Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыыһынан сылдьан ыал буоллун

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыыһынан сылдьан ыал буоллун

K
22.10.2021 12:37
   Устудьуон сыллар – саллар сыллар. Утары уунары кытта эн-мин дэһэн, сутурук сокуоннааҕы кытта сутуруктаһан сырыттахпыт эбээт.        Ардыгар куортам дьиэ симирик уотун быыһыгар кыыс ынчыктыыр саҥата иһиллэрэ... Сотору-сотору сүтэн, тохтоон ыла-ыла тиис быыһынан төлө көтөн тахсар ый-ай саҥа-иҥэ элбэх этэ. Бу – күннээҕи, маннык дьоро күн аайы диэххэ сөп.    Сойуус ыһыллыан лаппа иннинэ төрөөбүт буолан, оччотооҕу олоҕу убаастыыр этим. Ол эрээри төһөнөн бобуулаах, соччонон көҕүтэр күүстээх дииллэринии, бу чааһыгар эрдэ ситэн, кылааһым уолаттарын иннинэ орон оонньуутун, тахтаа тустуутун, баккылаах үрэҕин тамаҕын биллэҕим.     Үгүс эр бэрдэ эрчиллэр, кимин-тугун билинэр кэмэ – устудьуон саас. Биир бэйэм сыбаарсыкка үөрэнэн баран, атын үөрэхтэргэ эмиэ ситиһиилэммит буолан, орон оонньуутун киһи тэҥинэн оонньоотоҕум буолуо.    Уһуктубут эт-сиин сааһы быһа көрүлүүр. Устудьуон кыргыттар барахсаттар, төһө да улахан “билиитэ” суох буоллаллар, уоттаах-күөстээх буоллахтара.    Үҥкүү-битии кэмигэр “бултуу” тахсыбатах мохсоҕол арааһа аҕыйах буолуохтаах. Үҥкүү кэмигэр кыыс ороҥҥо хайдах буолуон сөбүн ыйдаҥардыллааччы. Эрийэн-мускуйан ортотун оонньоон олорор, бэркэ имитэр кыргыттар лаппа үчүгэй буолааччылар. Ол эрээри биирдэ атын түбэһэн турар. “Имигэс да барахсан эбит, ороҥҥо имиппит киһи” диэн бултаһан, атын аартыкка киирэн тахсыбыттаахпын.    Биир үтүө киэһэ уолаттар барбах “тэп” гыннаран баран, үһүө буолан баккылаах үрэҕин тамаҕар тиийдибит. Дьон тууга киирбит сордоҥ курдук симиллибит. Таска охсуһан биллиргэтиһии кытаанаҕа. Атыҥҥа соруктаах дьон буолан сэниэбитин олорго бараабат дьоммут. Дьалты хаамтыбыт. Төлөөтүбүт. Киирдибит.    Өссө киирэн иһэн, таска киирбэккэ туран “үлэлиир” дьахталлар толорулар. Ыбылы кууһан ылан “туора тарт” да эйиэнэ буолаллар... Оннуктар халыҥ кэккэлэрин тоҕо солоон киирдибит. Ити-бу тутуу, тардыалаһыы, убахтаһыылаах ааһыллар ааннаах дойду. Бүгүн истипиэндьийэ кэлбит күнэ буолан, хайа да үҥкүү-битии туонатыгар бу курдуга сэрэйиллэр.    Иһирдьэ баттах кытта турар дөйүтэ тэбэр муусука биир кэм дибдиргээн олорор. Уруккуттан үҥкүүлүү үөрэммэтэх бэйэҥ, этиҥ-сааһыҥ муусука ньиргиэригэр киирэн тутулуга суох хамсанар буолан хаалар идэлээх. Уолаттар “сөптөөх турукка” киирэ илик аатыран “эбинэ” туораатылар. Мин ити курдук утумнаах дьарыгым суох, кыргыттар эттэрин-сииннэрин үчүгэй кинигэ курдук көрө-истэ сылдьарбын ордоробун. Тута “булпун чуҥнаан” буллахпына, таптыыр харах арахпат дииллэринии, чугасаһарбын сөбүлүүбүн. Ити курдук көрөрү-истэри кэрэ аҥаар да курдаттыы сэрэйэр. Хараҕынан хардарсан бардаҕына, “баккылаах үрэҕин” тамаҕар бэркэ ытыллааччы...    Эмиэ ити куолубунан “булт” көрдүү туран биир имигэс талах курдук барахсаҥҥа харах хатанна. Кэтээ. Кэтэс. Кими да чугаһаппат кыыс киэнэ кылааннааҕа буолан биэрдэ. Үс хас мохсоҕол эрийэн ылан тургутуһан көрдүлэр да, кыыс кылааннааҕа куота көтө сылдьар. Саа тэбиитигэр чугаһаппат. Били олоҥхоҕо этиллэрин курдук, этэ-сиинэ туналҕана таҥаһын сыыһа сатаан туппат үлүгэрэ. Тобугун эрэ үрдүнэн ыбылы тута сылдьар былаачыйата этин-сиинин өссө тупсарар. Хап-харанан чоҕулуччу көрүтэлиирэ, эчи, кытаанаҕын, биир оччонон умсугутуулаах.
Будьурхай баттаҕын өрүммүтэ, эчи, хойуутун, ыһан баран мускуйа имэрийбит киһи...    Балай эмэ тиргиллэн “кыыс соҕотох хаалаары гынна, кэннэ кээнчэ да буоллун” диэн, бултаспытынан бардым. Кыыс оҕото төһө да бастаан утаа куота көтө сатаатар доҕуурга иҥнибит туллук курдук мин кытаанах кылбар иҥиннэ быһыылаах... Өрө уһуутуу-уһуутуу бастакы уоҕар өссө кыыһырбыта буолан, тыр-тар тутуннар да, ыбылы ыл, эйиэнэбин диэбиттии көрөн-истэн аһарталыыр. Ол аайы атыыр соноҕос бааллан турар сэргэтин булгу тардыах айылаах...    Үҥкүү-битии уоҕар киирэн, улам-улам итии хааннар чугасаһан, таҥас бүтэй билсэн бу үҥкүү сириттэн куотан, таҥаһы төлүтэ тэбэ охсон, хаан хааллан хараара көҕөрүөр диэри ыбылыта ытырсыах айылаах ыксаллаах быһыы буолбутун иккиэн да сэрэйдэхпит буолуо. Ол сылдьан атастарбын аҥаар харахпынан көрбүтүм эмиэ бэркэ табыллан сылдьаллар эбит. Имнэнэн “бардым” диэн далбаатанаат, таһырдьаны былдьастыбыт.    Таксыыс уолаттар обургулар маны эрэ кэтээн туран үөгүлэһэ түһэр идэлээхтэр. Бу да сырыыга онтон уларыйбата. Ыбылы ылсан “ыксаан” тахсыбыт уоллаах кыыһы, ама, харахтарын далыттан дьалты аһарар эрэттэр буолуохтара дуо. Суох. Саба түһэн “ханна бараҕыт?” Бастакы кэлбит дьоллоох суоппарга тугу да саҥарбакка киирэн олорунан кэбистибит. Уол эдэрси. Биһиги кэлин олоппоско суолбут тухары убахтаһа, уохтаахтык уураһа иһэрбитигэр ымсыыраахтаан эрдэҕэ, кэлин сиэркилэттэн хараҕа арахпат. Хата суолун көрбөккө, ол-бу буолуохпут диэн санаалар ытырбахтаан ааһаллар. Эппит дьиэбитигэр хап-сабар түргэн үлүгэрдик тиэрдэ охсон кэбистэ. Төлөөтүм. Таҕыстыбыт.    Мэктиэтигэр, ааным күлүүһэ тилир-талыр туттан, арылла охсубакка муокастаан иһэн, хата арыллан халыгыр гынаатын дьиэҕэ көтөн түстүбүт. Туора тардарынан олуйаат, утуйар хоһу былдьастыбыт. Ол аайы кыыһым долгуйан олох сап-салыбырас, эппэҥнэс буолан хаалла. Сүрэҕэ уһулу ойон тахсыах айылаах. Мин бачча бэйэлээх долгуйара бэрт эбит, орон оонньуутун эрдэ, ама, билэ илигэ буолуо дуо диэн хайдах эрэ саарбахтыыр санаалар онон-манан быгыалыыр буоллулар...    Ороҥҥо охтуохпутугар диэри кыыһым туруга мөлтөһүөр. Орону булааппытын олох да буорайда. Аны кыыһым маккыраччы ытаан барда... Бай... Мин манныгы эрэ кэтэспэтэх буоллаҕым. Соһуйдум. Били ыбылыта туппахтаан, хаҥыл соноҕос ойуолуурун биллэрэ охсон суптурута түһүөлүүр санаам уоста охсон хаалла. Туох буоллаҕай, туга эрэ ыалдьар буоллаҕа дуу диэн туоһуластым. Суох, баһын быһа илгистэр. Дьэ, толкуй бөҕөҕө түстүм. Кыыспын уоскутар аатыгар бардым. Уу аҕалан иһэртим... Кыыһым ол ыккардыгар син бэттэх кэллэ.    Туох буолбутун токкоолостум. Лаппа кэтэһиннэрэн баран эр киһи диэни билэ илигин билиммитэ. Мин төһө да бастаан итэҕэйбэтэрбин, маннык кэрэ бэйэлээх кэрэ сибэккини тосту үктүүр санаам ханнан хаалбыта. Хата, бу бэйэлээх хараллан баччааҥҥа диэри “бүтүн” кэлбит, ыал ийэтэ хаһан эмэ буолуо турдаҕа. Мин курдук ортоку соноҕос сокуоннаах дьонтон дьалты туттаран сылдьыбытын убаастаатым. Кэргэннэннэҕинэ, кэргэнэ “ылан” дьоллонон, кытаанах дьиэ кэргэн, ийэ түһэ буолуо диэммин тохтоотум.    Онно олорон олохпут туһунан эл­бэ­ҕи да кэпсэппиппит,
элбэҕи да туо­һу­ласпыта. Убайдыы-балыстыы курдук санаһан тарҕаспыппыт. Эт-сиин баҕатын толорон, таҕылы эрэ ханнаран тарҕаспыппыт буоллар, ити курдук арахсыа суох этибит. Дьахтар аймахха эр дьон “соноҕос эрэ сокуоннаахтар” дии саныыр, соччо ахсарбат дьахтар кэккэтин хаҥатыах этэ.    Билигин кинини кытта билсэбит. Онно “ылбатахпыттан” олох сааппаппын. Ыал толуу ийэтэ буолан оҕолорун көрө-истэ, дьоллоох ыал ийэтэ буолан үөрэ-көтө сылдьалларын көрдөхпүнэ, сүрэҕим үөрэр. Быдьар быстах таптал ухханыгар оҕустаран, бэринэн, кыыһы туора суолга тарда сыһан баран, кэмигэр сөпкө тохтообуппуттан олох кэмсиммэппин. Билигин да көрүстэххэ истиҥник убайдыы балыстыы кэпсэтэбит. Ол сырыыбыт туһунан күлэ-үөрэ ахтабыт. Оччолорго эппит тылларбын наһаа күндүтүк саныырын этэн аһарбыттаах. Онон соноҕос ардыгар син киһи киэбин кэтэн ылар түгэннэрдээх.
kyym.ru сайтан