Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эргиппит киһи ньии ол кэмнэри!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эргиппит киһи ньии ол кэмнэри!
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
18.03.2022 11:38
Киргиэлэй сурук-бичик үлэтиттэн сынньана таарыйа болкуонугар тахсан күһүҥҥү чэбдик салгыны астына тыына турда. Оҕо оонньуур былаһааккатын соҕуруу өттүгэр хоҥкуйан турар хатыҥҥа биир да сэбирдэх хаалбатах: чугаһынан-ырааҕынан ыһыллыбыт ахан. Сайыны быһа тэлибирэспиттэрэ-сэлибирэспиттэрэ, тугу эрэ сибигинэһэргэ дылы хобугунаспыттара баара... Кылгас да кэмҥэ ситэн-силигилээн сүппүт-оспут эбиттэр сэбирдэхтэр барахсаттар. Киһи олоҕо эмиэ ити курдук бүтэн-оһон хаалара абаккатын. Бэйи, ити гынан баран бу лаглаҕар хатыҥыҥ аны саас эмиэ хойуу бочур сэбирдэхтэнэн суугунуо-долгуйуо, эмиэ тугу эрэ кэпсии сатаан ааһар тыалга ньилбэктэрин кытта кылбаҥнатыа. Хаарыаны, айылҕа барахсан ити сипсиэрин өйдөөн истэр киһи баар ини-ии! Киргиэлэй ити курдук санаа-оноо буолан соҥуйан турдаҕына, аллара кимнээх эрэ күлсэллэрэ иһилиннэ. Көрбүтэ – тастыҥ балта Ньуута хайа эрэ уолу кытта куустуһуохтарынан куустуһан, оптуобус тохтобулун диэки хаамсан эрэллэр эбит. Тыый, саҥардыытааҕыта аҕай үрдүк үөрэҕи бүтэрбит кыыс диэтэххэ, хаһыс-хаһыс хабалыарай? Бу иннинэ утуу-субуу кэриэтэ икки уолу кытта олоро сылдьыбыта, өссө билиһиннэрбитэ эбээт «кэргэним» диэн! Сотору соҕус буолан баран, Ньуутаны маҕаһыыҥҥа көрсөн «хайдах-туох олороҕут, эдэр ыаллар?» диэн ыйыппытыгар «оо, дьэ, биһиги уже арахсыбыппыт ээ, билигин саҥа кэргэннээхпин Рудик диэн» диэбиттээх. Билигин, бадаҕа, эмиэ саҥа киһилэммит буоллаҕа. Дьэ, ити баар. Сорох эбитэ буоллар, тапталлаахпын кытта араҕыстым диэн, төһө эрэ хараастар-мунчаарар этэ?! Оттон Ньуутаҕа оннук сибиэн ончу биллибэт, хата, ааһан иһэн күлсүүлэрэ диэн сүрдээх. Пахаай, урут биһиги ити курдук сылдьыбыппыт эбитэ буоллар, төһө эрэ сиигэ-одууга барар этибит?! Онно даҕаны таптал дии-дии өрүтэ тыыммахтаабыт эрдьигэттэр син бааллара. Киргиэлэй да онтон тоҕо хаалсыа этэй? Ити гынан баран, билигин кэлэн өйдөөтөҕүнэ, ол да омуннуруута туос умайбытын курдук күлүбүрээт, уостубут эбит. Кини ордук тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан Сибиэтэ диэн кыыһы, уулусса нөҥүө эдьиийин аахха олорбут кырасаабыссаны кытта, борук-сорукка күүлэйдээбитин умнубат. Дьиҥэр, аны кэлэн санаатаҕына, оччолорго оннук айылаах кырасаабысса диэҕин тыла тахсыбат. Дьиэ тастыы олорбут буолан, кэргэнниһэн хаалбыттара оччо быһыылааҕа. Оо, дьэ, Сибиэтэ барахсан... * * * Күҥкүнэс курдук күөх харахтаах, сырдык баттахтаах, мотохоно курдук эттээх-сииннээх Сибиэтэ, быыкаатыгар тулаайах хаалан, тастыҥ эдьиийигэр иитиллибитэ. Тулаайах тулаайах курдук дьиэҕэ-уокка тугу соруйалларын тук курдук толороро: дьиэ, иһит сууйуута, бэл, ынаҕы ыаһын – барыта кини үрдүнэн барара. Киргиэлэй балта Маасаны кытта, түгэн эрэ көһүннэр, Сибиэтэлээххэ тахсан оонньууллара. Биирдэ бэчиэнньэ тутуурдаах, үгэстэринэн, оонньоору оҥостон, уулуссаны туораан орҕостон истэхтэринэ, ойбонноон иһэр ынахтар утары хааман сайбалдьыһан кэлбэттэр үһү дуо! Оскуолаҕа эһиил киириэхтээх балта оччолооҕу көрөн баран, сары-ору түһэрбитигэр уонна бэчиэнньэни сиэри бугуһуйбут сүөһүлэр субу баар буолбуттарыттан Киргиэлэй кытта куттанан, ыстааныгар ииктээн кэбиспитэ. Хата, Сибиэтэ бу үлүгэрдээх мучумааны хайа ыккардыгар көрө охсубута буолла – күрдьүккэ батары аспыт талаҕын туппутунан, сүүрэн туораахтанан кэлэн, ынахтары үүрэн абыраабыта. Кыыс Киргиэлэйтэн икки эрэ сыл аҕа эрээри, адьас улахан киһи курдуга. Ынахтары киэр кыйдаталаан, ытаһа турар уоллаах кыыһы ааттаан-уоскутан, дьиэтигэр сиэтэн киллэртээбитэ. Эдьиийэ аах суох буолан, иллэҥсийбиччэ, Сибиэтэ: «Чэйиҥ, ыал буола оонньуоҕуҥ, Кирииһэ – аҕалара, мин – ийэлэрэ, оттон Мааса оҕобут буоллун», – диэн баран, уруккуттан оонньуур «иһиттэрин-хомуостарын» – өстүөкүлэ үлтүркэйдэрин – хомуот иһиттэн таһаартаан тэрийбитинэн барбыта. Ол туран: «Оо, Кирииһэ, ыстааҥҥар ииктээн кэбиспиккин дии. Уһул, туруусуккун кытта. Оһоххо куурда ууруохха, – диэт, уолга көмөлөһөн тырып-арып буолбута уонна, – мэ, таҥаһыҥ кууруор диэри маны кэт», – диэн баран, физкультураҕа кэтэр искиэрэтин булан биэрбитэ. «Мааса, ийэҕэр убайым ыстааныгар ииктээбитэ диэн этээйэҕин, сөп дуо?» – диэн баран, кыыһы төбөтүттэн сыллаан ылбыта. Сибиэтэ, иккискэ биир кылааһынан Кирииһэттэн үрдүкү үөрэнэр киһи сиэринэн оонньууну барытын иилээн-саҕалаан ыытара. Бу сырыыга эмиэ Кирииһэҕэ «эн гараас үлэтиттэн холуочук кэлбиккин уонна миигин мөҕүө-саҥарыа диэн албыннаһан сыллыыгын-ууруугун» диэбитэ. Уол аҕата хаһан да арыгы испэтин көрөр буолан, Сибиэтэ итинник оонньоторун ончу өйдөөбөтөҕө, ол да буоллар «кэргэнин» иэдэһиттэн барылаччы сыллаан ылбыта. Онуоха: – Пыы! Сыыҥкын соттон баран сыллыаххын, дэлби ньаҕайдаан кэбистиҥ дии. Уонна итинник гымматтар, маннык убурууллар ээ, – диэн баран, Кирииһэни иэдэһиттэн чоп гына убураан ылбыта. Онтон табаарыһа симиттэ быһыытыйбытын көрөн, – чэ, пускаай, убураама даҕаны, хаһан сатыаххын, ол эрээри сыыҥкын, саатар, ырбаахыҥ сиэҕинэн соттон баран сыллаар, сөп дуо, Кирииһэ, – диэбитэ. Сибиэтэ үөрэҕэр мөлтөх буолан, Кирииһэ эһиилигэр «ситэн» ылбыта. Учууталлара эппэтэҕин үрдүнэн паартаҕа бииргэ олорор буолбуттара. Кыыс тыл уруогар, ордук нуучча тылыгар, олус мөлтөх этэ. Дьыктаан буолла да, эрдэттэн үлэхтээх буолан, Кирииһэттэн устан сыйгытара. Хата, ахсааҥҥа кимнээҕэр үчүгэйдик суоттуура: хайа да садаачаны тулуппат этэ. Бу чааһыгар баҕас биһиги киһибит адьас быстан түспүт сордоох. Күн аайы түөрт-биэс уруоктан салҕа быһыытыйаллара. Оннук кэмҥэ Сибиэтэ учуутал көрбөтүгэр арааһы бары сибигинэйэн кэпсиирэ. Сороҕо олус интэриэһинэйэ, холобур, иччитэх өтөххө хайа эрэ киһи чөчүөккэни эҥин көрбүтүн туһунана. Оттон ньирэйин хайдах көрөрүн-истэрин хараҕа уоттанан кэлэ-кэлэ кэпсиирин Кирииһэ сэҥээрбэккэ хомоторо. Оччолорго оскуолаҕа остолобуой да, буфет да суох буолан, кылаас салайааччытын тэрийиитинэн оҕо барыта дьиэтиттэн таҥас мөһөөччүккэ өйүөлээх кэлэрэ. Кирииһэ өйүөтэ биллэр: биир-икки быһыы арыылаах килиэп оҕото, оттон Сибиэтэҕэ үксүгэр алаадьы, лэппиэскэ баар буолара. Дьэ, ону барытын иккиэйэҕин уостарынан үллэстэн сииллэрэ. Ити минньигэс астарын кыыс бэйэтэ астыыр эбит этэ. * * * Кирииһэ, төһө да бэһис кылааска иккис сылын хааллар, Сибиэтэтэ кинитээҕэр өссө мөлтөҕө, инньэ гынан уол «ааһа көтө турбута». Кыыс атын сиргэ интэринээт-оскуолаҕа үөрэнэ сатаан баран туга эрэ табыллыбакка, эдьиийин аахха төннөн кэлбитэ. Ол сахтарга Сибиэтэ – ахсыс кылааска, Кирииһэ тохсуска үөрэнэллэрэ. Кыра эрдэҕинээҕилэрин курдук бииргэ оонньообот, бэл, тыл бырахсан кэпсэппэт буола уларыйбыттара. Кыыс сиппит-хоппут: түөһэ харахха быраҕыллар буола тэрэйбит, эргэһиэр кылгас былаачыйатыттан толору эттээх көнө атаҕа көстөрө. Ити – ордук «хыбы» чулкулаах сырыттаҕына. Сааһыары, кулун тутарга, быыбардаабыт, онон сокуоннай сааһын туолбут, сэбиэскэй уопсастыбаҕа толору бырааптаах киһи. Кирииһэ, били, Сибиэтэни кытта тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан күүлэйдээбитигэр эргилиннэххэ, ол маннык этэ. Биир күн матымаатыкаҕа дьиэҕэ биэрбит сорудахтарын толорбокко кэлбитэ. Дьэ, онно саҥа кэлбит учуутал Агриппина Архиповна буолан-хаалан турбат дуо?! «Миигин сэнээҥҥин собус-соруйан толорботоххун» диэн саҥар да саҥар! Онуоха уол харсыттан тахсан: – Ити этэр алгебраҥ инники олохпор даарым да наадата суох. Ийэлээх аҕам кыра үөрэхтээхтэр эрээри куһаҕаннык олороллор дии санаабаппын, – диэн саайбыта. Дьэ, онтон, доҕоор, тылтан тыл үөскээн, саҥа-иҥэ саталанан барбыта, устунан дириэктэрдэммиттэрэ. Уһаабатаҕа – оскуолаттан уурайар боппуруос күөрэйэн тахсыбыта. Оскуолаттан уурайар киһи буолан, Кирииһэ хас да күн үөрэммэтэҕэ. Дьонун да истэр аат диэн суох буолан биэрбитэ. Арай субуотаҕа халлаан хараҥарбытын кэннэ оскуола биэчэригэр сукуҥнаабыта. Үҥкүүлээн ырааппыт быһыылаахтара: оскуола аарыма түннүктэрин курдат көрүдүөргэ вальстаан эргичийэ сылдьаллара көстөрө. Таһырдьа хараҥа муннукка табахтаан бускута турар ахсыс кылаас уолаттарынан Сибиэтэни ыҥыртаран таһаарбыта. Бөһүөлэк хараҥа уулуссатынан тыа диэки аргыый аҕай хаамсыбыттара. Сибиэтэ Кирииһэни «кыра оҕо курдук быһыыламмыккын: эһиил оскуолаҕын бүтэрээри сылдьаҥҥын эмиэ тугуҥ бууннааһынай» диэн сэмэлээбитэ. Бэйэтэ ахсыс кылаас кэнниттэн Дьокуускай диэки СПТУга үөрэнэ барар санаалааҕын кэпсээбитэ. Кирииһэ киниттэн икки сыл аҕа кыыс сүбэтиттэн «учуутал төһө да сыыһа быһыыламмытын иһин мөккүһэр-иирсэр наадата суох, тулуйуохха», «идэлээх үлэһит буолар инниттэн оскуола саатар орто кэрдииһин бүтэриэххэ» диэннэри өйдөөн хаалбыта. Арахсалларыгар уол хорсунун киллэрэн кыыһы ыга кууспутугар биирдэрэ уоһуттан өөр да өр убураабыта. Ол дьикти түгэнтэн Киргиэлэй сүрэҕэ битиргэччи тэппитэ, кыыс сонун тимэҕин төлөрүтэн сып-сылаас биилиттэн өссө күүскэ кууспута... Итинтэн «дириҥ сыһыаҥҥа» санамматахтара, кырдьыга, ону сатаабат да этилэр, ордук, Кирииһэ. * * * Аармыйаттан кэллэҕин сыл, күһүөрү, Киргиэлэй от сибэниэтигэр киирэн үрэх баһыгар тахсыспыта. Бэһиэ этилэр. Бөһүөлэктэн өйүөлэммит эт кэнсиэрбэлэрэ «түгэҕэ көстөн», үлэ дьоно кураҥхаран барбыттара. Ол иһин «хара» сиир баҕаттан биир-икки күн «сир көрө» тахсыбыттара. Кыһытыах быатыгар, тайаҕы буолуохтааҕар, дьөрү чыс да кутуйаҕы харахтаабатахтара. Эбиитин төннөллөрүгэр балааккалара ханан баарын билиминэ, букатын атын хайысханан салбыҥнаспыттара. Хараҥарыыта, хата, чугас ыал баар сибикитэ биллибитэ. Кырдьык, ыаллыы нэһилиэктэрин пиэрмэтэ отордуур учаастактарыгар кэлбит эбиттэр. Сылайан-элэйэн кэлбит дьон кытыастар кыымнаах балаҕаҥҥа киирбиттэрэ – ас-үөл тардыллан аҕай турар! Киргиэлэй өссө сөхпүтэ – балаҕан хаһаайката, толуу көрүҥнээх кырасаабысса Сибиэтэ илэ бэйэтинэн хаҥас диэкиттэн тахсан кэлбитэ! Дьахтар аттыгар оруобуна ийэтин курдук күп-күөх харахтаах, иккилээх-үстээх уол оҕото ноотоллон турара. Дьиэлээхтэри кытары тото-хана аһаан, сылаалара таайан, ыалдьыттар тирии тэллэх биэрбиттэригэр сытан, утуйан бырылатан хаалбыттара. Киргиэлэй үөйбэтэх-ахтыбатах сиригэр Сибиэтэни көрсүбүтүттэн долгуйан, били, суолу быһа утуктуу испитэ мэлис гыммыт этэ. Кытыыга, уот диэки өттүгэр сыттаҕына, арай түүн үөһэ атах тыаһа бу кэлбитэ уонна сылаас ытыһынан сирэйин имэрийбитэ – Сибиэтэ! Киргиэлэй атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, дьахтары батыһан быыс кэннигэр киирбитэ... Дьахтар, ыйытар да бокуой биэрбэккэ, эбиитин сылаас ытыһынан саҥарыма диэбиттии, уол айаҕын таарыйан баран, соруочукатын устан кэбиспитэ, куба маҥан этэ туналыйан көстүбүтэ. Биир да тылы саҥарбаталлар, сонно өйдөспүттэрэ... Арай дьахтар сымнаҕас сылаас инчэҕэй киэлитин эрэйинэн булбутугар эт-этэ атын үлүгэрдик дьигиҥнээбитинэн барбыта; тулуйар кыаҕыттан тахсан күүскэ-күүскэ түһүөлээри гыммытын дьиэлээх хаһаайка күөгэҥнэс түөһүгэр эпсэри тардан кэбиспитэ, ону кытары итии сүүрээн тыргылла турбута... Сарсыарда олохтоох дьонтон ыйдаран отчуттар күн ортото балааккаларын булбуттара. Киргиэлэй ити түбэлтэни, уопсайынан, Сибиэтэни кытары сыһыанын, адьас бэҕэһээҥҥи курдук саныыр. Сибиэтэ барахсан билигин соҕуруу хайа эрэ куоракка эргэ тахсан олорор сурахтаах. Бука, элбэх сиэннээх киһи сырыттаҕа. Оттон ол саҕанааҕы иккилээх-үстээх уол оҕото кимиэнэ эбитэ буолла? Чэ, ону билэн да хайыа баарай. Ок-сиэ, ол балаҕаҥҥа бэйэлэринэн эрэ эбиттэрэ буоллар, төһөлөөх таптаһыахтара этэй?! Дьахтар ис-иһиттэн имэҥирэн кэлэрэ, ама, туохха тэҥнэһиэй?! Эргиппит киһи ньии ол кэмнэри! Эдэр дьон ол курдук умнубат гына таптаһаллара буолуо дуо? БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан