Кэпсээ
Войти Регистрация

Ас  көрдөөбүт

Главная / Кэпсээн арааһа / Ас  көрдөөбүт

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.12.2021 12:16
Бу түбэлтэ Мэҥэ Хаҥалас Төхтү­рүгэр Дьэкэ Күрүөтэ диэн сиргэ буолбута.      Мин табаарыспын Сергей Васильевич Елисееви кытта 1974 сыллаахха Төхтүр орто оскуолатыгар ананан үлэлии кэлбиппит. Биһиги атын-атын сиртэн кэлбит буоламмыт, маҥнай утаа билсибэт этибит. Кэлин бииргэ үлэлээн-хамсаан, бодоруһан, «эн-мин» дэсиһэн, табаарыстыы буолбуппут.    Саас буолан, уу-хаар тахсан, кө­төр-сүүрэр үксээн, кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Биһиги олохтоох Николай Иванович Шаринтан кустуур сир ыйдаран, кустуу барар буолбуппут.    Булчут тэрилин оҥостон, «Планета» матасыыкылга мэҥэстэн айаммытыгар туруммуппут. Булчут тэрилэ да диэн туох кэлээхтиэй: сааларбыт, аҕыйах мончуук, балаакка уонна икки хонукка аһыыр өйүөбүт.    Дьэкэ Күрүөтүгэр бадараан бө­ҕөтүн тэбистэрэн, тимир көлөбүтүн анньан-үтэн, улахан эрэйинэн дойдубутун булбуппут.    Бултуур сирбит – төгүрүк алаас. Куулатын диэки уу төгүрүйбүт булгунньахтаах. Арҕаа, сыыр үрдүгэр, өтөх­төөх. Өтөҕүн ортотугар хотонун кытары силбэһэ тутуллубут балаҕан барыйан турар. Өтөх анныгар киһи иһиэн да сөптөөх уулаах. Биһиги булгунньах кэннигэр куулаҕа дурда оҥоһуннубут.    Киэһэ дурдаҕа киириэх иннинэ аһааһын-сиэһин буолла. Мин билиҥ­ҥи сиэр быһыытынан, Байанайбын аһатан, үөрэ-көтө умайа турар кутаабар ас-үөл, арыгы кутан биэрдим. Сэргэйгэ: «Чэ, сезон аһыллыбыты­нан, биирдиитэ көтөҕүөх!» – диэн тыл кыбыттым. Киһим «суох» диэн аккаастаан кэбистэ. «Эс, тоҕо? Эм­тэммитиҥ дуо?» – диэн, олуйсан көрдүм да, «суохтан» атыны истибэтим. «Муҥ саатар, уоккун аһат» диэтим да, киһим син биир аккаастаан кэбистэ. Онон бүттэхпит үһү. Чэ, ити хааллын...    Ол саас үчүгэй баҕайытык бултаабыппыт. Мин ханна да тиийдэрбин, уоппун көннөрү арыылаах килиэбинэн аһата сылдьыбытым. Сааскы уу кэлбитигэр Ымыйахтаах диэн сиргэ илимниир буолбуппут. Аны үөрэх дьыла бүтэн, тус-туһунан сиргэ сайылаабыппыт, сынньаммыппыт.    Күһүн кэлэн, кус булда саҕалам­мыта.    Арай биир ардахтаах күн Сэргэй тиийэн кэллэ уонна «кустуу барыах» диэн үүйэ-хаайа тутта. Эмиэ сып-сап оҥостон, матасыыкылбытыгар мэҥэстэн (кини матасыыкыла этэ), айаннаатыбыт. Матасыыкылы ыытааччы мин этим. Сэргэй кэргэниниин матасыыкылга оһоллонон, хайдах эрэ бу көлөттөн куттанар этэ. Ардаҕы ортотунан сылдьан кустаан, хараҥаҕа былдьатан, уу-хаар ортотугар хайдах да гынан балаакка туруорар кыах суох буолан, Дьэкэ Күрүөтүн өтөҕөр кураанах, көмүлүөк оһохтоох сиргэ хонор буоллубут.    Көмүлүөккэ уот оттунан чэйдээтибит. Мин идэбинэн оһоҕу аһат­тым. Киһим арыгы испэт буолан, мин даҕаны арыгыны ылбат буолбутум. Сэргэй бу да сырыыга уоту аһаппатаҕын көрөн, «Сэргэй кырдьа­ҕас өтөх иччитин аһат» диэн көрдүм даҕаны, киһим син биир буолуммата. Сыҥаһа ороҥҥо балааккабытын тэлгэнэн уонна аантан бэтэрээ соҕус атахтаһан сыттыбыт. Мин сытаат, утуйан хаалбыппын.    Сарсыарда турбуппут, халыҥ былыттаах. Халлааммыт ибири-сибири ардыы турара. Чэйбитин сылыттан иһээри олордохпутуна, киһим килиэбин арыылаан баран, өссө даҕаны маһа умайан бүтэ илик оһоххо илдьэн биэрдэ. Ону мин: «Кырдьаҕас, өтөх иччитэ ас көрдөөтө дуо?» – диэн ыйыттым. Киһим тугу да саҥарбата. Кэлин даҕаны ол түбэлтэни ыйыталаспат этим. Ол түүн кистэлэҥин бэйэтэ илдьэ бардаҕа буолуо.    Сэргэй эдэригэр, 41 саастааҕар, «барбыта». Ити – эһиилги сайыныгар этэ.    Бултаан кэлбиппэр кэргэним: «Бөлүүн эһиги үрдүгүтүгэр хара киһи өҥөйөн турар этэ», – диэбитэ. Оттон 20-тэн тахса сыл ааспытын кэннэ, иккистээн ыйытан көрбүппүн, «өйдөөбөппүн» диэн кэбиспитэ.    Онон, ханна да сылдьыбыт иһин, сиэр-туом быһыытынан, сир-уот иччилэрин аһата сылдьар ордук. Сир-дойду араастаах.  Сиргэ, онно-манна сылдьан мээнэ тыллаһары былыргы өбүгэлэрбит сүөргүлүүллэрэ уонна «аньыы» диэн ааттыыллара.   Миитэрэй Софронов, Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр бөһүөлэгэ.   Арыычча        Дьааҥы  Адыаччы нэһилиэгин хоту өттүгэр Эҥэ диэн учаастактаах. Ол учаастак Кэҥкэмэ диэн улахан күөлүн кытыытыгар Баачаан Миитэрэй диэн элбэх оҕолоох, хара тыаттан бултаан-алтаан иитиллэн, бэрт кыанар киһи олорбута. Бу киһи орто оҕото – Христофор Дмитриевич Чириков. Хос аата – Булкуурдаах Хахыйаан. Кини эмиэ сааһын тухары хара тыа киһитэ этэ.    Биир күһүн, кыраһа хаар түһэн тымныы буолбутун кэннэ, Булкуурдаах Хахыйаан «Туостаах» диэн хайа өрүһүн кытыытыгар биир бэртээхэй байтаһын тыһы тайаҕы өлөрбүт. Соҕотох киһи сүлэн-астаан, киэһэ хараҥаҕа былдьатан хаалбыт. Ол да буоллар син бүтэрбит. «Сайбаны (булду кыыл сиэбэтин диэн оҥоһуллар хахха) эбэтэр лаабыһы сарсын даҕаны оҥоруллуо» дии санаабыт. Чаҥхы уонна үөс тардар буһаран сиэбит. Тотон, тэҥнээҕэ суох курдук сананан утуйуо эбит даҕаны, таҥаһа көс кэриэтэ ыраах баар дьиэтигэр (Дьааҥыга «үүтээни» ааттыыллар) хаалбыт буолан, бастаан утаа мучумааннана түспүт. Ол да буоллар кутаатын таһыгар уккунньах ууран (уһуннук умайдын диэн үөл маһы оһоххо, уокка ууруу), кэлтэгэй отуу оҥостон сыппыт. Ол сытан: «Хайа, оттон били тайах тириитинэн сууланнахпына, хайдах буолуой?» –  дии санаабыт уонна быллаар оҥхойугар тайаҕын тириитин соһон аҕалан, эт өттүн таһыгар гынан, түүлээх өттүнэн сууланан, бэрт минньигэстик утуйан хаалбыт.    Төһө өр утуйбута биллибэт. Дэлби ыгыллан, уһуктан кэлэн, суорҕанын аһа быраҕан олоро түһүөх буолбута, кыбыс-кытаанах буолбут. Араастаан мөх­сөн, тыыллан көрбүт даҕаны – туһа тахсыбатах. «Ама, хоруоп иһигэр сытабын дуу?» диэн санаан эрдэҕинэ, били, бэҕэһээ инчэ­ҕэй тириинэн сууланан утуйбутун өйдүү биэрбит. Онто тимир ылтаһын курдук буола хам тоҥон хаалбыт. «Өл­лө­ҕүм» дии санаабыт. Бачча ыркый ойуур быы­һы­гар ким кэлэн абырыыра биллибэт буоллаҕа. Саатар, бэйэтэ ыйы-ыйдаан тыаҕа, тааска (хайаҕа) баран хаалааччы, онон өтөрүнэн ким эмэ ирдэһэ барара саарбах. Арай бу сытан, өттүгэр кыыннаах быһахтааҕын өйдүү биэрбит. Онтун харбаан көрбүтэ, дьолугар, баар эбит. Тыа киһитэ кыыннаах быһаҕын уҥа өттүгэр баана сылдьааччы. Уҥа, туттар илиитинэн нэһиилэ хамсатан быһаҕын кыыныттан хостоон таһаарбыт уонна тириини хайыта быһан сууралыырга санаммыт. Илиитэ сылайыар диэри сууралаан-сууралаан илиилээх быһаҕа таһырдьаны булбут. Сынньана түһэн баран харса суох, ол эрээри күүһүн мээнэ бараабакка, толкуйдаан, бастаан быһаҕынан үөһэ өттүн диэкиттэн тахсар хайаҕас оҥорбут. Онтон тулуйуох киһи буолуо дуо?! Кэҥэтэн-кэҥэтэн, оронон тахсан кэлбит. Түргэнник чэй сылытан иһэн, үүтээнин диэки, этин сүгэн бара турбут. Бу – өлө сыспыт сириттэн куоппут!    Оттон ити түбэлтэ кэнниттэн Ха­хыйаан бэйэтэ маннык диэн эппиттээх: «Көр эрэ, Сэмэн, ити курдук акаарытык оҥостон өлө сыспытым. Быһаҕым өттүкпэр суоҕа буоллар, миигин ол тоҥ ылтаһынтан туох да таһаарбат этэ. Онон дьону үөрэ­тэбин. Сиргэ-уокка сылдьар оонньуу-көр буолбатах, толкуйдаан, бэйэ бодотун билэн сылдьыахха наада».   Семен Колосов, Үөһээ Дьааҥы, Адыаччы бөһ.   Саа – оҕо оонньуура буолбатах        Бу түбэлтэ 70-с сылларга буолбута. Оччолорго үөрэх дьыла саҕалана илигэ. Мин аҕабын «хаһан кустуу барабыт?» диэн дэлби хаайбытым. Биир үтүө күн аҕам үлэтиттэн эрдэ кэлэн, кус ыта барар буолбуппут. Онон үөрүү-көтүү улахан этэ. Төһө да саата суох буолларбын, букатын кусчут курдук санаммытым.    Бөһүөлэктэн чугас сытар күөлү эргийэ хааман мэлийбиппит. Саабытын да эспэтэхпит. Онтон санаам наһаа түспүтэ. Дьиэбитигэр төннөн иһэн, бөһүөлэк кытыытыгар олорор аймахтарбытыгар киирдибит. Дьонум көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт буолан, үөрүү-көтүү сүрдээх. Киэһэ таһырдьа тахсан «бу уолга сыал ыттаран көрүөххэ» диэтилэр. Сонно тута хантан эрэ хаһыат көһүннэ. Онтуларын саһааҥҥа нэлэччи ыйаан кэбистилэр. Икки уостаах сааны маска өйөөн ыттараары гыммыттара, кырам бэрт буолан, илиим элбэрээккэ да тиийбэт. Онуоха тула өттүбэр сүбэлээччи-амалааччы элбээтэ. Аҕам саа луоһун санныбар уурда, бэйэтэ икки ытыһынан саа луоһун кэнниттэн анньан туран «ыт!» диэччи буолла. Мин, оччону истибит киһи, дьон эрэлин түһэн биэримээри, эр санаабын барытын киллэрэн, улаханнык кыҥыы да барбакка чыыбыспын тардан кэбистим. Эмискэ сирэйим «ньир» гына түстэ. Биирдэ өйдөөбүтүм, саа эрэ, сах эрэ – сарылыы-сарылыы сүүрэ сылдьар эбиппин. Бары миигин уоскуталлар, күлэллэр уонна былдьаһа сылдьан көтөҕөллөр. Дьиэбитигэр ийэм айдаан бөҕөтүн түһэрдэ, аҕабын мөхтө. Ол кэннэ аҕыйах сыл кустуур баҕа санаам уоста сылдьыбыта. Кэлин 32-лээх сааланан, сыыйа-баайа булка чугаһаабытым. Ол маҥнайгы сааламмыт күммүт хаһан да умнубаппын. Ону сэргэ хас биирдии булчут бу сэпкэ отой сэрэхтээх буолуохтааҕын чиҥник өйдөөбүтүм.   Николай Спиридонов, Кэбээйи, Сангаар бөһ.
kyym.ru сайтан