Кэпсээ
Войти Регистрация

Өлөөн иистэнньэҥнэрэ абырыыллар да этэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Өлөөн иистэнньэҥнэрэ абырыыллар да этэ

K
edersaas.ru Категорията суох
17.02.2023 17:18
Саха төрүт дьарыгын булт туһунан былыргытттан кэрэхсээн кэпсииллэр да, суруйаллар даҕаны. Сорсуннаах сонордьуттар тустарынан тыллаах эрэ барыта өтөн буолан дьүһүйдэ быһыылаах,  ол быыһыгар мин эмиэ   “миигинниин биэс хааһах буолбут” диэбиккэ дылы сороҕор бооччойдох буолааччыбын. Ол гынан баран, ол сорсуннаах  сонордьут, хоһуун булчуттары ким таҥастарын-саптарын  тигэн тэрийэн, бэрийэн ыытааччы бастыҥ иистэнньэҥ дьахталлары күлүккэ хаалларабыт. Булчуттары тыаҕа сөптөөх таҥаһынан-сабынан хааччыйар иистэнньэҥ дьахталлары ахтан, бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын. Уонна бэйэм олохпор көрсүбүт  иистэнньэҥнэрбин күндүтүк санаан уонна кинилэр сүдү дьоҕурдарыгар  сүгүрүйэн туран, бу бэлиэтээһиммин аныыбын. Ол курдук, мин сүрүннээн Өлөөн улууһун Ээйигин булт тоҥустуу таҥаһын иистэниинэн дьарыгырбыт Соломонова Екатерина Игнатьевнаны (Кэтириин), Соломонова Мария Игнатьевнаны ( Тэрэпиин Маарыйата), Харова Федора Христофоровнаны, Кучарова Прасковья Иннокентьевнаны (Чылаар Борускуота), Васильева Валентина Васильевнаны, Боекова Ольга Петровнаны ахтан-санаан ылааччыбын. Ону таһынан тириини, түүлээҕи   имититээччилэри, сылаас илиилээхтэринэн биллибит Степанова Федора Николаевнаны ( Онотуо Дуората) Павлова Марина Спиридовнананы( Тыас Баһылай Марыыната), ону сэргэ Өлөөн нэһилиэгин иистэнньэҥ дьахталларын кытта Винокурова Евдокия Васильевнаны (Табаһыт Дуунньата), Амбросьева Вера Александровнаны, Николаева Валентина Трофимовнаны, Дьэлиҥдэттэн Николаева Марфа Петровнаны  уонна да атыттары кытта  араас сылларга алтыһан ааспыппын бэлиэтиибин. Булт таҥаһын араас көрүҥүн, бэрэлээһини, харайыыга сөбүгэр соҕус буолар билии ылбыт дьоммунан Кэтириин, Маарыйа Соломуонабалар уонна Амбросьева Биэрэ эмээхситтэр буоллаллар.. Чэ, онон бэйэм өйдөөн хаалбыппынан  уонна билиҥҥэ дылы сөбүлээн таҥнан кэтэ сылдьарбынан сыаллаатахха “Саҕынньах”, “Хопоо”, “Мэксэ”, “Арбаҕас” диэн тымныыга абыраллаах таҥастар бааллар. Сүрүннээн таба уонна кыыл таба тириитинэн тигэллэр. Бөрө, сиэгэн да  саҕынньахтар бааллар. Таҥастааһына, имитиитэ , тигиитэ бэйэтэ туспа сэһэн кэриэтэ буоллаҕа. Саҕынньах көп түүлээх улахан таҥас. Дьыл кэмнэринэн көрөн араастаах буолар. Харалаабыт тугут тириитинэн эбэтэр кыбыас түүлээх күһүҥҥү тириитинэн тигиллэр хопоо эбэтэр мэксэ диэн буолар. Сорохтор эргэрбит  хопоону, мэксэни арбаҕас диэччилэр . Соролообут арбаҕас туһугар эмиэ ньымса, быыһык ичигэс кэмҥэ бэрт таҥас диэххэ сөп. Субу таҥастары таһырдьа тэбэнэн, сахсынан хаалларан, балааккаҕа, ураһаҕа, дьиэҕэ киирэҕин. Уонна оннук таһырдьаттан кэтэн бараҕын. Ол кэннэ “Мукуу бэргэһэ” кэлэр. Ол буодьулаах буолар. Бөрө, сиэгэн, кырса, саһыл кутуруктарынан оҥороллор. Бэргэһэни халтаҥ тириинэн эбэтэр таба, кыыл өрөҕөтүнэн тигиллэрэ табыгастаах курдук. Анаабырдарга “Ынтакаа” диэн туспа бэргэһэ баар. Саҕынньах сиэҕэр үксүн холбуу “ааннаах үтүлүк” диэни үргүлдьү тикпит буолааччылар . Ону үксүн нууччалыы тартаран, “уруука” дииллэр. Туспа тигиллэр үтүлүк эмиэ баар. Үксүн тыс  буолар, ол курдук бөрө тыһа үтүлүк эмиэ бэртээхэй. Айаҥҥа кэтиллэр саҕынньах үрдүнэн кэтиллэр үлдьү бүтэй “сукуй” баар. Тураҕас ыстаан “Тирии  сыалдьа”. Ону сорохтор тураҕас  ыстаан дииллэр. Хотуларга  “һэркимии”  диэн үһү. Үксүн халтаҥ тириинэн тигэллэр. Айаҥҥа этэрбэс, эмчүрээ, сутуруо үрдүнэн айаҥҥа кэтэҕин. Аны атах таҥаһыгар улахан суолта оҥоруллар эбит. Бастатан туран, этэрбэс арааһа баар. Таба,  кыыл тыһа этэрбэстэр. Хайаан да ата уллуҥнаах буолаллар. Тайах тыһа этэрбэс үксүн түнэ уллуҥнаах буолар курдук. Дэҥҥэ ата уллуҥнаах буолааччы. Этэрбэс иһигэр таба кээнчэлээх. Ону сыгынньах атаххар кэтэриҥ ордук. Уллуҥу тоҥорбот гына туспа сутуруо диэн баар, маанымсытан, күндүркүтэн бөрө сутуруону эмиэ тигээччилэр. Этэргэ дылы, ол абыраллаах таҥас этэ. Курумуу этэрбэһи  судургутутан тигэллэр. Холобура, миэхэ “сатана уола   сатаан быатын бааныа суоҕа”- диэн үрдьү курумуу тигэн биэртэрэ. Ол “дьабалы кээнчэлээх”  этэ. Быһатын эттэхх,э уһун кээнчэ. Аны туран куурдарга эҥин үчүгэйинэн  “өмчүрээ” диэн баар. Онтуҥ сутуруота туспа, аллараата туспа. Үөрэннэххинэ ааттаах таҥас. Быата уһун буолар, сөллүбэт гынан баанаҕын. Өмчүрээ хайаан да ата уллуҥахтаах буолар. Итиэннэ тайах  тириитин түнэлээн, күһүнүн сааһыары кэтэргэ диэн түнэ этэрбэс тигэллэр. Кээнчэтэ кырпаламмыт буоллааччы. Аны туран кыыл, таба ататынан улллуҥах тигэллэрэ туспа ньымалаах. Сааскы көп “ата” таҥаска туттарга ордук буолар. Биир атах таҥаһыгар сүрүннээн устата 4, туората 3  ата буолар этэ. Ол аата биир атахха 12 атаны иҥиир сабынан тигэн,  эркиҥҥэ тиирэллэр. Онтон хаппытын кэннэ имитэллэр. Баадьыыһа сүрдээх. Урут эрэһиинэ саппыкы үөдүйэ илигинэ ыыстаммыт түнэнэн куруму этэрбэс курдугу тигэллэрэ. Онтулара ууну өтүппэт үһү. Уллуҥаҕар куоҕас тириитин уураллар  уонна кээнчэтин тигэргэ эмиэ куоҕас тириитин сүлэн, хатаран, имитэн туһаналлара биллэр.. Олооччу Сайыҥҥы өттүгэр тайаҕы, кыылы күлүмэн саҕана бултуурга “олооччу” диэни кэтэллэр эбит. Атахтарын мутукка, силискэ хайа тэппэт курдук. Билиҥҥи үйэҕэ үгэс буолбут булт таҥаһа умнууга баран эрэ дии саныыбын. Аныгы булчуттар харайыытын, куурдуутун, тэбэниитин-сахсыйыытын кыайбакка,  тирии таҥаһы сөбүлээбэт буоллулар. “Түүлээх таҥаһы бурҕаҥната сылдьыахпыт дуо?” —дииллэр. Уонна маҕаһыыҥҥа булка кэтэргэ  талбыт омук таҥаһа элбэх. Сыаната да удамыр курдук. Ол гынан баран  үксүтэ биһиги тыйыс айылҕабытыгар сөбө суох буолуон сөп. Төһө да ичигэһин иһин, ханнык эмиэ кэмҥэ сыыстараҕын. Ол да иһин элбэх эр киһи эрдэ  сүһүөх ыарыһах, дьарҕа буоллар буолла. Этэргэ дылы,  былыргы мин билэр оҕонньотторум сүһүөхтэрэ үчүгэй  курдук өйдүүбүн. Бары кэриэтэ бөрө сутуруолаах, үтүктүбүт курдук дьоролдьуһаллар этэ. Чэ, аны бу манна эбэн эттэххэ өссө ис таҥастара баар этэ. Элбэх киһи билбэт.”Түһүлүк” диэн баар эбит. Ол, быһата, маайка курдук . Моойгунан иннигэр-кэннигэр түһэрэн  баран, ойоҕосторгунан быалаах, онон баанаҕын эбит. Куобах  тиҥилэҕинэн уонна баар сиригэр кырса тыһын сирийэн тигэллэр. Киһини тоҥорбот уонна сэбиргэххин көмүскүүр. Моойгор тииҥ кутуругунан моойторук кэттэххинэ силигин ситэр. Кыыл табаны үөмэн бултуур дьон  арбаҕас үрдүнэн “ далыс” диэни тиктэн кэтэллэр. Ону кыыл тыһынан  уонна собуонньуктарынан тигэллэр. Одоҥ — додоҥ да буоллар, быһыта-орута булт таҥаһын туһунан кэпсээтэххэ итинник. Дьөгүөр Һэрэмээт.
edersaas.ru сайтан