Кэпсээ
Войти
Регистрация
Куобах суола
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Куобах суола
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
21.01.2022 12:01
Биһиги кыра сааспытыгар куобах элбэҕин, мэнээгин биллэхпит буолуо. Куобах этэ минньигэһин, ама, ким умнуой. Тириитин сылааһа билигин да илиибэр биллэргэ дылы. Оттоммут ходуһалар, өтөхтөр, бааһыналар, эбэлэр тастара – барыта хараҥарда да сандааран олороро. Дөрүн-дөрүн буола-буола, көлө сойутар кэмҥэ, атын сааһыттар ытыалаан тиҥиргэтэллэрин элбэхтэ истэрбит. Бэйэбит да олортон хаалсыбатарбыт диэн сырыттахпыт буолуо. Бэрт сэргэх булт быһыылааҕа. Ити курдук сыл аайы тахсаллара да, «куобах аҕыйаата» диэни олох истибэт этим. Биһиги матасыыкылынан тахсарбыт. Хабараан тымныы да буоллар, үллүнэрбит бэрдэ. Тарбахпытын үлүтэ сыһа-сыһа айанныырбыт. Куобахха пааралыыр үлүскэнэ. Кырам бэрдиттэн эбитэ дуу, убайдарым илдьибэт буола сатыылларын өйдүүбүн. Баҕам бэрдиттэн ытаан туран барсарым. Убайдарым – биирэ ыытааччы, иккиһэ – сырдатар тэрилин кааскатыгар кэтэн олорон тыктарааччы. Кэлин сидиэнньэҕэ олорор киһи – ытааччы. Мин наар кэлээскэ иччитэ буоллаҕым. Үксүгэр көрөөччүнэн сылдьарым. Кэлээскэҕэ олордоххо, тоҥ буорга сахсыллыы, ханааба, кэлийээ, дулҕа охсуута – барыта «сымнаҕас» сирбин ааҕан иһэрэ. Дьэ, ити курдук сахсыллан талҕалана олорон, тугу да кыайан көрбөккө, ыппакка абаланарым. Тоҥуо диэн, куобах тириитэ кулгаахтаах бэргэһэни саарпыктаан эҥин бобо баайан кэбиспиттэрэ ыксаллаах кэмҥэ сатаан кыҥаппат да этэ. 32-лээх саам сыалын булларбакка сордуура. Ити өссө куобаҕы илэ көрдөхпүнэ. Үксүгэр үөһэ олорооччулар эрдэ көрөллөр, урут ыталлар. Миигиттэн хас эмэ сыл аҕа буолан күннүүллэрэ. Ытыыр Биир күн убайдарым кистээн куобахха бараары оҥосто сылдьалларын алҕас көрөн, сайыһааччы буоллум. Тугунан эрэ аралдьытан илдьимээри гыммыттарын үлтү «бууннаан» эмиэ кэлээскэ иччитэ буолан барыстым. Бу сырыыга били бэргэһэлэрин кулгааҕын саам маһын өттүнээҕитин өрө баанан кэбистим. Олбохпор аҕам тыыннааҕар бэйэтиттэн араарбакка илдьэ сылдьыбыт утуйар мөһөөччүгүн олбох курдук баайан олордум. Санаабар, балачча үрдээбиккэ дылыбын. Дьэ, күүтүүлээх түгэн кэлиэ диэн, бэркэ сэргэхсийэн кулгаах-харах иччитэ буола олордум. Тымныы салгын кулгаахпар сирилиир. Ити курдук биир бааһынаҕа саҥа киирэн иһэн убайдар «ол-ол!» дэһэ түстүлэр да, ыга гаастаан кэбиспиттэригэр, били бааммакка сылдьар бэргэһэм көтө сыста. Кэтэхпэр түһэн истэҕинэ арыычча тутан хааллым. Талҕаланыы, таҥкынатыы кытаанаҕа саҕаланна. Куобахпытын күөйдүбүт. Арай, көрдөхпүнэ, куобах олорор да убайым аах олох кыһаммакка ааһа көтүтүөх курдук гыммыттарыгар бэлэм олорорум бэрт буолан, тохтотор бокуой биэрбэккэ ытан саайдым! Үөһэ олорор убайым кэтэххэ охсубутугар тылбын ыйыста сыстым! Бэргэһэм дуома сирэйбин саба түһэн кэбистэ. «Куобахтаах баҕастаах, сэрэн!» диэн, ыппыт куобахпын дьонум көрө да барбатылар. Абалаах баҕайытык ааһа көтүтэ турдубут. Салгыы тугу эрэ үөхсэн хобугунайа-хобугунайа хам гаастаабыттарын кубулуппатылар. Бэргэһэбин көннөрүнэн иһэн көрбүтүм, бааһына ортотун диэки – сөлүөҥкэ тохтубут сиригэр – харахтар кылаһаллар. Иккиэлэр дуу, үһүөлэр дуу! Мин саам уоһун бүлгү тутарбар хаарыан тимир гиилсэм түһэн, сүтэн хаалыа диэн, кэлээскэ диэки тыктарбытым. Хата, ыраах тэйбэтэ: кэлээскэҕэ толугур гынна. Ити ыккардыгар куобахтарга бу тиийэн кэллибит. Иккис ботуруоммун долгуйан салҕалас буолан хаалбыт илиибинэн нэһиилэ уктум. Үөһэ олорон испит убайым ыстанан түстэ да аптамаат саатынан ытыалаан куһуйда! Көрдөхпүнэ, биир куобах мин диэки хараҥа өттүгэр үнүөхтээн иһэр! Бэрт! Кыҥаат, элбэрээкпин төлө тардан кэбистим. Итини кытта аны били уруулга олорор убайым бөтөс кэтэхпин тыаһаппат дуо?! Мин олох тулуйбатым! «Туох ааттаах, киһи куобаҕы ыттаҕын аайы кэтэҕим тыаһыахтааҕый!» диэн кыыһырдым. Итини кытта убайым саабын биирдэ ньылбы тардан ылла уонна: «Убайгын ытаары гынныҥ!» – диэн, түүҥҥү бааһына сатарыар диэри хаһыытаан бытарытта! Итини эрэ күүппэккэ олорор бэйэм соһуйан хаалан, туох да диэн утарылаһар кыаҕа суохпун билэн, ойон түстүм да били куобахпын ыла сүүрдүм. Көрбүтүм, улахан убайым, биир куобахтаах, үөрбүт аҕай сирэйдээх киһи, төттөрү сүүрэн иһэр. Ыппыт сирим диэки сүүрдүм. Убайдарым миигин мээнэ сүүрдэ, куотта диэтилэр быһыылаах, биирэ – матасыыкылынан, биирэ сатыы күөйдүлэр. Хата, куобаҕым ханан сытарын сырдатыахтара диэн испэр үөрдүм аҕай. Ыппыт сирим диэки сахсыллаҥнаан тиийбитим, арай от быыһыгар туох эрэ тэбиэлэнэ сытар. Соһуйдум. Куобах курдук. Саба сырсан тиийиибитигэр мөлтүү охсон өллө быһыылаах. Илиибэр ылыыбар налыйан хаалбыт этэ. Бу дьолу! Бастакы куобаҕым! Убайым кэлэн: «Хайыы, бу да киһи куобаҕы ытарын көрбөтөхпүт...» – диэн миигиннээҕэр ордук үөрбүт киһи куолаһа иһилиннэ. Онуоха мин: «Саҥа киирэн иһэн эмиэ куобаҕы ыппытым ээ...» – диэтим. Убайым бачча куобахтаах тутум үрдээн турар киһи тылын быһа гыныа дуо: «Олор, ыйан биэрээр», – диэн баран, матасыыкыл диэки ыйан кэбистэ. Сүүрэн кэлэн матасыыкылбытыгар олоро биэрдибит да, киирбит сирбит диэки төттөрү ойуттубут. Ыппыт сирбин ыйан биэрдим. Тохтоотубут. Киинэҕэ курдук буолууһу дуо, куобаҕым ыппыт сирбэр суох. Албынчык аатыран, эмиэ кэтэҕим тыаһыыра чугаһаабыт киһи, быстыам дуу, ойдуом дуу, куобах саһыан сөптөөх хотоол сирин барытын өҥөйтөлөөтүм, сүүрдүм-көттүм, тириттим. Арай ити курдук тэпсэҥнии сырыттахпына, тыраахтар үлтү үктээн ааспыт хаспаҕар туох эрэ хамсаата. Тута тэбинэн тиийбитим – куобах олорор! Кэлбит уохпунан үрдүгэр саба түстүм. Дьэ, доҕоор, куобаҕым өлөр-тиллэр саҥатын таһаарбат дуо! Олох оҕо ытаан эрэрин курдук бэбээрэр эбит! Кулгааҕыттан өрө салыбыратан иһэммин, төлө тутан кэбистим. Итини убайым көрө охсон, сүүрэн кэлэн куобаҕы тыын салҕаата. Мин ити ыккардыгар куобаҕы аһынаммын, хайдах эрэ этим тарпыта. Бүттүбүт. Куобаҕы ытар санаам биирдэ уостан хаалбыта. Убайым куобахпын ылан, үөрэн: «Ол иһин, мин быраатым буоллаҕа!» – диэн хайгыырын, уруккум эбитэ буоллар, үөрэн, көтүөхпүн кыната эрэ суох сананыам эбитэ буолуо. Билигин ити бэбээрииттэн кутум куота сыһан турар буоламмын, үөрбэтим. Эмиэ куобах сырсыыта саҕаланна. Көлөбүтүн сойута-сойута сылдьан бэрт элбэх куобахха түбэһэн, сороҕун куоттаран, сороҕун биирдиитэ ытыалаан, миэхэ ыттарар бокуой биэрбэтэхтэрэ. Ити гынан уонтан тахса куобахтаах төннүбүппүт. Ол куобах ытаабытыттан соһуйбутум, олус аһыммытым. Кэлин илдьэ да сатаатахтарына барсыбат буолан хаалбытым. Өйбөр били куобаҕым өлөр саҥата, ытыыра кулгаахпар олорон хаалбыт. Куобах мэлийиитэ Улааппытым кэннэ куобах эстэн хаалбыта. Эбиитин бэнсиин да ыараан, барбат буолбуттара. Аны куобахтыыр бобуллан турар. Мэнээк сылдьыбаттар. Куобах мэнээгэ эбитэ буоллар, онно сылдьааччы да элбиэ эбитэ буолуо. Ол эрээри билигин куобах имири эстэн баран, саҥа өрүттэ сатыы сылдьар кэмигэр түүҥҥү куобахтыыры умнуохха баара. Үс-түөрт сылынан ууһаан-тэнийэн, куобах урукку туругар киирдэҕинэ эрэ бултаһыахха сөп. Элбээтэҕинэ, көҕүрэтэр турукка тиэрдиэххэ наада. Билигин, ама да, харчы кырыымчыгырбытын иһин, урукку курдук сырыы суох буолбатах. Ас-үөл да син баар аҕай. Саҥа биллэр кэмигэр эһэн кэбистигит да, куобах олох үөскүө суоҕа. Куобаҕы бултуох баҕалаах элбэҕэ биллэр. Күөйэн да бултааччылар, туһахтааччылар да куобах этин амсайыаххытын баҕарбыккытын өйдүүбүн. Бэйэм да бэркэ ымсыырабын эрээри, куобах элбииригэр баҕарабын. Онон бултуур санааҕытын баһыйан, туттунуҥ, куобахтаамаҥ. Элбээтэҕинэ, кыаҕын ыллаҕына – баһаалыста. Куобаҕы эһиэх оннугар... Билигин нэһилиэк аайы бэйдиэ сылдьар ыт олус дэлэйэн турар. Сыбаалка диэки сырыттахха, суоллара-иистэрэ мааны. Ити куобах үөскүүрүгэр сүрүн харгыс буоларын умнумуохха. Куобах кыратыгар киһи илиитинэн тутан ылааччы. Ити кэмҥэ бэйдиэ сылдьар ыт икки саһыл икки олох киһилээбэттэр. Куобаҕыҥ аны киһи аймах сылдьар сиригэр орохтонор. Ити – эмиэ кыһалҕаттан. Тоҕо диэтэххэ, бииринэн, киһи олох тиийбэт сиригэр кинини сиэччи дэлэй. Кэлиҥҥи сылларга уот сиэбит сиригэр үөскүөх сибикитэ биллэр. Саһылыҥ, бөрөҥ киһилээх сиргэ соччо ыалласпат буолан, дьиэ таһыгар мээнэ киирбэттэр. Ол иһин куобах дьиэ таһыгар үтүрүйтэрэн ордор курдук буолааччы. Ити – уонтан тахса сыллаахха диэри. Ону баара, бу кэлин сылларга ыппыт аһара элбээн, дьиэ да таһыгар киирбит куобаҕы тулуппат буолла. Саҥа улаатан эрэр талах, бэрдьигэс кылгас эрдэҕинэ куобах тиийэр буолан, бэркэ сөбүлээн сиир. Аны аабы сирдэргэ улахан адьырҕа кыыл хаайтаран куобаҕы сиппэт, онон ордор. Маннык сири батыһа сылдьан айанныыр быһыылаах. Дьиэ таһыгар киһи мас мастаабыт сиригэр, чохчолообут мутугар, тоҕо кэстэрбит талаҕын, от тохтубутун кыһын тымныыга тобоҕолуур, сиир үгэстээх. Ити курдук дьиэҕэ-уокка чугаһаан, бэйдиэ сылдьар ыкка түбэһээхтиир. Иккилии буолан... Куобаҕы сии үөрэммит ыт туспа буолар. Маннык ыттар үксүгэр иккилии буолан сылдьаллар. Биирдэ отоннуу сырыттахпына икки ыт баар буола түспүттэрэ. Ыһыгым дуомун сиэн кэбиһиэхтэрэ диэн, үрүсээкпин мутукка ыйаан баран, отонноон бардаҕым дии. Ол сылдьан ыттары кэтээн көрөбүн. Арай биирдэһэ сыт ылан, биир сиргэ кулахачыйан баран, дьэ өлөрүнэн титирик ойуур диэки ойдо. «Оо, куобаҕы туруорда быһыылаах!» диэн тойонноотум. Иккиһэ кэнниттэн түсүһэн иһэн, сыгынах таһыгар сытынан кэбистэ. «Куобах муҥнаах ойбут сиригэр төһө эрэ сири эргийэн баран, аны эргиллэн кэлэр» диэччилэр. «Баҕар, эргитэн кэлэрин утары көрсөөрү сыттаҕа дуу?» диэн бэркэ иһийэн турдум. Ыт бастаан куобаҕы туруорарыгар үрэн ньаҕыйан-ньаҕыйан баран, саҥата сүтэн хаалбыта. «Куоттарда» дии санаабытым. Отонноон барбытым. Суох, сотору били ыт үрэн ньаҕыйар саҥата эмиэ иһилиннэ. Мин – кулгаах-харах иччитэ. Сэрэйбит сэрэх, куобах кэллэ да били сытар ыкка ыы муннугар киирэн биэрдэ! Бу көрөн турдахпына ыттар ол сүүнэ куобаҕы былдьаһан, икки аҥыы хайа тардан кэбистилэр! Оһоҕоһо субуллан иһэн быһа барара кытта көһүннэ... Куобах муҥнааҕы ити курдук иккилии буолан сылдьан үөрүйэх ыттар олох тулуппаттар эбит. Итинник төһөлөөх куобах оҕотун туталларын толкуйдааҥ! * * * Билигин, саатар, саһыл тириитэ сыаналаммат буолан хаалан, «босхо да биэрбиккит иһин ылбаппын» дэһии уҕарыы илик. Ким да саһылга наадыйбат курдук буолан хаалла. Онон саһыл да элбээтэ. Саһыл сүрүн аһа – куобах. Бөрө да аҕыйаҕа суох. Эмиэ сүрүн аһа – куобах. Ол эрээри куобах этин уобалыыр баҕалаах буоллаххытына, бастаан бэйдиэ сылдьар ыты суох оҥоруҥ. Бу куобах «биллибит кэмигэр», бука диэн, тулуйан, үс-түөрт сылга куобахтаабакка бэйдиэ сылдьар ыты суох гынарга күүскэ үлэлиэххэ наада. Куобах элбээн, күүһүн ыллаҕына эрэ ахсаанын көрө сылдьан имири эспэккэ бултуохха. «Мин ыппатахпына, кэннибиттэн кэлээччи ытыаҕа!» диир үйэ ааста! Киммит кэлэн айылҕабытын харыстыа баарай, бэйэбит эрэ харыһыстахпытына тулуһуохпут. Булпутун сыл аайы ордорон, үөскүүрүгэр кыах биэрэн истэхпитинэ эрэ, кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар туох эмэ бултаах, сэмсэ эттээх буолуохпут. Сыта-тура толкуйдааҥ. Тыаһыт.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан