Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ойууттар, отоһуттар, билгэһиттэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ойууттар, отоһуттар, билгэһиттэр
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
28.04.2022 15:54
Күүкэй күөлүн тула урут Аргыдал, Арбаҥда, Чогдор, Бакаанча, Бохоодой диэн сураҕырбыт аптаах-хомуһуннаах ойууттар бэйэлэрин бириэмэлэригэр аатыран олорбуттара кэпсэлгэ сылдьар. Бакаанча Бакаанча ойуун Күүкэйгэ Кэлтэгэй арыыга олорбут. Илэ сүүрэр кыыллардаах, өлбүт дьону хайа баҕарар дьиэҕэ киллэрэр аптаах, хараҥаҕа аатын ааттаабакка «оҕонньордоох» диэн, күлүгүн быһа хаампакка олорбуттар. Бакаанча өрөгөйдөөн сүүлэ киирэ сылдьар бириэмэтигэр Чогдор диэн былдьыры саҥалаах, уһун моойдоох, хаҥас кулгааҕа оһуобай улахан уол оҕо төрөөбүт. Бакаанча уолун көрөөт, Тураҥнаах диэн сиргэ ыалга кыыран баран, утуйа сытан түүл түһээбитин санаабыт. Онно маннык этэ: ала биэтэ кулуннаммыт, оҕотун өлүү төрдүн иччитэ кутуругуттан таҥнары соһон эрэр эбит, ону сүүрэн тиийэн хаҥас кулгааҕыттан тарпыта, кулгааҕа уһаабыт, ол иһин баһыттан тардан, былдьаан ылбыт. Дойду иччитэ хотторон, титиик кэннин диэки аччаҥалыы турбут. Чогдор уон сааһын туолар-туолбат сылдьан, аҕатын батыһан ойууннуурун көрөрө-истэрэ уонна кутуруксут кэнниттэн ытарҕа кутуруксут буолара. Уон алта сааһыгар уһуйтаран, ойуун буолан тахсыбыт. Саҥыйах кыыһын ойох ылан, сыл аайы оҕолонон сүүрбэ икки сааһыгар биэс оҕоломмуттара. Кыырыан олус баҕарара, ыанньыйара да кинини ыҥырбат этилэр, аҕатын улуу ойууну Бакаанчаны илдьэн иһэллэрэ. Ол иһин ойуурга тахсан, от-мас сир иччилэригэр түүнү быһа кыыран тахсара. Биир күһүн илин тыаҕа бултуу тахсан хаалбыт. Аҕата Бакаанча Күүкэй арҕаатыгар олохтоох эмиэ сүлүһүннээх Аргыдал диэн ойууннуун Сүрүн үөскэ куйуурдуу сылдьаннар, балык оргуйар ойбонун былдьаһан элбэхтик этиспиттэр, кыраспыттар. Ол дьаабылана турдахтарына, биир да ойбонтон балык ылбат буолтар, ойбонноро күүгэнинэн оргуйар буолтун иһин куйуурдьуттар уку-суку тарҕаспыттар. Кэннилэрин хаһыйан көрбүттэрэ – икки ааттаах кутталлаах, аптаах-хомуһуннаах ойууттара ойбон модьоҕотугар олорон хаалбыттар. Ойууттар кыыран-кыыран бүтэн, хараҥаны кытта дьиэлэригэр тахсан, аһаабакка эрэ түүнү быһа кыырбыттар. Бакаанча араастаан Аргыдалга кырыыс тылын эппит. Үһүс түүнүгэр үөһүн таттара-таттара хара быарын туһунан харбыалана сытан өлбүт. Аргыдал кырдьаҕас айатын ииппитин ситэ көрбөккө өлбүт дэһэ-дэһэ, дьиэтин илин өттүгэр таһааран араҥастаабыттар. Уола Чогдор илин үрэх баһыттан булт суох буолан, суккуруур дууһата эрэ киирбит. Ойоҕо уонна биэс оҕото аччыктаан, кэтэһэр бөҕөтүн көрөн олорбуттар. Дьиэтигэр эмээхсинэ аҕата өлбүтүн, Кэлтэгэй арыыга араҥастаабыттарын, ол араҥаһыгар сылгы этин, боппууда