Кэпсээ
Войти Регистрация

Тохтообот харах уута

Главная / Кэпсээн арааһа / Тохтообот харах уута

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
21.04.2022 16:17
(Аҕа кэпсээнэ. Дьиҥнээх олохтон)      Кэлиҥҥи кэмнэргэ хас хонон турдах аайы саныыр санаам, толкуйдуур толкуйум биир буолла – 60 сааспын ааһан баран мин тоҕо бөх курдук уулуссаҕа быраҕылынным?..        Өйбөр олус элбэх «тоҕо?» эргийэр, бииртэн биир төрөөн тахсан иһэр. Туох буруйум иһин? Дьиҥэр, арыгы да испэппин, табах да тардыбаппын эбээт! Киһи сиэринэн кырдьыам, үйэбин моҥуом диэбитим баара... Олох атыннык да эргийэр буолар эбит!    24 сыл тухары оҕом, уолум диэн ииппит манньабар, бу уулуссаҕа сы­рыт­таҕым. Таһырдьа номнуо тымныйда. Буолумуна, кыһын кэллэҕэ эбээт. Оттон мин 25 сыл тухары олорбут бэйэлээх бэйэм дьиэбиттэн, эт-хаан дьом­муттан тахсыбытым үһүс ыйын ааһан эрэр. Оо, олох! Оо, санаа, санаа... Тоҕо, уолум, төрөппүт оҕокком, аҕаҕыҥ кыйдаатыҥ, сир-халлаан икки ардыгар бырахтыҥ?!    Бу үс ый иһигэр хараҕым уутун элбэхтэ тохтум. Кэлбитин бэйэм да өйдөөбөккө хаалабын. Оччо хомойдум, оччо хоргуттум.   Олоҕум кэпсээнэ      Ааҕааччы, бу бэйэм туспунан дьоҕус кэпсээммин тулуйан-тэһийэн ааҕар, баҕар, сэҥээриэх, истиэх буоллаххына, кэпсии түһүүм. Мин элбэх дьахтарга оҕолоохпун. Онтон биирин даҕаны көрсүбэтэҕим, кинилэр харахтарын уутун соппотоҕум, оҕо суутун сууйбатаҕым. Баҕар, ол буруйугар олоҕум тиэрэ эргийбитэ буолуо. Ол эрээри бэйэбин буруйдаах курдум санаммаппын. Эдэрбэр кыргыттар «син биир ойох ылбаккын, саатар, оҕото оҥор» дииллэрэ.    Элбэх улууһу кэрийбитим. Уһуннук олорбут сирбэр ойохтонон, көрсүүбэр оҕо оҥорон испитим. Онон билигин сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. 10-ча оҕолоохпун. Улаханым кыыс. 1979 сыллаах. Кырам эмиэ кыыс. 2011 сыллаах, уһуйаан оҕото. Хас сиэннээхпин үчүгэйдик билбэппин. Арай 55 сааспар хос эһэ буолбуппун билэбин.    Ол оҕолорбуттан сэттэтэ үрдүк үөрэхтээх. Онон бэйэбин ыар буруйу оҥордум диэбэппин. Арай, эдэр сылдьан көрбөтөх оҕолорбун санаан хараҕым уута тахсар буолара, билиҥҥи кэргэним ону билэрэ да, истэрэ да. Киниэхэ барытын кэпсээбитим.    Үһүс оҕобуттан, ойохпуттан арахсан төрөөбүт дойдубар, чугас дьоммор, аймахтарбар кэлбитим. Ол кэлэн, үлэлии-хамсыы сылдьан, биир кыыһы сөбүлүү көрөн, ойох ыллым. Сааһыран эрэр дьон буолан, уруу тэрийбэтибит, көннөрү олордубут.    Өтөр уолламмыппыт. Мин олус үөрэн, бэйэм ааппын биэрбитим. Саа­һыран баран оҕолонон, кэргэним үөр­бүтэ эмиэ сүр. Арай, киэсэрэбинэн төрөөн тахсан баран, «аны оҕолом­моккун диэтилэр» диэн хомоппута. Албыннаабыт эбит, миигин! Онтун сэттэ сыл буолан баран биирдэ эппитэ. Ол тухары оҕо үөскээбэтин диэн испирээллээх сылдьыбыт. Оттон хайа эр киһи оҕолонуон, аҕа буолуон баҕарбат буолуой!    Дьалхааннаах 90-с сыллар саҕала­ныылара хотунан-соҕуруунан сылдьа сатаан баран, Дьокуускайга көспүппут.    Куораты бастаан соҕотох булбутум. Маҕаҥҥа 3 хостоох, толору хаач­чыллыылаах мас дьиэ атыыласпытым. Кэлээт, онон-манан эргинэн, харчы оҥорон барбытым, толкуйдаан, ырытан-ыраҥалаан баран, 46 сааспар арыгыбын бырахпытым уонна күн бүгүҥҥэ диэри испэккэ сылдьабын.    Оннубун-тойбун оҥостон, үлэ булан баран кэргэммин, оҕобун аҕалан, быр бааччы олорон киирэн барбыппыт.    Уолбут кыра сылдьан хап-хара куудара баттахтааҕа. Атын оҕолор ону көрө-көрө, дьонноругар «ньиэгир оҕото кэлбит» диэн кэпсииллэрэ. Уолбутун сахалыы уһуйааҥҥа сырытыннарбыппыт. Онон бастаан нууччалыы саҥаран иһэн, уһуйааҥҥа сылдьан арыый сахатыйбыта.    Дьиҥэр, оччолорго кэргэним албыннаабакка, өссө оҕоломмуппут буоллар, бу курдук уулуссаҕа быраҕыллыа суох этим. Кырдьыгын эттэххэ, оҕом, уолум, ийэтигэр быдан чугаһын бу саҥа биллим.    Уолу үксүн ийэтэ көрөрө. Мин куруук кэлэ-бара сылдьарым, массыына, дьиэ-уот эргитэрим-атыылыырым. Ол эрээри улахан кыбартыыраны ыларга, кэргэмминиин иккиэн кыттыһарбыт, аҥаардаһарбыт. Бу үс сыллааҕыта эмиэ саҥа кыбартыыра ылбыппыт.   Уолум – эрэлим      Уолбут улаатан, оскуоланы бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ Физкультура институтугар буокса салаатыгар киирбитэ. Киирээт да, бастакы кууруска күрэх­тэһэн чөмпүйүөннээбитэ, онтон куруук миэстэлэһэр буолбута. Мин онтон олус үөрэрим, «уолум үчүгэй буолсу» диэн күлүкпэр имнэнэрим. Ол эрээри онтум уһаабатаҕа. Ийэтэ оҕобун үлтү сынньыахтара диэн, буоксалыырын тохтоппута. Инньэ гынан үрдүкү куурустарга төһө да үөрэҕин хаачыстыбата тубустар, туйгун сыананы ыллар, биир да күрэхтэһиигэ кытыннарбатаҕа, онон дьарыгын бырахпыта. Итиччэ усулуобуйа баарын үрдүнэн, саатар, маастарга хандьыдаат буолбатаҕа.    Аны туран, уолбут миигин кытта куска биирдэ эрэ сылдьыспыта уонна үксүн дьиэтигэр хаалара, иһит-хомуос сууйара, атын оҕолор курдук көмпүүтэрдиирэ. Айдаарсар айдараммыт үксэ онтон саҕаланара. Ойохпор «уолбутун наһаа дьиэ «бөҕө» гыммакка, уолу уол курдук иитиэххэ» диирим да, истиэ баара дуо? Суох.    Уолбут үөрэҕин бүтэрэн, аны аар­мы­йаҕа барар сааһа кэлбитэ. Онно кэргэмминиин санаабыт эмиэ арахсыбыта. Биһигиттэн төһө да тутулуга суох буоллар, мин оҕобут үчүгэй чааска сулууспалаан кэлиэн баҕарабын, ойоҕум этэҥҥэ эрэ сырыттын диир. Бассаапка «Саллааттар» бөлөххө киирэн күн аайы суруйсар, долгуйуу бөҕө, хаһан кэлэрин күүтэр. Ол да буоллар уолбут, чахчы үчүгэйдик сулууспалаан, аатын ааттатан кэлбитэ. Аны туран, устудьуоннуурун тиһэх сылларыгар биир кыыстыын билсибитэ. «Аармыйаттан кэллэхпинэ, ойох ылыам» диирэ. Онон биһиги оҕобут ыал буолар диэн, испитигэр үөрэрбит.    Кини бастаан Амыр Екатеринослав­катыгар көннөрү пехотаҕа тиийбитэ. Онтон Владивостогунан эргийэн Кам­чааткатааҕы Петропавловскайга тиийэн, байҕал пехотатыгар сулууспалаан, дьиэтигэр хара көстүүмнээх, хара бэриэттээх, сержант сыбаанньалаах, олох уол оҕото кэлбитэ. Ол кэннэ тугу саҥарыахпыный, тылбыттан маппытым.    Уолум аармыйаттан кэлэригэр «Ко­л­миттан» биир мөлүйүөҥҥэ сабыс-саҥа массыына ылбытым. Киниэхэ анаан. Уонна онтун көрдөрөн үөрдээри, кэлэр күнүгэр аэропуорка массыынаны сүүрдэн киирбитим.    Балачча буолан баран Хабаровскай эриэйсэтэ түстэ диэн биллэрдилэр. Өтөр оҕом бииргэ сулууспалаабыт доҕотторун кытта көрсөр саалаҕа киирэн кэллилэр. Оо, таҥастара-сап­тара үчү­гэйэ сүрдээх. Олус дуоспуруннаахтык көстөллөр. Бэйэлэригэр олус барсар. Кинилэргэ холоотоххо, атын уолаттар бары кэриэтэ көннөрү таҥаһынан кэлбиттэр. Ону көрөн турар дьон-сэргэ «гражданканан кэлбиттэр» дэспитигэр, хайдах эрэ, уолбунан наһаа киэн тутуннум. Миигин кытта оҕом таптыыр кыыһа, чугас доҕотторо киирсибиттэрэ бары үөрүү-көтүү, долгуйуу бөҕө буоллубут.    Оҕобут күһүн сэтинньигэ кэлбитэ. Оттон саас кыыһыныын «сайын, баҕар, холбоһуохпут» диэбиттэрэ. Биһиги, төрөппүттэр, үөрүүбүт өссө улааппыта.    Уруу тэрийэр түбүгэ элбэҕин бэркэ өйдүүбүт. Аны, кыыс аҥаардас ийэлээх эрэ. Онон сүбэлэһэн, төһө да ыараханын иһин, баран куорат биир саамай ыарахан сыаналаах эрэстэрээнигэр биир мөлүйүөҥҥэ 150 киһилээх урууну оҥорбуппут. Ыалдьыттарбыт бары «наһаа үчүгэй уруу буолла» диэн, олус астынан тарҕаспыттара. Бэйэбит да­ҕаны «санаа иһинэн буолла. Этэҥҥэ эрэ олордуннар» дэспиппит. Уонна оттон оҕолорбут даҕаны биир күн билсээт, ыал буолбут дьон буолбатахтар. Үс сыл билсэн, чугастык доҕордоһон баран холбоспуттара эрэх-турах санааны үөскэтэрэ. Ол киэһэ хайдах эрэ төрөппүт эбээһинэһин чиэстээхтик толорон, санныбытыттан ыарахан таһаҕаһы түһэрбит курдук санаммыппыт.   Киэр бар!      Бу иннинэ уолбун кытта саас биирдэ айдаарсан турабын. Туохтан кыы­һырсыбыппытын бу диэн өйдөөбөппүн. Ол эрээри оҕом кыыһыран ону-маны охсуолаабытын-тэбиэлээбитин өй­дүүбүн. Миигин олох кырбыах курдуга. Кэргэнэ (оччолорго кыыһа) онно баара да, тугу да саҥарбатаҕа. Арааһа, куттанар быһыылааҕа. Ойоҕум эмиэ соһуйан эрэ хаалбыта. Онтон уолум уоскуйбутун кэннэ кэлин ийэтэ «уолбут аармыйаҕа сылдьан ньиэрбэтин сиэппит, быһыыта, онон наһаа мөҕүмэ, саҥарыма, букатын ньимийэн баран сырыт» диэбитэ. Инньэ гыммытым. Ол оннук ааспыта. Онтон дьэ айдааннаах күммүт уруу кэннэ ый аҥаара буолан баран үүм­мүтэ.    Быһа холоон, эбиэт кэннэ этэ. Арай миэхэ Намтан бассаапка сиэним кыыс «33 киилэ буоллум» диэн суруйда. Мин, биллэн турар, «тоҕо сүрэй, букатын охтоору гыммыккын дии!» диэн хоруйдаатым уонна ону кэргэммэр кэпсээбиппэр дьахтарым «эн сиэннэриҥ кыһалҕалара!» диэн улаханнык кыыһырда. Ону сөбүлээбэккэ, эмээхсиммэр хардары саҥарбыппар, эмискэ уолум кэлэн үрдүбэр түстэ.    Мин уолбуттан босхолоно сатыы-сатыы: «Хайдах буоллуҥ, аҕаҕыҥ кырбаары гынныҥ дуо?!» – диэн кыы­һырдым, саҥара сатаатым да, бу­катын тохтообот. Ыксаан, кэргэним кэлэн буойан көрбүтүн эмиэ истибэт. Инньэ гынан хоһунан-көрүдүөрүнэн куустуһа сылдьан охсуһуу былаастаах туһуннубут. Быыһыгар охсуһан-тэбиэлэһэн, анньыалаһан ылабыт. Мин эмиэ ардыгар аһара кыһыйан, тохтоотун диэн, хардары охсон көрөбүн эрээри, кыһаммат.    Ону барытын кийиитим хос аанын кэннигэр саһан туран көрөр эрээри, тугу да саҥарбат. Муҥ саатар, «хайдах буоллуҥ, аҕаҕын кырбаама» диэн көрдөһөн тохтотуон сөп этэ да – мэлигир. Саһан турбута.    Ол курдук чаас аҥаарын быһа булумахтанан баран, нэһиилэ тохтоотубут. Уолум «бар мантан, аны бу дьиэҕэ үктэнэ да сорунума» диэн үүрдэ. Мин малбын-салбын хомунан, тахсан бардым. Ол айыыта онон.    Ити кэннэ, абаккабар, травм­пууҥҥа баран көрдөрдүм. Тута полициялар сүүрэн «үҥүс, ким кырбаата, сайабылыанньа суруйдуҥ да, ол киһини хаайабыт» диэн ыктылар-хаайдылар. Онтон төһөтүн да иһин, оҕобун сууттатыам-хаайтарыам дуо, албыннаан, «итирик сылдьан оҕуннум» диэн куотуннум.    Билигин араас санаа киирэр. 25 сыл тухары биир ыал буолан олорбуппут дии! Уолбун 24 сыл аҕа-аҕа курдук ииттэҕим, улаатыннардаҕым уонна тоҕо итинник буолбутун өйүм хоппот. Мин санаабар, уолум кэргэнин, кийиитим эппититтэн тахсыбат быһыылаах, кини санаатынан барда бадахтаах. Миигин үүрэллэрин эрэ толкуйдуу сылдьыбыттар, быһыыта. Ама да буолбутун иһин, уруу кэннэ тута үүрдүлэр. Онуоха диэри тулуйдахтара – урууга харчы наада буоллаҕа. Саҥа дьиэ, бастыҥ түөлбэҕэ турар даача, мөлүйүөннээх массыына барыта уолбар дии сылдьыбытым. Аны кэлэн, санаам уларыйда. Дьиҥэр, бэйэм кииринньэҥ аҕалаах улааппытым. Кини арыгылыы-арыгылыы ийэбин кырбыыра, түүрэйдиирэ-сордуура да, үүрбэтэхпит. Барыта үчүгэй буолуо диэн тулуйбуппут, эрэйдэммиппит. Кэлин ийэбит мөлтөөн охтубутугар, оҕонньор кырдьан олорон, кыра оҕолуу бүөбэйдээбитэ, көрбүтэ-истибитэ уонна бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн анараа дойдуга бараахтаабыттара.    Оттон мин оҕом миигин кырдьар сааспар көрүөхтээҕин-иитиэхтээҕин, бүөбэйдиэхтээҕин оннугар холдьоҕон ыытта. Оттон ииппит, төрөппүт оҕом итинник быһыыламмытын кэннэ, ама, хайаан ытыам, хараҕым уутун тоҕуом суоҕай! Олох сүрэҕим ортотунан киирэн, оспот бааһы хаалларда. Туох буруйбар маннык буоллум диэн бэйэм-бэйэбиттэн ыйытабын да, хоруйун тобула иликпин. Арай хараҕым уута куурбат.    Билигин саҥаттан олох олорор ыарахана бэрт буолуо да, олоро сатыырга тиийэбин. Олох сайдар. Биһиги эмиэ иннибит диэки баран иһиэхтээхпит.    Бу бэйэм олохпуттан кэпсээни баҕар эдэр дьоҥҥо туһалаах буолуо диэн суруйдум. Уолгутун эр киһи курдук иитиҥ, эр киһи үлэтин үлэлэтиҥ, булка-алка илдьэ сылдьыҥ! Мин алҕаспын хатылаамаҥ, аҥаардас ийэтигэр эрэ туттарымаҥ! Уол уол курдук буолуохтаах.   Куорат олохтооҕо Аймалҕан Аппанаас.
kyym.ru сайтан