Кэпсээ
Войти
Регистрация
Балыктааһын тиэрминэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Балыктааһын тиэрминэ
K
kyym.ru сайтан
Сонор
29.05.2018 17:22
Балыктааһын син биир бултааһын курдук, сахалар билиҥҥи дойдуларыгар көһөн кэлбиттэрин кэннэ, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын биир сүрүн көрүҥэ буолбута. Ол өйдөнөр даҕаны. Саха сирин аата-ахсаана суох өрүстэрэ, үрэхтэрэ, күөллэрэ бултанар эҥин араас балыктара былыр-былыргыттан толору. Онон даҕаны балыктааһын сахаҕа хоту дойду тыйыс айылҕатыгар тыыннаах хаалар иһин охсуһуутугар көмө-ама буолар хаһаайыстыба биир дьоһуннаах көрүҥэ этэ. Саха сирин чинчийээччилэрэ элбэхтик бэлиэтээн тураллар. “Саха АССР историята” кинигэҕэ бу курдук суруллубута: “Большую роль в хозяйстве якутов играло рыболовство. На Вилюе жили так называемые “пешие” якуты, не имеющие лошадей и рогатого скота и питающиеся преимущественно рыбой. В других местностях Якутии также упоминаются бедняки, жившие рыболовством (балыксыты). Маннык сурук-бичик дьаһаах төлүүр кинигэҕэ аҕыйахтык суруллубут. Оччолорго да сүөһү ииттэн олорор ыалга балык элбэх аһы-үөлү солбуйара. Хас биирдии балыктааһын көрүҥэ олоххо-дьаһахха туһанылларынан, хаачыстыбатынан, балык улаханыттан кыратыттан, эмиһиттэн көтөҕүттэн көрөн, тус-туспа ааттары үөскэтэллэрэ. Балык араас көрүҥэ сир-сир аайы киэҥник тарҕаммыт буолан, түөлбэ тылыгар эҥин араастык ааттыыллара дэлэйбит. Итиниэхэ сахалар атын омуктар тылларын бэйэлэрин өйдөбүллэригэр сөп түбэһиннэрэн ылыммыттара эбии-сабыы буолбут. Итини тэҥэ сахалар балык саҥаттан саҥа көрүҥнэрин бултаһар буолан истэхтэрин аайы, балыктааһын көрүҥнэрин, саҥа ньымаларын үөскэппиттэрэ саарбаҕа суох. Онуоха хас тэрил, ньыма кыра да өйдөбүллэр туспа ааты ылыахтаахтара биллэр. Ол иһин саха тылын лексикатыгар балыктааһыҥҥа сыһыаннаах баай терминология үөскээбитэ. Биһиги хомуйбут матырыйаалбытыгар диалектальнай тыллары, туохтуурдары кытары аахтахха, 1200 кэриҥэ балык ааттарын, балыктааһын тэриллэрин, ньымаларын көрдөрөр тыллар бааллар. Балыктар ааттара Балыктары анаан-минээн үөрэппит Ф.Н. Кириллов Саха сиригэр балык 53 көрүҥэ баарын ыйбыта. Итиниэхэ сорох көрүҥ хас да араастааҕа бэлиэтэнэр. Балыктар ааттарын биһиги бастаан үс көрүҥҥэ араарбыппыт. Онно күөл балыга, муора балыга диэн араарарга санаммыппыт да, сатамматтаах эбит. Маҥнайгытынан, балыктар буккуһа сылдьар түбэлтэлэрэ элбэх, холобур, күөл балыга өрүскэ эмиэ киирэр. Оттон өрүс балыга (сордоҥ, чыыр о.д.а.) күөллэргэ үөскүүллэр. Муора балыга (уомул, муксуун, күндүөбэй о.д.а.) өрүскэ ыыр. Иккиһинэн, сахалар муораҕа киирэн балыктаабатахтара биллэр. Итиниэхэ хаайтаран, биһиги бултанар балыктары оччо-бачча араарбакка эрэ биэрэбит. Ф.Н. Кириллов ыйбыт Саха сиригэр баар балыктар ааттарын, литературнай тылга киирбитинэн уонна онно чугаһатан, аҕыннахха маннык: быа балык, хатыыс, кэтэ балык, кыһыл балык, күлүөс, кырааска балык, сыбаакка, бил, быйыт, туут балык, күндүөпкэ, ньоҕор (сыа балык), уомул, быраҥаатта, муҥур, бөкчөгөр, майаҕас, суокур, муксуун, сүрү, дьарҕаа, үрүҥ балык, сордоҥ, чукучаан, кыһыл харах, күстэх, мунду, дьойгуо, собо, тимэх балык, сыалыһар, тимир атах, таас бас, быдьар балык, күөнэх, саппыйа балык, тэҥэли. Бу ааттаммыт балыктартан Саха сирин үксүгэр тарҕаммытынан, үгүстүк бултаммытынан собо, мунду, күөнэх буолар. Ону бу балыктар төһө эмэ хос-хос ааттаахтара да туоһулуур. Собо араас аата Хомуйбут матырыйаалбытыгар 70-тан тахса аат баар: адаҕа, собо, бочоох, бөкөй, бөчөөх,
былдьыпааска, быллараан, быллыгынай, быллый, быллыкы, быллырыыска, бырыкынай, бычаах, быччык, быччыкы, бырыкы, быччыыла, быыччыт, бэчээнэй, дыыгынай, дыыдыгый, дьырыы, дьыыгыр, илим собото, илим тэрээгэ, көбөөх, көбүкү, куобах кулгаах, куралай бөчөөх, күндэ уола, күн харах, күөндэ, күүгүр, күкүүр, кэтэх харах, көбөөх, кэчир, лоҕуор собо, лочороох, лөчөрөөх, лукаах, лыкы уола, морот, моруот собо, мотоҕо, мыччыкы, ньаҕар, ньаҕара, ньаҕаһа, ньыгый, ньыгыйан, ньык, пылла, собо, собо уола, суухара собо, тыһаҕас собо, тэрээн собо, тэһэ оборор собо, уу күөгэйэ, уу кымньыыта, уу мээнэтэ, үрүҥ тумус, хабахый, хаччалла, хомуос харах, чачыр, чөркө, чычыр, чэккэ, чэркэ, ытаһа балык, эбиэн чэркэй. Бу испииһэк толорута суоҕа чуолкай. Собо бачча элбэх тас көрүҥүнэн дьүһүнүнэн, кээмэйинэн, туспа арааран быһаарар кыаллыбат суол, ол эрээри хас биирдии ааты туттуллар сиригэр толору өйдүүр буолуохтаахтар. Бу саха тылын мындырын, баайын көрдөрөр диэн этиэхпитин сөп. Арай биһиги да, атын да матырыйаалбытыгар ыйыллыбытынан, орто соболорго тыһаҕас собо, илим собото, мотоҕоно, тэрээк собо, илим тэрээгэ диэннэри саарбахтыы-саарбахтыы киллэриэхпитин сөп. Оттон эмиэ ити бириинсиби тутустахха, адаҕа собо, моруот, моруот собо, лоҕуор собо, суухара собо, саамай улахан соболор буолаллар. Кэнники тылы Аммаҕа тутталлар, саамай улахан уонна эмис собону итинник ааттыыллар. Олус ырыган собону Аммаҕа уу кымньыыта, Бүлүүгэ лукаах диэн этэллэрэ биллэр. Аны үөһэ ааттаммыт соболор ааттарын бэрт аҕыйаҕын бэйэбит өйдүүрбүтүнэн семантика өттүнэн ылан көрүөҕүҥ. Быччык, быччыкы, мыччыкы, бычаах, быччыыла диэн ааттар быччай диэн туохтууру кытта сибээстээх курдук буолуохтарын сөп. Быччай “пучить глаза” диэн суолталаах (Пек., 618), ол эбэтэр кыра собо, ордук ыамата, хараҕа эрэ улахан буолар. Эбэтэр атыннык эмиэ быһаарыахха сөп: быычыкаа, быычыкайкаан, быычыкай диэн кыраны көрдөрөр даҕааһынтан эмиэ тахсыахтарын сөп. Ньаҕар, ньаҕаһын, ньаҕаһа, дьаҕаһа, диэн тыллар ньоҕох диэн тылы кытта сибээстээх буолуон сөп. “Ньоҕох” (ньоҥох) — негодная гуща чего-либо, густой отстой какой-либо жидкости” диэн Пекарскай быһаарар (Пек., 1729). Балык тэриллэрин булдун хомуйууга маҥнай улахана ылыллар, саамай кэлин бырыыны, ньамаҕы кытта холбоспут быычыкаайык балыктара – муҥха балыгын ньоҕоҕо хаалар. Ньоҕох, ньоҕор диэнтэн аакайдааһын быһыытынан ньаҕар диэн тахсыан сөп. Мотоҕоно диэн эмис кыра собону этэллэр. Бу тыл “мотоҕор – выпуклый, брюхастый” диэн собо устар хабаҕар маарыннатан таһаарыахтарын сөп. Мунду. Киин уонна Бүлүү улуустарыгар мунду урут собо кэнниттэн иккис суолталаах балык. Бу балык 12 аатынан бэриллэр: мунду, нотоох, сулуруо, ньыырсын, нуотах, уу күөгэйэ, эриэн оруу, эриэҥкэй, кэтэх харах, хара уорҕа, оруу, кылдымай. Матырыйаалы хомуйууга, биһиэхэ быһаарбыттарынан, балартан саамай кыралара нотоох, сурулуо, кэтэх харах уонна ньыырсын. Семантикаларынан көрдөххө, “нотоох” диэн тиэрмини мундуну быһыытын-тутуутун көрөн таһаарбыттар быһылаах. Саха тылын тылдьытыгар “ното, нотой (нотой курдук) низкий и толстый; маленький, но большебрюхий” дэнэр, сүөһүгэ сыһыаннаан этэллэрэ ыйыллар (Пек.,
1755). Онон бу балык кылгас гынан баран, улахан истээҕэ бу тиэрмини үөскэппит курдук. Ньыырсын ситэ илик, ньыыраайы диэн өйдөбүлтэн тахсыан сөп. Оттон эриэн оруу, эриэҥкэй, кэтэх харах, хара уорҕа диэннэр мундулар тас быһыыларын, дьүһүннэрин көрдөрөллөр. А.С. Луковцев түөлбэ тылын үөрэппит үлэтиттэн.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан