Кэпсээ
Войти Регистрация

«Күөх моҕой» күөгүтүгэр кииримэ, иэдээн ас илимигэр иҥнимэ

Главная / Кэпсээн арааһа / «Күөх моҕой» күөгүтүгэр кииримэ, иэдээн ас илимигэр иҥнимэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
04.03.2022 12:51
   Арыгылааһын – бүгүҥҥү уопсастыба биир мөкү көстүүтэ. Бу норуот бүттүүнүгэр алдьархай буоларын таба өйдөөн, Ил Дархан Е. Борисов итирдэр утахтары хааччахтыыр уонна атыыны бэрээдэктиир туһунан Ыйааҕа 2010 сылтан сэтинньи ый 1 күнүттэн күннээҕи олохпутугар бигэтик киирэн олохтоммута сотору биэс сылын туолуо.        Арыгы дьааттаах утах буоларын, алдьархай төрдүн аҕаларын, арыгыһыты үлэтиттэн үүрдэрэрин, үйэтин кылгатарын, олоҕун огдолутарын, ама, ким билбэтэ кэлиэй?! Онтон ордук иэдээн, дьахтар арыгылыыр буоллаҕына... Бытыылкалыын бырааттаһыы, кыһыллыын кыттыһыы, арыгылыын аргыстаһыы, арыгы амырыын содула дьахтар кэрэ сэбэрэтин, ама, хайаан киэргэтиэй... Бүгүҥҥү суруйуубар, мин олоххо буолбут түбэлтэлэри эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын.   Арыгы «атастаах» буоллахха   Света, илин эҥээр улуус олох­тооҕо:    – Мин сааһым отутум. Эргиэҥҥэ үлэлиибин. Кэргэнэ суохпун, ол эрэн биир оҕолоохпун. Төһө да күөгэйэр сааспар сырыттарбын, бу аҕыйах сыл иһигэр үгүс үөрүүнү, күчүмэҕэйи, кыһалҕаны эппинэн-хааммынан биллим. Мин биир киһини көрсүбүтүм. Кинини дьиҥнээхтик, туох да саарбаҕа суох таптыырбын билэбин. Төһө да аан маҥнайгыттан сөбүлүү көрдөрбүн, кырачаан оҕобун санаан: «Мантан инньэ бэйэтэ көрсө сатаабатаҕына, бэйэбинэн сүүрүөм суоҕа», – дии санаабытым. Дьэ, ол күн сарсыҥҥытыгар дьиэбэр бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Сити түгэнтэн ыла көрсүһэр күммүтүн олус күүтэр буолбутум.    Барыта итинтэн саҕаламмыта.... Туох санааҕа ылларбытын билбэтим, мин саныахпар, кини да сөбүлүүр курдуга. «Холбоһон ыал буолуохха» диирбин, куруук уһатан иһэрэ. Мин олохпор маҥнайгыттан сатамматах буоламмын дуу, тоҕо эрэ олох олорорго тиэтэйэр курдугум. Кини отой кыһаммат этэ. Итинтэн сылтаан кыыһырар, кыйаханар этим. Көрсүһэргэ болдьоспут киэһэбитигэр кыратык да хойутаан кэллэҕинэ уорбалыы саныырым, кистээбэккэ эттэххэ, күнүүлүүрүм.    Кини элбэх дьону кытта билсэрэ, кинини да элбэх киһи билэрэ. Мин тоҕо эрэ кинини салыннарыахпын, куттуохпун баҕарбытым. Санаабар, оччоҕо эрэ олохпун түргэнник холбуох курдугум. Биир киэһэ, биир да киэһэ буолбатах, хас да күн эбит, кинини чинчийэргэ быһаарыммытым. Күһүҥҥү биир түүн бииргэ күүлэйдии сылдьан, билэргэ, чинчийэргэ быһаарыммыт санаам үүйэ-хаайа тутан дуу: «Эйигиттэн ураты атын киһилиин эмиэ көрсүһэбин», – диэн кэбиспитим.    Сити түгэнтэн ыла кинини улаханнык эрэйдээбитим. Кини эппиппин итэ­ҕэйбит быһыылааҕа. Доҕорум биир киэһэ ытаан, хараҕын уутунан өр да сууммута... Онно билбитим – доҕор­бун муҥура суох таптыырбын. Ол да буоллар, «кэмиэдьийэбин» уураппатаҕым. Өссө өрө бара-бара эрэй бөҕөтүн көрдөрбүтүм. Харыйаны таҥнары соспут курдук быһыыламмытым уонна онтон дуоһуйууну ылбытым. Киниттэн арахсыбыта буолан, киниттэн күрэммитэ буолан, дьүөгэ кыргыттарбар баран хааларым, хас да хонукка сүтэрим. Ол сылдьан устунан, бэйэм да билбэппинэн, кыргыттар бырааһынньыктарыгар умсугуйан арыгыны иһэр буолбутум.    Арыгыны истэхпинэ, эдэр саас­пар албыннаппыт санаам, ону тэҥэ сатамматах тапталым өйбүттэн сүтэн хаалара... Арыгы далайарыгар умсубуппун бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Арыгы угаара аастаҕына, өйдө­нөн киниэхэ тиийэрим. Кини ку­һа­ҕан дьаллыкка ылларбыппын билэн, үгүстүк көрдөһөрө, ааттаһара. Мин кинини элбэхтик хараҕын уутунан сууннарбытым, өстөөхпөр да баҕарбат куһаҕан быһыыларбынан элбэхтик кэлэппитим. Арыгы «атастаах» буоламмын, күнүм-ыйым онтон эрэ тахсар буолбута. Ол да буоллар, тапталлааҕым тута киэр хайыспатаҕа. Араас «бырааһынньыктары» эккирэтэрбин тохтото сатыыра, киинэҕэ, тыйаатырдарга билиэт булан аҕалара. Доҕорум арыгы куһаҕанын туһунан бэрт элбэхтик эппитэ-тыыммыта.    Ону барытын билэрим да, өһөс­пүтэ буоламмын, барытын төттөрү оҥорон испитим. Дьахтар арыгыны иһэрэ сааттааҕын, ити туһунан этэ да барыллыбатын билэрим да, мин дьылҕам суола токур хайысхаламмыта. Итинтэн ыла барыта сатарыйбыта, кини миигинэ суох ханна эрэ баран хаалар идэлэммитэ. Мин онтон хомойбута буолан, дьиҥэр, сылтах эрэ наада эбит, талбыт суолбунан баран испитим. Тиһэҕэр өйүм-санаам бүтүннүү арыгыга бас бэриммитэ...    Биһиги доҕордоһуубут, иэйиибит ити курдук хаҕыс тыыннаммыта. Итинтэн билигин наһаа кэмсинэбин. Кэмсинэбин, кини тылын кэмигэр истибэтэхпиттэн! Биһиги тапталбытыгар туох туох эмит туора түстэҕинэ даҕаны, барытын уйуохпут, аһарыахпыт дии саныырбыт. Онтубут ханна баарый? Таптал иэйиитин киһи талбытынан дьаһайбат эбит.    Мин билигин арыгыны испэппин. Кинини күүтэ саныыбын. Ол эрэн барыта төннүбэтин, иккистээн хаттаан эргиллибэтин билэбин. Олох аһыытын-ньулуунун киниттэн арахсан эрэ баран биллим. Кэмсинэн да диэн... барытыгар бэйэм буруйдаахпын билинэбин.   Тапталыҥ эйигиттэн куотуоҕа   Марина, Дьокуускай куорат олох­тооҕо:    – Дьахтар айылҕаттан өй-санаа өттүнэн күүстээх дииллэр да, эт-хаан өттүнэн арыгы дьаатыгар ылларыыта эр киһитээҕэр, быдан түргэнин, дьэ, кэлэн өйдөөтүм.     Мин оскуоланы бүтэрээт, оччотооҕу олох сиэринэн пиэрмэҕэ үлэлии тахсыбытым. Ол кэмнэргэ кылааһынан көрсүһүү, төрөөбүт күнү бэлиэтээһин солуута суох элбэхтэр этэ. Ол онтон саҕаламмыта, мин уһун куолайдаах Испирдиэн Уйбаанабыһы кытта сэмээр доҕордоһуум. Сөпкө да этэллэр эбит, киһи соҕотоҕун арыгыһыт буолбат, киһи бырааһынньык остуолуттан арыгыһыт буолан турар диэн. Олус бэргэн этии буоларын мин, дьэ, итэҕэйдим. Билигин сааһым – 35. Пиэрмэҕэ үлэлии сылдьан бэйэбэр сөп түбэһэр, атын сиртэн аймахтарыгар ыалдьыттыы кэлбит тыа сирин боростуой уолун таптаан, кэргэн тахсан, атын улууска кийиит сэмэй аатын ылан, ыал буолан көһөн барбытым.    Онон 20 эрэ саастаахпар ийэ буолар үрдүк дьолун билбитим. Уоллаах-кыыс игирэлэнэн, кэргэним дойдутугар дьиэ-уот туттан, кэтэх хаһаайыстыбаланан олорбуппут. Олоҕум сатанымыан быатыгар, хадаар майгылаах, кү­нүү­һүт киһи түбэһэн олоҕум хара маҥ­найгыттан сатамматаҕа. Ол эрэн биир үчүгэйдээҕэ. Тутууга сыстаҕас буолан, ыҥырыыттан-ыҥырыыга сылдьара. Суоппардыырын таһынан, дьоҥҥо хамнаска дьиэ тутан биэрэрэ. Онон үп-харчы өттүнэн – тыа сирин олоҕор кыахтаах ыал ахсааныгар киирсэрбит. Миигин үлэлэтэ сатаабат этэ. Дьахтар эбээһинэһэ – дьиэ-уот, оҕо көрүүтэ диэн бириинсиби тутуһара.    Саҥа сиргэ тиийэн дьону-сэргэни билбэт буоламмын, наар дьиэбэр кыракый оҕолорбун кытта букунаһарым. Сарсыардаттан-киэһээҥҥэ диэри дьиэ бүппэт үлэтэ, сүөһү, хотон көрүү­тэ – барыта мин нарын санныбар сүктэриллибитэ. Кини куруук үлэлиир буолан, дьиэтигэр хонор хоноһо кэриэтэ көстөн ааһара. Аны бэйэтэ кэтэх тыраахтардаах буолан ыалга муус, от тиэйэн холтууралыыра. Тыа сиригэр ыал үксэ оту-маһы тиэйтэрээри гыннахтарына, буокканан эрэ ылсаллар-бэрсэллэр. Онон киниэхэ биэрэр «күндү астарын» харайар эбээһинэс миэхэ сүктэриллибитэ.    Ол улахан сыыһатын мин билигин кэлэн, дьэ, өйдөөтүм. Урут да сэмээр «кыл» гыннара сылдьыбыт буоламмын, мунньуллан турар астары көрдөхпүнэ кэнники тэһииргээн, баҕарар буолан барбытым. Урут наар бырааһынньыктарга эрэ иһэр буоллахпына, чуҥкуйуубун аһарынаары, санаабын аралдьытаары, куруук дьиэ бүппэт үлэтиттэн сынньана түһээри уонна кэргэним хаҕыс сыһыаныттан хомойоммун, биллибэтинэн күн аайы биир үрүүмкэ буокканы киһибиттэн «уоран» амтаһыйар идэлэммитим.    Кини төһө да үлэ үөһүгэр сырыттар, арыгыны мээнэ батыһа сылдьан испэт этэ. Ол эрэн истэҕинэ, дьэ, ыараханнык иһэрэ. Ол түмүгэ барыта миигин сутуруктааһынынан түмүктэнэрэ. Дьиэттэн мээнэ тахсыбат дьахтары окко-маска күнүүлээн сорбун сордуура. Онтон да буолуо, кыйаханан майгым-сигилим, бытааннык да буоллар алдьанан киирэн барбыта. Буруйа суохпар буруйданарбыттан, олоҕо суохтан сирэй-харах анньылларбыттан киҥим-наарым холлубута.    Кини үлэтиттэн кэлэригэр сылаас ас бэлэм, оҕолорбун үчүгэйдик көрөбүн. Дьиэбит иһэ өрүү сылаас, сырдык уонна атын туох наадатын мин кыайан өйдөөбөтөҕүм. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит буоламмын, дьиэ үлэтигэр сыстаҕаспын. Төрөппүттэрбит биһигини оҕо эрдэхпититтэн үлэҕэ ииппит буолан, ханнык да үлэттэн толлон турбат этим.    Күн аайы биир үрүүмкэ арыгыны нуорма курдук иһэрим миигин «бытовой» иһээччигэ кубулуппутун, аһыы утахха умсугуйбуппун билбэккэ да хаалбытым. Дьиэм иһигэр бүгэн олорон бэйэм эрэ иһэрим. Дьиэттэн тахсыбат киһиэхэ хантан дьүөгэлэр кэлиэхтэрэй, суох буоллаҕа. Кэнники этим-сииним үөрэнэн, ол утаҕа суох сатаммат буолан барбытым. Кэргэним иһэрбин билэн, урут сутуругунан сырбатар бэйэтэ, кэлин илиитин ахсааннаахтык көтөҕөрө, кырбыыра элбээн киирэн барбыта.    Уруккуттан да айдааннаахтык олорбут олохпут өссө сатарыйбыта. Оҕо­лорбун кыайан көрбөт туруктаммытым. Санаан кэллэҕим аайы кэргэммин «Эн аһыы утахха үөрэппитиҥ, бытыылканы мунньуу эбээһинэһин миэхэ сүктэрбэтэҕиҥ эбитэ буоллар, мин манныкка тиийиэм суох этэ» диэн өрүү сирэй-харах анньарым.    Түмүгэр ийэ быраабыттан быһыл­лыбытым. Кэргэним суутунан арахсан оҕолору бэйэтигэр ылбыта. Оттон мин төрөппүттэрбэр төннөн кэлэн, кинилэри кытта бииргэ олоробун. Үлэтэ суохпун, пиэрмэттэн атын үлэҕэ үлэлээ­бэтэҕим. Абааһы арыгытыттан сылтаан таптыыр кэргэним миигиттэн куоппута. Күҥҥэ көрбүт көмүс күөрэгэйдэрбин тэйиттилэр. Онон дьахтар киһи арыгыга кытаанахтык ыллардаҕына, ол дьааттан кыайан төлөрүйбэт эбит.   Олохпут огдолуйуута 60-с сыллартан саҕаламмыт эбит      Ол сылларга кыһыл – 1 солк. 10 харчыга, «Московская водка» – 3 солк. 14 харчыга атыыланара.    Саха сиригэр арыгы ааспыт үйэ 60-с сылларыттан дэлэйдик атыыланар буолбутун кырдьаҕастар кэпсииллэр. Ол саҕанааҕы бырааһынньыктарга хайаан да диэн үллэрэн, биирдии суотай тыыннаах испиири биэрэллэрэ эбитэ үһү. Оччотооҕу кэмҥэ испиири тимир буочукаҕа, кыһыл арыгыны дууптан оҥоһуллубут буочукаҕа аҕалаллар эбит. Онтон арыгы бытыылканан кэлэр буолуоҕуттан ыла иһэр киһи элбээбитин, сыаната да оччолорго чэпчэкитин бэлиэтииллэр. Тыа маҕаһыыныгар арыгы күннэтэ атыылыыр килиэптэрин, саахардарын кытта бииргэ ууруллан турар буолбута күннээҕи көстүүгэ кубулуйбутун, онтон ыла олох огдолуйан барбытын кырдьаҕастар хараастан туран саныыллар. Онтон ыла «буор иһээччи», «бытовой иһээччи» диэн дьаралыктаах элбээбит.   Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан