Кэпсээ
Войти
Регистрация
Учаскыабай Уйбаан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Учаскыабай Уйбаан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.03.2019 11:08
Оройуон хоту өттүнээҕи нэһилиэктэригэр Уйбаан учаскыабай эбээһинэһин сүкпүтэ иккис сыла. Сопхуос киин уһаайбатыттан чугас «Тирэх пуун» диэннээх. Онтугар иккилии киһини батарар боробулуоха эрэһээҥкилээх, «кондей» диэн ааттыыр икки хос дуомнаах. Ол эрээри бу хаайыытыгар биир эмэ киһини укпута диэн суох. Туох буолуой, кылаабынайа, эргэ да буоллар, төлөпүөнэ хоп курдук үлэлиир. Быйыл сабыс-саҥа «Урал» матасыыкыл биэрбиттэрэ, онон сыһыарбыт учаастактарыгар сөп буола-буола сылдьар. Буруйу оҥоруу улаатан иһэр диэн, ити – милииссийэ үлэтин тупсарбыт, күүһүрдүбүт быһыылара. Урут учаскыабай бүтүн оройуон үрдүнэн биир эрэ буолара. Ол да буоллар Бөтүрүөп хапытааны оҕолуун-уруулуун бары билэллэрэ. Кырдьаҕаһыҥ хараҥа өҥнөөх атын миинэн кэлэрин, улахан хара хобууратын көннөрөрүн Уйбаан оҕо сылдьан ымсыыра көрөр буолара. Ол саҕана билиҥҥи курдук охсуһуу, арыгыны утахтаныы суох да быһыылааҕа. Бэрт дэҥҥэ улахан быһылаан тахсара. Ол – хайа эрэ сиртэн мас кэрдээччилэр кэллэхтэринэ биитэр сайын баарсаттан таһаҕас сүөкээһинин кэмигэр быһахтаһыы, кырбаһыы буолара. Билиҥҥи курдук тиэхиньикэ суоҕа, нэһилиэккэ баара-суоҕа 3-4 таһаҕас тиэйэр массыына, биир оччо матасыыкыл сүүрэрэ. Өр үлэлээбит Бөтүрүөп учаскыабай биэнсийэҕэ тахсан, билигин куоракка кыыһын аахха олорон сиэннэрин көрөр үһү. Кини оннугар хантан эрэ кэлбит эдэр үлэһиттэр аҕыйахтыы сыл үлэлээт, биитэр үрдээн, атын дуоһунастанан хаалаллара, биитэр олох да уһуллан, үтүөх-батаах үлэҕэ салбыҥнаһаллара. Уйбаан, икки сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитигэр милииссийэ оройуоннааҕы начаалынньыга, майор Румянцев үлтү хаайан кэриэтэ үлэҕэ ылбыта. Киниттэн ордук каадыр көстүбэтэх муҥа буоллаҕа дуу, биитэр Уйбаан Магадааҥҥа кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа туйгуннук сулууспалаан, ыстаарсай сержант сыбаанньаланан, эбиитин ол дойдуттан апчаарка ыттаах кэлбитэ ордук харахха быраҕылыннаҕа эбитэ дуу. Аармыйаттан кэлбитин өйүүнүгэр табаарыһа, милииссийэҕэ саҥардыы үлэлээн эрэр Болуодьанан ыҥыртаран ылбыта уонна үлэһит буол диэн ынньаҕалаппытынан барбыта. Уйбаан икки төгүрүк сылы быһа дойдутуттан быдан ыраах эрэссидьибиистэри кэтии-маныы сылдьыбыт буолан, төрөөбүт дойдутугар баҕас төһө баҕарар милииссийэлиир кыахтааҕын билбитэ, онон «чэ, онуоха-маныаха диэри үлэлии түһүүм» диэн, сөбүлэҥин биэрбитэ. Саҥа үлэҕэ киирбит күнүгэр, ол аата, бастакы дьуһуурустубатын түүнүгэр, сэлиэнньэ кытыытынааҕы дьиэҕэ «киһини быһаҕынан аспыттар» диэн ыҥырык буолбутугар массыынанан элээрдэн тиийбиттэрэ. Ааны аһааттарын кытта хас эмэ күнү быһа арыгылаабыт сибиэн баара: сыт-сымар, кураанах бытыылка муостаны биир гына ыһыллыбыта, быһата, киһи тумнастар дьаабыта. Сонно тута «Суһал көмө» үлэһиттэрэ кэлэн, искэ астарбыт киһини көрө-истэ, бэрэбээскэлии охсубуттара уонна илдьэ барбыттара. Бааһырбыт киһи аймаҕа дьахтар саҥата-иҥэтэ умайыктанан олороро. «Испирдиэнниин арыгылаабыта ыраатта, мааҕын сарсыарда эмиэ ити остуолга олорор этилэр» диэн субуруппахтаабыта. Ол арыгыласпыт киһитэ, хата, чугас олорор буолан, Уйбааннаах онно тиийбиттэрэ – аан иһиттэн хатааһыннааҕа. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка «Испирдиэн, ааҥҥын ас, милииссийэ кэллэ!» диэн хамаандалаабыттарыгар дьиэ иһигэр саа тыаһа хабылла түспүтэ. Кытыыга турбатахтара буоллар, милииссийэ үлэһиттэрэ, баҕар, доруобунньукка таптарыах эбиттэрэ буолуо. Уйбаан курдары ытыллан хаалбыт аан элээмэтин көҥү
тардан ылаатын кытта саа иккистээн дэлби барбыта да, дьолго, эмиэ таптарбатаҕа. Саатыгар ботуруон укта сатыы турар күлүгээн үрдүгэр сонно саба түспүттэрэ уонна умса сөрөөн түһэрэн, наручниктарын кэтэрдэн кэбиспиттэрэ. Киһилэрэ хас эмэ күнү супту арыгылаан, тугу эмэ өйдүүр-дьүүллүүр кыаҕыттан тахсыбыт этэ. Бастакы дьуһуурустубатыгар ити курдук «сүрэхтэммитэ». * * * Уйбааны маҥнай Дьокуускайга үс ыйдаах кууруска үөрэттэрэ ыыппыттара, онтон сааһыары Хабаровскай куоракка учаскыабайдар куурустарыгар хомондьуруопкалаабыттара. Үөрэх аата үөрэх, син балайданы эбиннэҕэ. «Холуобунай кодекс», «Холуобунай-процессуальнай кодекс», «Криминалистика», ону таһынан милииссийэ үлэтигэр сыһыаннаах хас эмэ «Анал куурус» диэннэри үөрэппиттэрэ. Биллэн турар, «Огневая подготовка», «Самбо» курдук биридимиэттэр кытта бааллара. Уйбаан үөрэҕин ыарырҕаппатаҕа: эксээмэннэрин олоччу «туйгун» сыанаҕа туттартаан, оройуонугар кэлэригэр хайыы-үйэ «младшай лейтенант» сыбаанньаламмыта. Биир сарсыарда чугастааҕы нэһилиэккэ мэхэньисээтэрдэр окко киириэхтээх тыраахтардарын, араас тиэхиньикэни төһө бэрийэллэрин-оҥостоллорун көрө, бэрэбиэркэлии таарыйа ооһой-мооһой көрбүт ыччаттарга профилактика ыытар сыаллаах матасыыкылын таһыгар түбүгүрэ сырыттаҕына, «Тирэх пуунун» иһигэр төлөпүөнэ тырылыы түспүтэ. Оҕунуох буолбут илиитин өрбөҕүнэн соттон кэбиһэн баран, дьиэҕэ киирэн төлөпүөнү ылбыта – начаалынньыга, майор Румянцев эбит. Куолаһыттан сылыктаатахха, улахан быһылаан тахсыбыт. Кырдьыга да, оннук эбит этэ: Бэрэлээх диэн тыһыынчаттан эрэ ордук нэһилиэнньэлээх бөһүөлэккэ бөлүүн бэрэдэбиэһи өлөрбүттэр. Борокуратуура силиэдэбэтэлэ хас да үлэһити кытта массыынанан тиийиэхтэрэ, онооҥҥо диэри учаскыабай киһи буоларыҥ быһыытынан сонно тиийэ охсуохтааххын диэн дьаһал буолла. Оччону истэн баран олоруо дуо, сып-сап хомунна уонна «Уралын» үрдүгэр түстэ да, Бэрэлээх диэки иһиирдэ турда. Уйбаан Магадаантан аҕалбыт апчааркатын кэлээскэтигэр олордон иһэрэ. Бурҕаатын быыс-арыт булла да эрчийэ сатыыр мөккүөннээҕэ. Ыта өйө бэрдэ эбитэ дуу, апчаарка итинниккэ эрэ аналлааҕа эбитэ дуу – сыты бэркэ ылара. Биирдэ сопхуос кылаабынай буҕаалтыра Лөкүөрүйэ диэн мааны дьахтар «сууйбут таҥаспын уордулар, милииссийэ киһи, була тарт!» диэн күлүбүрээбитинэн киирбитигэр Уйбаан өс киирбэх ытын илдьэ тиийэн, ирдэтэн, ыаллара кыыстан булан турардаах. Онон бу сырыыга, баҕар, Бурҕаа туохха эмэ көмөлөһүө диэн ылбыта. 50-ча биэрэстэлээх сири өр гымматаҕа, быһа хонтуора дьиэтигэр бирилэтэн тиийбитэ. Хонтуораҕа киһи толору этэ. Туспа хоско киирэн нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин кытта кэпсэппитинэн барбыта. Сэбиэттэрэ, толуу көрүҥнээх Ыстапаан Сахаарап, бу сарсыарда отой эрдэ Маарыйа эмээхсин «алта саастаах сиэним сүттэ» диэн, ыксаан хачыгырайан кэлбитигэр буостаҕа араадьыйанан биллэрии бэрдэрээри онно тиийэн иһэн көрдөҕүнэ, маҕаһыын аана аһаҕас үһү, өссө биир киһи соппулуот нөҥүө ыстаммыт. «Бачча эрдэ ити туох буоллаҕай?» диэн, сүрэҕэр ыттаран, Ыстапаан маҕаһыын тиэргэнигэр киирбитэ, аан боруогар бэрэдэбиэс Силип киһи аатыттан ааһан сытар эбит. Манныгы хаһан да харахтаабатах буолан, сэбиэт туймаарталаан ылбыт: Силип эрэйдээҕи кыыллыы сэймэктээбиттэр. Сэбиэт арыый уоскуйан, балыыһа биэлсэрин ыҥыран көрдөрбүт уонна, хата, тугу да тыыттарбакка, дурусууна начаалынньыга Аппанааһы ыҥыран дьуһуурустуба олохтоппут. Уйбаан сэбиэти уонна олохтоох дурусууна начаалынньыга Аппанаас диэн сааһыра барбыт
киһини кытта быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийбиттэрэ, били, Ыстапаан Сахаарап субу аҕай кэпсээбит хартыыната илэ бэйэтинэн этэ. Дьонун таһырдьа хаалларан баран, сэрэнэн маҕаһыын иһигэр киирбитэ, охсуспут суоллара бу баара. Муостаҕа киилэлээх киирэ сытара, онно хаан хаппытыгар майгынныыр сыста сылдьара. Сэрэйдэххэ, Силип тугу эрэ уорбалаан дуу, туох эрэ наадаҕа дуу (баҕар, тугу эрэ умнан, ыксаан-бохсоон кэлбит буолуон сөп) кэлбитин тоһуйан туран ити киирэнэн төбөҕө охсубут буолуохтарын сөп. Маҕаһыын бэкээринэни кытта быысаһа турара, килиэби биэрэр хайаҕаһынан киһи аа-дьуо батан киирэр кыахтаах эбит. Ол хайаҕас саҥата суох туоһу буолан, аҥайан аҕай көстөрө. Уйбаан өлүгү таһыттан сыныйан көрдөҕүнэ, Силип илиитигэр эргэ кур быһаҕаһын тутан сытара уонна хас да сүүмэх баттах баара. Саамай ынырыга – кэбилээн өлөрбүт бэйэ оҥоһуута тимир тоһоҕо сытара. Борокуратуура силиэдэбэтэлэ аах хаһан айаннаан кэлиэхтэрэ ыраах, онон сэбиэт Ыстапаан Сахаарапка чугастааҕы ыалларга тиийэн ыйыталаһарыгар сорудахтаабыта. Дурусууна начаалынньыга Аппанаастан «кимнээҕи уорбалыахха сөбүй?» диэн ыйыппытыгар кэтэмэҕэйдии түһэн баран, 5-6 ыччат аатын ааттаабыта. Арыгылаатахтарына, охсуһууну тардааччы – кинилэртэн атын ким да суох диэн буолла. Сорохторо – сопхуоска, биир уол бэкээринэҕэ үлэлиир буолан биэрдилэр. Уйбаан сирдьиттэнэн матасыыкылынан ити уолаттары көрдүүргэ санаммыта. Окко киириэх иннинээҕи кэм буолан, бары кэриэтэ дьиэлэригэр бааллара, арай, били, бэкээринэҕэ үлэлиир Сүөдэркэ суоҕа. Бу ыччат урут бөлөҕүнэн охсуһууга түбэһэн, икки сыл «олорон» кэлбиттээх эбит. Дьоно уоллара ханна барбытын билбэттэр, арай бөһүөлэктэн икки биэрэстэлээх сайылыкка барыахтаах этэ дииллэр. Уйбаан Аппанааһы кытта онно элээрдэн тиийбиттэрэ, уоллара сайылык эргэ дьиэтигэр салбаҕыран олорор эбит. Сирэйэ-хараҕа күөх баламах, өссө иэдэһин диэкинэн хайа тардыылаах. Сүөдэркэ, апчаарка ыты көрөөт, отуора хамсаабыт курдук буолла: хайдах да буолуон билбэт, эмиэ да куттанар, эмиэ да албыннаһан имэрийэ сатыыр. Бурҕаа аһыытын килэппитинэн, субу ойон барыах курдук ырдьыгыныыр. Уйбаан мааҕын Силип тута сытар курун быһаҕаһын ытыгар сытырҕалаппыта, арааһа, ол сытын биллэ быһыылаах. Икки сыл хаайыыга сылдьыбыт киһи буолан Сүөдэркэ: «Начаалынньык, миэхэ тоҕо кэллигит? Мин тугу да оҥоро иликпин ээ», – диирин быыһыгар эргэ дьааһык диэки көрбөхтүүр. Бурҕаа ол дьааһыкка тиийэн, дьэ буолан-хаалан турбат дуо?! Иччититтэн мүччү көтөн, Сүөдэркэ үрдүгэр ыстанан кэбиспитэ уонна суулларан түһэрэн баран, икки илин атаҕынан киһитин түөһүгэр үктэнэн турбута. Уйбаан били эргэ дьааһыгы тиийэн көрбүтэ – 5-6 бэйэ оҥоһуута тимир тоһоҕо сытара. – Хайа, Сүөдэр, тоҕо кэлбиппин дьэ өйдөөтүҥ ини. Тугу оҥорбуккун билинэҕин дуу, суох дуу?! Киһилэрин Бурҕааны кытта кэлээскэҕэ олордон хонтуораҕа тиийиилэригэр оройуон кииниттэн милииссийэ суһал бөлөҕүн массыыната кэлэн турара. Уйбаан учаскыабай буруйдааҕы итиитинэ, сонно кэриэтэ туппута эрээри, силиэстийэ үлэтэ билигин да хара баһаам этэ: дьыала төрдүн-төбөтүн быһаарыы, араас дакаастабылы көрдөөһүн, туоһулары булуу, доппуруос үөһэ доппуруос, силиэстийэ эспэримиэнэ, суукка тиийэн албакаакка кыайтарбат
туһугар, били, «Холуобунай-процессуальнай кодекс» бары ымпыгын-чымпыгын тутуһуу, үлүгэрдээх элбэх кумааҕы үлэтин толоруу... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан