Кэпсээ
Войти Регистрация

Аһаанай ойуун араҥаһа

Главная / Кэпсээн арааһа / Аһаанай ойуун араҥаһа

K
07.04.2022 15:14
  Бу – Дуомуна моҥнуон икки сыл иннинэ буолбут түбэлтэ.          Икки сыллааҕыта сир өссө да маҥхайа илигинэ, күһүн добдурҕа са­ҕана, Дуомуна аҕата Ыстапаан Бэрээдьин (Нуучча) Атыйахтаах алаас халдьаайы сыырын үрдүгэр, «оҕонньор» уҥуоҕун таһыгар, күн уотугар сыламныы сытар муус маҥан бэйэтинэн куобаҕы алаас Моорук аатырбыт ууһа Бойунуой Буолуска-Тоҥсоҕой ойуун оҥорбут эстэриик саатынан ытан ылар. Онтон охтубут тиит төрдүгэр табахтыы олорон, ырааһыйа алаас диэки киирэр тумулун бүдүргэйигэр былыргы үйэтээҕи араҥастаах киһи уҥуоҕа турарын өйдөөн көрөр. Ыстапаан табахтаан бүтэн, күлүн ытыһыгар тэбээн, онтун тылынан салаан, хамсатын ыстаанын сиэбигэр уктан баран, аа-дьуо туран араҥаска тиийэр.    Араҥас алта суон атахтааҕыттан уҥа иккитэ эмэҕирэн, иҥнэри түһэн таҥхайан турара үһү. Ыстапаан «аны биир баҕана тоһуннаҕына, олох да сууллууһу, киһи уҥуоҕа үлтү ыһыллан күл-көмөр буолсу» дии санаабыт. Оҕон­ньоттортон истэринэн, бу эргидэ­һин араҥас былыргыта аатырбыт Аһаанай ойуун киэнэ буолуохтаах. * * *    Аһаанай туһунан кэпсээн күн бү­гүҥ­ҥэ диэри элбэх. Биирдэ биһиги эбэбит Лоһоох Маарыйа бииргэ тө­рөөбүт сурдьа Зыков Николай Ефимович (хос аата Харандаас) биһиэхэ хонон олорон, аҕабыт Колосов Петр Федоровиһы кытта сэһэргэһэн тураллар. Ол маннык этэ.    Аһаанай ойуун күннээн кыыра сылдьан, биир саас кулун тутарга, халлаан ыйын сэттэ эргэтигэр, дьиэтиттэн тахсан сэттэ хонукка сүтэн хаалбыт. Ол кэмҥэ оҕонньор уола аҕатын суолун хаарга ирдээн иһэн, үһүс хонугар тус хотуттан халлааны тиийэ ытыйар аан холорук түһэн, сүтэрэн кэбиспит уонна алаас хоту сыырын үрдүнэн мээнэ хааман иһэн, алҕас булан ылан салгыы сонордуур.    Ол баран иһэн өйдөөн көрдөҕүнэ, аҕатын суолун кэккэлэһэ сөп-сөп туох эрэ хаары тэпсэн күөлэһийэр эбит.    Балачча буолан баран, уол биир арыҥахтыы түһэн сытар тииккэ чуга­һаан кэлбит. Туох эрэ баарга дылытыттан чуумпурбут. Ол турдаҕына, арай эмискэ тиит хоонньуттан аҕата оҕонньор муус дьаҥха кыаһаан буолан туран кэлбит да, «чоот!» дии-дии уолун үүрэн-холдьоҕон киирэн барбыт, тугу эрэ кистээн сарбаҥнаабыт. Уола тиит кэннин өҥөс гыммыта, доҕоор, мас күлүгэр таҥнары хайыылаах, ха­тырыктаах өрүс балыгын арааһа имил­лэҥнэһэ сытар эбитэ үһү.    Оҕонньоттор кэпсииллэринэн, саха былыргы абааһы дьуоҕа ойууннара истэригэр абааһылара баппатаҕына, онтуларын өлүү балыга гынан төрө­төллөрө үһү.    Дьон итинник араас куһаҕан кэпсээни истэн, Атыйахтаах маһын, сирин олох баһааҕырдыбат, киэһэтин мээнэ сылдьыбат. Чугастааҕылар бары кэриэтэ, ол иһигэр алаас Моорук нэ­һилиэгин Зыыкаптара, Аһаанай кыр­дьаҕас ыччаттара. * * *    Сааскы биир, киһи көтөн барыах үчүгэй күнэ үүнүүтүн көрсө, Ыстапаан Бэрээдьин эрдэ турда. Бөлүүн аанньа утуйбатаҕа. Тоҕо? Били, бу күһүн Атыйахтаах алааска сылдьан көрбүт араҥаһын атаҕа кини өйүттэн олох арахсыбат. Утуйаары хараҕын симнэр эрэ, наар баттатан барыах курдук буолар. Ол курдук, арай биирдэ түһээтэҕи­нэ, араҥас таһыгар кэлэн турар эбит. Араҥастан маҥан сылгы тириитэ таҥастаах, арыы саһыл хааннаах, маҥан баттахтаах оҕонньор быһа­ҕаһыгар диэри былтайан олорор. Онтон оҕонньоро маҥан сылгы тыһа бы­лаайаҕынан чарапчылана-чарапчы­лана: «Үтүө киһи төрүөҕэ, үтүөтэ оҥор. Дьиэбин-уоппун өрүһүйэн абыраа. Тү­ҥнэстэн түһэн күн-ый ыһыаҕа буолар кэллэ быһыылаах. Ыччаттарбыттан, саа­тар, биир эмэ толунньаҥ атах уол чу­гаһаабат буолла...» – диэн көрдөһөр.    Ыстапаан уһуктан кэлэр уонна «бэйи эрэ, оҕонньору өрүһүйдэххэ са­таныыһы» дии санаан, аһаан-табах­таан, сүгэтин сүгэн баран, тахсан ар­ҕаа диэки бара турар.    Ити күн Ыстапаан Атыйахтаахха тах­сан араҥас тостубут атахтарын үүт-үкчү үтүгүннэрэн, уларытан кэбиһэр уонна туох да санаата-оноото суох дьиэтигэр төннөн киирэр.    Ону истибит дьон үксэ «Ыстапаан Бэрээдьин ыар аньыыны оҥоһунна. Орто дойдуга илэ барбыт ааттаах абааһы дьуоҕа ойуунун араҥаһын са­ҥаттан атахтаабыт сэтигэр ирдэнэн туран имири эстэрэ буолуо» дэспиттэр. Сорохтор иэҕэ соҕус: «Ыстапаан нуучча, онон саха ойуунун абааһыта чугаһыа суоҕа. Кини да буоллар дьабыныгар да көттө ини», – диэбиттэр. Оттон Аһаанай ыччаттара: «Ыстапаан нууччатымсыйан, киһиргээн эһэбитин саҥалыы эргийэ сылдьар. Онон биһигини, ыччаттарын, буулуура буолуо», – диэн куттаммыттар.    Дьэ, ити түбэлтэ кэнниттэн томтойор икки сыл буолан баран Ыстапаан күҥҥэ көрдөрбүт чыычааҕа – Дуомуната барахсан дьиэтиттэн тахсан сүтэр.   Таайа А.С. Порядин кэпсээниттэн С.Колосов. Майа, 1988 с.
kyym.ru сайтан