Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аба Уос Дьорҕо холобурун туһунан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аба Уос Дьорҕо холобурун туһунан
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
10.02.2023 14:42
Былыр биһиги өбүгэлэрбит, бу дойдуга нуучча былааһа да олоҕурбутун да кэннэ бэрт хойукка диэри, бэрт элбэхтии ойохтоноллорун туһунан саха номохторугар, үһүйээннэригэр үгүстүк кэпсэнэр. Ол курдук, Бороҕон ууһун сүдү баһылыга Лөгөй Тойон тоҕус алааска тоҕус ойохтооҕун; Боотур ууһа Омуоруйа Баай үс ойохтооҕун; Аммаҕа Кыпчытыын Уус сир-сир аайы сэттэ ойохтооҕун (онтулара “тоҥуска, Охуоскайга, онно аҕай Сэргэ Бэскэ, солобуодаҕа, куоракка уонна икки “бэргэһэлээх”); Мэҥэҕэ аатыран-суолуран олорбут Аба Уос Дьорҕо тоҕус хоойго сытар холоонноох доҕордооҕун, о.д.а. туһунан номоххо, сурукка тиһиллибитэ баар аҕай. Номох быһыытынан, оччолорго ойохторун бастыҥ-мааны-туһааннаах; одьулуун; иитимньи-иирчим-дьаһыыкка диэннэргэ араараллар эбит. Бу үөһэ ааттаммыт дьонтон бэрт элбэх аҕа уустара үөскээн, тэнийэн күн бүгүҥҥэ диэри сириэдийэн, саханы саха дэтэн олороллор. Былыр элбэх ойохтонуу сыала-соруга бастатан туран: аймах кэҥэтиитэ, оҕо-уруу тэнитиитэ; баайы-дуолу үксэтии (энньэ, сулуу); баайы-дуолу, сылгыны-сүөһүнү көрүү-истии, харайыы эҥин курдук, сүрүннээн, күннээҕи олоҕу-дьаһаҕы бэрийиигэ, хаһаайыстыбаны салайыыга быһаччы сыһаннаахтара. Аны бу элбэх ойохтоох дьоммут сылын аайы ойохторун, оҕолорун алаас-алаас аайыттан ыҥырталаан, хомуйталаан ылан эйэ дэмнээхтик ыһыах ыһар үгэстээхтэрэ сурукка-бичиккэ тиһиллибит. Ханна да биир киһи ойохторо бэйэ-бэйэлэрин кытары күөнтэспиттэрэ, бэрт былдьаспыттара, айдаарсыбыттара кэпсэлгэ суох. Сэрэйдэххэ, оччотооҕу олох нуорматын, сиэрин быһыытынан ылынан олордохторо буолуо. Саха уһулуччулаах фольклориһа Сэһэн Боло Мэҥэ сиригэр былыр олорон ааспыт Аба Уос Дьорҕо туһунан бу маннык суруйбут. Биллэрин курдук, бу киһи 17-с үйэҕэ билиҥҥи Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Суола диэн үрэх ортотугар төрөөн-үөскээн ааспыт. «Онтон Аба Уос Дьорҕо олус байан-тайан, ыһыах ыһан, атын улуус баайдарын ааттаах ыһыахтарыгар ыҥырыыга баран бастыҥ чороон айаҕы тутан кэлэр эбит. Кини баайа сылгы-ынах үөр муҥунан буолбут. Аҕатын кэриэтэ эһэтэ олус баай этэ, ол кырдьан өлбүтүн уҥуох туппута ыраатан эрэрэ. Ол быыһыгар Аба Уос Дьорҕо атын улуустар ааттаах баайдарын кыргыттарын сөбүлүүрүнэн талан ойох ылаттаабыт, аҕыйах сыл иһигэр тоҕус ойоҕу ылбыт. (Оччолорго баай эр киһи элбэх ойохтоноро көҥүлэ, дьахтарга биир эрэ эри бас билэрэ. С.Боло). Бу дьахталлар төрөппүттэриттэн кэмэ суох аһы, баайы, сүөһүнү аҕалтаабыттар. Онон Аба Уос Дьорҕо баайа олус хаҥаабыт. Онтон ойоҕун уонун толороору Хаҥалас ууһугар, Боруо Халкый диэн киһи икки үчүгэй кыыстаах сураҕын истэн онно барбыт. Ол баран Боруо Халкый улахан кыыһын ойох ылыах буолан, хоонньоһон баран сарсыарда саҥата суох батыйатын умнан тахсан иһэн тохтоон, ойоҕун балтын ити батыйаны таһааран кулу диир. Онуоха кыыс таһааран биэрэр. Аба Уос Дьорҕо кыыһы тутан ылан онно таһырдьа дьахтардаан-күүһүлээн барар. Онуоха кэнники сыла туолан, кыра кыыс хат буолан төрөөн, уол оҕо баар буолбут. Үс сыл буолан баран Аба Уос Дьорҕо кыннын аахха баран оҕоломмут кыыһы, кыра кыыһы, ойоҕун балтын, ойох ылан кынна Боруо Халкый оҕонньортон көһөрөн аҕалар. Боруо Халкый кыыһыгар баайын аҥаарын, сүөһүтүн аҥаардаан ыыппыт. Онуоха Аба Уос Дьорҕо кынныгар биир эттээх аты, биир кур оҕуһу кыыс сулуута (атыыта) диэн биэрэн ыыппыт. Аба Уос Дьорҕо хас ойоҕун аайыттан оҕолор төрүүллэр. Бу оҕолор эмиэ ойох ылаттааннар тус-туһунан ыал буолаллар. Онон биирдии тус-туһунан ойохтон (дьахтартан) тахсыбыт, үөскээбит-төрүөбүт, ууһаабыт дьон бөлөҕө «ийэ ууһа» диэн аатырбыттар. Бары биир аҕаттан үөскээбиттэр холбуу уопсай ааттара «аҕа ууһа» диэн аатырбыттар. Биир кэмҥэ Аба Уос Дьорҕо биир уолун ойоҕо (кийиитэ) эрин сөбүлээминэ күрээн, арахсан төрөөбүт дойдутугар Аммалыыр. Ону Аба Уос Дьорҕо Амма ыллыгынан эккирэтэн ситэн ылан батыйатынан куттаан туран: «Тоҕо күрээтиҥ, бардыҥ?» — диэн кийиититтэн ыйытар. Онуоха кийиитэ өлөрүө диэн куттанан ытыы-ытыы кэпсиир: «Тойонуом, өлөрүмэ. Мин эн оҕоҕун кытта үс сыл холбоһон олордум да, ол тухары эр киһи быһыытын кэтэспитим үрдүнэн биллэрбэтэ. Хайдаҕын да билбэтим, онон баран иһэбин. Мин буруйум суох». Кийиит оччоҕо таҥалай диэн ойуулаах сарыы таҥас сирэй сабыылаах (Аҥнах дэнэр. Былыргы кийиит сирэйин тойонуттан кистиэхтээх. Тойоно баарыгар сирэй сабыылаах (аҥнахтаах) оһоҕу кэннинэн сылдьыахтаах, арай тойоно өлөрүгэр эрэ ыҥыран ылан көрүөхтээх. – С.Боло) эбит. Кини күрээн иһэр буолан оннук таҥаһа (аҥнаҕа) суох буолбут, онон тойоно Аба Уос Дьорҕо көрдөҕүнэ, кийиитэ олус үтүө дьүһүннээх эдэр дьахтар бэрдэ эбит. Ону көрөөт, атыттан түһэн кийиитин тутан ылан ыйытар: «Оччоҕо эн кыыһынан сылдьаҕын дуо?» «Ээ, тойоккоом, кыыһынан сылдьабын», — диэбит кийиитэ. «Ол буоллаҕына сымыйатын-кырдьыгын биллэҕим!» — диэн, Аба Уос Дьорҕо кийиитин охторон, тиэрэ баттаан оҕо үөскүүр үлэтин үлэлээн кэбиспит. Кийиитэ эппитэ кырдьыгын билэн өлөрбөтөх, атыгар мэҥэстэн төттөрү тутан аҕалбыт. Ол дьахтар кэлэн эрин кытары олорбут. Тойоно “чинчийбититтэн” хат буолан уол оҕо төрөөбүт. Ону Аба Уос Дьорҕо Дэҥҥэ оҥоһуллубут Дэгэлээх диэн ааттаабыт. Ол оҕоттон ууһаабыт-үөскээбит дьону-аймаҕы, билигин «Дэгэлээх ийэтин ууһа» диэн ааттыыллар. Ол курдук ийэ, аҕа уустара олоҕуран ууһаабыттар». “Сүдү төрүттэрбит олохторуттан” диэн Сэһэн Боло хомуурунньугуттан. Мин бу үһүйээҥҥэ кэпсэммит Аба Уос Дьорҕо быһыытын сөбүн да, сүөргүтүн да чопчу биир тылынан быһа этэр кыаҕым суох. Аныгы киһи хараҕынан, олохсуйбут өйүнэн-санаатынан төһө да манна кэпсэммит быһыы-майгы сөрүөстүгэс курдугун иһин, син маннык дьонноох буолан ууһаан-тэнийэн, элбэх ахсааннаах омук иһигэр сүтэн-иҥэн хаалбакка, сап саҕаттан салҕанан, ситии саҕаттан ситимнэнэн «һай-һат» диэн күн бүгүн саха аатыран олордохпут. Мантан сиэттэрэн этиэхпин эттэхпинэ, ыйытыахпын ыйыттахпына: сахалар билигин элбэх ойохтонуохпутун сөп дуо? Чечняҕа, Ингушетияҕа, Дагестаҥҥа суукка-сокуоҥҥа наадыйбакка элбэх ойохтоноллорун туһунан аһаҕастык кэпсииллэр, ким да ону сонордоспута, утарыласпыта иһиллибэт. Чечня бэрэсидьиэнэ Р.Кадыров элбэх ойохтонууну бэйэтинэн туруорса сылдьар. Ол да иһин буолуо, бу норуот нэһилиэнньэтин ахсаана, төһө эмэ 90-с сылларга уоттаах сэрии барбытын, Сталин саҕана бүттүүн норуот-норуотунан эрэпириэссийэлэнэ сылдьыбытын үрдүнэн, көҕүрээн-ахсаан биэриэхтээҕэр күн-түүн ахса суох эбиллэ, хаҥыы турар. Сулумах сылдьар оҕолоох дьахталлар элбэхтэрэ, дьон уора-көстө көссүүлэһэрэ билигин сонун буолбатах. Ол кэриэтин, дьон хобуттан-сибиттэн куота-саһа сатаан араас муннукка-ханныкка саспакка, субу тутуллаары гына-гына көссүүлэһэн эрэйдэммэккэ, саха баай-талым, өйдөөх, хас да дьахтары сатаан иитэр кыахтаах киһитэ кыаҕынан көрөн хас да ойохтоноро тоҕо сатамматый?! 2002 сыллааҕы Саха сиригэр ыытыллыбыт биэрэпис көрдөрбүтүнэн, быһа холоон, 100 саҥа төрүөбүт оҕоттон 34-дүн саахсаламматах дьахталлар төрөөбүттэр. Ол эбэтэр, саҥа төрөөбүт оҕо уопсай ахсаанын 3/1 сокуоннай аҕата суох оҕо ылар. Бу оҕолор барахсаттар сокуоннай аҕата суох иитиллэргэ күһэллэллэр. Аҕалара, биллэн турар, ханна эрэ чугас сылдьар эрээри, “дьон-сэргэ омнуолуо, сиилиэ” диэн ону чып кистэнэр. Биир бэйэм аар кырдьаҕас, профессор Н.К.Антонов «сахалар элбэх ойохтонуохтаахтар, элбэх оҕолонуохтаахтар, ахсааммыт, муҥ саатар, биир мөлүйүөҥҥэ тиийиэхтээх. Оччоҕуна эрэ биһигини кытта атын элбэх ахсааннаах омуктар атах тэпсэн олорон кэпсэтиэхтэрэ» диэн эппит кэнсиэпсийэтин икки илиибин өрө уунан өйүүбүн.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан