Кэпсээ
Войти
Регистрация
Харах баайыыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Харах баайыыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
10.02.2022 15:31
Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 70-с сылларын бүтүүтэ буолбута. Биhиги аймахха биир күтүөт уол кэллэ. Боксер эҥин этэ. Аҕыйах соҕус саҥалаах, ол гынан баран, «тимэҕэ сөлүннэҕинэ» киһини сылатар элбэх кэпсээннээх киһи. «Дьэ, ноко...», – диэн баран, мутук үүтүн курдук тобулу көрөн олорон кэпсээн бардаҕына, дьэ, хайдах да тохтоппоккун. Күнү күннүктээн, иэппэт ынах курдук сыыйан-аалан кэпсии олороро. Арай биир күhүн, куолутунан «дьэ, ноко...» диэбитинэн дьиэбэр киирдэ. Уhаппакка-кэҥэппэккэ кэпсээн киирэн барда. Быһата, «Силээн диэки мас көтөрдүү барыахха» диир. «Дьэ, ноко, ат буллум уонна туоhапкабар оптика туруордум», – диэн буолла. Сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, үөрбүтэ сүрдээх, «күн сарсын турдубут да бардыбыт» диир. Бачча үөрэн-көтөн киирбит киhиэхэ туох диэн аккаастыамый? Сарсырда эмиэ кыралаан хаар түhэн сыыйа турар эбит. Аhаан баран, бүгүҥҥү күннээҕи былааммытын оҥоhуннубут уонна суолга туруннубут. Аара мас көтөрүн суола син көстөр да, бэйэлэрэ көстүбэттэр. Эбиэт саҕана биир үрдүк соҕус өтөххө тиийэн кэллибит. Арай, көрдөхпүнэ, кытыан быыhынан хара тыа маанылаах көтөрө – хара улар бэрийэр бэрдэ – хааман дуодаҥалыы сылдьар эбит. Киhибин өттүккэ анньабын. «Хайа, нохо, улар бэйэтинэн хаама сылдьар», – диибин. Киhим көрдө, кыыла туран хараҕа төгүрүйэ түстэ. Уларбыт биhигиттэн адьас чугас сылдьар, сүүрбэччэ эрэ миэтэрэ быһыылаах. Биhигини олох да көрбөт курдук. Дьэ, иккиэн оҥостон баран ыппытынан бардыбыт. Уларбыт көппөт, хаампытын курдук хаама сылдьар. Биһиги эр биир «хайабыт табар эбит?» диэн куоталаһа-куоталаһа ытабыт да, хайабыт да таппат. Уончалыыта ыттыбыт быhыылаах, оттон уларбыт хаампытын кубулуппат. Муҥ саатар, тэһииркээн түргэтээн, тула көрүтэлээн да ылбат. Санаттахха, бу иннинэ биһиги биир өтөххө кэлэн, сынньана таарыйа сыал ыппыппыт. Онно 25 миэтэрэттэн хайабыт да испиискэ хаатын сыыспат этибит. Киhим ыта туран дьиибэргээн туоhапкатын эргим-ургум тутан көрөр, «тоҕо бэрдэй!» диэбиттии төбөтүн быhа илгистэр. Мин эмискэ этим сааһа аһыллан, куттаныах санаам кэлэн ытарбын тохтоттум. «Арааһа, улар буолбакка, илэ абааhы сылдьар быhыылаах», – дии санаатым. Тугу да толкуйдуур, ону-маны ырыҥалыыр кыаҕа суох дөйөн хааллым. «Арааһа, бу дойду дьиҥнээх хаһаайыттара, өбүгэлэрбит дьээбэлииллэр, барыах», – диэн баран туора хааман истэхпинэ, күтүөт уол тобуктаан олорон өссө биирдэ ытан хаалла. Уларбыт туох да буолбатаҕын курдук ыарҕа быыһыгар киирэн доодойо турда. Ол күн тугу да бултаабатыбыт, наар кураанах сырыттыбыт. Үүтээммитигэр кэлэн, уку-суку аhаан баран утуйдубут, саҥа-иҥэ суох. Сарсыарда уhуктубуппут, халлааммыт куорсуйбут. Сып-сап аhаат, өртөммүт аттарбытын ыҥыырдаан ойуурбут диэки хаамтарбытынан бардыбыт. Бүгүн ону-маны кэрийэн көрө-көрө дьиэлиэхтээхпит. Сортуол хайысхатынан баран иhэбит, аара өбүгэлэрбит былыргы өтөхтөрө элбэҕэ сөхтөрбүтэ. Арай биир киэҥ толоон ортотугар хатыҥҥа куртуйах бөҕө лоһугураан олорор эбит. Күтүөт сирэйэ-хараҕа уоттаммыт. «Хайа, ноко!» – диэн буолла. «Бэйэ, мантан да ытыалыахха, арааhа 170-ча миэтэрэ быhыылаах, чугаһатыахтара суоҕа», – диэтим уонна, аллараттан саҕалаан охтортообутунан бардым. Ытарым бэргэниттэн бэйэм да соhуйдум. Ыттаҕым аайы түhэрэбин. Куртуйахтар тэлибирээбитинэн үөhэттэн хаарга тобулу түhэллэрэ адьас субу көстөр. Биэс куртуйаҕы түhэрэн баран тохтоон, киhим диэки көрөбүн. Күтүөт тугу эрэ ботугуруур. Биири да таппатыттан бэркиһээн, сөҕөн турар эбит. «Ээ, үчүгэйдик кыҥаан, ыксаабакка эрэ ытыалаа», – диэн сүбэлээн баран, өссө эбии икки куртуйаҕы түhэрдим. Уолум: «Дьэ, ноко, туоhапкаҕын миэхэ уларыс эрэ», – диэтэ. Ылан үстэ ытта да – таппата, төрдүhүн хатыҥҥа түhэрдэ. Буулдьа тыаһа олус хатаннык «тас» гыммытыгар, куртуйахтарбыт көтөн баран хааллылар. Дьэ баран көрүү буолла, ыппыт сирбитигэр тиийдибит. Булпутун угаары үрүсээгим быатын сүөрэ-сүөрэ тиийэн көрбүтүм: туох да суох! Сыа хаар ып-ыраас сытар! Дьэ улахан сөҕүү-махтайыы манна буолла... Куртуйахтар таптаран таммалыылларын мин эрэ буолбатах, күтүөт эмиэ көрбүтэ. Айаҕалыы сатаан, хатыҥтан лаппа тэйэ-тэйэ көрдөөн көрдүбүт да, туох кэлиэй – хаар ып-ыраас. Эмиэ харахпыт бааллыбыт буолан тахсар. Били мааҕыҥҥы да улар, хаарга суола хаалбатах күтүр буолуохтаах, ону биhиги дьиксинэн анаан чинчийэ, көрө да барбатахпыт. Хайыахпытый, туохтан эрэ куотардыы сулбу-халбы дьиэбит диэки хаамтара турдубут. Дьиэбитин киэһэ хараҥаран эрдэҕинэ булбуппут. Киhим дьиэтигэр кэлэн баран атыттан түһэн баран: «Ноко, киирэн чэйдэ иhэн бар», – диэбитин сөбүлэспэтим. Киһим туох эрэ бэрдэ суох быһыы буолбутун чинчилээн, санаатын бөҕөргөтөн кыратык амсайаары гыммыта быһыылааҕа. Дьэ, итинник хобдохтук сылдьан турабыт. Ити булка иккиэн бииргэ бүтэhик сырыыбыт этэ. Аҕыйах сыл буолан баран доҕорум ыараханнык ыалдьан бу күн сириттэн бараахтаабыта. Бу кэнники санаатахпына, кини эрдэ «барарын» түүйэн «олохтоохтор» харахпытын баайбыт буолуохтарын сөп. Муску Сиэнэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан