Кэпсээ
Войти
Регистрация
Син айаһыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Син айаһыт
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
12.05.2022 15:15
Кэҥкибэ барахсаҥҥа олоробут. Былыргы дойду булчуттарын үтүктэн, бэйэбэр анаан тиит киилинэн алта устуука куобах айатын оҥордум. Оччолорго Адыаччы куобахчыт, булчут оҕонньотторо бары кэриэтэ куобаҕы хаар халыҥаатаҕына, айанан өлөрөллөрө. Билиҥҥи курдук үчүгэй туһах, хапкаан суоҕа. Токо уола Ыстапааҥҥа («Киров» холкуос киһитэ, тимир ууһа) уонча ырбаны оҥортордум. Сааскы киһи салбаммытынан диэбиккэ дылы, эт ас суох. Саас кулун тутар саҥатыгар алта айабын сүгэн, киһини тобугунан, типпит сиригэр ньилбэк ортотунан, хаары уу курдук кэһэн, Уҥуоргу Сыһыыны туораан, инньэтэх, арҕаа ыраах Сэргэй Ырпахтыырын чоҕуругар таҕыстым. Көс курдук сири хаамтым. Куобах баар эбит. Айаларбын былааннаан, тарҕата иитэн кэллим. Икки хонон баран айаларбын көрө бардым. Дьэ, хайдах эрэ буолар эбит дии иһэн көрбүтүм, бастакы айам эстэн кытара сытар. Эстибэтэх да буоллаҕына, көстө сытыахтааҕа. Хайыҥтан бэртээхэй куобах ырбатын нэһиилэ уһулбут (ол аата айа ырбалаах осхоро (айа мас оноҕоһо) туллан кэлиэхтээх) – кэнтик төрдүгэр охтон сытар эбит. «Дьэ, бу – тутуу!» диэн киһиргэнэ санаатым. Иккис айам эстэн, куобаҕа эмиэ ол сытар. Үһүс айа – үкчү оннук. Киһи сымыйанан эппитин курдук. Үс айабын үрүйэ эҥээригэр бэрт үчүгэйдик тардыталаан кэбистим. Төрдүс айам куобаҕа ырбатын уһулбакка сытар. Куобах ортото ириэнэх эбит. Курбуттан быһахпын ылан, ырба ыксатынан холкуҥнатан, нэһиилэ туура тартым. Бэһис эмиэ эстибит – куобаҕа хаста да ойон охтубут. Онон биэс бэртээхэй куобахтанным. Ол эрээри алтыс айам куобаҕа ырбатын уһулбакка хам тоҥон хаалбыт. Онтубун тардыалаһа туран, осхорун тоһутан кэбистим. Икки айабын ииттим. Биир айаны хайыҥар туруору анньан хааллардым. «Дьаабал, аны саппаас ырбалаах сылдьыллыыһы», – дии санаатым. Чэ, доҕор, алта куобахтаах, саха тэҥэ суох холобурдаах буоллум. Онтон тэптэн «бэйи эрэ, Сэргэй уола Охонооһой оҕонньорго өҥнө түһэн ааһарым дуу?» диэн санаа киирдэ. Оҕонньор сааһыгар аарыма булчут киһи кырдьан, ыраах Туостаах диэки бултаабат буолан, бохтон олорор. Торбос Биэрэгин уҥуоргутугар, арыы төбүлэҕин үрдүгэр, быыкаайык балаҕан дьиэлээх. Ол арыыга, дьиэтиттэн чугас эргин, эмиэ айалыыр. Дьиэ таһыгар кэлбитим, иһирдьэ кимнээх эрэ саҥарсан баллыгыраһыы-күллүгүнэһии бөҕө. Эмискэ көтөн түспүтүм – оҕонньор соҕотох эбит. Кыл туһаҕынан чыыр илимэ баайа олорор. Булчут киһи соҕотоҕун сырыттаҕына, тэһийбэтэҕинэ, бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэ сылдьааччы. Дьон баар диэбитим, оннук буолан таҕыста. Оҕонньордуун дьиэ эргиннээҕини кэпсэттибит. Онтон оҕонньорум хантан иһэрбин ыйытта. – Эн аҕаҥ Сэргэй Ырпахтыырынан эргийэн иһэбин. – Бай, хата, ол бэрт сонун! Айа тардан иһэҕин дуу? – Тардыбытым икки хонно. Бүгүн көрөн иһэбин, – ыарыы соҕус эттим. – Дьэ, үчүгэй эбит. Хас айаны тардаҕын, хаһы ыллыҥ? – Алтаны тардыбытым, алтыан эстэн барытын ыллым. Ол гынан баран биир куобах ырбабын биэрбэтэ. Хам тоҥон хаалбыт. – Бай, ол хайдаҕый? Барыта өлбүтэ – үчүгэй соҕус тутуу. Эн куобах туоҕар түһэр гына тардаҕыный? – Барыта сүрэххэ түспүт, – бэйэм талан сүрэххэ түһэрэрдии тардарым курдук, күөрэччи соҕус эттим. – Чэ, доҕоор, ол аата син аҕай эрэ айаһыт эбиккин. Үчүгэй диир айаһыт буолбатах эбиккин, – оҕонньор сэнээбит курдук тартарыылаахтык саҥарда. – Охонооһой оҕонньор, үчүгэй айаһыт диэн хайдах буоларый? – диэн өс киирбэх ыйытабын. – Ити сөпкө ыйытаҕын. Дьэ, мин кэпсиим. Табалаах нэһилиэгэр (уруккута Тэриэтэй Байды нэһилиэгэ) Ньыма Киристиэпэл диэн бу Дьааҥыга биллиилээх булчут киһи, билигин оҕонньор, баар. Кини тарпыт айатыттан аахтара ылар. Эн эмиэ аахтарбыккын. Итиниэхэ тэҥнэстигит. Ол эрээри Ньыма куобаҕын ырбата саккырыырыгар түһэр, тута охтубат – ырбата түһэн хаалар гына тардар. Ол саккырыыра диэн – сиһин үөһүн тымыра. Ырба ол тымыры быһа түстэҕинэ, хап-хара хаан ханнык да хараҥаҕа хаарга субуруйан көстө сытар буолар. Ол иһин Ньыма Киристиэпэл сарсыарда үөл-дьүөл хараҥаҕа айаларын барытын көрөн, куобаҕын барытын булар. Үчүгэйдик сырдыыта айаларын барытын иитэн, эрдэ, күнүс, дьиэтигэр кэлэр. Манна хайдаххытый? Ньыма боруҥуйга көрөн, куобаҕын барытын булар. Иккис кыайыыта – күн аайы айатын барытын иитэр эбэтэр ырбата куобахха хам тоҥмот. Оттон эн биир ырбаҥ кэлиминэ – биир айаҕын ииппэтэххин. Ол аата икки хонон баран биэс эрэ куобаҕы ылыаҥ. Ол аата – биир итэҕэс, ороскуот. Дьэ, ити аата Ньыма – үчүгэй айаһыт! Эн – син эрэ айаһыккын. Булчут дьон сирэйгэ малтаччы кэпсэтэллэр, онтон өһүргэс суох! Бултууруҥ олус мындыр, олус эрэйдээх идэ! – диэн Охонооһой оҕонньор күлүм аллайан түмүктээтэ. Олус мындыр ырытыы. Оттон мин күн да сырдыгар сылдьыбытым иһин, ырбалаах осхор саппаастаннахпына эрэ, сатанар буолбат дуо? Куобахха айаны иитэри-тардары миэхэ атаһым Оруоһун Баһылай үөрэппитэ. Кини – улахан булчут киһи, кыыл айатыгар ыттаран, ыарытар буолан уурайбыт. Аныгылыы булт саата-сэбэ, булт култуурата киирэ илигинэ урукку сахаларга бастыҥ бултуур тэриллэрэ айа буолар эбит. Айанан хаһан баҕарар, ханна баҕарар бултууллара үһү: тайаҕы, кыыл табаны, эһэни, бөрөнү, үүһү (бэдэри), саһылы, куобаҕы, кииһи (саарбаны), көтөртөн – хааһы уо.д.а. Айа холотун, кылыытын, сыһыытын таба тут да бүтэр. Айа ынырыктаах кутталлаах тэрил. Айаны эбиэнинэн, ырбанан, бэриинэн иитэллэр. Өйдөөбөккө-билбэккэ иитиллэн турар айаҕа киһи киирэн биэрбитэ үгүс, элбэх. Ол иһин киһиэхэ-сүөһүгэ кутталлааҕын иһин, Сэбиэскэй бырабыыталыстыба айаны туһаныыны булгуччу бобон турарын өйдөнүллүөхтээх. 1952 с. Адыаччы, Бөтөҥкөс уонна 1960 с. Табалаах, Улахан Күөл. Семен Петрович Колосов,
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан