Кэпсээ
Войти Регистрация

Санаалар

Главная / Кэпсээн арааһа / Санаалар

K
12.05.2022 15:18
  Быраас сүдү сүрэҕэр сүгүрүйэн      Быраас быыкаа хамнастаах күүрээннээх үлэтин, илиитин сылааһын ыалдьар эрэ киһи билэр быһыылаах. Сорох киһи доруобай буолан айыллар, сорох хайа төрүөҕүттэн олох иһин охсуһар.    Хайдах быһаарыахха сөбө эбитэ буолла быраас барахсаны «кыайан көрбөт, сыыһа эмтиир, кыһаллыбат» диэни. Кини харчы иһин буолбакка, олох туһугар охсуһар. Эн биһикки тыыннаах, күн сиригэр тиҥилэхтээн хаамарбыт иһин кыһаллар.    Билигин сорох кыахтаах дьон тас эрэ дойдуга тахсан эмтэнэр буоллулар. Ону ким бобуой. Атын дойдуга үтүө эми-тому билэн кэлбит киһиэхэ бэйэбит мэдиссиинэбит таһыма хайдах буолан көстөрүн син таайыахха сөбө буолуо.    Биһиэнин Исирээйил, Дьоппуон, Эмиэрикэ эҥин мэдиссиинэтигэр хайдах холуоҥуй. Ол эрээри манна быраас эмтиир таһыма дойдубут мэдиссиинэтин таһымыттан тутулуктаах. Биһиэхэ да ситиһии суох буолбатах. Баар. Аан дойду таһымнаах быраас элбэх. Ол эрээри сайда сатыыр дойдулар истэриттэн тахса иликпит. Сайдыылаах дойдулардааҕар хаалан иһэрбит биллэр. Мэдиссиинэҕэ үтүө суобастаах үлэһиттэрэ эрэ баар буолан, тутуллан олордохпут буолуо.    Үрүҥ халааттаах аанньаллар быыстарыгар мөлтөх үлэһит баарын баара буолуо да, оннук дьон мэдиссиинэҕэ уһаабаттар. Кыахтарын билиннилэр да туораан биэрэллэр. Тас дойдуга тахсан эмтэнэр кыаҕа суох дьон син биир бэйэбит дьоммутугар эмтэниэхтэрэ турдаҕа эбээт. Ол иһин тас дойдуга эмтэнэн баран, анараа эрэ үчүгэйдик эмтииллэрин курдук суруйдахха, элбэх киһи кулгааҕын аалан киириэҕэ.    Биһиэхэ да сайдыы барар буолан баран, сүрдээх бытаан. Ол биллэр. Хата, кыахтаах дьон бэйэбит мэдиссиинэбитигэр көмөлөһүөхтэрин сөбө. Төһөлөөх элбэх оҕо инбэлиит буоларый, төһөлөөх оҕоттон төрөппүтэ аккаастанарый, төһөлөөх оҕо, дьоно өлөн, төгүрүк тулаайах хааларый? Кыһалҕа кыра, муора тобугунан дьоно, маны өйдөөн-дьүүллээн төбөлөрүгэр туталлара буолуо дуо. Суох. Бэйэ иннин эрэ көрүнэр адьынаттаах дьонтон элбэҕи көһүппэккин. Бу дьон быраас сырдык аатын хараарда сатыыллара хайа да киһи төбөтүгэр батан киирбэт. Кинилэргэ «тас эрэ дойдулартан киирбит үчүгэй» диэн өйдөбүл иҥэн сылдьар. Дойду туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар киһи күн ахсын аҕыйыы турар курдук.    Элбэхтик тас дойдуларга сылдьар киһиэхэ бэйэбит дойдубут быраастара атыннык көстөн эрдэхтэрэ. Бу курдук тас дойдуга эмтэнэр дьон санааларын үгүспүт кыайан өйдөөбөт үйэтэ кэллэ быһыылаах. Дьон араҥанан хайдыспыта көстөр. Баай өттө биһиги курдук кирэдьииттэн кирэдьииккэ сылдьыбат буоллаҕа. Боростуой дьон кыһалҕатын кыайан өйдөөбөт, өйдүү да сатаабат. Биһигини «өлөрөбүт» да диэбиттэрин иһин, ол Исирээйиллэригэр дуу, Эмиэрикэлэригэр дуу баран эмтэнэр кыахпыт суох. Оччо кыахтаах буоллахтарына, бэйэлэрин курдук ыалдьар дьону тас дойдуга илдьэн эмтэтэн кэлиэх эбиттэр. Оччотугар «дьэ, кырдьык, туһалааҕынан дьарыктаммыттар» диэх этибит. Таах таһыттан сылдьан бэйэбит бэликилииньикэбитин өҥөйөн да көрбөккө, быраастар тугу аһаан-таҥнан үлэлииллэрин үчүгэйдик билбэт эрээри. Барыҥныыры барытын сиилии сылдьыах оннугар, саатар, балыыһаларга бахыыла бүтэн хааларын тохтоттуннар. Саатар, ону хааччыйдыннар ээ харчыларын батара сатааччылар. «Бахыыла ылан, араас кир-хох киирэрин тохтоттубут» диэн отчуоттаан үрдээтиннэр ээ. Кыырпах да саҕа туһалааҕы хамсаммакка сылдьан тас дойдуну оччо айылаах арбыыр буоллаҕына, баһаалыста, онно баран олохсуйдун. Билигин ону ким да боппот эбээт. Үрдүттэн сытан эмтэнэригэр да ордук буолуох эбит.    Бил баһыттан сытыйарыныы, мэдиссиинэ биһиэхэ тоҕо мөлтөҕө, быраас аймах хааччыллыыта олус кырата, эмп-томп ыарахана барыта кинилэртэн буолуо. Оннооҕор чааһынайдар эмп оҥорон атыылыыллар эбээт. Бырабыыталастыба таһымыгар оҥорон, олохтоох дьоҥҥо удамыр сыанаҕа тоҕо атыыламматый? Дьиҥэр, арыый кыанар дойду эбиппит буоллар, эмп олох да босхо буолуохтаах этэ. Биһиэхэ көмүс, да алмаас да, гаас да толору эрээри, ыанар ынахтан үүтүн ыан ылар курдук, аҥаардастыы суймуурдууллар. Саатар, эмкэ көмө диэн, ол үптэн тоҕо көрүллүбэтий? Омук сиригэр күүлэйдии таарыйа тиис булуомбатын саҥардан кэлэн баран, дойдубут мэдиссиинэтин кэлтэйдии сиилиэх кэриэтэ, бу кыахтаах дьоммут оччо бата-иҥэ сатыыр буоллахтарына, киирэн-тахсан туруорсуох эбиттэр.    Аҕа дойду сэриитигэр кыайбыт норуот кырдьаҕас көлүөнэттэн ахсааннаах киһи хаалла. Саатар, сэрии, үлэ бэтэрээннэрин, сэрии кэминээҕи оҕолору судаарыстыба таһымыгар ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьан эмтиир, ити этэр тас дойдуларга баран эмтэтэр тоҕо кыаллыбатый? Дойдубут мэдиссиинэтин сиилээччилэр көмөлөрүнэн таһааран эмтиэх баара. Төһө киһини тас дойдуга таһааран эмтэтэллэрин көрүөх этибит.    Ыраах сытар нэһилиэктэргэ ыалдьыбыт дьон төһө түргэнник үчүгэй көрөр-истэр, эпэрээссийэлиир кииҥҥэ киирэллэрин бу тас дойдуга эмтэнээччилэр билэллэрэ буолуо дуо? Хата, ол оннугар Эмиэрикэ түгэҕэр биһиги көмөбүтүгэр наадыйбат киинэ артыыһыгар баалларын-суохтарын, көмүстэрин, алмаастарын уулларан, күрэх иһин кыайа да илигинэ кыайбытын курдук бэлэх-туһах биэрэр дьахтар аймаҕы аһыныахха эрэ сөп. Муҥнаахтар мустан муҥнанаахтаабыттар. Саха дьахталларын аатын итигирдик киртиппиттэрин, акаарыларын чорбоппуттарын, сэриигэ кыайбыт курдук сананан, кэпсэл оҥостон сылдьалларыттан киһи кэлэйэр. Ити кэриэтин ити бэлэх, кыһыл, үрүҥ көмүс, алмаас сыанатыгар онкологияҕа ыалдьыбыт бып-быычыкаан оҕолорго көмөлөһөр тоҕо кыаллыбатый? Оҕо эрэйдээх син биир тыыннаах дууһа буолбатах дуо?! Саатар, биир оҕо, биир киһи тыыннаах хаалыах этэ дии. Суох. Биһиги дьоммут «тас дойду ааттаахтарын кытта тэҥҥэ туруохпут, биһиги ол статуэтканы туттардахпытына, ааппыт көмүс буукубанан суруллан үйэлэргэ өлбөөдүйүө суоҕа» диэхтээбиттэрэ буолуо. Кинилэр ааттара билигин аан дойду күлүүтүгэр, акаары быһыы-майгы холобурунан ахтылла сылдьара саарбаҕа суох.
kyym.ru сайтан