арыыны ууран күндүлээбиттэрин кэпсээбит. Чогдор ону истэн баран, холус-холустук хамсанан таҥаһын таҥнан барбыт. «Тыыннаахтай хойгуйан өлүөхтэйэ, өлбүт ыһыктаах сытыа»,– диэбит да тахсан барбыт. Араҥаска тиийэн үөһээ ыттан, эти ылан аллараа бырахпыт, иһиккэ угуллубут арыыны ылаары, араҥас кытыытыгар үктээн, араҥаһы суулларбыт. Оҥорон, аҕатын өлүгүн тириигэ, туоска суулаан үөһээ уурбут. Этин, арыытын ылан бараары туран көрбүтэ – аҕатын төбөтө туллан баран сытарын ылан араҥас үөһэ бырахпыт. «Адьайайдай хайдах оҥойбут сэптэйэй, аҕам төбөтүн тууйа түһэйбиппин»,– диэн саҥа аллайа-аллайа дьиэтигэр кэлэн, этин буһаран дьонун аһаппыт, арыытын хаһааммыт сарсын сиэниллиэ диэн. Сарсыарда оһоҕун отто олорон: «Бакаанча өлөн Айгыдал элбэхтик ыалдьай диэбиттэйэ, миигин бу күнтэн саҥайдай энилэй»,– диэтин аҕай кытта, кыһалҕалаах кыкырыс гына түспүт. Хомунан, таҥаһын, дүҥүрүн халаабыска уктан бараары турдахтарына, иккис киһи кэлбит. Ол курдук күн аайы ыҥырыкка сылдьан кыырар буолбут. Дьонугар аһылык быраҕан ааһан испит. Икки сыл аатыра кыыра сырыттаҕына, Эбэ арҕаатыгар олорор Дьааһына диэн кырдьаҕас соҕотох туран эрэр уол оҕото быччаххай буолан, моонньо илби сытыйан сытарыгар ыҥырбытыгар кыырбыт. Чогдор кыыран ортолоон иһэн, аҕатын Бакаанча үөрүн киллэрэн, ыамах-чыамах ыстанан, холкуй-илкий хамсанан саҥаран киирэн барбыт: «Хайа түөкүн, дьөссө кыыйбыттаах баҕастаах буола буолаҕын, моойдоох баспын тууйа түһэйэн байаҥҥын, бу сытай Айгыдал ойуун уйуута уолак киһи моонньун тиниктээн бааспын оһойунаайы буулаан сылдьабын. Адьайайы маҥнай үөскүүйгэй өлүү төйдүн иччитин кытайы былдьаһа сылдьан, уһун моойгун уһулу тайдан ыллым»... – дии-дии, икки киһи охсуһарын курдук дьүһүлэнэн барбыт. Дьиэ бараанын бараабыттар. Абааһыта оҕустах аайы илиитин туора тутан тоһуйан испитигэр, таҥаһын илбиргэс тимирдэрэ тоһута-быһыта ыстанан испиттэр. Биир тимир кыырайан тиийэн, Дьааһына оҕонньор аҥаар хараҕын тэһэ түһэн, биир улахан айдааны таһаарбыт. Ол курдук, тоҥ күөс бастыҥа, хара күүгэннээх көлөһүнэ тахсыар диэри охсуһан, дьэ бүтэн, олоҕор аҕылыы олорон саҥа саҥарбыт: «Өлбүт аата өлбүт, тыыннаах аата тыыннаах, аһайа көтөн биэрдим. Улуу ойууттай үйэ-саас тухары күөнтэһиилэйигэй кыбытык буолбат баҕайым эни»,– диэбит. Кыырбыт ыалыгар чэйдээбэккэ даҕаны дьиэтигэр кэлэн, үс хонон баран, Ботомоойу соҕуруу өттүгэр, Кэҥэрии үрэҕин үрүт өттүгэр таптыы көрбүт алааһыгар көһөн тахсан, дьиэ туттан олохсуйбут. Кураан сыллар буолан Ботомоойу үрэх устатын тухары ыаллар олохсуйан, Чогдору ыҥыран кыырдара олорбуттар. Онно олорон кырдьан өлбүт. Бакаанча, Аргыдал үөрдэрэ-сүүрүктэрэ үрэх баһыгар батыспатахтара үһү. Билигин даҕаны кини олорбут сирэ Чогдор диэн ходуһа сир ааттана турар. Аргыдал ойуун Күүкэй күөлүн арҕаатыгар, билигин бөһүөлэк турар сирин соҕуруу томторугар суостаах-сурахтаах, аптаах, улахан абааһылаах сүдү ойуун олорон ааспыт эбит. Кэпсэл быһыытынан үүрүллэн иһэр үөр сүөһүнү бука барыларын өлөрөн: «Бу быанан миигин кэлгийиҥ, сүгүн орто дойдуга олорорбун аастым быһыылаах, чэ туруоххут дуо? Бу быанан»,– диэн баран, быа быраҕан биэрэрэ. Таһыттан көрдөххө, Аргыдал тэйиччи баран оҕус сыарҕатын үрдүгэр олорон, көрөн олорор буолара. Били тоҕус эр бэртэрэ бэйэ бэйэлэрин кэлгиһэ сатаан, эттэрэ-сииннэрэ эстэн аҕылаһа олордохторуна, оҕонньордоро туран кэлэн: «Биир киһини кыайбат эрээри, күөх оту өҕүлү үктээн сылдьар эбиккит, аҕалыҥ быаны»,– диэн быаны ылан, дьаадьыйан биэрэрэ үһү. Аргыдал арыт кыыл, көтөр, харыйа буолан хаалар, сахаттан 80 ааһар албастаах, 90 куотар кубулҕаттаах улуу ойууна үһү. Ити кэмнэргэ аатыра, кыыра сылдьар Кыаһааннаах ойуун (Дьаархан), Кэлтэгэй арыыга олохтоох Бакаанча ойуун диэннэрдээҕэр аҕа эбитэ үһү. Туора аҕа ууһун киһитэ Чаарчахааны кытары сөбүлэспэккэ ииссэн баран, үрдүк тумулга ыттан олорон, сыччах биир түүн иһигэр кыыран, үөр атыырын үөрүн барытын өлөрбүт. Аба-хомуһуна мунньуллан, сотору-сотору ыанньыйдаҕын аайы араас муокаһы барытын оҥорорун иһин, дьаһаах хомуйааччыларга муокаһы оҥорбутун иһин, Дьокуускайга воеводскай канцелярияҕа Аргыдал диэн аптаах ойуун Бүлүү умнаһыгар, аҕатын ууһун киһитин-сүөһүтүн сүгүн олордуо суох диэн тыллабыр тиийбитэ үһү. Бу ойуун сураҕа, аата-суола киэҥ Ленаҕа тиийэ тарҕаммыта биллэр. Ити бириэмэҕэ 1725 сыллаахха Дьокуускайга Санкт-Петербургтан ыйаах кэлбит. «Улуу ыраахтааҕы Петр I Финскэй хомоҕо хараабыл тимирбитин быысаһа сылдьан, тымныйан элбэхтик ыарыйда, бэрт түргэнник 4 ойуунна ыыта охсуҥ», – диэн. Дворянин Дмитрий Кычкиҥҥа Дьокуускай канцелярията сорудах биэрбит. Петр I Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт дьонтон саха ойууттара үтүөрдэр санаалаахтарын туһунан истибит буолан сорудах ыыппыт, онон 4 ойуунна булан илдьэн оҕус диэн буолбут. Дьаһал төһө да хойутаан кэллэр, сорудаҕы толорбутунан барбыттар. Сорох ойууттар биһиги тылбыт нууччаҕа тиийбэт диэн кыккыраччы аккаастаабыттар. Воевода Полуэктов Өлүөхүмэ комиссарыгар Иван Шангиҥҥа ыытар «4 ойуунна булан ыыта оҕус» диэн. Өлүөхүмэттэн Күүкэйгэ Аргыдалга киһи кэлэн, Дьокуускайга илин үрэх баһынан атынан быһа бараллар. Сирдьит киһи мунаары гыннаҕына, Аргыдал кырдьаҕас ыйан биэрэрэ үһү. Ол иһин ыйдара-ыйдара айаннаабыттар. Дьиҥинэн Петр I тымныйыыттан 1725 сыл тохсунньу 28 күнүгэр өлбүт. Түөрт ойууну илдьэ Дмитрий Кычкин Санкт-Петребурга ыҥыыр аттарынан Нүүнэ төрдүгэр диэри айаннаабыттар. Ити 1731 сыллаахха атырдьах ыйыгар эбитэ үһү. Кэннилэриттэн аттаах киһи «Төннүҥ» диэн дьаһаллаах сиппитигэр, түөрт ойуун өрөөн сытаннар аптарын-хомуһуннарын көрдөрсүбүттэр. Сырҕан эһэ буолан өрүс сыырын өрө сүүрбүттэр, сордоҥ буолан охсуһан эрдэхтэринэ, Кычкин буойан тохтоппут. Онтон дьиэлэригэр таҕаспыттар. Ыраахтааҕыга тиийбиттэрэ буоллар хайдах буолар этэ. Уһуунньук Намнаакы уола Уһуунньук Охоноон диэн эмчит (отоһут), саха луохтура үөскээн олорбут. Күүкэй эбэ хотун баар суох биир сиэн үрэҕин соҕуруу-арҕаа өттүгэр, харыйа сиик ойуур инигэр үс ырааһыйаттан биирдэһигэр алаһа дьиэ туттан, ойох ылан, оҕо төрөтөн, сүөһү ииттэн олорбут. Оччотооҕу саха дьоно араас ыарыыларга сыстыһан эстэн, өлөн иһэллэрин көрө сылдьан, кинилэри быыһыырга бэйэлэрин муҥур үйэлэригэр доруобай олорон ааһалларыгар ис сүрэҕиттэн баҕарара. Сылдьан эрэн толкуйдаан, үүнээйилэртэн хаан буойар эми, сүлүһүннээх дьааттары ыган ыларга дьарыгырбыта. Хаан буойар эмиэ оттон булаат, төрөөрү өлөр дьахталлары быыһыыр санаа киирэн, 1851 сыллаахха төрөөрү өлөөрү сытар дьахтары имэрийэн көннөрө сатаан баран, киһи өлөрө буолбутугар, урут ким да оҥорботох эппэрээссийэтин оҥорон, оҕону курдары ылан, икки киһини быыһаабыт сураҕа аҕа ууһун тилийэ сүүрбүтэ. Ол кэмтэн ыла Уһуунньук ыҥырыкка сылдьан хааны буойара, муҥуру быһара, быччаххайы, бөрөлөйү, сиипилиһи, уҥуох тостубутун, төбө сиигэ арахсыбытын, араас бүлгүрүйүүнү, араас ыарыыларын сотон, кутан, киһи илиитин, атаҕын быһан ылан быраҕара үһү. Харах араас ыарыыларын сотон, кутан, кыһыйан, үргээн үтүөрдэрэ, көрбөт дьону көрөр оҥороро үһү. Көһүйэни оҥорор оҕонньотторго, эмээхситтэргэ анаан көһүйэ оҥотторон, уонча көһүйэни сүгэн, Бөтүрүөп сарсыарда тус илин хайыһан баран хаалара, 10-ча хонон эргийэрэ. Араас оттоох, араас бытыылкаларга эмтээх эргийэрин дьон көрөрө үһү. Бары эмин оттон настой оҥорон ылара, араас дьааттаах оттору, баҕа батаһын, кэҕэ кулгааҕын көһүйэнэн сабан ууран баран, туой буорунан тыын тахсыбат гына сыбаан, ол үүнээйи сүлүһүнү-дьаатын көһүйэ иһигэр хаайан 7-8 хонон баран былаатын айаҕын, муннун саба баанан олорон, аһан, көһүйэ иһигэр биллэр-биллибэт үрүҥ сиик сыстыбытын анал иэтинэн кыһыйан ылан, суулаан ылан туттарыгар,араас эппэрээссийэлэри оҥоруутугар туттара. Ханнык оту, туох эми хайдах ыларын кимиэхэ да эппэтэ уонна көрдөрбөтө. 1873 сыллаахха буулаабыт буоспаны быһыы быһан, аҕатын ууһун дьонун биири да өлөрбөтөх. Саһар үрэҕэр олорон буоспалаабыт киһиттэн буоспа бааһын ириҥэтин аҕалан, борооску тараһатыгар биһэн сүһүрдэн, онтон ириҥэ ылан, ыалларын кэрийэ сылдьан быһыы быһан быыһаталаабыт. Уһуунньук Охоноон Бааһыгыра Уоһук диэн аптаах, хомуһуннаах улуу ойуун уоллааҕа. Бааһыгыра Уоһук, Лэппиэскэ Сэмэн аҕаларын, эһэлэрин үтүктэн эмиэ эмтииллэрэ үһү. Н. Иванов «Сээркээн сэһэннэр, үтүө үгэстэр» диэн кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан