Кэпсээ
Войти Регистрация

Соммун ыла сатаабыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Соммун ыла сатаабыта

K
03.12.2021 13:28
   Кырыа кыһын. Ахсынньы аам-даам тымныыта. Алаас уҥуор тоҥсоҕой тоҥсуйар тыаһа бу баардыы иһиллэр.      Алаас илин баһын үрдүк сыырыгар дьиэлэр уонна уһун хотоннор көстөллөр. Биир кыра дьиэттэн буруо бурҕачыйар, хотон урааларыттан сүөһү тыыммыт салгына үүт-үкчү буруо курдук субуллар.    Бу кэмҥэ дьиэ иһи­гэр оһох оттуллан күлү­бүрүүр. Кырыарбыт түн­нүккэ биэстээх Сиидэр уол чараас тымтык маһы­нан оһуор ойуу түһэ­рэн ырааппыт, ардыгар кырыатын кыһыйан ылан айаҕар уктар. Киниттэн биир сыл балыс балта Галя Сиидэри үтүктэн түннүгү манаһар, илин-кэлин түсүһэр.    Дьиэлээх оҕолор сэттэлээх эдьиийдэрэ Өкү­лүүччэ, бэйэтэ быыкаа да буоллар, кинилэри көрөр-истэр үлэлээҕин олох умнубат. Оонньуурун быыһыгар оҕолору көрөр, аһатар. Сарсыарда ийэлэрэ Маарыйа остуолга кыынньыбыт үүтү сойута уурбутун ылан, куруускаларыгар кутан иһэрдитэлээтэ. Бары күө-дьаа буола олор­дулар. Эмискэ, до­ҕоор, тигинэччи умайа турбут оһохторун хаппаҕын быыһынан төп-төкүнүк лаампа курдук сырдык уот устан таҕыста...    Маны улахан кыыс Өкүлүүччэ көрө охсон, куттанан, киэҥ хараҕынан чо­ҕулуччу көрөн олордо. Онтон икки кы­рачааннар кэннилэринэн буолан баардылаабатылар. Аны бу төкүнүк уот аа-дьуо устан дьиэ муннугар оргулламмыт таҥас үрдүгэр түстэ, ону кытта таҥас сыыйа буруолаан, онтон умайан таҕыста. Ону көрөөт, оҕолор сарыласпытынан үрүө-тараа сырыс­тылар. Икки кырачаан орон анныгар түстүлэр.    Онтон Өкүлүүччэ халҕаны баран анньыталаата. Араастаан охсо-тэбэ, анньыалыы сатаата даҕаны аан бэриммэтэ. Бу икки ардыгар дьиэ иһэ ыыс быдаан буруо буола түстэ. Кыыс манна даҕаны уолуйбакка, оһох иннигэр сараҕыта уурбут суос-соҕотох мастарын сулбу тардан ылан ааны охсуолаата. Дьэ, онно эрэ чигдигэ тирэммит аан баттыга төлө баран, тэлэччи аһылла түстэ. Таһырдьаттан тымныы салгын туманынан оргуйан киирдэ. Өкүлүүччэ ыыс быдаан буруо быыһынан орон анныттан тахсымаары онтон-мантан тутуһан өрө мөхсөр балтылаах быраатын эр-биир оруу тардан таһаартаата. Аан диэки тиийэн иһэн аҕатын холуодаҕа ыйаммыт эргэ нэк сонун сулбу тардан ылла уонна оҕолору бүрүйэ бырахта. Бэйэтэ түбэһиэх эргэ былааты бүрүннэ уонна оҕолорун кытта дьиэттэн куотан таҕыстылар. Бары ытаан марылыы-марылыы ийэлэрэ үлэлии сылдьар хотонугар үнүөхтэстилэр. Улахан кыыс бу иһэн сарсыарда аҕата от тиэйэ барбыт аартыгын кыҥастаһар. Сотору тоҥон, уостара ыпсыбат буолбут оҕолор уһун хотон улахан ааныгар кэллилэр. Өкүлүүччэ туох баар күүһүнэн аан мас тутааҕыттан тардыалаһа са­таа­та даҕаны аан бэриммэтэ, бэрт кыратык аппайан ыла-ыла сабылла турар. Оҕолор “ийээ!” диэн сарылаһар саҥаларын хотон биир уһугар сылдьар Маарыйа истибэтэ. Сүөһү маҥырыыр, тыаһыыр, ыҥыранар саҥата да баһыйдаҕа. Бу кэмҥэ улахан кыыс от киллэрэр түннүк баарын өйдүү охсон, оҕолору сиэппитинэн хотону эргийдэ. Боотулу күрүө быыһынан кыбыыга кии­рэн, аһаҕас түннүккэ хоо­чугураһан кэллилэр уон­на хотон иһинээҕи оттоох күкүргэ биир-­биир үҥкүрүс гыннылар. Мантан сиргэнэн, хас да субан сүөһү быаларын быһа түһэн, үрүө-тараа сүүрдүлэр. Дьэ, онно эрэ Маарыйа ыксаата. Сүөһүлэри баайаары гынан иһэн, оҕолоро ытаан маккыраһалларын истэн онно сүүрээхтээтэ.    – Оо, чыычаахтарым сыыстара, туох буоллугут даа, тоҕо дьиэҕититтэн кэллигит? – дии-дии, тоҥон бабыгыраһа, титирэстээн тиистэрэ ыпсыбат буолбут оҕолорун ыга кууһан ылан бэйэтин сылааһынан угуттуу олордо. Онуоха Өкүлүүччэ: «И-ийээ, дьи-дьиэбит у-умайда-а-а», – диэн, ытаан ыгыс­та турда. Сотору соҕус буо­лан баран, таһырдьа аҕа­ла­рын саҥата айманарын иһиттилэр. Маарыйа оҕолорун “манна олоруҥ!” диэт, таһырдьа сүүрдэ. Ол тахсан көрбүтэ, дьиэлэрэ биир кэм уотунан кытыаста турар, аттыгар кэргэнэ Сэмэн оҕолорун ыҥыран хаһыытыы-хаһыытыы, дьиэ тула сүүрэ сылдьаахтыыр...    – Сэмээн, оҕолор манна бааллар, Сэмээн! – диэн, хаста даҕаны төхтү­рүйэн хаһыытаабытыгар биирдэрэ дьэ иһиттэ уонна кырдьыктамматах курдук хотоҥҥо сүүрдэ. Иһирдьэ көтөн түспүтэ – оҕолоро үһүөн хотон ортотугар борооннору имэрийэ тураллара. Сэмэн, хараҕын уутун соттоот, төттөрү ыстанна. Умайа турар дьиэттэн чугас турар эргэ дьиэ тулатын хаарын күртэ. Түннүгэр диэри хайда. Тоҥ хаһаа дьиэҕэ киирэн, тымтык тыыра охсон, бэлэм маһынан кыра кирпииччэ оһоҕу оттон кэбистэ. Ампаартан эһэ тириитэ тэллэх, таба тириитэ суорҕан уонна булка илдьэ сылдьыбыт араас таҥастарын киллэрэн мас ороннорго сааһылаата. Маарыйа оҕолорго ичигэс таҥас кэтэрдитэлээн, туох баарынан аһаталаата. Өкүлүүччэ ийэтигэр оһохтон төкүнүк уот тахсан таҥаска түһэн умайбытын, оҕолор орон анныгар саспыттарын, маһынан ааны хайдах аспытын кэпсии олордо. Маарыйа, хараҕын уута бычалыйан тахса-тахса, оҕолорун сыллаталыы, таптыы олордо.    Бу кэмҥэ Сэмэн эргэ дьиэҕэ кии­рэ-тахса сылдьан, мас эбии оттон, итиинэн илгийэр, сылааһынан сыдьаа­йар дьиэ оҥорон кэбистэ. Быыһыгар хотонтон саах аҕалан дьиэ муннуктарын сыбаата. Ийэлэрэ оҕолорун онно аҕалан, мас ороҥҥо эһэ тэллэҕи тэлгээн сытыартаата.    Ыкса киэһэ барытын бүтэрэн, оннуларын булан баран, остуол тула олорон аһаатылар. Дьиэҕэ туох тиийбэтин, туох аҕалылларын ырыттылар. – Мин сарсын атынан оҕолору илдьэ таарыйа ас-үөл, таҥас-сап аҕа­лыам.    – Оннук, оҕолору бэйэлэрин эрэ хаалларар сэрэҕэ бэрт буолсу. Кыыс­пыт Өкүлүүччэ баар буолан, таһыттан баттыктаах ааны маһынан охсон аспыт, – дии-дии, ийэтэ кыыһын баттаҕын имэрийдэ. Аҕата «сыык» гына сыллаан ылла. Оҕолору утуталаан баран, Сэмэн Маарыйатын кытта оһох иннигэр табахтыы олордулар. Бу олорон Маарыйа кэргэнигэр манныгы кэпсээтэ:    – Дьэ, бөлүүн түүлбэр, били, быйыл атыыласпыт саҥа соммун кэтэн турабын. Ити умайбыт дьиэҕэ, – диэт, ботугураан ылла. – Арай оһох иһиттэн уот кугас баттахтаах дьахтар тахсан кэллэ уонна маннык саҥалаах буолла: «Бу соҥҥун миэхэ аҕал...» диэн мас-таас курдук эттэ. Онуоха мин ийэ-хара көлөһүммүн мунньубут хамнаспынан атыыласпыт соммун биэрэртэн туттуннум, көҥөннүм даҕаны. «Суох!» – диэн батан кэбистим. Онуоха, доҕоор, ол дьахтар өһүөннээҕинэн көрөн, кынчарыйан баран оһох иһигэр дьылыс гыммыта. Ол кэннэ кыайан утуйбатаҕым. Түүлбэр ол соммун биэрбитим буоллар, дьиэбит умайыа суоҕа эбитэ дуу. Арааһа, иччилээх түүлү көрбүппүн быһыылаах, көҥөнө да олорбутум баар... – диэн баран хараҕын уутун сотунна.    Оҕолор уотунан оонньоон уматтахтара диэн санаалаах сылдьыбыт Сэмэн кэргэнин түүлүн бэркэ дьиктиргээтэ. Сарсыныгар этэҥҥэ айаннаан, дэриэбинэҕэ эһэлээх эбэлэригэр кэлбиттэрэ.    Сэмэннээх Маарыйа сүөһүлэриттэн биири даҕаны энчирэппэккэ этэҥҥэ кыстатан, саас эргиллэн кэлбиттэрэ.   Виктор Васильев, Үөһээ Бүлүү, Сургуулук .   Ыты турбат диигин дуу?      Биллэ аһаан-сиэн ньылҕаарыйбыт, итириэх эрэ бэтэрээтинэн туруктаах икки атастыылар сааскы булт кэмэ ааһан, “сезон саба” олороллор. Булт диэн баран муннукка ытаабыт уолаттар, төһө да “аһаабыттарын” иһин, элбэҕи кэпсиир эрэттэр.    Кэпсэтии сүнньэ “сааскы кус-хаас бүтэн, аны күһүнү кэтэһэр буоллахпыт” диэн. Биллэрин курдук, күһүҥҥү киһи ыта суох сылдьыбат. Онон сыыйа ыт туһугар халыйар.    Бастаан утаа бэйэлэригэр үөскүү сылдьыбыт булчут, булчута суох ыттарын, сорох ардыгар этиһэн ыла-ыла кэпсэттилэр. Иккиэн да тыалаах уолаттар буолан, хайдах ыт эһэҕэ, тайахха, куска сыстаҕас буоларын, ону туохтан быһааралларын, хайдах дьарыктыылларын туһунан сиһилии кэпсэттилэр. Улам дириҥээн истэҕин аайы Айаалга кэлиҥҥи кэмҥэ ыта турбат буолбутун дойҕохтуу сатаатылар. Ол олорон:    – Ньукулай, эн туох да диэ, бу бултаан онно-манна тиийтэлии сылдьыбытым тухары уруккута ыппар лаппа табыллар бэйэм, билигин ыт турбат буолан сылдьабын. Ити көрөр Моойторугуҥ эмиэ “түргэтиир” буолуохтаах диэн табаарыһыгар таайтара, булдугар “мөлтөх” буоллаҕына, салгыы иитиэ суоҕун туһунан имнэнэрин Ньукулай:    – Тугуҥ саҥатай, илииҥ тардаары гыннаҕына, миэхэ биэрээр, оннун булларыам, тыыннаах дууһаны, – диэн, Моойторук тыынын өллөйдөһүөх кини эрэ хаалбытын өйдүүр эрэт буолан биэрдэ.    Син балай эмэ дойҕохтоһо олорон Айаал барыта туохтан саҕаламмытын кэпсии олордо:    – Мин дьиҥэр, биэспиттэн ыттаахпын. Ыты кытта хоонньоһон утуйарым, ыты кытта били эппиккэ дылы биир иһиттэн аһаан-сиэн улааппытым. Аҕам каадырабай булчут буолан, дьиэбитигэр хаһан да ытынан дьадайбатах дьон этибит. Наар үскэ-түөрткэ тиийэ ыттаах буолааччы. Ардыгар тыаҕа биэс ыттаах баран кэлэригэр икки хас эрэ ыттаах кэлээччи. Мин ону эрдэ ол-бу оһолго, кыылга түбэһэн өлөллөр дии саныырым. Дьиҥэр, онтум баара аҕам тыаҕа сылдьан табыллыбат, мөлтөх, булка барбат ыты онно “хаалларар” идэлээх эбит. Баҕар ол иһин буолуо, ыттара олох биир кэм уларыйа сылдьара, уһаабыта үс-түөрт сыл буолара быһыылааҕа.    Мин акаары, аҕам дьайыытыгар оҕустаран, ыты туох эрэ мал курдук ылынар буолбут эбиппин. Бүгүн баар, сарсын суох диэбит курдук. Ол эрээри бэйэбин кытта тэҥҥэ улааппыт Суолдьутум барахсан ыттан эрэ таһыччы курдуга. Куһугар тэҥнээҕэ суоҕа, булбут куһун ытыра сылдьан илиибэр эрэ биэрэрэ, кута устун сүүрэ сылдьан саарбыт куһу тутан аҕалан тыым төбө­түнэн, куттаабакка албыннаан үрэр буолан, тайах бэркэ албыннатан тохтуура, мин үөмэн киирэрбин билбэккэ хаалааччы. Тыатааҕыга сырыттахха, лаппа аралдьытан, эрийэр кэмигэр түбэ­һитэлээн иккиэн табыллан сылдьыбыппыт. Ити курдук оскуола кэнниттэн кыайан үөрэххэ киирбэккэ, үс сыл тыаны кэтэн сылдьыбыппыт. Тыаттан тахсыбат буолан иһэн, куоракка баран туохха эмэ, саатар, суоппарга үөрэнээри доҕорбун абаҕабар хаалларан барбытым. Оо, онно көрүөҥ этэ, ытым барахсан “таҥнарыахсыт!” диэн кэлэйбит курдук көрөн-истэн турарын... Үөрэххэ сылдьан көрүөм диэн, ыппын дэлби хаартыскаҕа түһэрбитин таһаартарбытым.    Үөрэх кэмигэр тыам тардан хаста да быраҕан бара сыһа-сыһа, син бүтэрэн суоппар буолан сылдьабын. Ити кэмҥэ оннооҕу бииргэ үөрэнэр уолаттарга дэлби киһиргээн, ытым хаартыскатын көрдөрө-көрдөрө, хайдах бултуурбутун кэпсиирим. Ити курдук биирдэ даачаҕа баран аһыы сырыттахпытына, биир кырдьаҕас киһи таһынааҕы дьиэҕэ сылдьара. Төбөтүн аһа төһө да туртайбытын иһин, уоттааҕынан көрбүт-истибит оҕонньор аһаспыта. Эмиэ буоларын курдук, мин эмиэ ытым хаартыскатын таһааран булпун ахтыбычча, кэпсээммин ыһа-тоҕо олордохпуна, тохтотон бу курдук эппитэ:    – Ити ыккын тоҕо хаартыскаҕа хатаатыҥ? Ыт барахсан уйата кыра буолар, ханна баарын тоҕо аан дойду сытыы харахтаахтарыгар көрдөрөн баҕар­даҕын, ымсыырдаҕын? Ыккын харыстаабаккын ээ... – диэн, аҕыйах да буоллар сөҥ куолаһынан ыйытар икки хоруйдуур ыккардынан эппитэ олох өйбүттэн тахсыбат. Онтон кимтэн эрэ эмиэ “харыстыыр ыттарын харахтаахха көрдөрбөттөр” диэни истэн турабын. Онон ытым барахсаны хаартыскаҕа түһэрэ-түһэрэ аһара киһиргээммин, билигин ыт турбат буолан сылдьабын. Суолдьутум ол саас хаһан да “сыбаайбаҕа” барбат бэйэтэ баран биэрбитин эдэр ыттар киһилиэхтэрэ дуо... Эн оннук ыттаах эрэ буолларгын, хаартыскаҕа эрэ түһэрэр буолаайаҕын, куһаҕан санаалаах, уоттаах харахтаах ыт муҥнааҕы быһа этэрэ түргэн эбит... Иһирик.
kyym.ru сайтан