Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чөчүөккэлээх өтөх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чөчүөккэлээх өтөх
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
21.01.2022 11:57
Түөрүгү. Бу Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкы нэһилиэгин биир үтүө-мааны сирэ-дойдута буолар. Улуу Өлүөнэҕэ түһэр Тамма үрэҕин Ыһыытыыр баһын арыый алын өттүгэр сытар. Түөрүгү өтөҕүн анныгар үрэх уутун быһан үөскэтиллибит, сааскы кус бэркэ таптаан түһэр кыра күөллээх. Түөрүгү өтөҕө, Түөрүгү күөлэ, Түөрүгү үрэҕэ. Тамма үрэҕэр анньыллан турар быһыт күрүөнү атыллаан киирдиҥ да үтүө дойду саҕаланар. Түөрүгү киэҥ көхсүгэр төһөлөөх элбэх араас ааттаах өтөхтөр, хонуулар, үрүйэлэр, баҕарахтар бааллара буолуой. Бэл, Гражданскай сэрии саҕана быһылаан буолан ааспыт сирэ баар. Олох уларыйдаҕын ахсын сорох өтөх аатын да сүтэрэн эрдэҕэ. Түөрүгү өтөҕүттэн тахсан көрдөххүнэ, хоту, соҕуруу, арҕаа – ыраахха диэри көстөр киэҥ халлаан, оттон икки өттүттэн Тамма уута халыйан Амма диэки устуо диэбитиҥ суолун бүөлүү турбут курдук, үрдүк күөх мырааннар сыталлар. Түөрүгү өтөхтөрүгэр былыр-былыргыттан төһөлөөх элбэх көлүөнэ ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, дьолун булан олорбута буолуой. Ону Тамма үрэҕин уутун сүүрүгэ билэн эрдэҕэ. Оччо элбэх өтөхтөн билигин дьон оттоон-мастаан, кустаан-хаастаан, ааһан да иһэн тохтоон, сынньанан ааһар сирэ Түөрүгү эрэ өтөҕө хаалбыт. Урут холкуос-сопхуос саҕана Түөрүгү хонууларыгар «Түөрүгү» диэн ааттаах от звенота тэриллэн оттуур буолара. Оннук звено көмө, илии звенота диэн ааттанара. Ол да иһин буолуо, үксэ дулҕалаах, уулаах хонууга киирэн от охсоллоро. Боотулу диэн дулҕалаах, уулаах хонууга киирэн, от охсон кылбаҥнаталлара. Туораттан көрдөххө, үчүгэйэ сүрдээх буолара. Оттон бэйэҥ киирэн өҥүрүк куйааска от оҕустаххына, сыанан аҕаабат ыарахан үлэ буолааччы. Ордук кыра саастаах оҕус сиэтээччилэргэ. Улахан дьон ол күн омурҕаҥҥа биирдэ киирэллэрэ. Эгил-тэгил саастаах буолан, көҕүтүһэ-көҕүтүһэ охсор быһыылаахтара. Биир сайын үгэс курдук «Түөрүгү» звенота тэриллэн окко киирбитэ. Өтөҕөр отууланныбыт, маҥнайгы хотуур суолун таһаардылар. Итиитэ сүрдээх. Куйааһа бэрдиттэн салгын дьирибинээн олорор. Оннук куйааска киһи соччо аһыан да баҕарбат буолара. Арай отчуттарга анаан сүөһү өлөрөллөрө. Ону мииннээн абыранарбыт. Биирдэ күнүскү омурҕаҥҥа аһаары оҥостон эрдэхпитинэ Куонаан диэн аҕам саастаах кырдьаҕаспыт саҥа аллайда: «Хайа, нохолоор, бу дойдубут чөчүөккэлээх эбит дии, арыыбар буору куппут...» – диэтэ. Кырдьык даҕаны, арыыбыт үрдүгэр мэлдьи кыра буор бытархайа баар буолара да, биһиги онно кыһаллыбат этибит. «Арыы иһитин хаппаҕын аһарга түһэрэ буолуо» диэн улахаҥҥа уурбат буоларбыт. Ол түбэлтэттэн арыым иһитин ордук кичэйэн сотор буолбутум даҕаны син биир арыым үрдэ мэлдьи буордаах буолара. Кэлин итинник түбэлтэҕэ болҕомто уурбат буолбуппут. «Ыалбыт» төһө уһуннук дьээбэлээбитэ буолла, ону билигин умнан даҕаны кэбиспиппин. Куйаас баҕайы күннэргэ биһиги, оҕус сиэтээччилэр, ээр-сэмээр ардах кэлэрин күүтэрбит. Ардах түстэр, кыратык сынньаныа, тыын киллэриэ этибит. Үлэ эрэсиимэ улаханыттан кыратыттан тутулуга суох буолара. Хара сарсыардаттан хара киэһэҕэ диэри. Биир үтүө күн биһиги баҕабыт туолла. Күнүскү омурҕаҥҥа арҕааттан хара былыт барахсан халыйан тахсан, этиҥнээх ардах ыаҕастаах уунан курулаччы кутта. От кэбиһээччилэр бары ардахтан куотан, отуубутугар мэҥийэн кэллибит. Көлөлөрбүтүн субан сүөһүнү кыстатар улахан хотоҥҥо симнибит. Ол сылдьан Дьөгүөрдээн диэн киһи өрө бабыгырыы түстэ: «Уолаттаар, бу хотоҥҥутугар чөчүөккэ оонньуур эбит дии. Бу буору чөмөхтүү оонньообут, кэлэн көрүҥ», – диэн ыҥырда. Кырдьык, тиийэн көрбүппүт, көмүс курдук быһыылаах, икки чөмөх баара. Ордук сыныйан көрдөххө биир чөмөҕө сиидэлэммит курдук, ыраас буор этэ. Оттон кэккэлэһэ турааччыта – араас от-мас сыыһа ходуул бытархайа. Ити чөмөхтөрү урут даҕаны көрөрбүт эрээри, кыһаллыбат этибит. Мин тус бэйэм хотон үрдэ тэстибитинэн онтон түһэрэ буолуо диэн саныырым. Мин даҕаны, табаарыһым Бүөккэ даҕаны кыһаллыбат этибит. «Ханнааҕы чөчүөккэ баар үһү!» диэн баран Дьөгүөрдээн кынна сыгынньах атаҕынан ол чөмөхтөрү ыһыталаан кэбиспитэ. «Дьэ, бэйиккэй, биирдэ эмэ сискин чөчүөккэ быһа кымньыылыа, «сэрэн!» диэн күтүөтэ сэрэттэ. Ээр-сэмээр ол ыһыллыбыт чөмөхтөрү кэлэн кэтээн көрөр этим. Тэбиллибит буор сытыы кырыылара күн аайы мүлүрүйэн испиттэрэ. Хата, биһиги сотору Түөрүгүнү оттоон бүтэрбиппит. Салгыы Куоҕастаах диэн эмиэ оттонор биир үтүө дойдуга көспүппүт. Оппуоспутун чөчүөккэ кымньыылыа диэх курдук санаабыппыт. Чөчүөккэ биллибэтэҕэ, кымньыылаабатаҕа. Миитэрэй Софронов, Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр. Тыал күүһэ Ньукулай уол оҕо кылааннааҕа. Аахсары кытта аахсар, илин-кэлин түсүһэри кытта эриһэр бэрт сэниэлээҕэ. Нэһилиэк ыһыаҕар тэҥнээҕэ суох. Төһө да кыра чөҥөчөк курдугун иһин, иннигэр туста киирбити тулуппата. Оҕус курдук ордоотоон утары кэлбити, хайа да бэйэлээҕи сүгэн кэбиһэр. Киһи диэтэххэ, бэрт холку буола үөскээбит буоллаҕа дуу, кыайан-хотон өрөгөйдөөтөҕүнэ да, барбах илиитин эрэ өрө көтөҕөр идэлээх. Ньукулай оскуола кэнниттэн сопхуос үлэтигэр сыл хаалан үлэлии сылдьар кэмэ. Табаарыстара үксүлэрэ аармыйалаан, сорох үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар киирэн тарҕаспыттарыттан санаата ордук оонньуура үһү. Ол да буоллар сопхуос үлэтин кыайа-хото толоро буһа-хата сылдьар. Кыайыгас уолу күүстээх үлэттэн, ама, ким туора силэйиэ баарай. Хата, эбиитин нэһилиэккэ хаалан кыайыылаах үлэһит буолан, дойдутугар туһалаах киһи буолаарай диэн, сопхуос үлэһититтэн, бэрэссэдээтэлигэр тиийэ кэтэһэллэр. Ити курдук бэркэ оттоон бүтэллэр. Былааны аһара толорон, хайҕаналлар. Кыайыылаах-хотуулаах тырахтарыыһын кытта кини үчүгэй үлэтин иһин арыынан, этинэн бириэмийэ ылаллар. Оччолорго үөрүүнү-хомолтону наар «сууйуллар» диэх курдук баара. Кинилэр да онтон туора туран хаалбатах буруйдаахтар. Дьиҥэр, саастаах киһи, тырахтарыыс Дьэкиим, бэрт кыратык «ыймахтыы» түһэн баран тохтуур буолара. Элбэхтэ хайҕаммат, наар дьон тылыттан дьалты сылдьар бэйэтэ бу сырыыга тоҕо эрэ, тутум үрдээн, бэркэ ытыгылана сананан, көнньүөрэн сылдьар. Хайдах эрэ бу түгэни өссө уһаппыт киһи, өссө элбэх дьоҥҥо кэпсээбит киһи диэх курдук санаабыт. Күөмэйэ кычыгыланар. Эдэр үлэһитигэр, көмөлөһөөччүтүгэр Ньукулайга: «Бу бэлиэ күнү бэлиэтии түһүөххэ баара...» – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыт. Ньукулай да, баар буоллаҕына, антах аспат эрээри, сырса сылдьан испитин өйдөөбөт. Эдэр киһиэхэ эгэ эрэ буоллаҕа, «бэрэссэдээтэл убайбыттан көрдөөтөххө» диэн Дьэкиимҥэ имнэнэр. Итигирдик сүбэлэһэн, убайдарыттан биир «тыыннаах испииринэн» аатырар «дьалкыйары» көрдөөн ылаллар. Кистии-саба сопхуос хотонун иһигэр олорон били «астарын» аһыыллар. Дьэкиим ол олорон хайдах тырахтарыыс буолбутун кэпсиир, олоҕун түөрэр. Оччолорго, тыраахтар саҥа элбээн эрэр кэмигэр саҕалаабыт буолан, олох чиэс-бочуот үрдүгэр сылдьыбыт эбит. Тиэхиньикэҕэ сыстаҕас, бэркэ ытыгылыыр эрэ киһилэригэр туттарар буолан, олох хойукка диэри ытыс үрдүгэр сылдьыбыт. Кэлин, тэрил элбиирин кытта, сатааччы да элбээн барбыт. Инньэ гынан кэлин били аатыра сылдьыбыта тохтообут эбит. Дьиҥэр, Дьэкиим дьон хайгыырын олох биир да тылы түһэрбэккэ төбөтүгэр тиһэн иһэр идэлээҕэ. Сэмэ тылы-өһү олох уйбат буолан, кэлиҥҥи кэмҥэ нэһилиэк иһигэр былыкка саспыт күн курдук санаммыта быданнаабыт кэмэ. Киһиэхэ, дьиҥинэн, кыра да наада дииллэринии, бу күн хайҕанан, били, урукку олоҕун санаан, бэркэ уйадыйан ыллаҕа, онтун бу аһыы утах эрэ төлө тэбэн таһаарар адьынаттаах... Онтон Ньукулай бу олорон, бииргэ үөрэммит табаарыстара хайдах эрэ кинини быраҕан бырахпыттарын курдук, кини эрэ хаалан хаалбыт курдук сананан сылдьарын барытын Дьэкиим кулгааҕар анаабыт. Биллэн турар, тыа сиригэр олоҕун улахан аҥаарын бараабыт, ис сүрэҕиттэн таптыыр киһиэхэ сээн дэммэтэ чуолкай. Хоммут уос хоҥнон, истэрин-үөстэрин барытын түөһэн бараллар. Эдэр киһи киэҥ сиргэ сылдьан билиэн-көрүөн баҕарарын тырахтарыыс сөбүлээбэтэ хойдон барар. Ити курдук холуочуйбут дьон ырааҕы-чугаһы ыатара олорон иһэн Дьэкиим: «Дойдугун быраҕан бараары гынаҕын дуо? Барар буоллаххына, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар...» – диэн, бэйэтэ да эппититтэн соһуйан, хараҕын муҥунан көрөн кэбиһиэр диэри саҥа таһаарбыт. Эдэр киһи бу күлүүс тыл оччолорго туох суолталаах буолуон сэрэйбэккэ да олордоҕо... Оччолорго «дробилка» диэн ааттанар сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнииргэ туттуллар тэрил баара. Укпуккун барытын тоҕо солоон кэбиһэр, киһи куттаныах тыастаах-уустаах тэрил өрө эккирии турар буолааччы. Бэрт сотору бу тэрилгэ Ньукулайы туруорбуттар. Кэлбит дулҕаны кытта талаҕы үлтү мэһийтэриигэ анаабыттар. Эдэр уол барахсан эдэрэ өтөн, устудьуон кыргыттар көмөҕө кэлбиттэригэр бараары ыксыы сылдьыбыт да, үлэтэ бүтүмээри хаайбыт. Тэрилигэр баппатах дулҕаны атаҕынан көмөлөһүннэрээри киэдэтин быата субуллубутуттан хаптаран кэбиһэн, укпут атаҕын биирдэ тобугар диэри мэлиттэн кэбиһэр! Ыарыытыттан уол туора түһэн, өйүн сүтэрэн кэбиспит. Арай, Дьэкиим дулҕа тиэйэн кэлбитэ, уола үлэлии турбут мотуора холбонон турар, бэйэтэ көстүбэт. «Аат уола, ханна ойдоҕой?» – диэн баран, тыраахтарыттан ойон түспүтэ, уола эрэйдээх кубарыйан баран, мотуоругар ыстаана кыбыллан, туора түһэн сытар эбит! Ыксал бөҕөнөн мотуорун умулуннарбыт да доҕорун араарар аатыгар барбыт. Быстыбыт атаҕа иҥиириттэн иҥнэ сылдьарын, быстыа дуу, ойдуо дуу быһарыгар тиийбит. Курунан атаҕын бобо баайаат, тыллыы ойуппут. Балыыһаҕа тиийбитэ, хата, биэлсэр баар буолан биэрэр. Уолларын көмөлөөн тыын киллэрэллэр. Тута сэбиэккэ этэн «санэриэйсэ» ыҥыртарбыттар. Оччолорго Ньукулай тыыннаах хаалар быатыгар, бөртөлүөт, сөмөлүөт сырыыта бэрт түргэн этэ. Чаас иһинэн бөртөлүөт тиҥинээн кэлэн биэрбитигэр киирэллэр да улуус киинигэр көтөллөр. Киирэн атаҕын эпэрээссийэлээн, хаан кутан, бэрт уһуннук эмтээн кыс хаар түспүтүн кэннэ Ньукулай дьиэтин булбута. Бу кэмтэн ыла Дьэкиим эрэйдээх били аһыы олорон эппит тылларын санаатыгар туппут эбит. Наар аһыы утаҕы хантатта да онтун саныы сылдьан, биир күн сүрэҕэ тулуйбакка, хааман иһэн охтон түспүт да баран хаалбыт. Ону киэһэлик булан ылбыттара... «Дьэ, ити курдук сыыһа-халты тахсыбыт тыл-өс тиийэр, силистэнэр-мутуктанар кыахтаах эбит» диэн күтүөтүм тойоннуура. Иһирик.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан