Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Бокуруоппут күнэ ааһан биэрбэт

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Бокуруоппут күнэ ааһан биэрбэт

K
edersaas.ru Категорията суох
29.10.2021 17:00
Халлааммыт «сүрэ бэрт» диэбит курдук, кыл-мүччү хаар күдэригин ыспахтаан, сир үрдүн туртаппыта буолла. Абааһы сыстыганнаах пандыамыйа ыарыыттан саһан, бүгэн сайылыкпар – куораттыы даачабар – тэлбиҥнии, ону-маны үлэлээбитэ буолан кикирийэ-хохуруйа сылдьабын. Быйыл даачалаахтар, үксүбүт кэриэтэ хойутаан, дьыл баччатыгар диэри кыстыкпытын ситэ була иликпит. Бу сарсыарда ыалым Лэгэнтэй өрүкүйбүтэ сүрдээх, «һуу-һаа» бөҕөнү түһэрэн куораттан кэллэ: – Биэтээс, дьэ, сиикэйдээн хараара сытар Сайсары эбэҕэ кус бөҕө мустубут, хап-хараарыҥнас. Болуот курдук анньа сылдьаллар, төннүгэс бөҕө киирэн эрэр, оо, абаккам!— булт диэн баран, муннукка ытаабыт ыалым Лэгэнтэй «кыыла турбута», омуннурбута-төлөннүрбүтэ сүрдээх. Ону баара, дьиэтээҕи борокуруора, өттүк баттанан туран дьөлө хаһыыран, «тыынын таһааран» кэбистэ. Кыратык тохтуу, олоро түстүм да, уҥуохтарым, сүһүөхтэрим, этим-сииним бүтүннүү көһүйэн хаалан, сор бөҕө. Хайыай, 80 сааспар сылдьар оҕонньор, икки күн эриһэн туран, икки миэтэрэ кэриҥэ дириҥнээх иин-оҥкучаҕы хаһан, буор-кумах бөҕөнү эһэн, онтубун хаптаһынынан ытыыстаан бэҕэһээ бүтэрдим. Аны убуорунайбын көһөрүөхпүн наада. Дьээбэҕэ сытан көрөн, оруобуна бэйэбэр иин хастыбыт курдук сананан, дэлби харааһынным. Көр, бачча сааспар тиийэн, мас-мас араастаан хагдарыйарын дьэ бэлиэтии көрдөҕүм үһү. Тэҥҥэ кырдьан эрэр аар хатыҥнарым, күөх солко киистэлэринэн, суугунас лабааларынан халлааны, күнү-ыйы хаххалаан-бүөлээн турбут бэйэлэрэ, хагдарыйан, сыгынньахтаммыт-ньылбаламмыт талыы дьахталлардыы кылбаһаллар, лаглаһаллар. Сорох хатыҥнар тоҥмут курдук, курас тыалтан дьигиһийэн, ытарҕа буолан эйэҥэлиир хаппыт сиэмэлэрин ыскайдаан кудээритэллэр. Атаҕым анныгар саһарбыт сэбирдэх ардаҕын тыаһа суох тэлээритэ, кыыдамната түһэрэллэр. Бокуруоп күнүн нэдиэлэ ааста. Уһун күһүнү быһа ардаабыт хаппыт сэбирдэх «суугунас хаарын» кыраабыллааммын, тимир оһохпор уматан, сайылыкпар сайыҥҥыны саната түптэ күөх буруотун унаарыппытым, хаппыт кии, ыаммытынан үүт, боҕуруоскай от булкуспут, таныыларбын кычыгылатар дыргыл сытын дуоһуйа эҕирийбитим эчи эриэккэһиин… Оттон билигин, дьиҥинэн, Бокуруоптан ыла кыстык хонуктар ааҕыллан барар күннэрэ, улуу добдурҕа кэмэ буолуохтаах этэ эбээт. Күөллэр, бадарааннар эпсэри тоҥон, суол-иис, сырыы-айан аартыга арыллан, түҥ былыргы өбүгэлэрбит добун айаҥҥа турунар, киэҥ сиринэн тэлэһийэн сири-дойдуну кэрийэр, бултуур-алтыыр кэмнэрэ. Ону баара, дьыл баччатыгар диэри сирбит ириэнэх, күөллэрбит ситэ тоҥмокко сыталлар, кыстык хаарбыт түһэ илик, кыһыммыт кэлэн биэрбэт. Инникини туох билиэ баарай, тымтыктанан көрбүт суох. Бэл, этэр Үрүҥ айыыларбыт, иччилэрбит, абааһыларбыт да биттэммэт, билбэт быһыылаахтар. Үйэ, кэм-кэрдии уларыйан, эҥин арааһынай олоххо олорон эрдэхпит… Биэтэс Билээхэп.
edersaas.ru сайтан