Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хара балыырга түбэһэн, национализмҥа буруйданан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хара балыырга түбэһэн, национализмҥа буруйданан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
22.10.2021 12:31
Бэрдьигэстээххэ бэлисипиэтинэн сылдьар 83 саастаах ытык кырдьаҕас Кыым Дмитриевич Герасимовы эмиэ да аһына, эмиэ да сөҕө-махтайа көрөбүн. Олоҕун унаардаах устатыгар олус ыарахан дьылҕалааҕын, сымыйа балыырга түбэһэн хаайыыга симиллэн эрэйи-муҥу көрбүтүн билбэт этим. Кини биһиги тэрилтэбитигэр төһө да үлэлээбэтэр, социальнай көмүскэл салалтатын көрдөһүүтүнэн эрэдээксийэбитигэр сыһыарбыппыт. Кыайыы күнүгэр, хам-түм атын да кэмҥэ, санаан-ахтан, истиҥник сэһэргэһэн, кыратык үбүнэн да көмөлөһөн ылабыт. Оннук биһиэхэ сылдьар кэмнэригэр үксүгэр кэбиниэппэр ыҥыран, ахтыан, саныан да баҕарбат дьыалатын кыра-кыратык быктарарыттан, көрдөһүү эрэ күүһүнэн кэпсиириттэн барыта хара балыыр буоларын билбитим. Ол – айдааннаах “Таатта иккис дьыалата” этэ. * * * Ойуунускайдааҕы омугумсуйууга буруйдааһын кэнниттэн ити улууска ыар кэмнэр сатыылаабыттара. 1938 сыллаахха Тааттаттан 200-тэн тахса киһи тутуллубутуттан сиидэлэнэн, “Таатта дьыалатыгар” 32 киһи сууттаммыта. Бу туһунан бэчээккэ сиһилии суруллан турар, ордук дириҥник биллиилээх суруналыыс Д.В. Кустуурап сырдаппыта. Иккис дьыала 1954 c. күөрэйэн тахсыбыта. Дьэ, манна Кыым Дмитриевич тардыллар. Ити сыл кулун тутар 6, 14, 16 күннэригэр сахалар нууччалары кырбаабыттара (охсуспуттара) дьыалаҕа тиһиллэр. Бүтэһик киэһэ эспэдииссийэ олорор дьиэтигэр тиийэн охсуһуу буолар. Өлүү болдьохтоох, онно Ведерников диэн киһи быһаҕынан анньыллан суорума суолланар... Дьыала көбүтүллээтин кытта, силиэстийэ түмүктэнэ да илигинэ, баартыйа обкуома таатталары буруйдуур “О бандитском проявлении в Таттинском районе” диэн уураах таһаарар. Оройуон оччотооҕу салалтата бары үлэлэриттэн уһуллаллар. Уон хонук иһигэр ылыллыбыт обкуом бюротун уурааҕыттан: “... Как установлено теперь, группа, возглавляемая Григорьевым, начала складываться оно с конца 1953 года и к моменту бандитского налета входило в нее 6 рабочих топографической партии геофизической экспедиции, 4 учащихся Ытык-Кюельской средней школы, 4 колхозника и 1 Є рабочий МТС. Группа преследовала цель избиения русских рабочих геофизической экспедиции”. Суукка барыта Єє 12 киЇЇЇЇһи эриллэр. Бириигэбэр олус кытаанах. Бары омугумсуйууга буруйданаллар. Бириигэбэртэн: “... Указанные лица были признаны, что в 1954 г. образовались в банду, ставившую своей целью разжигания национальной вражды с лицами русской национальности, избиение и убийство последних... Члены банды имели на вооружении мелкокалиберную винтовку “ТОЗ”, охотничье ружье, специально сделанный “ладошник” из свинца, железо и несколько ножей”. Онон барыларын буруйдаан киһини өлөрүүгэ кыттыгастаахтар – 25-тии сылга, 9 киһи 10-нуу сылга хаайыыга түбэһэллэр. Өссө биэстии сылга бэлитиичэскэй бырааптара хааччахтанар. Кыым Дмитриевич кыттыгастааҕа бириигэбэргэ маннык суруллар – “... а Григорьев, Гурьев, Никаноров, Винокуров, Герасимов, Халгаев разбили палками окна юрты и побили фары у стоящего возле юрты трактора”. Итиэннэ, этиллибитин курдук, 10 сылга көҥүлэ быһыллар. * * * Аны билигин Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Кыым Дмитриевич Герасимовпыт хайдах Тааттаҕа тиийэн хаалбытын кэпсиирин, быһыта-орута киллэриэххэ: – Оҕо сааһым атын
оҕолор курдук эрэйдээхтик ааспыта. Аҕам 1942 c. сэриигэ ыҥырыллан баран, сэтинньи ыйга кыргыһыы толоонугар охтубута. Хомойуох иһин, бохоруоҥкатын тиксэрбэтэхтэр, онон тулаайахтарга ананар босуобуйа биһиэхэ бэриллибэтэҕэ. Ийэм түөрт саастаахпар өлөөхтөөбүт. Онон эдьиийбиниин төгүрүк тулаайах хаалбыппыт. Син үтүө дьон, аймахтарбыт көмөлөрүнэн сэрии ыар сылларыгар хоргуйан өлбөккө киһи-хара буолбутум. Бастаан 1952-1953 cc. култуурунай-сырдатар училищеҕа туттарсан киирбит. Горнайтан Е.Е. Федорова баара. Биир да ыалы билбэт, чугас аймаҕа суох киһи, табаарыстарын батыһа сылдьан үөрэнэ сатаан баран, табыллыбакка быраҕар. Ол кэнниттэн ускул-тэскил сырыттаҕына, Уус Майдаҕа барар эспэдииссийэҕэ үлэһиккэ наадыйалларын билэн, онно тылланар. Ханна да сылдьара, кимниин да булсара биир курдуга. Саратовтан кэлбит топограф Юрий Григорьевич Ненашевтыын билсэн, үһүө буолан унньуктаах уһун айаҥҥа туруналлар. Ол туһунан бэйэтэ маннык кэпсиир: – Сэтинньи бырааһынньыгын кэнниттэн Амматтан Уус Миил үрэҕин батан барыахтаахпыт. Топографическай хаарта оҥорор соруктаах. Быһата, сир ньуурун хаартаҕа түһэрии. Хаартанан барабыт. Икки сыарҕалаах аттаахпыт. Саатар, балааккабыт да суох. Аттыбытыгар кулуһун оттон баран, дүлүҥ үрдүгэр утуйан турабыт. Бастаан син киһи тулуйуох курдуга. Кэнники, тохсунньу ортотун диэки, халлаан 50 кыраадыстан тахса тымныйан, олох иэдэйэ сыстыбыт. Сороҕор түүн олорон, кулуһуҥҥун күөдьүтэ сатыы хоноҕун, төһө эмэ утуйар мөһөөччүктээҕиҥ үрдүнэн. Аппыт сыарҕатыгар аттарбыт эбиэстэрин, аспытын, киһибит үлэтин малын-салын тиэйэ сылдьабыт. Итинник бадьыыстаах үлэлээх буолан, күҥҥэ 3-4 км эрэ барабыт. Хараҥарда да, приборуҥ көрдөрбөт буолар. Онон хонук сир көрдүүгүн. Оннук түҥ тыаҕа сылдьан, билигин сонньуйабын ээ, киэһэ хараҥарыыта үһүөн сынньана-сынньана ыттыы үрэбит. Баҕар, чугас булчуттар бааллара буолуо диэн. Биһиги “ыппыт” саҥатын истэн, ханна эмэ ыт үрдэҕинэ, дьэ, үөрүү бөҕө буолар. Төһө да ыраах буоллун, «үрэ-үрэ» барабыт. Оо, булчут үүтээнигэр тиийдэххинэ, дьоллоох саҕа сананаҕын. Сылаастык астына хоноҕун, ириэнэх килиэби сиигин. Хас да хонук итинтэн сылдьан үлэлиигин. Уус Майдаҕа тохсунньуга тиийбиппит. Онтон Нуотара үрэҕинэн батан үлэлээбиппит. Аммаҕа кулун тутарга биирдэ төннөн кэлбиппит. Чахчы, эрэйдээх айан, иэдээннээх сырыы этэ. Билигин хайдах өлбөтөхпүт буолла дии саныыбын ээ. Куоракка уһуннук сынньанан баран, аны, сааһыгар Тааттаҕа эспэдииссийэ 30-ча атын илдьэ барсар. Сайыны-күһүнү быһа икки нууччаны кытта нэһилиэктэринэн сылдьан, просека солууллар. Кыһын эмиэ үлэлэһэр. Саас кулун тутарга быыбар буолбут. Онно кэлэн баран, ити иэдээҥҥэ баар аатыран, балыырга түбэһэр. – Дьиҥэр, мин ити охсуһууга олох да кыттыгаһым суоҕа. Охсуһуу буолар киэһэтигэр Савватаевтар диэн ыалга хоно барбытым. Кинилэр икки кыыстаахтара. Олору кытта билсэрим. Биир кыыстара түүлээхсит этэ. Бастаан кинилэр аттыларыгар дьиэлэнэ сылдьыбытым. Онон билсэн, кэллэхпинэ мэлдьи көмөлөһөрүм, уокка оттор мас эҥин бэлэмнэһэрим. Наһаа үтүө ыаллар этэ. Суукка итинник быһаарыыта, пуобар нуучча дьахтара ытыы-ытыы көмүскэһэ сатаабыта, кырдьыгы этиитэ да көмөлөспөт. Бэйэтэ саныырынан, буруйдаахтар кинини соруйан
“нууччаларга бэрт буолар, кинилэрдиин мэлдьи үчүгэйдии” диэн уган биэрбиттэр. Быһаарыыларыгар киксэн баран, “баар этэ” диэн суруйбуттара сүрүн куоһур буолбут. Күннэри-түүннэри тохтообокко, утуппакка, кырбыы-кырбыы доппуруостууллара. “Табаарыстарыҥ быһаарыылара бу баар” дии-дии муннуга анньаллара, туохха эрэ илии баттаппыттара, билиннэрбит аатырбыттара... – Дьокуускай түрмэтигэр аҕыс ый сыппытым. Билигин ону кэпсиэхпин, саныахпын да баҕарбаппын. Олоҕум саамай иэдээннээх кэмнэрэ, сымыйаҕа, балыырга түбэһии ынырык этэ. Кырбаныыттан, атаҕастаныыттан ыалдьан, тымныйан, уҥуох-тирии буола дьүдьэйэн өлө сыспытым. Түрмэ бырааһа Иван Степанов диэн киһи баар буолан быыһаабыта. Аһынар кини эрэ баара. Түрмэ балыыһатыгар киллэрэн, кистээн кыратык ас, табах да бэрсэрэ. Онон өрүттүбүтүм. Ол үтүө киһини өлүөхпэр диэри махтана саныам. РСФСР, ССРС Үрдүкү сууттарыгар ааһыныыларын ылымматахтара. Ол кэнниттэн, дьэ, лааҕырга Уус Майдаҕа утаарыллыбыта. Ыныкчааҥҥа, Бриндакикка көмүс хостооһунугар харабыллаах үлэлээбитэ. Улахан таачыканан күнү быһа таас та´арын кыайбакка, сылайан-элэйэн, сэниэтэ эстэн, эрэй бөҕөтүн көрөрө. Хата, 25-тии сылга хаайыллыбыт, ол дойдуга “аптарытыаттаах” Украина таҥнарыахсыттарын – саастаах дьону кытта түбэһэн, сороҕор кинилэр көмүскэһэн, харааннаан этэҥҥэ сылдьыбыта. Синигэр түһэн, хаайыыга уон сыл болдьоҕо бүтэригэр тыыннаах эрэ тиийбит киһи дии сырыттаҕына, Сталин “культличноһа” ССКП 20-c сийиэһигэр дьүүллэммитин, Ойуунускай аата тиллибитин кэннэ, 1956 c. күһүнүгэр, РСФСР-га дьыалалара хаттаан көрүллэн, чэпчэтиллэн, “национализмтан” уларыйан, “күлүгээнистибэнэн” солбуллан, болдьоҕо туолан, хаайыыттан босхолонор. Ол көҥүлгэ тахсыыта олоҕун хаһан да умнуллубат дьоллоох күнэ этэ. Дойдутугар тиийэн үлэлии түһэн баран, Дария Михайловна Шишигиналыын ыал буолбута. 46 сыл бииргэ олорбуттара эрээри, бастаан Мэҥэҕэ икки оҕолоро кыраларыгар өлөн, улахан аһыыга ылларбыттара. Кэргэнэ ол кэмтэн ыла ыалдьар буолбута дьоллоох кэмнэрин хараҥа былытынан саба бүрүйбүтэ. Олоҕо бүтүннүүтэ ыарыһах кэргэнин бүөбэйдииргэ ааспыта. Дария быраата Михаил Шишигин иккис кылаастан кинилэргэ иитиллибитэ. Кэлин оннооҕу дьон “хаайыылаах” диэн хара дьаралыктаабыт хаҕыс сыһыаннарыттан дьаадьыйан, убайа, милииссийэ биллэр үлэһитэ, мойуор И.М. Герасимов ыҥырыытынан, сүбэтинэн, Горнайга көһөн кэлэн олохсуйбуттара, Роберт диэн уолламмыттара. – Горнайы иккис төрөөбүт дойдум курдук саныыбын. Дьоно-сэргэтэ наһаа үчүгэй. Манна кэлэн пром-артыалга үтүөкэннээх салайааччы Н.М. Абрамов саҕана столярдаабытым. Сэллик балыыһатыгар аатырбыт М.Н. Комаров бырааска сопхуостаабытым. Онтон 20-чэ сыл авиаотделениеҕа үлэлээбитим. Хас эмэ сүүһүнэн баһаары умуруорууга кыттыбытым, Читаҕа тиийэ бара сылдьыбытым. Иллэҥ кэммэр уһанарым, дьиэ тутарым, райсовет бэрэссэдээтэлэ Д.Н. Жиркова сыл аайы ыҥыран үлэлэтэрэ, өйүүрэ, көмөлөһөрө. Ыалларга барыта 40-тан тахса дьиэни тутан биэрдэҕим. Ханна да сирдэрбэккэ, дьон тэҥинэн сылдьан, олохпун моҥоон эрэбин, – диэн кэпсээнин түмүктүүр. Хаһан да кими да кытта этиспэтэх-охсуспатах үтүө көнө майгылаах – киһи кинини көрөн да санаата көтөҕүллэр – өрүү мичээрдии сылдьар, кимниин баҕарар үөрэ-көтө кэпсэтэр Кыым Дмитриевич ити курдук, төһө да сымыйа дьыалаҕа хаайыллан, ыарахан олоҕу олорон баран, хаһан да санаатын түһэрбэтэҕэ. Өрүү
“дьон кэккэтигэр” сылдьа сатыыра, көннөрү да дьон, салалта да истиҥник сыһыаннаһара. Бу эргин кини итинник ыарахан буруйга балылла, хаайылла сылдьыбытын билбэттэр даҕаны. Бэйэтэ урут кэпсээбэт да этэ. “Билигин туох баҕа санаалааххын?” – диэн ыйытыыбар маннык хоруйдаата. – Уолум Роберт (улууска биллэр тимир ууһа) этэ²²э сырыттар, сиэннэрим үөрэхтэнэн, киһи сирбэт үлэһиттэрэ буоллаллар. Тохтуу түһэн баран, былырыын сэрии бэтэрээнин быһыытынан биэрбит таас кыбартыыралара үчүгэйин, абыраммытын, махтанарын бэлиэтээн туран, “бэйэм бас билиибэр биэрэллэрэ буоллар” диэтэ... Кыым, дьиэлээри туран, бастаан бэйэтэ эмиэ суруйа сылдьыбытын, Мэҥэ Хаҥалас “Холкуос кырдьыга” хаһыатыгар суруйталаабытын кэпсээтэ. Онтон 1952 с. Майаҕа улахан мунньах буолбутугар, “Табаҕа кыымнара” куруһуокка үчүгэйдик дьарыктанарын иһин, бүрүсүдьүүм²э Амма Аччыгыйа уонна Күннүк Уурастыырап ортолоругар олорбут. Тоҕо эрэ талан ылан, Амма Аччыгыйа кини хоһоонун кириитикэлээбит. Ол хоһоонун бастакы күпүлүөттэрин өйдүүр: Дорообо, эйэни тэнитэр Сайдыылаах Сэбиэскэй Сойууһум, Бар дьоҥҥо үтүөнү оҥорор, Мөлүйүөн кэккэлээх норуотум! Сэмэлиирин сүрүн ис хоһооно маннык үһү: “Сэбиэскэй Сойууһу кытта дорооболоһор эн, бу хантан кэлбит киһигиний?” Онтон ыла, кэлин хаайыллан эҥин баран, хоһоон суруйара тохтообут. Ол эрээри, биһиэхэ кэллэҕинэ, частушкалаан да соһутааччы, күллэртээччи. Онон, хаһыат ааҕааччылара, Кыым Дмитриевич курдук 83 cаастарыгар бэлисипиэтин тэбэ, хайдах да ыарахан быһыыга-майгыга санааны түһэрбэккэ, бу олохтон өрүү үөрэ-көтө, дьоҥҥо-сэргэҕэ наар үчүгэйи оҥоро сылдьаргытыгар баҕарабын Василий АЛЕКСЕЕВ, “Үлэ күүһэ” хаһыат эрэдээктэрэ. 2016 с. бэс ыйын 2 күнэ
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан