрсүһэллэр, бэйэлэрин тута сөбүлүү охсоллор. Тоҕо чугасыһыа суохтаахтарый? Баҕар, ити кэннэ олох букатын да көрүһүннэртиэ суоҕа дии. Туох да мөккүөрэ суох, боруобалаан көрүөх. Оттон онно сөбүлээбэтиҥ да, бүтэҕин. Оттон биһирээбит буоллаххына, өссө да көрсүөххэ сөп. Сүрүнэ, эн да, кини да тапталга ылларбат гына дьаһаныахтааххыт. Ситиһиилэри! Ник19631205: – Кэллиэксийэһиккин дуу, тугуй. Оттон арай таптаан кэбис? ПС жизнь боль ё-моё: – Кэбис, оннугу кимиэхэ да баҕарбаппын. Кыһалҕаҕа оройгунан түстэҕиҥ ол. 2: – Дьахтар төһөнөн олоҕун түмүгэр чугаһыыр да, «атчаайаннайа» киирэрэ буолуо) Ахсымка: – Хаһан эрэ Эмиэрикэ сексологын суруйуутун аахпыттаахпын. Онно кини «өскөтүн үс сибидээнньэ кэнниттэн чугаһыспатахха, хаһан да чугаһаспаккын” диэбит этэ. Онон бэйэҕитигэр барсыбат партнердарга ньиэрбэҕитин, бириэмэҕитин да бараамаҥ диэм этэ. Кини – ол аата, эһиги киһигит буолбатах. Koldun1: – Хэх, туох атыннаах үһүнүй. Баҕарар буоллуҥ да, дьыаланы түмүктээн кэбиһиллэр буо))) Артас: – Очередная шкура как и все в этом городишке. ПС Жизнь боль ё-моё: – Биһиги кыргыттарбытын үөҕүмэ, акаары, Артас. Бары да мэйиитэ суохтаргыт эһиги. Такой-сякой: – Өскөтүн мин кэргэним саҥа билсибит күммүтүгэр биэрбитэ буоллар, кинини кэргэн ылан бэрт. Ити – чуолкай. Биһиги үһүс көрсүһүүбүтүгэр дьэ, чугаһыспыппыт. Бу сөп дии саныыбын. Оттон тута билсээт да, сиэкискэ бэлэм буолааччыларга, эбиитин кэргэннээх дьахталларга чугаһыыртан да сэрэниэм этэ. Оттон мээнэ сиэкис эрэ наада түгэнигэр, буоллун даҕаны. Инникилээх сыһыаҥҥа сананар буоллахха, кэбис. Командировочнай: – Туох дьиктитэ баарый? Холобур, биһиги тута бастакы көрсүһүүбүтүгэр уоттаахтык да таптаспыппыт. Оттон иккиһигэр, айаҕар. Ый буолан баран бары көрүҥү боруобалаабыппыт. 7-8 сыл ити курдук, кистээн көрсөр этибит. Оттон сыыйа умнуллубута. Ити астык түгэннэрбин таптастаҕым аайы санаан, астынабын. Икс: – Мин бэйэм эдэр кыргыттар бастакы сибидээнньэҕэ биэрэллэрин “өйдүүбүн”. Биирим бэйэтэ да биирдэ «мин, дьиҥинэн, маннык буолбатахпын» диэн туран, утуйсан турар. Мин ону өйдөөбүтүм. Кини ыраах уонна дьоҕус дэриэбинэттэн сылдьар этэ, онно сөптөөх эр киһи суох. Оннук түгэҥҥэ ол миигин көрсүбүччэ, ыкса сыһыаҥҥа киирэрэ тоҕо сатаныа суохтааҕый? Эбэтэр сылы-сыллаан эр киһи диэн тугун билбэтэх дьахтар биирдэ “төлө биэрэрин” эмиэ өйдүүбүн. Оттон дьахтар куруук көрсүбүт киһитин аайы сытыһан иһэр буоллаҕына, дьэ, хобдох. Онон балаһыанньатыттан тутулуктаах диэҥҥэ сөбүлэһэбин. 47: – 45-һин ааспыт дьахтар эр киһини тута көрөөт сөбүлээбит, сэҥээрбит буоллаҕына, утуйдун ээ. Кырдьара бу кэлбит киһи буоллаҕа. Ол эрээри таптыа суохха наадата, ол чуолкай. Таах кэлин эрэйи көрүө. Итиччэ сааһыран баран, бэйэҥ эрэйэриҥ, харданы ыларыҥ уустук. Салгыы Клара кэпсиир: – Эдэрбэр сыыһа туттан, уопсай доҕотторбут көрсүһүүлэригэр аан бастаан көрбүт уонна тута астыммыт киһибэр кыыспын биэрбитим. Үчүгэй киһи дии санаабытым. Ол кэннэ, оччолорго сиэр-майгы кытаанаҕын билэҕит, ол киһим кэргэн таҕыс диэбитигэр, үөрүүнэн сөбүлэһэн, холбоспуппут. Дьахтар буолан хаалбыт кыыһы ким ылыай диэн санаа баһыйара быһаарар суолталаммыта. Дьиҥинэн, өр буолбакка, киһим ис дьиҥин көрдөрөн барбыта ээ. Аккаастыахха, урууну тохтотуохха да сөп этэ, бу санаатахха. Уолбун хойутуу хат буолбутум. Билэҕит, бастакы эрбиниин үс сыл буолбакка арахпыппыт. Анна: – Эйиэнэ атын түгэн дии. Кырыллыбытынан кыыс туһунан. Оттон ити кэпсэтиигэ олох атын этиллэр. Дьэ, хайдаҕа буолла, биир дьүөгэм эр киһилиин сиэкис өттүнэн тапсар буоллахха, дьиэ кэргэн олоҕо ордук бигэ диир. Оттон сиэкистэспэккэ эрэ, хайдах ороҥҥо хайдаҕын билиэххиний. Сааһырбыт дьахтарга бириэмэ ыгым, онон ол эдэрдэр буоллахпытый, сөбүлүү көрбүт киһибиниин утуйарым, ама, буруй үһүө. Даша: – Тыа сиригэр эр киһи – диписиит. Дьахталлар ол иһин, манна “сээн” диир киһи көһүннэҕинэ, сөбүлэһэллэрэ буолаахтыа. Гормон ирдээн эрдэҕэ. Ол эрээри бу үлүгэр ЗППП тарҕаммыт кэмигэр кутталлаах курдук. Марина: – Син эр киһиҥ хайдаҕын-туоҕун удумаҕалаан билэҕин буо. Эр дьон да араастаах. Анаан туора хаамааччылар, сиэкистиир эрэ туһунан санааччылар бааллар. Биһиги сааспытыгар баҕас ону син тута билэр инибит. Иккис көрүҥ, кырдьык, олоҕун аргыһын көрдүүр санаалаах, дьахтары билээри көрсөн баран, айылгыта өрө туран, ороҥҥо соһооччу. Үһүс көрүҥ, бэйэбит курдук тугу гынарын, хайдах дьаһанарын билбэккэ, эр киһи буолан, хорсунун көрдөрө сатааччы. Ону таһынан ороҥҥо эрэ тиэтэйбэт, барытын сыыйа билэн-көрөн, талан-сыымайдаан дьаһанары сөбүлүүр эр дьон бөлөҕө. Үгүс өттүгэр кинилэр сулумах сылдьаллар быһыылаах. Карина: – Кыыс, хата, көрүҥнэринэн араартыыр эҥин. Дьэ, оттон оннук, бастакы көрсүһүүгэ тута бэринэр сөп дуу, сыыһа дуу? Марина: – Балаһыанньатыттан көрөн диибин ээ. Устунан мөккүөр саҕаланар. Хата, ол кэмҥэ Дуунньа: – Ии, чэ, ол атын дьон сээкэйин кимиэхэ, хаһан биэрэрэ сөбүн ырытан хааллаххытый?! Хайаатыннар даҕаны. Оттон эдэрдэри баҕас олох оскуола саастарыттан содур быһыыны батыспаттарын, чиэстэрин эрдэттэн харыстыылларын курдук иитиэх-такайыах тустаахпыт дии саныыбын. Ол саастаах дьахталлар бэйэлэрэ мэйиилэрин үлэлэттиннэр. Ити ыйытыы быйыл эрэ күөрэйбэтэх, уруккуттан баар аҕай ини. Ону кэлэн, биһиги быһаарыахтаахпыт да?! “Кырдьык даҕаны!” – диэн, күлбэхтии түһээт, барахсаттар букатын атын тиэмэҕэ кэпсэтии муоһатын салайан кэбистибит. Сайдыына.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан