Кэпсээ
Войти
Регистрация
Көтөр кэлэн барбыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Көтөр кэлэн барбыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
23.06.2022 15:43
Саас кус үгэнин саҕана билэр дьонум уоллара төннүбэт сиригэр аттаммыт үһү диэни истибитим. Мин оччолорго оскуолаҕа үөрэнэр оҕобун. Дьон мустан, кэлии-барыы элбээбит. Ытаһыы иһиллибэтэр да, саастаах дьон харахтара ууламмытын көрөр ыарахан көстүү этэ. Эдэр киһи антах аттаммыта хаһан чэпчэки буолуо баарай... Мин, кыра киһи, оччолорго киһи өллөҕүнэ, үһүс эҥин күнүгэр таһаараллар диэн долоҕойбор ситэ тохтото илик кэмим буолуохтаах. Ол да буоллар үһүс күнүгэр, таһаараары мустубут, аһаҕас куусаптаах массыына кэлбитинэн биллэххэ, таһаарар күннэрэ этэ. Дьон мустубутугар уруоктарым кэнниттэн ааһан иһэн, тохтоон, көрөн турдум. Арай мэкчиргэ, дьон төбөлөрүн эрэ үрдүнэн көтөн тэлээрэн кэлэн күрүө остуолбатыгар олоро биэрдэ. Дьон харахтара бары сытар уолга буолан үчүгэйдик өйдөөн да көрбөтүлэр быһыылаах. Ити курдук мэкчиргэ дьон диэки төбөтүн эргитэ-эргитэ көрөн олорор. Биирдиилээн дьон көрөн, бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн уол ийэтигэр тиийдэ быһыылаах. Ол мэкчиргэ диэки көрбүтүгэр мэкчиргэ одуулуу түһэн баран, тус илин диэки турар тииккэ тиийэн олорбута. Оччотооҕу чолоорбо ол мэкчиргэни кэтээччи буоллум. Үөһэ олорон, уолларын таһааран иһэр дьону одуулаан олорор. Олох хамнаабат. Кэннин да хайыһан көрбөт. Дьон аа-дьуо хааман таҕыстылар. Дойдутун тула тиһэх эргиирин эргиттилэр. Онтон тус илин сайылыкка таһаарардыы бардылар. Ол тухары мэкчиргэ үрдүк тииккэ олорон, дьону кэритэ көрөн олорор. Батыһыннара сылдьан сайыспыттыы көрөр курдук. Онтон эмискэ сайылык турар сирин хоту көтөн хаалбыта. Көрөн тураммын хайдах эрэ ис-испиттэн тоҥон ылбытым. Дьиэлээбитим. Ити түгэни кэлин быраатыгар кэпсээбиппэр, кырдьык, оннук көтөрү өйдүүбүн, харайар кэммитигэр Сайылык күрүөтүн остуолбатыгар олорбута. Бүппүппүт эрэ кэннэ барбыта. Эмиэ ол мэкчиргэ тоҕус күнүгэр уонна түөрт уон күнүгэр эмискэ баар буолуталаабыта диэбитэ. Ити аата, мэкчиргэ буолан, дьонугар кэлэн бырастыылаһан бардаҕа дуу... Балларын биллэрдилэр Булка сылдьан сиргэ-уокка мээнэ айахтатан, сыыһа-халты туттуохха сөп. Хаһан ким сылдьыбытын, ким кэлэн ааспытын билбэт буоллахпыт. Оччоттон баччаҕа диэри күүстээх да дьон кэлэн, олохсуйан бултаан-алтаан ааспыт буолуохтарын сөп. Быйыл куска диэн аттанныбыт. Куорат сиргэ кусчут-хаасчыт элбэҕэ бэрт эбит. Сырыттах аайы көлүкэ аайы төгүрүччү, дэмнээтэххэ, уҥуор-маҥаар бырахсан тиийэр ууга олороллор. Хайыахтара баарай, кустуох баҕалаах куоракка элбэх, оттон уу аҕыйах. Үтүрүллэн-үтүрүллэн, саҥардыы мууһа ууллан, дьон мустан эрэр биир уһун күөлүн буллубут. Манан ордук буолаарай дии санаан, сэһээккэ туттан олордубут. Ол тухары ким эрэ кэтиир-маныыр курдук санаа арахпат. Киэһэлик олорон биир эмэ чөркөй ааһарын көрөн сэргэхсийэн, “бытыылкаһыттар” бытыылка ыталларын куһу ыталлара дуу, диэн кэтэһэ-манаһа олордубут. Түүн иккини ааһыыта кус көтүүтэ эмиэ саҕаланар эбит. Эмиэ сэргэх олордубут. Биир күөлгэ хас да массыына баарын көрөн аһардыбыт. Ити аата, аччаабыта, алта киһи олорор. Бары аптамааттаах буоллахтарына, биир кэмҥэ отутта ытар кыахтаахтар... диэн испэр суоттуубун. Биһигиттэн ол күөлгэ биир чөркөй барда да, сэрэйбит сэрэх, отуччата ыталлар. Киһи күлүөх, ол барбыт чөркөй эргиллэн ааһан иккис ууга барар, онно эмиэ тыас-уус биир оннук. Эрэйдээх өссө түргэтээн төттөрү ааһар. Киһи ити кэннэ ол чөркөйү ытыан да баҕарбат буолар эбит. Ити курдук кус көтүүтэ бүтэ охсон хаалла. Ол кэннэ дьабарааскы муҥнааҕы бултаһаллар быһыылаах. “Ити таҕыста-аа, ол сүүрдэ!” дэһии элбиир. Онтон саа тыаһын кытта “алдьаммата” диэн саҥа элбиир. Ити аата бытыылка ыттаран баран алдьамматаҕын этэн эрдэхтэрэ. Дьэ, ити курдук көр кустааһын тыаһа-ууһа аҕыйыырын саҕана, тахсан түүн уубут уҥуор түһэрбит чөркөйбүтүн көрдөөтүм таҕыстым. Уу кытыытынан хааман иһэн арай көрө түспүтүм, хаһыылаах дүлүҥ сытар. Сэтиэнэх хомуһу арыйа баттаабытым, уһун дүлүҥ тыы буолан биэрдэ. Уһун гына сонос биир маска оҥо хаһан оҥороллор эбит. Маһа улахан уонна уһун буолан, кыра киһини уйара буолуо. Түөрэккэй да буолуохтаах дии санаатым. Киһи кыбыллан киирэн олорорун эрэ курдук кэтиттээх. Сылаас кэмҥэ балыксыт, кусчут быстахха киирэн тахсарыгар аналлаах быһыылаах. Хоруудаттан атына диэн, биир төбөтө өрө чолоччу суоруулаах. Бу тыыны булан баран, били көрөн тураллара дьэ суох буоларга, чэпчииргэ дылы буоллум. Онон сиргэ-уокка сылдьар дьон айылҕа хаһаайына курдук туттан-хаптан айдааран сылдьыах кэриэтин көрдөһөн-ааттаһан сылдьаргыт эбитэ буоллар, ити курдук баалларын биллэриэ суох этилэрэ... * * * Дьукаах дьоҥҥо баран, таах иттэ таарыйа хааман кэлэбин. Ыччат дьон халлааны кыайалларын, кус суоҕун кэпсии-кэпсии силлии-хаахтыы ууларын, айылҕаны үөхсэллэрэ хомолтолоох. Испэр итигирдик үөхтэрэн баран куспуттан-хааспыттан бэрсиэ суох курдукпун диэн санаан аһарабын. Кэлбитин барытын “дьөлө” ытан түһэриэх аатыраллар. Сарсыныгар сирэйдэрэ буорданан аны хаһан да кэлиэ суох аатыран тарҕаһаллар. Чахчы үөхтэрэн, сирэйгэ силлэтэн баран, кырдьык, тумустааҕыттан бэрсибэт, кураанах ыыталыыр эбит. Биһиги көрдөһөн-ааттаһан син хоннох анныгар уктардаах тарҕаһабыт. Айылҕаҕа таҕыстахха, киһини кытта кэпсэтэр курдук сылдьыллара ордуга дуу. Бөҕү сыыһы хомунан, саҥаны-иҥэни көрүнэн саҥаран. Игнатий Васильевич Татаринова-Ыкынаачай Буркун Ыкынаачай Молдавияҕа сэриилэһэ сылдьан үстэ таҥнарыахсыттарга түбэһэн ытыллыбыт. Ол ыппыттарын тухары биирдэ да бааһырбатах. Таҥнаран биэрэннэр тутуллубут. “Туох көмөлөһөрүн билбэтим буолан баран, хайдах эрэ буулдьаны аһаран биэрэр курдугум...” диэн наар кэпсээччи. Бэйэтиттэн бэйэтэ сөхпүтүн этэрэ. * * * Улахан айдааннаах кэм, үрүҥ-кыһыл сэриитэ бүтэн, Ороһу олохтоохторо арыый холкутуйан олороллоро. Сотору-сотору сугулаан дьиэҕэ араас мунньах буолар. Биир оннук мунньахха улуустан боломуочунай кэлбит. Онон, этэргэ дылы, турардыын-турбаттыын бары сууллан сугулааҥҥа мустубуттар. Дьон бөҕө мустубут. Арай уоскуйан эрдэхтэринэ, кыһыл сукуна сабыылаах остуолга ойоҕос хостон икки киһи тахсан олорбуттар. Өйдөөн көрбүттэрэ, аатырбыт кыһыл бартыһаан Ахталба Дьарааһын уонна Иһээкэп эбиттэр. Мунньаҕы Иһээкэп аһар уонна боротокуолу суруйарга учууталынан үлэлиир Кыһылбаайылар аймахтара Куолдьарабы аныыллар. Боломуочунай бэрт уһуннук холкуостары тэрийии туһунан быһааран тыл эппит. Боппуруос биэриигэ дьэ төлө баран, дьон бөҕө кыттыбыт. Маҥкыырай тылын омунугар: “Оччоҕо ойохпут эмиэ уопсай буолар дуо?” – диэн ыйытан Ахталбаттан улаханнык мөҕүллүбүт. Мучумааннанан-мучумааннанан халлаан сырдыыта холкуоһу тэрийэргэ диэн уураахтаабыттар. Бэрэссэдээтэлинэн Иһээкэби, биригэдьииринэн Дьукаах Уола Мукучус Бүөтүрү талбыттар. Бу курдук олох оннун булар. “Кустук” холкуос тэриллэр. Холкуос үлэтэ улам сааһыланан испит. Ыаллар холбоһуктаах хаһаайыстыбаҕа киирэн бөһүөлэктээһиҥҥэ хабыллан “Кустук” холкуоска кииннэнэн көспүттэр. Ороһу күөлү эргийэ хотугулуу-арҕаа өттүгэр олохсуйбуттара. Татаар Баһылай холкуостаах буолан, араас үлэҕэ барытыгар даҕаамах сылдьыбыт. Сир солооһуна, от охсуута, алаастары күрүөлээһин – барыта кинитэ суох буолбат. Дьэ, ол олорон 1925 сылга оҕолоноллор. Уолларын Ыкынаачай диэн ааттыыллар. Оҕо эрдэҕиттэн сытыы, ону-маны барытын билэ сатыыр уол буола улааппыт. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэн Ороһу 7 кылаастаах оскуолатын бүтэриитин саҕана аймалҕаннаах сэрии саҕаламмыт. Эр дьон барыта сэриигэ баран, холкуоска оҕо, дьахтар сүрүн үлэһит буолбуттар. Ыкынаачай салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолан, холкуос араас үлэтигэр үлэлиир. Сэрии дуораанын туһунан сэбиэт төлөпүөнүнэн биллэриилэрин дьоҥҥо кэпсээччи, иһитиннэрээччи буолар. Сталинградтааҕы, Ленинградтааҕы, Москубатааҕы, Куурускай, Ильмень күөл кыргыһыыларын туһунан кэпсиир уонна хас иһитиннэриитин ахсын биһиги хайаан да кыайыахпыт диэн этэр. Сэрии үһүс сылыгар уолу дьэ ыҥыраллар. Байыаннай үөрэҕи сыл аҥаара Чита уонна Урал байыаннай оскуолаларыгар үөрэнэн, Украинскай фроҥҥа айанныыр. Фроҥҥа тиийэн аты көрөргө, хайалаах сиргэ сүүрэргэ, охсуһуу араас көрүҥэр үөрэнэр. Ол курдук үөрэнэ сырыттаҕына Ыкынаачайы Закарпатскай “Смерш” батальонугар ыыталлар. Дьэ, манна көрсөр өлөр-тиллэр элбэх хапсыһыыны, дьон араас албын-түөкэй быһыытын, күнүс үчүгэйдик кэпсэппит киһиҥ, түүнүн эн кыр өстөөҕүҥ буоларын... Биирдэ, кыра дэриэбинэ баһаарыгар казах уолунуун дьаарбайа сылдьан, хаста да көрбүт биир эмээхсиннэрэ үс эдэр дьоҥҥо кинилэр диэки ыйа-ыйа тугу эрэ этэрин көрбүттэр. Уһун соннорун анныттан саа ыллылар да, кинилэр диэки туһаайаат, ытыалаан барбыттар. Ыкынаачайдаах сааларын илиилэригэр ыла охсоот, ытыаласпыттар. Биири иккиэн – тобугар, иккиһи илиитин уонна түөһүн, үсүһү өлөр гына таппыттар. Ол ыккардыгар эмээхсиннэрэ суола сойбут. Охтубут дьон мээнэ ытыалаабыт буулдьалара аттыларынан ыйылаһан ааспыттар. Биирдэрин ол да буоллар таппыттар. Ыкынаачай «сиэбиттэр» диэт, били аҕылыы сытар киһини салҕаабыт. Казах уола бэйэтин дьоно кэлиилэригэр хайыы сах быстыбыт. Ол кэннэ уорбаланааччылары күүскэ көрдөөбүттэр, утарылаһааччылары ытыалаан иһэргэ бирикээстээбиттэр. Хамандыыр миинэр биир маҥан аттааҕа. Туус маҥан өҥнөөх, сүүһүгэр хара туочукалаах, саллааттары олох чугаһаппат. Арай, дьон сөҕүөн иһин, Ыкынаачайы бу ат улаханнык иччи оҥостубут. Ыкынаачай тугу диирин барытын толорор, босхо сылдьар кэмигэр батыһа сылдьар. Саллааттар: “Тоҕо бу ат эйиэхэ сыстарый?” — диэтэхтэринэ, — “Биһиги сахалыы кэпсэтэбит ээ...” — диэн күлэр. Биир күн уулуссанан баран иһэн көрдөҕүнэ, Туочуканы мииммит биир маҥан ырбаахылаах, былааттаах дьахтар үөһэ хайа үрдүгэр тахсар суолунан ойутан ахан эрэр. Ыҥыырыгар полевой суумка бааллыбыт. «Бу суолунан өстөөхтөргө тиийиэхтээх» дии санаат, быһа сүүрэн, төрдүс дуу, бэһис дуу тоҕой суолга ат хайаны дабайан сүүрэн иһэригэр тиийбит. Ат чугаһаабытыгар: “Тохтоо! Аккыттан түс!” – диэн үөгүлээбит. Дьахтар бэстилиэтинэн ытыалаабыт, ат Ыкынаачай саҥатын билэн тохтообутугар салайа сатаабытыгар, төттөрүтүн, өсөһөн, сытынан кэбиспит. Сытарыгар дьахтар атаҕын баттаабыт. Дьахтар атаҕын баттата сытан Ыкынаачай диэки бэстилиэт ботуруона бүтүөр диэри тардыалаабыт. Туһата суох буолбутун кэннэ бэстилиэтинэн быраҕан кыыраппыт. Ол кэннэ ыксаан, баттаҕын үргэнэ-үргэнэ часкыйбыт. Ыкынаачай сүүрэн кэлэн аты туруораат, дьахтары кэлгийбит. Били көрбүт баайылла сылдьыбыт суумка түспэтэх эбит. Арыйан көрбүтэ, кини чааһын хаартата. Аты сытыаран баран, дьахтары кэлгийэн, суумканы сүгэн чааһыгар кэлбит. Дьахтары ыстаапка илдьэн баран бартыбыалы хамандыырыгар туттарбыт. Дьахтар ыстаап үлэһитин ойоҕо эбит. Иккиэн үспүйүөн буолан биэрбиттэр. Сэбиэскэй чаастар ханна туралларын туһунан элбэх матырыйаалы ньиэмэстэргэ илдьэн испит дьахтары туппут. Бу хорсун быһыытын иһин Ыкынаачай “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Василий Наумов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан