Кэпсээ
Войти Регистрация

Торбос абааһыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Торбос абааһыта

K
04.10.2021 19:38
Өтөрдөөҕүтэ буолбута. Арааһа, 80-с сылларга эбитэ дуу...        Настаалааҕы кытта уруккуттан ыаллаһа олорон буоламмыт “эн-мин” дэсиһэр дьоммут этэ. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи сөбүлээн ииттэллэрэ. Учаастакпытыгар “Ороһуоспа күн ынах төрөөбүт үһү” диэтэхтэринэ, “Ээ Настаа киэнэ буолуо. Кини ынахтара кыһын ортото төрөөччүлэр” диэн сапсыйан кэбиһэллэрэ. Ол иһин да буолуо биһиги дойдубутугар кыс ортото ынах төрөөтөҕүнэ, сонун буолбата, ким да соһуйан-өмүрэн турбата.    Биир кыһын Ороһуоспа түүн Настаа ынаҕа төрөөтө. Түлэй түүн. Оҕонньордоох эмээхсин дьиэлэригэр бэйэлэрэ эрэ бааллара. Биир кыыстаахтара да “үөрэнэ бардым” диэн ааттаан дойдутуттан эрдэ тэйэн хаалбыта. Настаа ынаҕым чугаһаары гыммыт, арааһа, бу түүн төрүүһү быһыылаах диэн хотонугар тахсан баран, дьэ, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолан киирбитэ. Оҕонньоругар “Ынахпыт сатамматах, ынахпыт сатамматах” диэн тугу эрэ мээрилээн кэпсии сатаабыт да, киһитэ тугу да өйдөөбөтөх. Иккиэн сукуҥнаһан хотонноругар тахсан көрбүттэрэ, биир харахтаах, сүөһү дьүһүнэ суох торбос сиргэ түөһүллэн сытар эбит. Ол баҕайылара аны тыыннаах үһү. Соҕотох хараҕа быган тахсыахтыы, хотон иһин одуулаан чоҕулуччу көрөр эбит. Настаалаах хайаахтыахтарай, абааһы торбоһу таһырдьа таһааран, сүүскэ охсон, өлөрөн кэбиһэллэр. Өлбүтүн кэннэ ойуурга илдьэн, уот анньан кэбиһэллэр. Ынахтарыгар үчүгэй оту сиэтэн, көөнньөрбө биэрэн баардарынан-суохтарынан көрөллөр-истэллэр. Ынах улаханнык ыарытыйбатах, аҕыйах хонугунан атаҕар турбут. Учаастакка “Настаалаахха абааһы торбос төрөөбүт. Дьэ, туохха буулаатаҕай...” диэн, ботур-итир кэпсэтэллэрэ, аны биһигини булан сордуоҕа” диэбиттии, кириэстэммитэ буолаллара.    Ити түгэн итинэн ааспыта. Настаалаах абааһы торбосторун туһунан кистии-саба кэпсэтэн бүппүттэрэ.  Арай абааһы торбос сыл буолан баран төрүү сылдьыбыт суолун-ииһин билиннэрбитэ. Кыр кыһын ортото Настаалаах сүүрбэччэ сүөһү хорҕойон турар хотонноро күл-көмөр буола сурда суох умайан хаалбыта. Ити кэнниттэн аҕыйах сыл буолаат, оҕонньордоох эмээхсин хороҕор муостааҕы ииттибэккэ, иккиэн анараа дойдуга аттаммыттара. Абааһы торбос үйэлэрин тухары ынах-сүөһү ииттэн олорбут дьон сотору өллөллөрүн түүйэн төрөөбүт эбит. Эмээхсин оҕонньору анараа дойдуга атаарыан иннинэ сүөһүлэрин имири эспит эбит.   Мария Григорьева кэпсээниттэн.
kyym.ru сайтан