Кэпсээ
Войти Регистрация

Австрияҕа көмүллүбүт саха саллаатын дьылҕата

Главная / Кэпсээн арааһа / Австрияҕа көмүллүбүт саха саллаатын дьылҕата

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
18.03.2022 11:44
   Аан дойду уоттаах сэриитин кэмигэр Австрияҕа Кыһыл аармыйа 400 тыһыынчаттан тахса байыаһа сэриилэспитэ. Олортон 26 тыһыынчата бу хайалаах дойду быттыгар-хонноҕор өстөөх буулдьатын ардаҕар таптаран, Ийэ дойдутугар эргиллэн кэлбэтэҕэ. 40-60 тыһыынча саллаат билиэҥҥэ түбэспитэ уонна ССРС сириттэн-уотуттан күһэлэҥ үлэҕэ үүрүллүбүтэ. Концентрационнай лааҕырдарга өлбүт дьон бу дойду сиригэр-уотугар көмүс уҥуохтара эмиэ хараллан сытар...      Бу курдук кэпсээннээх көрүстэ Аҕа дойду уоттаах сэриитин толоонугар сырдык тыынын толук уурбут саха саллаата Григорий Дмитриевич Михалев сиэнэ, Дьокуускай куорат Саха гимназиятын үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы, география учуутала Тамара Владимировна Михайлова.    Австрия Брук-на-Муре куоратыгар көмүллэ сытар саха саллаата Григорий Михалев сиэнэ Тамара Владимировна уонна хос сиэнэ Афанасий Михайлов бу сыл атырдьах ыйыгар эһэлэрин көмүс уҥуоҕун көрөн-истэн, сахалыы сиэри-туому оҥорон, ытык иэстэрин толорон кэллилэр. Саха саллаатын дьылҕатын уонна ол сырыы туһунан сэһэргэстибит.   Төрдө-ууһа. Ким-туох киһи этэй?      Кыргыһыы толоонугар охтубут саха саллаатын туһунан аҕыйах тылы ыпсаран билиһиннэриим.    Сиэйэ Георгиевскай таҥара дьиэтин докумуонугар суруллубутунан, Григорий Михалев Сунтаар Түбэйигэр 1906 с. төрөөбүтэ. Икки оҕолооҕо. Уола Владимир Григорьевич Михалев, кыыһа Зинаида Григорьевна Иванова (Михалева) аҕалара сэриигэ барарын саҕана быыкаа оҕолор хаалбыттар. Ол иһин бүдүк-бадык эрэ өйдүүллэрэ үһү. Григорий аҕатын ууһу­гар бүтэһик эр киһи эбит. Аҕалара сэрииттэн эргиллибэтэҕин кэннэ олох­тоох оҕонньоттор Михалевтар аймахтарын «Баай Михалевтар тобохторо» диэн ааттыы сылдьыбыттаахтар. Холкуос мунньахтарыгар уоттаах-тө­лөн­нөөх тылы этэр, саҥарар, араатардыыр дьоҕурдаах киһи эбит. Бэркэ оһуокайдыыра үһү.   Сиэнэ Тамара Влади­мировна уонна хос сиэнэ Афанасий Михайлов эһэлэрин уҥуоҕар    Сэрии саҕаланаатын кытта 1941 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыт. 1944 с. Кыһыл знамялаах, Проскуровскай, гвар­дейскай, стрелковай 68-с дивизия­ҕа киирэн сэриилэспитэ биллэр. Бу дивизия Аҕа дойду сэриитигэр уһулуччу суолталаах буолан, Кыһыл Знамя уор­дьанынан наҕараадаламмыта. Дивизия 1942 с. кулун тутар 4 күнүгэр тэриллибит. Ленинград уобалаһын, Прибалтиканы босхолообут, Смолен­скайынан, Сталинградынан, Украинанан, Румыниянан, Венгриянан сэ­риилэһэн Австрияҕа тиийбит. Элбэх сүтүктээҕэ эбитэ үһү. Састаабын хаста да уларыта, атын чаастартан саллааттары ыла сылдьыбыт. Тэриллиэҕиттэн дивизия хамандыырдара биэс төгүл уларыйбыттар.    Григорий Дмитриевич уоттаах сэриини барытын ааһан баран, 1945 с. муус устар 11 күнүгэр Австрия Мюрцушлаг оройуонугар, Брук-на-Муре сэлиэнньэтигэр сырдык тыына быстыбыт.    Хаартыската суох буолан, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһэлэрин маннык дьүһүннээх-бодолоох, мөссүөннээх киһи этэ диэн билбэттэр. «Баҕар, көрдөөн булуохпут» диэн этэллэр. Уоллаах кыыс оҕотуттан 14 сиэннээх, 32 хос сиэннээх, хос-хос сиэннэр да бааллар. Онон «Михалевтар тобохторо» билигин халыҥ аймах буолан, тэнийэн олороллор.   Атаарыы      Аҕалара сэриигэ хайдах барбытын сайыһа хаалбыт оҕолоро бу курдук ахтан-санаан кэпсээбиттэрэ сурукка тиһиллэн турар. Маҥнай сэрии туһунан улахан туох да өйдөбүлэ суох чугастааҕы учаастак киһитэ сэриигэ ыҥырыллыбытыгар аҕалара саппыкытын уларса диэн барбыт. Саппыкытын кыбыммытынан айаннаан тиийээтин кытта киниэхэ эмиэ бэбиэскэ кэлэн сытарын билбит. Ити – 1941 сыл балаҕан ыйыгар үһү.    Уоттаах сэрии толоонугар хайдах аттаммытай? Түбэй Дьаархаҥҥа олорор эрдэхтэринэ, аҕалара Нөөлбүгүнэ диэн сиртэн сэриигэ барбыт. Утуйа сыттахтарына, сарсыарда эрдэ: «Аҕаҕыт ыраах барар», – диэн уһугуннарбыттар. Чэйдии олорон оҕолор улахан дьон тугу кэпсэтэллэрин өйдөөбөтөхтөр. Арай дьиэ кэннигэр туран эрэ «аҕабыт букатын барар эбит» диэн сайыһан, хомойон ытаспыттар. Аҕалара кэлэн сыллаары гыммытын куота көтө сылдьыбыттар. «Мин эһиэхэ кэмпиэт, лампысыай аҕалыам», – дии-дии икки хараҕыттан уу сүүрбүт, ыҥыра сатыырын туох да иһин буолумматахтар. Ити кэмҥэ билбэт киһилэрэ кэлэн: «Чэ, бардыбыт. Хойутаары гынныбыт», – диэн илдьэ барбыт.    Аҕалара ол киһи кэнниттэн хараҕын уутун сотто-сотто бара турбут. Көстүбэт буолуор диэри сөп буола-буола кэннин хайыһан көрөрө үһү. Ити курдук кыра оҕолор барахсаттар аҕаларын бүтэһигин көрөн хаалаахтаабыттар. Аҕалара эрэйдээх төрөөбүт дойдутуттан харах уулаах аттаммыт. Бука, аны төннүбэтин сүрэҕэ сэрэйээхтээтэҕэ...    Хас да күнү быһа уоллаах кыыс «аҕабыт бу киирэн кэлиэ» диэн кэтэспиттэр да, мэлийбиттэр. Арай биир күн ойуур саҕатын диэки туох эрэ элэҥнээн көстүбүт. «Аҕабыт иһэ-эр!» диэбитинэн уоллаах кыыс иккиэн сиэттиспитинэн, утары сүүрэн тиийбиттэр. Онтулара сүүнэ улахан ынах буолан хаалбыт. Аҕаларын оннугар сүөһүнү көрбүттэриттэн хомойон, бэрт өр ытаспыттар. Онтон ыла күүппэт буолбуттар.    Ньиэмэс дойдутуттан буорах сыттаах сурук    Сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри кыргыспыт аҕаларыттан улахан туох да сурах иһиллибэтэх. Арай биирдэ «Ньиэмэс сириттэн суруйабын» диэн сурук кэлэ сылдьыбыт. Ол суругу тутааттарын кытта сотору буолаат, уоттаах сэрии бүппүт сураҕа иһиллибит. «Аҕабыт тыыннаах эбит. Сотору кэлиэ», – дии санаан үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьыбыттар.    Көһүтэ сатаабыттар да мэлийбиттэр. Биир күн «Аҕаҕыт Михалев Григорий Дмитриевич сураҕа суох сүттэ» диэн сураҕы истибиттэр. «1945 муус устар 11 күнүгэр сэрии толоонугар өллө. Австрия Мюрцушлаг оройуонугар көмүлүннэ» диэн анарааттан иһитиннэриини (извещениены) ыыппыттарын кэлин, 1980-с сс., сиэннэрэ сураһан булбуттар.   Австрияҕа сырыыттан бэлиэтээһиннэр   – Тамара Владимировна, Авс­трияҕа 70-ча сыл анараа өттүгэр өлбүт эһэҕит уҥуоҕун баран көрөн кэллигит. Уопсайынан, австриялар Аҕа дойду сэриитигэр өлбүт сэбиэскэй саллааттарга хайдах сыһыаннаах эбиттэрий? – 1955 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр тутулуга суох, демократическай өрөс­пүүбүлүкэ аатын чөлүгэр түһэрэригэр Австрия бырабыыталыстыбата кыайбыт дойдулары кытта (Франция, Улуу Британия, АХШ, ССРС) дуогабар түһэрсибитэ. Ол дуогабарга «Военные могилы и памятники» диэн 19 ыстатыйа баар. Онно олоҕуран сокуону ытыктыыр австриялар сэбиэскэй саллааттар уонна гражданнар көмүллэ сытар 216 кылабыыһаларын, пааматынньыктарын сүрдээх үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр эбит. – Бырабыылатыстыба чааһыгар оннук. Оттон олохтоохтор бэйэлэрэ хайдах сыһыаннаахтара буолла? – Олохтоохтор эмиэ олус истиҥ, ытыктабыллаах сыһыаннаахтарын эт харахпытынан көрөн, үөрэн кэллибит. Венок, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уураллар, уруй-айхал тыллардаах, кэрэ көстүүлээх фонтаннаах мемориалга дьон-сэргэ тохтоон ааһар эбит. Маннык сыһыан Европа уонна урукку сойуус ханнык да судаарыстыбатыгар суох ээ. – Ыраах дойдуга хайдах тиийэн хааллыгыт? Кими кытта сибээс­тэһэн, хайдах билсэн-көрсөн бардыгыт? – Юлия Эггер диэн Арассыыйаттан төрүттээх, нуучча православнай гимназиятын учууталын кытта форумҥа суругунан билсибитим. Дьон ыйытыытыгар тута хоруйдаан иһэрин бэркэ сөбүлээбитим, «кини биһиэхэ көмөлөһүүһү» дии санаабытым. Биһигини инженер, устуорук, 75 саастаах Петер Сиксллиин Брук-на-Муре куоракка көрсүбүтэ. Юлия дьүөгэтэ Александра Кольбтуун Петердиин сэбиэскэй саллааттар ааттара үйэтийэригэр бииргэ үлэлииллэр эбит: суруйсаллар, тылбаастыыллар, архыыптарга үлэлииллэр, бэчээттииллэр. 2010, 2015 сс. Петер Сиксль «Советские граждане, погибшие в Австрии в годы Второй мировой войны, и места их захоронения. Книга памяти» диэн дьоһун кинигэтэ тахсыбыта. Онтон элбэҕи билиэххэ сөп. – Ити кинигэҕэ киирбит өлбүт саллааттар испииһэктэригэр эһиги эһэҕит аата баар дуу? – Эһэбит Михалев Григорий Дмитриевич толору аата-суола, төрөөбүт, өлбүт сыла-күнэ, байыаннай чааһа, көмүллүбүт сирэ, архыып дьыалатын нүөмэрдэрэ, кылабыыһатын нүөмэрэ 171 диэн 614 сирэйгэ сурулла сылдьар. Эһэбит барахсан «оҕолорум, сиэннэрим хаһан эрэ буллаллар ханнык» диэн саныы сылдьыбыт быһыылаах. Докумуоннарга барыларыгар толору этэр, суруйтарар эбит. – Эһэҕит сэриигэ ыҥырылларыгар хастаах этэй? – 36 сааһыгар сэриигэ барбыта. Бэйэтин кыанар киһи буолуо диэн сыаналыыбын. Олоҕу билбит, оттомурбут киһи быһыытынан сэрэнэ-сэрбэнэ соҕус сылдьыбыт быһыылаах. Ол иһин кыргыһыылары барытын ааһан итиччэ ыраах тиийдэҕэ. – Антах тиийэн туох сиэри-туому толордугут? – Посольство таһыгар православнай Свято-Никольскай кафедральнай собуор баар. Эһэбит сүрэхтэммит киһи этэ диэн кини сырдык аатыгар сүгү­рүйэн, дууһата уоскуйан ырайга көтөрүгэр анаан чүмэчи туруордубут. Тиийээт, хайаан даҕаны сахалыы сиэри-туому толорор санаалаах этибит. Сэриигэ ыҥырыллан барбыт өтөҕүн холумтаныттан, айан суола тахсар аартыгыттан, Бүлүү өрүс кумаҕыттан булкуйан мөһөөччүккэ уган илпиппит. Саламалаах, кыллаах барбыппыт. Кылы уматан сыт таһаарбыппыт. Оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тустарынан сахалыы кэпсээн билиһиннэрбитим. – Көҥүллүүллэр дуо? – Көҥүллээбиттэрэ. Арай ас уурар көҥүллэммэт диэн эрдэ сэрэппиттэрэ. Ол дойдуга дьон уҥуоҕар аһы букатын уурбаттар эбит. – Сэбиэскэй саллааттар кыла­быыһаларын көстүүтэ хайдаҕый? Хайдах туруктаах быһыылааҕый? – Кылабыыһалара куорат ортотугар ыраас баҕайытык көрүллэн-хараллан турар эбит. Сэбиэскэй саллааттар уонна гражданнар бииргэ көмүллүбүт мэҥэ сирдэрэ кылабыыһа ортотугар үрдүк сиргэ кипарис мас кэтэхтээх ырааһыйаҕа турар. Кыраньыыт таастан оҥоһуллубут сэмэй обелистаах. – Уопсай кылабыыһа буоллаҕа? – Оннук, уопсай кылабыыһа. Ол кыргыһыыга өлбүт саллааттар бары бииргэ көмүллэн сыталлар. – Эһэҕит чопчу ити кылабыыһаҕа көмүллэ сытар диэн эрэллээххит дуо? Баҕар, алҕас буолаарай? – Бу кылаһыыбаҕа ханнык да көһөрүү буолбатах, өлбүт саллааттар хара маҥнайгыттан манна көмүллүбүттэр эбит. Толору аата-суола кинигэҕэ да баар. Онон толору эрэллээхпит. – Итиннэ төһө саха саллаата кө­мүллэ сытара биллэр дуу? – Чопчу дааннай суох. Арай көрдөөн 1945 сыл муус устар 2-23 күннэригэр Кыһыл знамялаах, Проскуровскай, гвардейскай 68-с дивизия байыаннай сүтүгүн испииһэгин булбуппут. Онно 115 саллаат аата-суола суруллубут, эһэбит аата 34-с нүөмэринэн сылдьар. Саха сириттэн соҕотох. Брукка 19 киһи көмүллүбүт, эһэбит өлбүт күнүгэр, муус устар 11-гэр, – 4 киһи. – Брук төһө нэһилиэнньэлээх куоратый? Олох-дьаһах хайдах бы­һыылааҕый? – Бу хайа быыһыгар турар куоракка билигин 13 тыһыынча киһи олорор. Олус ыраас куорат. Үрдүк хайалардаах, дириҥ күөллэрдээх. Сатыы киһи кыайан сылдьыа суох. Маннык сиргэ хайдах сэриилэһээхтээбиттэрэ эбитэ буолла?.. – Арааһа, сахалартан маҥнайгы­нан эһиги Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Австрияҕа өлбүт саллаат уҥуоҕун көрөн кэлбит буолуохтааххыт. Итинник баҕа уруккуттан баара дуу, эбэтэр киһи сааһырдаҕына, өбүгэлэрин хаана ордук тардар буолар эбит дуу? – Баҕа уруккуттан баара. Дааннайдары хасыһа, тустаах дьону кытта кэпсэтиһэ сылдьыбыппыт. Быйыл эһэбит төрөөбүтэ 110 сылыгар хайаан да баран кэлиэхтээхпит диэн сыал-сорук туруоруммуппут. Эрдэттэн суолбут аһыллан, табыллан испитэ. Билигин архыыптар аһыллан, Интэриниэт ситимэ кэлэн, сэрии докумуоннарын ырытыы, үйэтитии, дьону көрдөөһүн ньымалара, кыахтара сайдан, үлэлииргэ чэпчэки буолла. Онон санааны уурдахха, туох барыта кыаллыан сөп эбит дии санаатым.   Диана КЛЕПАНДИНА.
kyym.ru сайтан