Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бөрөнү тэбистэрэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бөрөнү тэбистэрэн
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
02.06.2022 17:02
Ньукулай эдэр сылдьан оройбунан көрбүт киһи этим диэн билинэр. Саҥа суоппардыырын саҕана бииртэн биир улууһу кэрийэрин, сири-дойдуну көрөрүн сөбүлүүр эбит. Биир үтүө кыһын Эдьигээҥҥэ барар буолбут. Саҥа дьыл кэнниттэн сырыы син эбиллэр: суолу дөрүн-дөрүн күртэрэр, тэҥниир буолан, сорох дьыл суол-иис тупсар. Эдьигээҥҥэ тиийэ охсон илдьибит сээкэйин сүөкэнэн баран, балык, таба этэ тиэнэн Дьокуускайдыахтаах эбит. Тиэнээт, төттөрү көтүтэр. Лаппа барбалаһан иһэн хаардаах дьыл суол үлэһиттэрэ хаар бөҕөнү өрө астарбыт суолларыгар сыыры түһэн иһэн көрдөҕүнэ, арай иннигэр туох эрэ субурус гыммыт. Өйдөөн көрбүтэ, бөрө суол устун элэстэнэн эрэр эбит. Эдэр суоппар, булчутун хаана оонньоон, тэбистэрэр санаата баһыйар да, гааһын өссө ыга үктээн кэбиһэр. Хас да сыыры ити курдук билбэккэ ааһаллар. Ол тухары бөрө ситтэрбэт. Онтон адьырҕата улам-улам сылайан, Ньукулай бөрөҕө бу үтэн кэлэр. “Тоҕо туора ойон хаалбатах бөрөнүй“ диэх курдук гынан эрдэҕинэ кыыла суол килэркэйигэр халты тэбинэн эрэрэ да массыына анныгар сүтэн хаалар. Суоппар сиэркилэтинэн көрбүтэ, кэннигэр бөрөтө мөхсө сытар эбит. Көлөтүн тохтотон хорус гыннарар да мончуруогун туппутунан ойон тахсар. Көрбүтэ, бөрөтө салгыны таһыйа, өлөр тэбиитин тэбиэлэнэ сытар. Кэтэһэн, тура түһэн баран, аргыый тиийэн маҕыйа түһээт, мончуруогунан төбөҕө саайан көрөр да кыыла былыр үйэҕэ “баран“ хаалбыт — хамсаабат. Дьэ, түбэспэтэҕэр түбэһэн, үөрүөн дуу, хомойуон дуу билиминэ тэпсэҥнии түһэн баран булдун хаалларыа дуо, куусабар нэһиилэ ырычаахтаһан таһаарар. Олорон, тыын ыла түһэн баран араҕаары гыммыта, көлөтө эстибэт. Чуучургуу-чуугургуу, эстиэх курдук гына-гына тохтоон хаалар. Саҥа көлө хайдах буолбутун оччолорго эдэр суоппар быһаарбатах. Араастаан талкыйан көрөн, ыһан-таҥан көрөр да туһа тахсыбат. Түүнү быһа мөхсө хонор. Сарсыныгар эмиэ уот оттон хонор. Кини соругар, ол күннэргэ биир да көлө кэлбэтэх. Үһүс күнүгэр сэниэтэ эстэн, тоҥон быстаран эрдэҕинэ суол үлэһиттэрэ тигинэтэн кэлбиттэр. Ириэрэн, сылаас аһы-үөлү аһатан, арыый да бэттэх аҕалбыттар. Кырдьаҕас суоппардар көлөтүн “туттарбыккын” диэн тойоннообуттар. Онтон бөрөнү түҥнэри көтүппүтүн көрөн, аал уот оттон, айах тутан, көрдөһөн-ааттаһан алҕаабыттар. Көлөлөрүн барбах состорбуттарыгар эстэн бирилии түспүт... Суор Олохтоохтор: “Бу суор сылдьыбыта ыраатта, киһини өйдүөхпүтүттэн баар”,— дииллэр эбит. Наар улуус кыраныыссатыгар дугуйданарын элбэх киһи кэпсиир. Бу суор ураты суор буоларын хаста да биллэрэн турар. Ньукулай бөрөнү тэбистэриэҕиттэн ыраах айаҥҥа тахсаары гыннаҕына, мэлдьи сирин-уотун аһатан, алаадьы уурар идэлэммит. Наар бу кыраныыссаҕа тохтоон ааһарын умнубат буолбут. Бастаан утаа, баҕар, ол алаадьыбар иҥсэрэн сылдьар суор буоллаҕа диэн кыһамматах. Биир сырыытыгар суорун өйдөөн көрбүтэ, аҥаар тумса үрүҥ сурааһыннаах эбит. “Дьикти, кырдьаҕас суор буоллаҕа” дии санаабыт. Ас бэристэҕин аайы кэлэн, ылан барар идэлэммит. Ити кэмтэн ыла хайдах эрэ наар табыллар, суол оллурун-боллурун билбэккэ ааһыталыыр буолбут. Урукку хаарбах массыыната оннооҕор умуллара аҕыйаабыт. Биир күн эмиэ кыраныыссаҕа тохтоон турдаҕына, биир КамАЗтаах киһи кэлэн Ньукулай суору аһата турарын көрөн: “Хайа, нохоо, көтөрү кытта кэпсэтэҕин дуу, иктэ барыта итэҕэллээх буолан...” – диэн баран сиргэ силлиир. Көөҕүнээбит куоластаах суоппары көрөн, суор тиит төргүү мутугар олорон төбөтүн эрийэ-эрийэ өрө хололоон ылбытын Ньукулай дьиктиргиир. Бу сылдьарын тухары суор төбөтүн эрийэ-эрийэ хололуурун көрө илик буолан, бэркэ атыҥырыыр. Төһө да хаарбах көлөлөөҕүн иһин, куусап муҥунан ыраах хоту улууска уотурба уонна эбиэс тиэнэн иһэр буолан, суол алдьана илигинэ аны үстэ сылдьыахтааҕын санаан, тиэтэйэ-саарайа айанныыр. Син барбалаһан иһэн суол тоҕойугар, били, КамАЗ суолтан туораан түҥнэстэ сытарын көрөн, этэ салаһар. Тохтуу охсон, түһэн көрбүтэ, били, көөҕүнээбит киһи массыыната эбит. Хата, тыыннаах хаалыах быатыгар, хаардаах дьыл буолан оһолломмотох. Хаанньаччы барбыт кэбиинэтиттэн саҥа үнүөхтээн тахсан эрэр эбит. Ол балааскайдана сылдьан өйдөөн көрбүтэ, били, “суору кытта кэпсэтээччи” турар! Соһуйан өлө сыһар. Сыыһа-халты саҥарбытын билинэн, саҥатыттан матар. Ньукулай эмиэ суор ону-маны билиэн сөп эбит диэн сөҕөр. Бу түгэн кэнниттэн били киһитин улахан тыраассаҕа хаста да көрөр. Биирдэ ол киһитэ алаадьы бэрсэ турарын көрөн аһарар. “Улаханнык саҥаран, ыт буола сыһан баран, хата, өйдөөбүт” дии саныыр. Кэриттэҕэ дуу Саас. Көтөр-сүүрэр үгэнэ. Айылҕа барахсан уһуктан эрэр кэмэ. Кус маныы олоробут. Кэлэриттэн-барарыттан кыралаан барбах бэриһиннэрэбит. Олох кураанах да, аһара сууһаран да барбакка, бэркэ бултаан-алтаан, үөрэ-көтө, сэргэхсийэ сылдьабыт. Халлаан тымныйан, эбиитин хаар-самыыр булкуйа түһэн, куспут сырыыта мөлтөөн, үүтээммититтэн арахпат идэлэннибит. Бу сылдьан наар арахсан барбыт аҕам туһунан ахтар буолан хааллым. Булка сылдьан такайбыта элбэх буоллаҕа. Айылҕаҕа таҕыстаҕына, киһиттэн ураты үтүө буола уларыйара. Хор, айылҕа барахсан оннук сүдү күүстээх. Киһи санаатын сааһылыыр, өбүгэлэр тыыннарыгар чугаһатар уратылаах. Айылҕаҕа эр киһи көҥүл сылдьан көхсө кэҥиир идэлээх. Маннык эйгэҕэ киирэн кэпсээн-ипсээн бардаҕына, хаһан, ханна, туох булка кимниин түбэспитин, онтун хайдах кыҥаан, туттан туран ыппытын ойуулаан-дьүһүннээн сэһэргээтэҕинэ, түүн биллибэккэ ааһара. Ол сырыыларын, ахтан эбитэ дуу, этиттэрэллэрэ эбитэ дуу, наар саҥара сылдьар буолан хааллым. Кини туттар тылларын, этиилэрин, оннооҕор ыллыыр ырыаларын киҥинэйэ сылдьабын. “Ханна эрэ тиийдэ, куоракка киирэн бултаан эмиэ биһиги курдук кус маныы олороро дуу, суоҕа дуу?.." – диэн саныыр буоллум. Төһө да арахсан талҕаланан барбытын иһин, төһө да төрөппүт аҕам буолбатаҕын иһин, булка такайбытын, булка сыһыарбытын кимиэхэ да мэлдьэспэккэ, кистээбэккэ этэбин. Атына, баҕар, кытаанах, хараҥа да буоллун, булка сылдьар доҕоттор, булка такайбыт киһигитин ордук күндүтүк саныыргыт чахчы. Дьэ, ити курдук, санаам-оноом барыта аҕалааным буолан хаалла. Санаабар, аттыбар баар курдук, тугу эрэ кэпсии-ипсии урут сылдьыбыппыт курдук. Дьикти. Куорат сиргэ тиийэн булчут дууһата хаайтардаҕа буолуо, биир эмэ күн төлөпүөннээн кэпсэппит киһи диэн, тоҕо эрэ төлө туттаран тахсыбыт санаалаах дэриэбинэҕэ киирдим. Дьиэҕэ киирбитим, эмиэ, били, арахсан барарыгар курдук, дьиэбит иһигэр курус чуумпу бүрүүкээн турар... Харах уутун сотто-сотто балтым барахсан кэлэн: “Аҕабытын... аҕабытын убайа саанан... аҕаа-аҕаа... суох... өлбүт...” – дии-дии, биир кэм бөтө-бөтө ис-иһиттэн иҥиэттэн олорор... Ити курдук аҕабыт төһө да араҕыстар, сылдьыбыт сиригэр, бултаабыт ыырдарыгар, арааһа, бүтэһигин кэлэн бардаҕа дуу... Суор тохтотон Эмиэ хоту улуус ыраах сытар нэһилиэгэр Саҥа дьыл эрэ иннинэ бырааһынньык аһын-үөлүн илдьибиттэр. Бырааһынньык төһө да ыган кэллэр, айаннарын оллур-боллур суолун аахсан, көлөлөрүн кыаҕын билинэн, аа-дьуо айаннаабыттар. Лаппа барбаласпыттарын кэннэ суор батыспыт. Арыалдьыт курдук ситэн ааһа-ааһа, иннилэригэр маска олоро түһэ-түһэ кинилэри кэтэһэр курдук, икки-үс биэрэстэни айаннаспыт. Ньукулай “арааһа, бу көтөр ас көрдүүр дуу, тоҕо эрэ арахпат” диэн, массыынатын тохтотон атаһыгар туох астаахтарыттан өлүүлээн ити суору аһаттахха табылларын этэр. Уол өйүөлэриттэн лоп курдук өлгөмнүк өлүү гына бысталаан киһиэхэ уунар курдук өрө уунан баран, тоҥуу хаары кэһэн киирэн, хаарга биир-биир уурталаан кэбиһэр. Чэйдээбэккэ сылдьар дьон таарыччы суору аһата чэйдиирдии оҥостон эрдэхтэринэ, кэннилэриттэн ыраахтан дибдийэн иһиллэр муусукалаах массыына ситэн кэлэн, тохтоон турар сирдэригэр хорус гыннарар. Ааны барбах сэгэтэн табах көрдүүллэр. Табах тардыбат дьоннорун билэн соһуйаллар уонна аттыларыгар хаарга суор тэҥҥэ асаһа олорорун көрөн: “Бай, бу дьон тугун сүрдэрэй, суордара батыһа сылдьар дуу, тэҥҥэ аһыы олороллор эбит, суоргутун кэбиинэҕитигэр хаайа сылдьаҕыт дуу...” – диэн күлэн мэлээриҥнэһэллэр. Ньукулай тугу да саҥарбат. Сыыһа-халты саҥа-иҥэ тахсан хаалбытын аны кэлэн тохтоппотун биллэҕэ. Кыйахаммыт да, үөрбүт да бэлиэтин биллэрбэт. Мээнэ тылга-өскө кыттыспатын көрөн ааннарын лап гына сабаат салгыы айаннаан холоруктата турбуттар. Ити курдук аһаан-сиэн бүтүүлэригэр суордара аһаан тоттум, сөп буолуо диэбиттии, кэлбит сирин диэки төттөрү көтөн хаалар. Ньукулайдаах олоруохтара дуо, тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэ охсубут киһи диэн дьүккүөрдээх буоллахтара. Нэһилиэккэ киириэх эрэ иннигэр били ситэн ааспыт кыра массыына күргэ биир маһын тоҕо түһэн, көлүөһэтэ тэстэн, күргэни бүөлээн турарыгар тохтууллар. Дьоно баран хаалбыттар эбит. Мантан нэһилиэк чугаһын билэр буолан, ол дьон көмө көрдүү барбыт буоллахтарына, кэлэллэрэ син чугаһаабыт буолуохтаах диэн кэтэһэллэр. Кырдьык, биир бөлөрүүс тырылаан кэлэн, кыра массыынаны ньылбы соһон таһаарар. Күргэ маһыгар эбии мас тэлгэтэн, добуочча бөҕөргөтөн баран Ньукулай массыынатын аһарбыттар. Ньукулай кэпсии олорон: “Суор тохтоппотоҕо буоллар, ити дьоҥҥо ситтэрбэппит. Ситтэрбэккэ кэлэн ити күргэни хайа түһэбит. Бэйэбит туох буолуохпут биллибэт этэ...” – диэн өссө төгүл суорга махталын биллэрбитэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан