Кэпсээ
Войти Регистрация

Сүүрүк аттары сатыы сырсан тутуу

Главная / Кэпсээн арааһа / Сүүрүк аттары сатыы сырсан тутуу

K
10.02.2023 14:46
   Уратылаах сүүрүк аттар, кус быһый дьон тустарынан Ньукулаайап оҕонньор  маннык кэпсээн турардаах.        “Биир сайын оҕо сылдьан, аҕабыыкка хамнаска үлэлээн турардаахпын. Ґлэлээн да тугу гыныамый – барбах сорукка сүүрэр-көтөр, ынах хомуйар, түптэлиир этим. Арай биирдэ сүүрүк аттарбыт хааллан турар далларыттан тахсан баран хаалбыттар. Сотору сүүрээри бааллан турар буоланнар хаһаайыным олус ыксаабыта. Бу күөх саҕана мээнэ сылдьан аһаан буорту буолуохтара, бу ыһыахха сүүрбэккэ хаалыахтара... Дьэ, иэдээн! Төгүрүк сылы быһа уос номоҕо буола сылдьан баран баччалаах үлэлэрэ хаалара кыһыылаах. Дьон-сэргэ туох диэхтэрэй?! Сонно тута тойоммут дьаһал ыла оҕуста: баччааҥҥа диэри сүүрэн тэҥнээҕин булбатах Сомсоон диэн үлэһитин сылгылары сырыһыннаран туттара ыытта. Киһитэ чэпчэкитик таҥнан, элэс гынан хаалла. Итини көрөн баран хайдах эрэ ис испиттэн илбиһирэн-кыдьыгыран сүүрүөх-көтүөх баҕам үүйэ-хаайа тутта. Ону сэрэйбит курдук тойонум ыҥыран ылан эттэ: “Нохоо, аттар сулардаах көнтөстөрүн били киһи ыксалыгар буолан умнан барда, илдьэн биэр. Мантан үс биэрэстэлээх сыһыыга сылдьаллара буолуо”.    Мин үөрүүнү кытта сулардаах көнтөстөрү нотуруускалыы кэтэн баран били сыһыы диэки түһүнэн кэбистим. Аанньа баайыллыбатах көнтөһүм сөллөн хаалан кэннибэр соһуллан иһэрин хайыһан көрбүтүм сиргэ сыстыбакка иһэрэ. Сотору соҕус  били мааҕын барбыт киһим көхсө бу бөгдьөйөн иһэр – ситэ баттаан ыллым!    – Хайа, барар кыахтааххын дуо? Миэхэ өссө да барар кыах баар, – диэтим.     – Суох. Мантан ордук барар кыах суох. Кыахтаах буоллаххына бар. Аттары тута сатаа.    Мин, дьэ итиччэ көҥүлү ылбыт киһи, өссө эбэн биэрдим. Сыһыыбар начаас элээрэн киирдим. Көрбүтүм аттарым уҥуор сылдьаллар эбит. Эргиччитэ кырата үс-түөрт биэрэстэлээх төгүрүк быһыылаах, ортотугар таал курдук уһун ньолбуһах күөллээх сыһыы эбит. Аттарым чугаһааппын кытта куотан, туйахтарын тыаһа сааскы этиҥ этэрин курдук буола түстэ. Көҥү тэппит буордара уонунан чыычаах көтөн иһэрин курдук бырдаҥаластылар. Мин кэннилэриттэн саппай уобустум. Дьиктиргиэм иһин, аттарбыттан хаалбакка тилэх уопсан истим. Сүүрэрбин өссө эбэн биэрдим да, аттарым ойоҕосторугар баар буола түстүм. Аттарым чиккэйэ-чиккэйэ түһэллэр да, мин сырсан иһэр санаабар, адьас бытааннар, кинилэр түргэннэринэн барбах кэмнээн сүүрэн истим. Ааһан иһэн көрдөхпүнэ ханнык эрэ ынах хомуйар оҕо-дьахтар быраҕан кэбиспит талах кымньыыта сытар эбит. Бээрэ, итинэн таһыйа-таһыйа сырсыбыт киһи төһө түргэнник бараллар эбит диэн тэбэнэттээх санаа көтөн түстэ! Төннөн талахпын ылыахпар диэри аттарым балай эрэ ыраата оҕустулар. Кэннилэриттэн сырсан куугунаттым. Өр-өтөр гымматым – умса баттаталаан ситэттээн ыллым да, били талах кымньыыбынан таһыйа-таһыйа, сыһыыттан таһаарбакка сырыс да сырыс буоллум. Сыһыыбытын түөртэ-биэстэ эргийэн баран, сылгыларым барбат да, кэлбэт да буола мастыы быстан хааллылар. Эттэриттэн үрүҥ күүгэн аллан, уҥуох уҥуохтара тус-туһунан арахсыах курдук салыбыраһа эрэ турдулар.    Аа-дьуо сылдьан, сулардаталаан сиэтэн дьиэлиир суолбар киириибэр киһим дьэ аҕылаан-мэҕилээн иһэр эбит! Көлөһүнэ диэн таах икки өттүнэн ыһыллан иһэр. Аттарбытын сиэтэн дьиэлээн иһэн киһим этэр:    – Оҕом, дьэ улахан сүүрүк эбиккин. Ол эрээри ити дьарыккын мээнэ биллэрбэт буол. Бу мин сүүрүк да буолан тугу да туһамматым. Хата баайдар бэйэлэрин икки ардыларыгар аат былдьаһар күрэхтэригэр сүүрэн, быһый уол буолан да уһун сонноммотум, алаһа дьиэни тэриммэтим. Уонна дьэ биир көрдөһүүлээхпин – аттары эн бэйэҥ сырсан туппуккун кэпсээйэҕин – мин сордоох айахпын ииттэрим диэн атаҕым буоллаҕа. Эн куоппуккун биллэҕинэ, тойонум миигин үүрэн баран, эйигин ылыа. Оттон эн оҕо киһи кини ыар тыынын уйуоҥ суоҕа, онон бу сайыны туораан баран күрэнэриҥ ордук буолуо, – диэхтээбитэ. Онон мин аттары туппуппун ким да билбэтэҕэ.    Арыт ардыгар ким да көрбөтүгэр тэбэнэтирэн сүүрэн көрөр буоларым. Аһара түргэнник барарбыттан хараҕым таһыгар тахсаары ыксатан тохтоон хааларым. Ити аныгы курдук мотоциклга кэтэр ачыкылара баара буоллар дьэ муҥутаан төһөнү сүүрүөхпүн ким билиэ, мээрэйдиэ баарай... Хомойорум диэн бэйэм сүүрэр муҥурбун булбакка кырдьыбыппыттан”.    Дьэ ситинник сэһэргээбитэ Ньукулаайап оҕонньор үйэлээх-сааһыгар бэйэтин кэпсэнэ, дэбдэтинэ сылдьыбатаҕын санаттахха, атаҕынан чахчы да уратытык кыанар киһи олорон ааспыт эбит диэн итэҕэйэҕин.   Н.Спиридонов-Дойду Ньукууһа, Сунтаар с.
kyym.ru сайтан