Кэпсээ
Войти Регистрация

Эн эрэ баар буол...

Главная / Кэпсээн арааһа / Эн эрэ баар буол...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.02.2023 15:19
   Хос иһигэр суотабай төлөпүөҥҥэ смс кэлбитин «тыҥ-тыҥ гынар» тыас биллэрдэ. Арина арыйан көрөн, сирэйэ сырдыы түстэ. Онно «киинэҕэ билиэт ыллым. Бэлэм олор. Кэтэс. Чаас аҥаарынан ыла тиийиэм» диэн тыллары аахта. Ол аата, Айхал барахсан үлэтиттэн эрдэ бүппүт уонна иккиэн киинэҕэ сылдьалларыгар бириэмэтин аттарбыт. Аатырдар киинэлэригэр, устуоруйа кэрдиис кэмигэр дьүөрэлэнэн, адмирал Александр Колчак истиҥ таптала ойууланар дииллэр. Дьэ, көрүөхпүт. “Кыһыл — үчүгэй, үрүҥ — куһаҕан“ диэн тыыҥҥа иитиллибит кыыс киинэни сэҥээрдэ. Саалаҕа сэрийээл көрө олорор ийэтигэр сонунун кэпсээн, үөрдэ-көттө.        Эдэрдэр устудьуоннуур сылларыгар билсибиттэрэ. Онно бэйэ-бэйэлэрин көрөн баран, тоҕо эрэ, «олоҕум аргыһа бу сылдьар» дии санаабыттар үһү. Бэйэлэрин тула доҕотторун түмэн, табаарыстарыттан сүбэлэрин холбообут дьон кытта бааллар. Сорохтор күн сирин көрдөрбүт бастакы оҕолоругар памперс, оҕо таҥаһа, ас-үөл булар түбүгэр сылдьаллар. Айхаллаах Аринаны ымсыырдыбыттыы тутталлар. Ити барыта эдэр ыал олоҕун кэрэ түгэнинэн көөчүктүүргэ дылы. Эдэр дьон холбоһор күннэрин күүтэллэрэ ханна барыай?! Барыта Айхал үлэтиттэн тутуллар. Дуогабара кэргэн ыларын көҥүллээбэт. Дьэ, онтулара үс ый хаалла, ол кэннэ сокуоннай эр-ойох буолаллар, оҕо-уруу туһунан санаабытынан барыахтара.    Арина таҥнан, өрө көтөҕүллэн, сиэркилэ иннигэр баттаҕын оҥосто турдаҕына, төлөпүөнэ ыллаабытынан хаһаайкатын ыҥырда. Дьикти, ким буоллаҕай? «Ээ, Айхал эрийэр эбит, туохха наадыйдаҕай?» дии санаан ааста. Арай... этин сааһа дьырылыы түстэ...    Куруук истэр күндү куолаһа тіліпүіІІэ тутатына «сэгээр» диир бэйэтэ – мэлийбит... Туруупкаҕа биир кэм – «һуу-һаа». Эт мэйиилээх тугу да иилэн ылбат тыаһа суугунаан олорор. Иһиттэҕинэ, ханна эрэ массыына дуугунаан ааһар, эмиэ да «Суһал кімі» ыйылыырга дылы, ким эрэ хатан куолаһа тугу эрэ рупорынан биллэрэр курдук. Тугуй бу? Туох буолбутуй? Онтон, санаатыгар, ір да ір буолан баран, олох билбэт, хаһан да истибэтэх куолаһа табыгаһа суохтук:    – Ким истэрий? Арина диэҥҥин дуо? – диэн ыйытара иһилиннэ.    – Аринабын, — кыыс соһуйан хоруйдуу оҕуста. Төлөпүөҥҥэ иһиллэр тыаһы-ууһу барытын баһыйан, сүрэҕэ тиҥиргэччи тэппитинэн барда. Кыыс тыбыс-тымныы уунан ыспыттарыгар дылы, дөйүөрэн хаалла, иэнэ кэдэҥнээтэ. Оронугар тиийэн лах гына олоро түстэ, кумуччу тутунна, устунан бабыгыраан барда. Ол киһи:    – Иниспиэктэр Шарипов диэммин, ГАИ үлэһитэбин, – диэн билиһиннэрдэ. Салгыы:    – Айхал Макаарапка ким буолаҕын? – диэн токкоолосто. Тугун дьиибэтэй?! Кини Айхалын төлөпүөнүттэн эрийэр, өссө ону-маны сураһар. Кыыс уоһун тарбахтарынан даҕайбахтаан:    – ... Кэргэн тахсыахтаах киһим, — диэн, иһин түгэҕиттэн нэһиилэ сыыйан таһаарда.    Иниспиэктэрбин дэммит киһи «хайдах этиэх баҕайыбыный» диэн, мух-мах барарга дылы. Итинтэн сылыктаатахха, туох диэн саҕалыан дуу, этиэн дуу билбэт курдук. Тустаахха бэлэмэ суох олорор киһиэхэ соһуччу сонуну тиэрдэр ыарахан буолуо. Арина ійүгэр «туох буолла», «Айхал ханна баарый» диэн ыйытыы, атахха сөрүөстэр куоска курдук сыбанна эрээри, кыыс биири да сатаан саІараахтаабата. Салгына да тиийбэт ыгым түгэнэ бүрүүкээтэ. Онтон кэмниэ кэнэҕэс киһитэ:    – Мм... Туох.. Уопсайынан, Айхал Макаарап, 1977 сыллаах төрүөх, массыына саахалыгар түбэстэ. «Суһал көмө» балыыһаҕа илдьэ барда. Туруга ыарахан... – диэтэ. Онтон «маннык нүөмэртэн ыйыталаһыҥ, кытаатыҥ» диир саҥатын истэн аһарда. Төлөпүөннээбит киһи нүөмэри хатылаата, суруйтарда. Ол кэннэ туох барыта ньим барда.    Ити тыллар ыраас халлааІІа этиІ ньиргийбитин курдук иһилиннилэр, тулата ирим-дьирим буолла. Аринаны бу уорааннаах тыллар дьарамай санныттан харбаатылар, эриллэҥнээбит эриэн үөннүү төбөтүн оройунан, сүнньүнэн ыарыылаахтык, суостаахтык өтөн киирдилэр. Тугун сүрэй?! Эркиҥҥэ кэми-кэрдиини ааҕа турар чаһытын көрөн ылла: 20 мүнүүтэ анараа эрэ өттүгэр смс туппута. Төлөпүөнүн хаба тардан, иниспиэктэр биэрбит нүөмэринэн эрийэ сатаата – тиийбэтэ: кэпсэтэ олороллор. Кыыс, күн-дьыл кэмчи диирдии тыһыргыыр чаһытын көрөн ылаат, кыл түгэнигэр хомунна уонна таһырдьа ыстанна. Тугу да ійдіібітіх, туох буолбутун сэрэйэн да көрбөккө олорор ийэтэ аан айаҕар хаһыытыы хаалла.    Арина тугу да истибэт турукка киирдэ, тула барыта тохтоон хаалбыт курдук бытааран кіһүннэ. Ол эрээри кини ыксыыр... Түргэнник-түргэнник, тиийэ охсуохха!.. Кыыһы атахтара балыыһа туһаайыытын диэки суолга сүүрдэн таһаардылар. Арина аараттан массыына тохтотон: «Түргэнник! Балыыһаҕа!» —диэт, солуоҥҥа дьылыс гынан хаалла. «Кімүс!.. Тулуй-тулуй.. Тиийэн эрэбин...» диэн тыллар сүрэҕин тэбиитин кытта тэҥҥэ иһиллэллэр. Кыыс ооҕуй ситимигэр иилистибит лыаҕы санатта. Кини, тугу гыныан-хайыан билбэккэ, биир кэм «тиийэбин, тулуй» диэн, хос-хос хатылыы олордо...    Уулуссаҕа светофор элбэҕиэн!.. Массыыналар хотоҕостуу субуллан, эчи уһуннарын!.. Бытааннарыан!.. Балыыһабыт, наадыйдахха, ырааҕыан!..   * * *    Балаата иһигэр иһийэн турар чуҥкунуур чуумпу киһи кутун-сүрүн ыга баттыыр. Туох да хос тыас-уус суох курдук эрээри, Арина кулгааҕын хабыллар хаба ортотунан киирэн, дууһатын кылын ыарыылаахтык ытырбахтыыр. Киһи куйахата күүрүөх... Кини итини тулуйумуна, туумбаҕа турар араадьыйаны сэрэнэн холбоото, кыра тэрил аргыый ыллаабытынан барда. Хас чаас буолбута буолла? Арина ону, төһө да сылаарҕаатар, көрбөт... Кыыс олоҕун аргыһа оҥостуохтаах күндү киһитигэр, аан дойду үрдүгэр баар соҕотох доҕоругар күн-ый буолаары аттыгар олорбута хаһыс күнэ үүммүтүн аахпат даҕаны. Чаһы бардыын-бардын, оттон кини тус бэйэтин чаһыта, билиҥҥитэ, сэгэрин сүрэҕэ тэбэрин тухары, кими да, тугу да үргүппэт курдук сэрэниин-сэрэнэн сыҕарыйар...    Наркоз кэнниттэн уһукта илик Айхалы бырааһа «ыгдас гынан ыйы хаххалыыр, күөрэс гынан күнү күлүктүүр доруобай киһи, өрүтүннэр ханнык» диэн, илистибит кыыһы уоскутар. Улахан оһолго түбэспит, хас да эпэрээссийэни ааһан тыыннаах ордубут сэгэрэ хараҕын аһан, субу сибилигин мичээрдиэ диэн санаа Аринаттан арахпат. Саамай күүтэрэ – ол. Эрэнэбит, эрэл хаһан баҕарар баар. Арай?.. Суох-суох, ити куһаҕан санааны чугаһатымыахха наада!..    Арина бу сылдьан арааһы саныыр. Эмиэ да адмираллаах киинэтэ өйүгэр көтөн түһэр. Соторутааҕыта эрэ киинэни көрөөрү ымсыыра сылдьыбыт курдуга. Оттон бу кэмҥэ кинини Айхалтан атын – Колчак таптала, кыһыл да, үрүҥ да – долгуппат. Кыыс туран, араадьыйатын кыратык улаатыннарда, «Любэ» ырыаһыта Николай Расторгуев ыллыыр эбит. А ты там-там-там, где смородина растет, И береза тонким прутиком песок метет, А ты там, где весна, а я здесь, где зима, Главное – что есть ты у меня...    Ырыа долгунугар олорсон, биинтэ, баата быыһыгар кубарыйан, суулана сытар доҕорун имэрийэ көрдө. Ол түгэҥҥэ арай хараҕын симэн сытар Айхал барахсан кыламана биллэ-биллибэт хамсаата. Арина сүрэҕэ мөҕүл-мөҕүл тэбэн, биирдэ иннин диэки хардыылаан, тута уол бөҕүөрбүт тарбахтарын, илиитин тутта. Ырыа «главное – что есть ты у меня...» диэн иэйиилээх тыллара хос этиллэригэр уол Аринатын сымнаҕас илиитин аргыый ыга тутан ылла. Кыыс иһигэр аан дойду үтүітэ, кэрэтэ, сырдыга уһуннук иитиэхтээбит санаатыгар дохсун ырыа курдук төлө биэрэн, кутуллан киирдилэр. Ону сэргэ кыатана сылдьыбыт хараҕын уута соҕотохто халыйан таҕыста. Ыга кууспут үөрүүтүттэн!.. Чахчы оннук, кыһыл да, үрүҥ да долгуппат! Кинилэр ким да буоллуннар, саамай кылаабынайа – «Эн эрэ баар буол»...   Василина ПОПОВА.
kyym.ru сайтан