Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьэ, сүрдээх баҕайы...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьэ, сүрдээх баҕайы...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
04.03.2022 12:49
Миитэрэй күнэ-дьыла ардыгар хам хараҕаламмыт курдук буолан ылаттыыр. Ордук, былыттаах, тыаллаах-куустаах кэмсиин күннэргэ. Дьэ, ыччака диэтэҕиҥ! Таһырдьа таҕыстахха – ыбыгырыыгын, дьиэҕэ киирдэххэ – ибигириигин, оттон хараҥа түүн сыбдыйан, бу уорааннанан кэллэҕинэ, муунтуйбутунан бараҕын. Хайыаххыный, маннык олохтоох эн эрэ буолбатаххын, тулуйаргар эрэ тиийэҕин. Эмээхсинэ Москубаттан дөрүн-дөрүн төлөпүөннээтэҕинэ, Миитэрэй бачча киэҥ уораҕайга соҕотох буолбатаҕын, ыраахтан да буоллар, кэм кинини санаан субуоннуур чугас киһилээх эбитин өйдүү түһэр. Үгэс курдук, ол икки-үс мүнүүтэ кэпсэтиилэрэ арыы сыстыбатах курсуйбут килиэбин кэриэтэ кураххай буолара. Туох эмэ истиҥ иэйии омооно ханан да биллибэт, олоччу сайҕанан хаалбыт курдуга. Ол эрээри, төһөтүн да иһин, соҕотох булугура сылдьарыҥ курдук буолуо дуо, ханна эрэ эйигин син киһилээх этим диэн санаан төлөпүөннүүрэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Арай биир күн соһуччу үөрүү буолла. Кэллиэгэтэ, тэрилтэтин эр дьоно (тойотторо диэххэ) бары кэриэтэ ымманыйар хотуннара Агнесса Альбертовна субуотаҕа Ленин болуоссатыгар – фонтан таһынааҕы ыскаамыйаҕа – көрсүһүөх буолан тылын биэрдэ. Эмискэччи күн сирин өлгөм быйаҥа иннигэр баһылла түһэрин курдук буолла. Миитэрэй бу 40 сааһын лаппа ааспыт, сырдык сэбэрэлээх, изумруд дуу, туох дуу күндү таас курдук көҕөрүмтүйэн көстөр харахтаах, кылгас хойуу баттаҕын кэмиттэн кэмигэр араас кыраасканан уларытан иһэр, хотолдьуйан хаамар кырасыабай хотун хаан дьахтар хаһан эрэ кини диэки сылаас хараҕынан көрүө дии санаабат этэ. Онто баара, дьэ, көрсүһүөх буолла! Оттон бүгүн – субуота. Москубаҕа үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрбит, араас тэрилтэҕэ үксүгэр салайар дуоһунаска үлэлээбит мааны хотун былырыыҥҥа диэри аҥаардас сылдьыбыта. Наар карьера сырсыытыгар-үлүмнэһиитигэр буолан эбитэ дуу, кэргэн да, оҕо да суох киһитэ этэ. Дьиҥэр, кини диэтэх киһи хайа эрэ миниистир дуу, начаалынньык дуу ойоҕо буолан, халыҥ хаһанан харчы кэбиһэн, суон саалынан мохсуо кэбиһэн, талбытынан олоруон сөбө. Тоҕо эрэ онто суох, баҕар, майгыта оннугуттан буолуо. Сорох киһи хараҕар түҥнэри сүргүөхтээх буолан көстөрө эбитэ дуу? Туох да диэбит иһин, нүһэр соҕус хараахтардаах барахсан. Арай бэйэтиттэн лаппа аҕа саастаах эр дьону кытта ордук тапсан, этэргэ дылы, тимэҕэ сөллөн кэпсэтэр. Холобур, Миитэрэйи кытта хайа баҕарар тиэмэҕэ үөһэ тэстэн сэһэргэһэр, ол эрээри, баҕар, кырдьаҕаһырҕатан буолуо, бэйэтиттэн отой аннынан саныыр курдук туттар. Агнесса Альбертовнаны кытта иллэрээ сыллааҕыта Москубаҕа хомондьуруопкаҕа сылдьан турардаахтар, өссө, буолаары буолан, икки хостоох биир кыбартыыраны арыандалаан! Бэркэ билэр, үөрэммит сирэ буолан, Миитэрэйи биирин үксүн кини сиэтэн кэриэтэ сылдьыбыта. Онно сүр баттатан эбитэ дуу, биһиги киһибит илинин-арҕаатын быһаарбат гына кыаҕын ылларбыта. Омуна суох эттэххэ, хотун утуйуон иннинэ дуустанаары сыгынньах аҥаардаах кылбаһыйа көтөрүгэр да кыһаллыбат буола мөлтөөбүтэ. Оттон, дьиҥэр, ол иннинэ эдэр дьахтары түһээн көрдөҕүнэ, аҕыйах хонукка баҕас манньыйан ылардаах, өссө тэптэн турар буолара эбээт! Ол эрээри төһө да сааһырдар, Миитэрэй, син эр киһи аатыран, дьахтарга наадалаах эристиин буоларын тугунан эрэ биллэрдэҕэ: Агнесса Альбертовна кэлиҥҥинэн кинини бэркэ дьылыйан олорон истэр буолбута. Тэрилтэ эр дьоно баар-суох үҥэр эмэгэт кэриэтэ оҥостор далбарайдара бэйэтин бараллаата хайа эрэ эрдьигэҥҥэ эргэ тахсыбытыгар үөһү тэһэ ыстаабыт курдук дьүһүннэммиттэрэ. Биир бастакынан – Миитэрэй. Оттон дириэктэрдэрэ Ородьуйуон Ородьуйуонабыс, соһуйбут омунугар, хара кыл түбэтиэйкэтин хаҥначчы кэтэрин да баардылаабат буолбута. Эргэ тахсыбытын утаатыгар эдэр дьахтар имэ кэйбитэ сүрдээх этэ. Буолумуна, итиччэ сааһыгар диэри аҥаардас сылдьыбыт кырасаабыссаҕа дэлэ буолуо дуо?! Ол эрээри кэлиҥҥинэн, бары-барыта оннун-тойун булбутун кэннэ, арбы-сарбы туттара улам биллэр буолан барбыта. Ол тоҕотун ким билиэ баарай? Эрдьигэниҥ сокуоннай саастарын сиппит уоллаах кыыһа – атахтарыгар турбут дьон. Улахан бэйэлээх даачалаах, массыыната диэн, араас онто-манта диэн толору. Дьиктитэ диэн, ол даачаны Миитэрэй бэркэ билэр! * * * Бу олус кэрэ айылҕалаах сир этэ. Сэгэлдьигэс күөх бэстэр, лиҥкинэс тииттэр, тугу эрэ иһиллээбиттии, аҥааттан аҕай тураллара. Аттыларыгар ып-ыраас уулаах үрэх кылыгырыы устара. Дьэ, араас дьиэ-уот диэн манна этэ. Дьокуускай куорат үтүө көстүүлээх даача сирэ. Мансаардалаах дьиэ – күтүөтэ туттубут (Миитэрэй даҕаны элбэхтик көмөлөспүтэ) даачата. Мантан салгыы үөс диэки киирдэххэ, өссө икки дьоҕус дьиэ баар. Олорго күтүөтүн эдьиийэ аах оҕолорунуун олороллоро. Ол күһүөрү сайын Миитэрэй эдьиийэ оҕолорун кытары Хара муораҕа сынньана барбыт кэмнэрэ этэ. Биирдэ күтүөтэ «даачаҕа көмөлөһө тахсаар» диэбитин санаан, Миитэрэй эдьиийэ аах кыһыҥҥы дьиэлэриттэн (кылгас кэмҥэ дьиэһит буолан олоро сылдьыбыттаах) 9-с ¹-дээх оптуобус киэһээҥҥи бүтэһик сырыытын нэһииччэ баттаһан тиийбиттээх. Күһүҥҥү халлаан бэлиэр боруоран, арай даача тырымнас уоттара үөрбүт-көппүт курдук сырдаан көстөллөрө. Дьиэҕэ киирбитэ – ас-үөл толору тардыллыбыт! Остуолга күтүөтэ Валентин, кини тастыҥ эдьиийэ Элеонора уонна биир билбэт дьахтара олороллоро. Аһаан ырааппыт этилэр. Миитэрэй киирбитигэр күө-дьаа буола түспүттэрэ, дьахталлар уулааҕынан-хаардааҕынан тургутардыы, баһан эттэххэ, адьас субу сыгынньахтаан эрэр курдук көрөллөрө. Биһиги киһибит «сулууспалаабыта» ырааппыт тирии суумкатыттан эрдэ хаһааммыт «Старорусская» буоккатын таһаарбытыгар күтүөтэ үөрүүтэ-көтүүтэ өссө сүрдэммитэ: санныга таптайбыта, өссө сыллаан-уураан ылаары тэмтэриҥнээбитэ. Элеонора эрэ Москубаҕа – хомондьуруопкаҕа, оҕолоро – ким лааҕырга, ким тыаҕа аймахтарыгар барбыт буолан, эмиэ «көҥүл көппүт» быһыылааҕа. Бу дьон куорат улахан тэрилтэлэригэр үлэлиир уонна Миитэрэйтэн кырата уонча сыл аҕа этилэр. Оччолорго кини 28 саастаах эбит буоллаҕына, ол күн Элеонора оруобуна 40-нун туолбут эбит. Бааһынайдыы кэрэ сэбэрэлээх, кылгас куудара баттахтаах, кыра уҥуохтаах дьахтар уол таһыгар сэргэстэһэ олорунан кэбиспитэ, помудуордаах оҕурсу салаатыттан бүлүүһэҕэ кутан биэрбитэ. Остуолга өр олорботохторо: күтүөтэ улаханнык хотторбута таайан, утуйан бырылатан хаалбыта, оттон Софья биир дьиэ нөҥүө олорор буолан, биллибэккэ-көстүбэккэ «сус» гынан хаалбыт этэ. Иһити-хомуоһу үрүм-арым тутан баран, Миитэрэй уруккуттан утуйар сиригэр – мансаардаҕа тахсыбыта. Күтүөтэ улахан ууһун киллэрэн оҥорбут тахтаатыгар утуйардыы оҥостон эрдэҕинэ, Элеонора хаһан киирэ охсубута буолла, кэнниттэн кэлэн, утарылаһар бокуой биэрбэккэ харбаан ылбыта... Күтүөтүн эдьиийэ, улахан оҕолордоох ийэ, эбиитин Дьокуускай куорат кыахтаах тэрилтэтин сүрүн исписэлииһэ маннык быһыыламмытыттан Миитэрэй мах бэрдэрбитэ. Онтон чочумча соҕус буолаат, эр киһи эр киһитэ өтөн, имэҥҥэ-дьалыҥҥа бүтүннүү бэринэн, тугу барытын умнан, тэбис-тэҥҥэ «киирсибитинэн» барбыта... Ол даачаны, били, Агнесса Альбертовна эрдьигэнэ атыыласпыт эбит. Ону Миитэрэй кэлин билбитэ уонна өрө тыынан эрэ кэбиспитэ. * * * «Агнесса эрин кытары тапсыбатах буоллаҕа, ол да иһин миигин кытта көрсүһэр, өссө дьиэбэр кэлсэр санааланнаҕа» диэн саныы-саныы, Миитэрэй бу киэһээҥҥи сибидээнньэҕэ туох тиийбэтин толкуйдуу сылдьыбыта. Биирдэ тэрилтэ хайа эрэ бырааһынньыгар үҥкүүлүү сылдьан Агнесса Альбертовна оонньуу-күлүү кэриэтэ «дабаай, миигин кытта оччо чугасаһыаххын баҕарар буоллаххына, кэргэҥҥиттэн араҕыс, холбоһон олоруох» диэбиттээх. Онуоха Дьэлиэнэтэ төһө да сөп гыммытын иһин, син уһуннук олордохторо, аны бу эдэр дьахтар аҕыйах сылынан туох диэн хайыасхаланан туруо биллибэт дии санаан, Миитэрэй тугу хардарыан булбатаҕа. Дьэ, ол «истиҥ сыһыан» хайдах эбитэ, онуоха 60 сааһын лаппа ааспыт эр киһи кыаҕа бүгүн биллиэхтээх. Атыннык эттэххэ, бу түүн тургутуһан көрүү буолуохтаах! Миитэрэй ис-иһиттэн тыыллан-тэптэн сырыттаҕына, эмискэччи суотабайа лыҥкырдаан кэллэ. Ылан көрбүтэ – Агнесса Альбертовна! – Дмитрий Григорьевич, бырастыы гын, эн биһикки көрсүһэрбит табыллыбат эбит. Мин оннук санааҕа кэллим, уруккубут курдук көннөрү табаарыстыы буолуох. Бырастыы гын... – диэн баран, дьахтар төлөпүөнүн арааран кэбиспитэ. Миитэрэй дөйбүт курдук, балачча олорбохтообута, эмиэ били санньыар санаа ыаһыран, ыанньыйан кэлбитэ. Төһө ити курдук иһийэн олорбутун бэйэтэ да билбэтэҕэ, арай эмискэччи аанын субонуога тырылыы түспүтэ. Салтырдаан тиийэн ааны аспыта – кэргэнэ Дьэлиэнэ аймаҕа Гелена кэлэн турара. Бу 40 сааһыгар чугаһаабыт эдэрчи дьахтар чугастааҕы улууска сынньалаҥ киинигэр үлэлиирэ. Иһээччи эриттэн арахсыбыта хас эмэ сыл буолбут, ол эрээри бэйэтиттэн биэс сыл балыс киһиэхэ эмиэ эргэ тахсаары сылдьар кута-мата дьахтар этэ. Соһуйбут курдук киэҥ чох хара харахтааҕа, айыллыбытынан хойуу будьурхай баттахтааҕа, толору эттээх атахтааҕа. Урут, тыаҕа олордохторуна, дьонун кытта ыаллыы этилэр, онон мэлдьи сылдьыһа тураллара. Гелена Миитэрэй хараҕын далыгар улааппыта диэххэ сөп. Оскуолаҕа үрдүкү да кылааска үөрэнэ сылдьан күтүөтүттэн төрүт кыбыстыбат этэ. Холобур, көрдөрбүтүнэн туран төһө баҕарар сыгынньахтанар, таҥаһын уларыттар, бэл, тымныыга таһырдьа тахсыан кэрэйэн сонно горсуокка көҕүрэттэр буолара. Ол саҕаттан ырыаҕа-үҥкүүгэ дьоҕурдааҕа биллибитэ, онон култуура үлэһитэ идэтин түргэнник баһылаабыта. Оччолорго нарын-намчы, талах курдук имигэс эбит буоллаҕына, билигин эт тутан, чахчы, толуу, астык көрүҥнээҕэ. Арылхай хараҕар тоҕо эрэ санньыар санаа күлүгэ биллэргэ дылыта. Дьиэҕэ киирээт, үгэһинэн, күтүөтүн Миитэрэйи иэдэһиттэн «чоп» гына убураан ылбыта. Миитэрэй, били, дууһатын биир гына моруу гынан лүҥкүрбүт санаата сайҕана охсубута; бэйэтэ-бэйэтинэн буола түспүтэ, эт-этэ итийэн, имэ кэйэн барбыта. Гелена бу ыалга кэллэҕин аайы түһүүлэнэр хоһугар киирээт, уруккутун курдук туох да кыбыстыыта-симиттиитэ суох таҥаһын уларыттаары сыгынньахтанар түбүгэр түспүтэ. Миитэрэй бу номнуо дьахтар киэбин толору эппит кырасаабысса үүт маҥан бүлгүнүн, лиипчигиттэн субу ойон тахсаары кутаҥныыр эмиийдэрин, кылбаҕар буутун саҥата суох көрөн турбута. Эдэр дьахтар да, сааһыран эрэр эр бэрдэ да утары көрсөн ылбыттара уонна сыһыаннарыгар туох эрэ тосту уларыйыы тахсаары гыммытын өтө сэрэйбиттэрэ... Бу кэнниттэн туох буолбутун эппэппин... Сэрэйиҥ... Уопсайынан, дьэ, сүрдээх баҕайы... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан