Кэпсээ
Войти Регистрация

Эбэм Маарыйа

Главная / Кэпсээн арааһа / Эбэм Маарыйа

K
edersaas.ru Категорията суох
13.02.2023 18:00
Аны санаатахха эбэ, эһэ диэн күндү дьонтон мин аҕам ийэтин, Маарыйаны, эбэбин, эрэ көрбүт эбиппин. Аҕам аҕата, ийэм ийэтэ, аҕата эрдэ өлбүттэр. Ийэм ийэтин эдэригэр өлбүтэ диэбитэ. Билигин да баар буолуо этэ, »дэлби баас буолан өлтө»- диирэ. Билиҥҥинэн аллергический дерматит, экзема өрө туран, ол онтон сүһүрэн эдэрчи сылдьан өллөҕө. Миэхэ да, ол оннук ыарыы содула баар курдук. Оҕо, эдэр сылдьан бааһырбыт түгэннээҕим. Аныгы эмтэнии түмүгэр ол түгэннэр этэҥҥэ ааспыттара. Аҕата ас барбат буолан өлбүт. Онтон аҕабыт аҕата Содьоох Борокуоппай оҕо эрдэҕиттэн атаҕынан ыалдьан, ол онто син оһон, бука, содьороҥноон хаамарын иһин итинник хос ааттаннаҕа. Ааттаах мас ууһа буолбут. Эбээбин Маарыйаны 1903 сыл тохсунньу 16 күнүгэр кэргэн ылан »бэргэһэлэммиттэр» . Ити туһунан архыыпка суруллубут эбит. Аҕам хос эһээтэ Никииппэр Ньукулаайап хаста да кулубалыы сылдьыбыт киһи. Ыччата хара баһаам. Эһэм Андылаахха чугаһынан суох үчүгэй көстүүлээх, көнө муннуктардаах нууччалыы улахан дьиэ туттубут. Кини Бүлүү аатырбыт атыыһыта Расторгуевтарга мас уһаат оҥороро. Онон, бука, куорат дьиэлэрин көрөр буолан, онон моһуоннаан тутуннаҕа. Кинилэр дьиэлэрин кэлэр- барар, ааһар айан дьоно тумнубаттар эбит. Алыһардаах Ааната элбэхтик хоноро диирэ аҕам. Эһэм киниэхэ эмтэммитэ буолуо. Аҕам дьоно биир оҕолоохтор эбит. Ону киниттэн бу »тоҕо?» диэн ыйыттахтарына, эмээхсин маннык этэр эбит:» Биир оҕолонуоххут, эппитим курдук, онтугут мэҥнээх буолуоҕа. Дьоллоох оҕо. Ыччат бөҕө буолуоҕа. Дьонтон итэҕэһэ суох ыччаттаныаххыт, өссө ордуоххут «,-диирэ үһү. Кырдьык, аҕам уҥа санныгар, көхсүгэр күөх баламах ойуу курдук балачча улахан, икки ытыс саҕа мэҥнээҕэ. Мин оҕолорбуттан кыра кыыспар көхсүгэр төгүрүктүҥү, биэстээх харчы курдук мэҥнээх. Аны кыра сиэммэр оннук мэҥэ элбэх. Биир кыра мэҥ тобугар баар. Кыра кыысчаан хаама сылдьан: «Бу тугуй? кир дуу? — диэн тарбахтарынан тарбаан ылара биир көрүдьүөс. Элбэх хаан буккуспут оҕото да буоллар мэҥ син биир сүппэтэх, киниэхэ баарын көрөбүт. Дьиҥинэн, ити мэҥ биһиги монгуоллуу омукка баар көстүү. Эһэм, Борокуоппай, элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх эбит. Аҕам балта, Бороскуобуйа, оҕо сылдьан ол аймахтарын, улахан эр дьону баттахтарын кырыйар этим диирэ. Баттахтара оҕус сүүһүн түүтүн курдук будьуру буолара. Кини аҕабытттан уонча хонук балыс үһү. Булуҥҥа олоро сылдьыбыта. Онтон кэлин куоракка олорбута. Барахсан, аймахтарын, билэр- билбэт дьонун хоннорон, «куоракка олорор билэр үтүө киһилээхпит «,-диэн махтал тыл иҥпит киһитэ этэ. Кини: «Биһиги, Өндүрэйдиин 1906 сыллаахпыт»,— диирэ. Ол этии сөп буолуо. Эбэм, Маарыйаны, көрбүтүм. Бу хаһааҥҥыта эрэ үрдүк уҥуохтаах дьахтар кырдьан сиһэ токуруйан тайахтанан сылдьара. Сырдык уһун ньолоҕор сирэйдээҕэ. Сытыытык көрөр харахтааҕа. Истибэт, дөйүҥү этэ. Наар былааттаах буолара. Хас да ырбаахыны кэтэрэ. Табаҕы сыҥсыйара. Аҕам хатыҥ туоһуттан оҥорбут олус үчүгэй дьоҕус табакыаркалааҕа. Ол онто хайаан да сиэбигэр баар буолара. Уһун синньигэс тарбахтарынан тайаҕын кытаанахтык тутан хаамара. Сорох тарбаҕа токуруйбат да, көммөт да гына сараччы хатан хаалбыт курдуга. Үксүгэр оронугар олорон тахсара. Сиэннэриттэн миигин ордороро. Аны санаатахха, ол онно сааһынан сөптөөх мин эбиппин. Эбэм уустуга суох соруктарын, көрдөһүүтүн улгумнук толорорум. Онон эбээ оҕото этим. Алааска олордохпутуна аҕам биир саас суон бэһи бысталаан илии эрбиитинэн хайыппыта. Ол хайыппыт маһыттан кэтит хаптаһыннарын ийэтигэр хоруоп буолуо диэн куурда уурбута. Онто уонча сыл хараллан сыппыта. Сорох маһыттан арааһынай буруус, хаптаһын таһаарбыта. Онтунан уонча олоппос оҥорбута. Биир олоппос, кый ыраах Хаандыгаҕа аҕалыллан миэхэ баар. Өтөрүнэн алдьаныа суох, бөҕө таҕа көрүҥнээх. Мин күн аайы олорор олоппоһум буолар. Эбээм таҥараһыт этэ. Сыл күннэрин-таҥараларын барытын билэрэ. Куруук ботугуруу-ботугуруу кириэстэнэрэ. Хайаан да малыыппа ааҕара. Мин ону умнубуппун, арай, өйдүүрүм диэн каникулум бүтэн үөрэнэ бараары, быраһаайдаһа киирдэхпинэ, илиибиттэн тутара уонна дьикти соҕустук үчүгэйи, этэҥҥэ сырыыны баҕарара. Ол »дьиктитэ »диэн нууччалыы малыыппаны сахалыы ханарытан этэрин этэбин. »Ба ыыма отсаа сыына»… ,,ыыма тобуйуо»… ,, саарыстыба ы сыыла»….,, бекии амыын»… Балачча уһуннук саҥарара….Сундуугун аһан солкуобай биэрэрэ. Ол кини биэнсийэтин уон гыммыт биирэ буоллаҕа. Сүүспүттэн, иэдэспиттэн сыллыыра, төбөбүн имэрийэрэ. Ыга кууһан ылара. Оччолорго моҕотой, күтэр, биһиги мыыска диирбит маҕаһыыҥҥа туталлара. Онон бултаабыт моҕотойум, мыыскам тириитин киниэхэ биэрдэхпинэ, ол ону туттарара. Мин уончалаахпар быһыылааҕа, Лев Львов, саха сирин саастаах дьонун үөрэтээччи, эбээбэр кэлэ сылдьыбыта. Кини нуучча киһитэ этэ, сахалыы үчүгэйдик саҥарара. Сааһын таһааралларыгар урукку улахан ыарыылар өрө тура сылдьыбыт кэмнэринэн быһаараллара эбит. Бастакы »маама», иккис » маама»…диэн токоолоһоллорун өйдүүбүн. Эбэм, Никифорова Мария Потаповна, аата Саха Сирин уһун үйэлээхтэрин кинигэтигэр киллэриллэн үйэтитиллэн турар. Мин кини аатын хас да ыстатыйаларга, кинигэлэргэ булан аахпытым. Оччоҕуна эбэм туһунан санаан ааһааччыбын. Эбэм сороҕор Арыылаахха сиэнигэр, Өлөхсөйгө, баран олороро. Биирдэ сайын эбээм Арыылаахтан кэлэр буолла. Мин кинини арыаллаан кэлсибитим. От кэмэ этэ. ДТ-54 тыраахтар Мукучуттан иһэрэ. Арыылаах маҕаһыыныгар бородуукта түһэрбитэ. Ол кэмҥэ атыыһытынан онно улахан убайым үлэлиирэ. Тыраахтар мас сыарҕатыгар өрөһөлүү тиэммит таһаҕастааҕа. Балачча элбэх , мас дьааһыктаах кыһыл арыгы баара. Эбээбин сыарҕаҕа олохтоон тиэйбиттэрэ. Мин кини аттыгар олорорум. ДТ-54 тыраахтар айана аһара бытаана, суолбут да куһаҕана. Аны сороҕор суол кытыытынааҕы өтөхтөргө тохтоон сынньанабыт. Кучан улахан күөл, өтөҕө элбэҕэ. Суолбут хотуттан киирэн арҕаа өртүнэн тахсан барар. Бу да кыра кэрчик курдук эргииргэ хас да өтөх баара. Улахан дьон кыһыл арыгы иһэллэрэ, табаахтыыллара, ону-маны кэпсэтэллэрэ. Мин тэһийбэтим. Түүн буолла, дьоммут аччаан сыарҕаҕа мин эбээбинээн уонна тыраахтар хабыынатыгар икки киһи, биирэ тырахтарыыс буолан айаннаан иһэбит. »Халыҥ кырыыны» этэҥҥэ ааһан Тыымпы күөлү эргийэр тыа суолунан иһэбит. Сайыҥҥы түүн буолан сырдык. Мин тула өттүбүн көрө иһэбин. Арай, тыраахтар суолтан туораан кырыы суолунан барда. Тырахтарыыстар суолларын соччо көрбөт курдуктар. Төбөлөрүн холбоон, умса нөрүйэн, кэпсэтэллэр быһыылаах. Оннук айаннаан истэхпитинэ тыраахтар суолу туора түспүт суон тиити үрдүнэн тахсан барда. Онтон сыарҕа ол тииккэ иҥиннэ, үрдүнэн барбата. Суон тиит төкүнүйэ иһэн суол икки өттүнээҕи тииттэргэ иҥиннэ. Мин хаһыытыы сатыыбын. Дьонум истибэттэр. Иҥнибит тиит эргичис гынан үөһэ таҕыста, уонна сыарҕа үрдүнээҕи малы күрдьэн барда. Мин арыый эрдэ ыстанан кэбистим. Кураанах сыарҕалаах тыраахтар бара турда. Син тоҕо чэпчээтэ диэн эргиллибитэ буолуо тырахтарыыс. Тохтоотулар. Эбэм айа-дьойо бөҕө. Сырайа дэлби хаан. Мин куттанным. Эбээбин уоскута олорбутум. Сотору соҕус убайым, Никииппэр, сатыы кэллэ. Кинилэр чугастааҕы өтөххө отууланан, оттууллар эбит . Тыраахтар бытаан, онтон отой тохтообут тыаһын истэн кэлбит эбит. Миигин Баҕадьаҕа ыыттылар. Мин хаамыы-сүүрүү былаастаах барбытым. Биригэдьиир Сахаары уһугуннаран ол айдаан буолбутун эппитим. Эбэм эрэйдээх үлтүрүйбүт бытыылка тааһыгар сирэйин өлөрбүт этэ. Биэлсэр эмтээн син этэҥҥэ оспута. Аҕам кэпсииринэн, кини сылгы иһин буһаран баран, сойбутун кэннэ бысталаан сиирин ордороро. Үүт аһы арааһын оҥорон куруук аһыыра үһү. Үчүгэйдик утуйара. Кинээс Потаап кыра кыыһа буолан оҕо сааһа үчүгэдик ааспыта сэрэйиллэр. Баҕар, ол онто кини уһун үйэлэниитигэр биир төрүөтүнэн буолбута дуу? Эбэм, мин Мукучуга оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, өлбүтэ. Хоруобун уола, били, хаптаһынтан оҥорбута. Уҥуоҕун бэйэтэ, былыргылыы көрүҥүнэн оҥорбута. Сайын уоппускаҕа, дойдубар бардахпына, уҥуоҕар сылдьааччыбыт. Аҕам бөппүрүөскэ сотото кыбыта уурааччы. Ол кэлин бүтэһик аҕабынаан сылдьыыбар, дьэбинирбэт тимиргэ кини аатын толору суруйбут өйдөбүнньүкпүн ыйаабыппыт. Онон өтөрүнэн сүппэт бэлиэ баар. Ол мин иэһим буоллаҕа, ону толорбут курдук сананабын. Ийэм уҥуоҕун таһыгар аҕабар миэстэ көрбүппүт. Аҕам бэйэтин алы гынан эбитэ дуу?, ол сири сирбитэ буолбута. »Андаатар хаспаҕа»- диэбитэ. Хантан, ол онно андаатар олохсуйа кэлиэҕэй?, үрдүк, кураанах туой-кумах сиргэ. Кыра иҥнэри баара. Ол миэстэҕэ, кэргэнин таһыгар, олохтоох сиригэр, хараллыбыта. Алааска барар айан аартыгын кытыытыгар сыталлар. Кэлэр- барар дьону көрөөхтүүллэрэ эбитэ дуу?. Эбэм Мукучу Жирковтарыттан төрүттээх. Эбэм уон тохсус үйэ иккис аҥаарыгар күн сирин көрбүтэ. Сүүрбэһис үйэ иккис аҥаарыгар бу дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Билигин сүүрбэ биирис үйэ. Кини аата ааттанар, ол аата бу сиргэ таах олорон ааспатах. Аата өссө да ааттана туруо. …Тыгын чугас аймаҕа Туоҕа Боотур. Кини үтүрүллэн дуу?, эбэтэр саҥа сирдэри баһылаары Лүүчүн сиригэр кэлэн олохсуйбут. Кини сиэнэ, Нэлчэкэ, Курчега Селбуков диэн Лүүчүн киһитинээн ыал буолан олорбуттар. Ол кэмҥэ нуучча хаһааҕа, Михаил Жирков, олохсуйардыы быһаарынан киниттэн ойоҕун уон сүөһүгэ атыылаһан ылбыт. Ол туһунан 1687 сыллааҕы докумуоҥҥа суруллубут.Бу туһунан учуонай, Марк Петрович Григорьев, таһаарбыт »Туоҕа Боотур удьуорун утума» кинигэтиттэн туһанным. Элбэх оҕоломмуттар. Жирковтар сыыйа сахатыйбыттар. Бу үс үйэттэн тахсар кэмҥэ элбэх көлүөнэ ыччат үөскээбит. Билигин кинилэр утумнара Саха сиринэн тарҕанан, аһара баран Арассыыйанан, омук сирдэринэн тарҕанна. Онтон аҕам аҕатын туһунан кэпсииригэр биһиги чугас төрдүбүт Никииппэри баай, оҕото суох киһи биир сылгы төбөтүгэр дьадаҥы ыалтан атыылаһан ылбыт. Дьэ, ол Никииппэр кыаҕырар, кулубалыыр, икки ойоҕуттан оҕо бөҕө оҕолонор. Олор бары элбэх ыччаты тарҕаталлар. Буолумуна, саҥаттан саҥа көлүөнэ үөскээн истэҕэ. Дьиктитэ, аныгы үйэ киһитэ саныырбынан, биһиги төрүттэрбит хаһан эрэ сүөһүгэ, сылгы төбөтүгэр »атыылаһыллан» этэҥҥэ олохторун салҕаабыттара буолар. Ол үтүө түмүгэ билигин тыһыынчанан ыччат сараадыйан тэнийэн тахсыыта. Олох салҕанар оҕолорунан, ыччаттарынан.
edersaas.ru сайтан