Кэпсээ
Войти Регистрация

Тайахтар хаайсар кэмнэригэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Тайахтар хаайсар кэмнэригэр

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.02.2023 15:20
   Биир күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, сылгыһыттар отторун мээрэйдии барар буоллубут. Аргыһым — сылгыһыттар салайааччылара Уйбаан Васильев. Тиийиэхтээх сирбит дэриэбинэттэн 40 км сиргэ баар.        Иккис күммүтүгэр киэһэ биэс чаас саҕана Хатырык диэн күөлгэ хонордуу иһэбит. Мин киһибин батыһыннаран хаамтаран иһэбин. Көрбүтүм, ыарҕалаах сиргэ сыгынах турар. Дьиктиргээн одуулаабытым, хамсыыр – тайахтар эбит. Киһибэр тайахтар диэн ыйан кээстим. Улахан ыппыт ханна эрэ суол хайа сылдьар быһыылаах, аччыгый аттыбытыгар сылдьара. Уйбаан атыттан сулбу ыстанан түстэ да сүүрдэ. Турбут-олорбут, түргэн туттуулаах киһи диэтэҕиҥ. Атыырдаах тыһы тайах тула мөхсө сылдьаллар. Атыыра төбөтүн тыһытын самыытыгар уурбут, биирдэрэ тула эргийэн биэрэн иһэр. Тулаларын өйдөөн көрбөттөр. Уйбаан киирбэхтии түһэн баран, ыта-ыта сүүрдэ. Тайахтарбыт ыстанан хааллылар. Ыттарбыт, дьэ көрөн сырыстылар, арыы ойуур кэннигэр түстүлэр. Сотору буолан баран, атыыр тайах алары эргийэн биһигини утары сүүрэн иһэрэ көһүннэ. Киһим сүүрэн иһэн ытар. Иккис ытыытыгар кыыла төбөтүн оройунан барда. Миигиттэн чугас. Онно сүүрэн иһэн: «Бэйи, охтубут тайахха эмиэ тоҕо ыксаатамый, аттары илдьэ барыам», -- диэт төттөрү сүүрдүм. Аттарбар тиийэн кэннибин хайыһан көрбүтүм, тайаҕым туран мин диэки атаралаан иһэр эбит. Уйбааным ити икки ардыгар эмиэ чугаһаабыт. Миигиттэн туора сүүрэн иһэн тайаҕы ытта. Тайах хорус гына тохтуу биэрдэ, турбахтыы түһэн баран сууллан «күр» гына түстэ. Ыттар үрдүгэр түһэн убахтаан бардылар.    Мин, аттарга төннүбэккэ тиийбитим буоллар, тайаҕым туран кэлиэх эбит. Аҥаар муоһа тостубут, аҥаарын салбаҕа 11 салаалаах аарыма муос. Ол да иһин сыгынах курдук көстүбүт эбит. Үөрэн-көтөн, эргийэ сылдьан көрүү-истии буолла. Тыһыны кытары саҥа булсубут буолан эмис. Сүлээри тиэрэ тардан көрбүппүт, таһаҕын аҥаар сымыыта таһыгар салыбырыы сылдьар. Иккиһэ эмиэ, тас бүрүөһүнүттэн эрэ иҥнэ сылдьар. Утарсааччытын кытары харса сылдьан, таһаҕын тириитин маска хайа көппүт, аҥаар муоһа тостубут. Астыы сылдьан көрбүппүт, аны икки ойоҕоһо тостубут, тириитин дьөлө астарбыт. Кытаанах киирсиигэ кыайыылаах хаалбыт эбит. Манан сылыктаатахха, утарсааччыта даҕаны биллэрдик эчэйбит буолуохтаах. Кыылбытын астаан, холболоон кэбистибит. Ол кэннэ күөл диэки киирэн хонордуу сананныбыт. Баран истэхпитинэ, улахан ыппыт сыт ыла-ыла, били арыы ойуур диэки сүүрдэ. Киһим тохтоон көрөн олордо. Ыппыт кэриигэ тиийэн аны ньаҕыргаан барда. Онно хаамтардыбыт. Тиийбиппит — тыһы тайахпыт өлө сытар. Бастакы ытыыга табыллан баран, манна сууллубут эбит. Ол иһин атыыр тайах арыыны эргийэн тиийэн кэлбит. Эмис баҕайы байтаһын тыһы тайах буолан биэрдэ. Уйбаан «итиччэ ыраас сиргэ турар тайахтары хайдах сыыстахпыный» диэн хомойор этэ. Билигин санаата, дьэ көннө. Иккис кыылбытын эмиэ миэстэтигэр холболоон кэбистибит. Ити икки ардыгар халлаан хараҥарда. Сарсыарда дьиэбитигэр төнүннүбүт. Уйбаан баран иһэн миигин күлэр. «Аттаргар төннүбэккэ тиийбитиҥ буоллар, тайах аҥаар муоһунан өрө ыйаан таһаарыах эбэтэр ааһан иһэн быһа тэбиэх этэ» дии-дии күлэн күһүгүрүүр. Ити курдук биир күһүн бэртээхэйдик бултуйан турабыт.   Уйбаан ШОЛОГОНОВ, үлэ бэтэрээнэ. Үөһээ Бүлүү, Туобуйа.
kyym.ru сайтан